17.03.2023 | 18:00

Помидор саарыстыбата

Кулун тутар – оҕуруот аһыттан биир сүрүннэрин – помидору ыһар кэм.
Помидор саарыстыбата
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Оҕуруотчуттар бу кэмҥэ сиэмэлэрин хааччыналлар. Маныаха маҕаһыынтан атыылаһар сиэмэ хаатыгар болҕомто уурар наада. Ол курдук, «F1» диэн суруктаах буоллаҕына – гибрид, оттон «сорт» диэн суруктаахтан бэйэ сиэмэтин ылан, эһиил эмиэ ыһыахха сөп. Аны биир түгэн – «индетерминант» диэн үрдүк, икки-үс миэтэрэҕэ тиийэ үрдүк уктаах сорт, «детерминант» – намыһах уктаах. Ол эбэтэр уһун уктаах сортары баайыахха, намыһах сиргэ үүннэриэххэ наада, онуоха табыгастаах сирдээх, усулуобуйалаах буолуохтааххын. Оттон намыһах сортары баайар, бүрүйэр арыый судургу.

Помидор ситэр болдьоҕунан эмиэ уратылаһар. Ол курдук, 120-ҕэ тиийэ хонуктаах сортары кулун тутар маҥнайгы дэкээдэтигэр ыһыллар, оттон 60-80 хонуктаах эрдэ ситээччилэри – кулун тутар иккис аҥаарыттан саҕалаан. Маныаха помидору муус устар ыйга диэри ыспатахха, сайын үтүөтүгэр үүнүүнү ылымыахха сөбүн өйдүүр наада.

Биллэн турар, кулун тутарга күн өссө даҕаны кылгас, оттон үүнээйигэ 10 чаастан итэҕэһэ суох күн сырдыга наада. Онон, аһара эрдэ ыстахха, угун уһатан кэбиһэр, иинэҕэс үүнээйини ылар куттал баар. Арассаада уһун-синньигэс, хачаайы буолбатын туһугар, соҕурууҥҥу, элбэх күннээх түннүккэ тутуохха эбэтэр анал лаампа анныгар үүннэриэххэ наада. Билигин, оҕуруотчуттар үөрүүлэригэр, маҕаһыыҥҥа фитолаампа арааһа атыыланар. Ол эрээри уопуттаах оҕуруотчуттар 30 ваттан үрдүк кыамталаах уонна кыһыл өҥнөөх лаампаны сүбэлииллэр.

 

Элбэх оҕолоох ийэ, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Хара нэһилиэгин орто оскуолатыгар педагог-психологынан үлэлиир география, биология учуутала Мичийэ Аргунова – номнуо өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр оҕуруотчут, быйаҥнаах тэлгэһэ мааны хаһаайката. Мичийэ Николаевна учуутал, уһуйааччы быһыытынан үгүс оҕуруоту сэҥээрээччилэртэн, олордооччулартан биир сүрүн уратыта – саҥаны, сонуну чинчийии, үөрэтии, баһылааһын. Маҕаһыыҥҥа атыыланар бэлэм сиэмэлэри ылан олордуунан муҥурдаммакка, бэйэ сиэмэтин хомуйуу, Саха сиригэр, маҕаһыыннарга өссө атыыга тахса илик сонун суортары почтанан сурутан ылан ыһыы, кэтээн көрүү, үөрэтии – чахчы да, дьиҥ, чиҥ билиигэ тардыһар киһи дьарыга. Былырыыҥҥыттан Мичийэ Николаевна помидору сэргээччилэргэ социальнай ситимнэр нөҥүө «Томатомания» диэн сыл аҥаардаах марафон ыытар. Бу марафон кэмигэр кини помидору сиэмэттэн саҕалаан күһүн бэйэ сиэмэтин ылыыга тиийэ үөрэтэр, сүбэлиир. Маннык уһун, туһалаах, хас биирдии ымпыкка-чымпыкка тиийэ быһаарар көдьүүстээх маастар-кылааһы биэрэр маастар, мин санаабар, ханна даҕаны суох.

