08.11.2021 | 16:30

Потап Уус алгыстаах оҥоһуктара

Потап Уус алгыстаах оҥоһуктара
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Уус эйгэтигэр эдэр талааннар арыллан тахсан иһэллэрэ үөрдэр. Чуолаан  ыччат дьон өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэһи салгыы сайыннарара, сыаналыыра кэрэхсэбиллээх. Иван Потапов үлэтин элбэх киһи билэр буолуохтаах. Кинини билигин дьон-сэргэ Потап Уус диэнинэн ылынар. Атыттартан ураты буочардаах буолан даҕаны, оҥоһуктара атыыгар хамаҕатык барар эбит.

 

Мин Үөһээ Дьааҥы улууһуттан Бөтөҥкөс нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, аҕам ууска сыһыаннаах киһи этэ. Бэйэбин өйдүөхпүттэн уһанарбын олус сөбүлүүбүн, уһаныы уруогар олус интэриэһиргээн сылдьарым. 5-6 сааспыттан уһанабын быһыылаах, арааһы барытын оҥорор, эксперимиэнниир, телевизорга тугу сөбүлүү көрбүппүн харахпар ойуулаан үтүктэн иһэр этим.

Маҥнайгы хардыы

2016 сыллаахха, аармыйаттан кэлэрим биир ый баарына, интэриниэтинэн аармыйаҕа биэрбит хамнастарынан илиигэ кэтэр чаһы сакаастаабытым. Харчым уопсайа 8000 солк. этэ. Биир ыйынан дойдубар кэлбитим кэннэ, баһыылкам кэлбитэ. Сарсыныгар үргүлдьү почтаҕа баран ылбытым уонна сол күн «Инстаграм”, “Юла” уонна да атын атыы-эргиэн балаһааккаларын нөҥүө тарҕатан, атыылаан барбытым.

Ол курдук өсөһөн, оттон-мастан тардыһан ый курдугунан атыылаан, тарҕатан бүтэрэн, маҥнайгы инструменнарбын ылыммытым уонна гараас куортамнаабытым. Онтум уота тардылла илик этэ, өр толкуйдаабакка, интэриниэтинэн көрөн уот тардыбытым уонна үлэлиир остуол оҥостон, тутатына гримернай сиэркилэ оҥорон, ылсан саҕалаатым. Бу остуолбун үс күнү быһа оҥордум уонна онтубун инструмеҥҥа атастаһан кэбиспитим. Дьэ, мантан ыла күннэри-түүннэри аһыыры кытта умнан туран мастерскойбун оҥоһуннум, интэриэһим улааттар улаатан иһэр.

14 тыһыынча этэ...

Бу саҕана социальнай ситимнэр кыахтарын дьэ ылан эрэр кэмнэрэ этэ. Дьон социальнай ситим нөҥүө атыы-эргиэн оҥоһуллар кыахтааҕын өйдүүр. Биир үтүө күн инстаграмҥа гримернай остуол оҥоттороору суруйдулар, уһуннук толкуйдаабакка, 14 тыһынчаҕа оҥоробун диэтим.  Ол киэһээ хортуонунан остуол макетын оҥорон ыыппытым. Сөбүлэспиттэрэ. Аны туран, туох матырыйаалтан  оҥоробун диэн ыйытык үөскээтэ, толкуйга киирдим. Строительнай ырыынакка баран ЛДСП ыллым, мастерскойга илдьэн оҥорон саҕалаатым, онтум бытарыйа сылдьар эбит. «Кэбис” диэн баран, хатыҥ фанератын тиийэн ыллым, онтубун сөбүлээн, 3 күнүнэн остуол бэлэм буолла. Кэлэн ылбыттара, үөрүү бөҕөлөр. Мин эмиэ бастакы үлэбин атыылааммын үөрэ аҕай сылдьабын уонна салгыы, уопуттааах киһи быһыытынан, сакаас ылан сайдарга, кэҥииргэ туруннум. Ити курдук, сыл устата сүүһүнэн сиэркилэни, ону таһынан араас оҥоһугу оҥордум. Бэйэбэр эрэлим уонна итэҕэйэрим наһаа күүстээх этэ. Биир үтүө күн толкуйга киирдим – мас быыла доруобуйаҕа буортулаах диэн. Мас быыла миэхэ хайдах дьайарын барытын ыйааһыннаан, ымпыктаан-чымпыктаан көрдүм. Хомойуох иһин, мас быылынан тыына сылдьарым доруобуйабар улахан охсуулаах буолсу диэммин, тохтообутум.

Ити кэннэ тириигэ көспүтүм

Уһанарбын олус сөбүлүүбүн, ол эрээри доруобуйа куруук инники кирбиигэ туруохтаах дии саныыбын. Өр буолбатым, санаабын хомунан, былааннанан, тириини кытта үлэлээн саҕалаатым. Кистэл буолатах, маҥнай тугу да сатаабат этим. Түүннэри-күннэри илиибин ууран, дьулуурдаахтык, ылсан туран дьарыктаммытым. Маҥнай бэйэбэр пааспар хаҕа, кошелек, портмоне тиктэн саҕалаабытым. Онтон сыыйа сакаас ылан киирэн барбытым. Билигин тирииттэн оҥоһугум хара баһаам. Куорат устун бэйэм оҥоһуктарбын элбэхтэ көрөн ааһабын. Холобура, таксига харысхаллар, пааспар хахтара,  браслеттар уо.д.а. Оҥоһуктарым классика истииллээхтэр, онон ханнык баҕарар эр киһиэхэ, дьахтарга барсаллар. Билигин, арыый таһыммын үрдэтээри, ыырбын улаатыннараары дуу, кэҥэттэр туһунан толкуйдуу сылдьабын. Эдэр дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһааран үлэлэтиэхпин баҕарабын.

Алгыстаах оҥоһуктар

Оҥоһуктарбын дьон хайдах баҕарарынан оҥоробун, уруһуйдаан уонна харысхаллаан. Биир сакааһы ортотунан 1-2 күн оҥоробун. Матырыйаалбын тас дойдуттан ылабын.  Фурнитураны, тириини барытын эрдэттэн сакаастаан, ааҕан-суоттаан.

Билигин массыына иһигэр иилиллэр харысхаллары, киэргэллэри, брелогу оҥоробун. Бу маны барытын атын дойдуга, судаарыстыбаҕа ыытабын. Бүтүн аан дойдуга тахсар суолун тобула сылдьабын. Биллэн турар, киһи ылла да атыылаан киирэн барара уустуктардаах. Ол эрээри баҕалаах баҕанаҕа ыттар дииллэр.

Дьон бэйэтэ кэлэр

Мин бэйэм оҥоһуктарбын рекламалыы сатаабаппын. Наадыйар киһи бэйэтэ булан кэлэр эбит. Табаар хайаан даҕаны рекламаланнаҕына эрэ атыыга барар диэҥҥэ соччо-бачча эрэммэппин. Өскөтүн кичэйэн оҥорор буоллаххына, дьон бэйэтэ рекламалыыр эбит диэн биллим.

Биллэн турар, бу үлэлээбит сылларым тухары араас элбэх кыһалҕаны көрсүбүтүм, ааспытым. Ол гынан баран бэйэм сыалбын-сорукпун ситиһэн  тэйэр идэлээхпин. Санаабаппын, баҕарбыппын хайаан да толоробун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...