Өрөбүл күннэри айылҕаҕа атаарыахха
Роспотребнадзор ыам ыйын уһун өрөбүллэрин куорат тас өттүгэр эбэтэр даачаҕа атаарыҥ диэн сүбэлиир. Ону тэҥэ халлаан лаппа сылыйан маасканы сотору-сотору уларытыҥ диир. Итии кэмҥэ мааска түргэнник сиигирэн, харыстаабат, туһалаабат буолар эбит.
Роспотребнадзор саайтыгар этиллэринэн, коронавирус дьаҥа тарҕамматын уонна ыарыыга сыстыбат курдук, элбэх киһи тоҕуоруһар сирдэриттэн тэйиччи айылҕаҕа, даачаҕа сынньаныы бэйэни харыстанарга саамай сөптөөх дьаһал буолар. Ыалдьыттаһыы уонна элбэх киһи мустара сэрэхтээх. Роспотребнадзор хайа сатанарынан санитарнай нуормалары тутуһан бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ диэн сүбэлиир.
Манна даҕатан эттэххэ, уһун өрөбүллэргэ Дьокуускайга куорат таһынааҕы ойуурдарга баһаартан сэрэхтээх буолуу рейдэлэрэ ыытыллыахтара.