– Эксперименнииргэ талаһыым – төрөппүттэрбиттэн. 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан күһүн дьоммун кытта Павловскайга сиэмэ хортуоппуй атыылаһа барсыбытым. Арай онно тиийэн биир ыал тэпилииссэтигэр сүүнэ улахан помидордар үүнэн туралларын көрөн олус сөхпүтүм. Кэлин билбитим, ол «Бычье сердце» сорт эбит этэ. 90-с сыллар бүтүүтүгэр ийэбин кытта Бааһынай ырыынагар сылдьан араас помидор атыыланарын сэргээбиппэр, ийэм «бэйэҥ хаһаайыстыбаланнаххына, ылан олордоор» диэбитэ, хайдах эрэ инникигэ бырагыраама курдук буолбут. Инньэ гынан бэйэм тэлгэһэлэниэхпиттэн оҕуруотунан сөбүлээн дьарыктанабын. Биир санаабын уурар үүнээйим – помидор. Сыл аайы саҥаттан саҥа сортары олордобун, хайдах үүнэллэрин, тугу сөбүлүүллэрин, хайдах гыннахха үчүгэй үүнүүнү биэрэллэрин кэтиибин.  Ол курдук сыллата 50-60 саҥа сорду олордобун, уопсайа 700-800 ук олорор. Билигин коллекциябар үс сүүстэн тахса сорт баар. Лэп-аҥара апробациятын бара сылдьар. Бу сыллар тухары кэтээн көрүүбүүнэн, үгүс сортар этикеткаҕа суруллубутун курдук үүммэттэр. Биһиги усулуобуйабыт атын буоллаҕа. Сорох сорт биһиги усулуобуйабытын олох тулуйбат, көрдөрүүтэ мөлтөх буолар. Оннук сорт коллекцияттан сыыйыллар.

Гипоаллергеннай, диетическай диэн сортар бааллар. Олорго саһархай уонна маҥан өҥнөөх помидордар киирсэллэр. Ити помидордары оҕолорум сөбүлээн сииллэр. Мин хараҥа өҥнөөх, эриэн сортары сөбүлүүбүн, кэргэним аһыытыҥы амтаннааҕы сөбүлүүр, оттон оҕолор – фруктатыҥы минньигэстэри. Дьэ ол иһин биһиги тэлгэһэбитигэр кыһыл эрэ буолбатах, оранжевай, саһархай, маҥан, хара, эриэн помидор арааһа барыта үүнэр, - диэн сэһэргиир Мичийэ Николаевна.

Бүгүн «Киин куорат» ааҕааччыларыгар Мичийэ Аргуноваттан помидору үүннэриигэ туһалаах сүбэлэри таһаарабыт.

 

Сиэмэҕин эмтиэҥ – доруобай үүнээйини ылыаҥ

Ханнык баҕар үүнээйи сиэмэтин олордуох иннинэ эмтиир наада. Оччоҕо ыарыыга ылларымтыата аччыыр уонна түргэнник тыллар. Сорохтор анал уоҕурдууга, эмкэ, марганцовкаҕа о.д.а. сытыаран ыраастыыллар. Чэпчэки сыаналаах уонна көдьүүстээх ньыманан водород перекиһин ааттыахпын сөп. Ону баата диискэтигэр кутан баран 20 мүнүүтэ тутуллар уонна ыраас уунан сайҕаныллар.

 

Атахтарыттан таҥнары ыйыыбын

Сахабыт сирин сайына кылгас буолан, сорох дьон укка сиппэтэх помидордары дьиэҕэ киллэрэн кытардар үгэстээхтэр. Мин көрүүбэр, оннук гыннахха, помидор хаачыстыбата мөлтүүр – амтаныттан саҕалаан, харайыллар болдьоҕор тиийэ. Оттон астаах угу тууран эбэтэр быһан ылан атаҕыттан таҥнары ыйаан хатардахха, букатын атын хартыына буолар, помидор бэйэтин свойствотын сүтэрбэт, ордук минньигэс буолар.

 

Уоҕурдуунан үлүһүйбэппин

Мин оҕуруотум – бэйэм уонна оҕолорум, чугас  дьонум доруобуйалара. Ол оннугар буорун эрдэттэн үчүгэйдик оҥоробун. Помидор көпсөркөй буору сөбүлүүр. Мин хортуоппуй буоругар перегной, кумах, перлит, вермикулит, сороҕор торф эбэтэр кокос субстратын эбэбин. Мас көөбүлүн туһаммаппын, арай сылаас кирээдэҕэ түгэҕэр тэлгиэххэ сөп.

 

Хаар хаһан даҕаны элбэх буолбат

Тэпилииссэҕэ эрэ ситэр сортар бааллар. Помидору тэпилииссэттэн атыҥҥа үүннэрбэт дьон, улуустар эмиэ бааллар. Онуоха помидор тэпилииссэтигэр ураты ирдэбил баар – булгуччу утарыта ааннаах, үөһээнэн форточкалаах буолара наада. Ол эбэтэр помидор тэпилииссэтигэр салгын оонньуохтаах, кини оччоҕуна эрэ куоппаһырар.

Сибиэһэй ынах сааҕын помидор буоругар, уоҕурдууга туттуллубат, олус үрдүк кислотностаах. Мас көөбүлүн эмиэ туттубаппыт. Биһиги маспыт сүрүннээн мутукчалаах, ол аата сымалалаах. Оттон сымала ацетону таһаарар.

Бу күннэргэ оҕуруотчуттары тэпилииссэни толору хаарда таһыҥ диэн сүбэлиэм этэ. Оҕуруокка хаар хаһан даҕаны элбэх буолбат.

 

Куйаас эмиэ кутталлаах

Оҕуруот аһыгар тымныы эрэ буолбакка, куйаас эмиэ кутталлаах. Олус итиигэ, 40-45 кыраадыс куйааска, пыльца умайар. Саха сиригэр сайын биир нэдиэлэ курдук хайаан да итинник куйаас сатыылааччы. Ол кэми болҕомтоҕо ылан, үүнээйини быыһыахха наада. Таһырдьа да турааччылары күлүктүүр ордук. Күлүктүүргэ чараас маҥан спанбонд барсар, ол эрээри ыал аайы баар халлаан күөҕэ өҥнөөх тенты ыксалга туттуохха син. Ук үрдүнэн салгын оонньуур гына сабыллыахтаах. Атырдьах ыйыгар эмиэ куйаарар.

Куйаас күннэргэ сибэкки сарсыарда эрдэ арыллар. Онон эрдэ туран уктарын барытын сахсыйар дьон элбэх үүнүүнү ылар кыахтаахтар.

 

Угу барытын сыбыдахтыыр сыыһа

Томат амтанын саахар быһаарар. Оттон саахар сэбирдэх ахсааныттан тутулуктаах. Онон помидор сэбирдэҕин барытын тонуур наадата суох. Сибэкки аайы утарыта сэбирдэх хаалыахтаах.

 

Сылаас кирээдэ

Сылаас кирээдэ диэн биһиэхэ улахан сэҥээриини ыла илик олус көдьүүстээх агротехнологическай ньыма. Маныаха кирээдэ түгэҕэр туох баар сытыйары-ымыйары барытын быраҕыахха сөп – мас лабаата, былырыыҥы кур от, сыыс от, сылгы ноһуома о.д.а. үрдүнэн эбэһээт кур отунан сабыллыахтаах. Сөптөөх буору оҥорон, маннык кирээдэҕэ халыҥ спанбонду туһанан, үүнээйини эрдэ таһааран, аһын эрдэ ылыахха сөп.

 

Тускутугар туһаныҥ, үрдүк үүнүүнү ылыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...