Полина Победа: «Дьоллоох буолуҥ олоххутугар, түүлгүтүгэр»
Бүгүҥҥү ыалдьыппын улаханнык билиһиннэрэр да наадата суох буолуо. Кинини, өрөспүүбүлүкэ сахалыы тыллаах олохтоохторо ПОЛИНА ПОБЕДА диэн ааттаах хоһоонньуту, социальнай ситим устун билбиттэрэ ыраатта. Полина Пантелеймоновна Находкина хомоҕой тыллаах хоһоонноро элбэх киһи кутун туталлар, махталын ылаллар.
Кини ону таһынан имигэс үҥкүүһүт, шпагат түһэр, араас эрчиллиилэри холкутук оҥорор, төбөтүн оройугар турар – бу барыта 70 сааһын көрсө!
— Үтүө сааскы күнүнэн, Полина Пантелеймоновна, дьэ кэпсэтиибитин саҕалыахха, оҕо сааскын хайдах ойуулуоҥ этэй?
— 1954 сыллаахха Уус Алдаҥҥа, билигин түөрт дьоруойдааҕынан аатырар Тандаҕа ыам ыйын 9 күнүгэр биэс уол кэнниттэн күн сирин көрбүтүм. Онон, бука сэрэйдэххит буолуо, убайдарбын кытта улааппыт буоламмын бойобуой, сытыы-хотуу этим. Икки кыра убайбын кытта иккилии сыл арыттаах этибит, онон кинилэри кытта саппай уопсан, моҕотойдоон, урукку оҕо сүүрүү-көтүү буоллахпыт, ол быыһыгар күөлтэн уу баһыы, мас кыстааһын, араа-бараа буоламмыт тэҥҥэ улааппыппыт. Илии эрбиитинэн убайдарбын кытта мас эрбиирбит, кыбыттаран баран кыайан таппакка ол мучумаана. Биһиги оччолорго Тиит-Арыы учаастагар олорбуппут, түөрт кылаастаах этэ, онтон салгыы Тандаҕа үөрэнэ бараҕын. Кэлин икки кыыс төрөөбүттэрэ, үс уонна тоҕус сыл балыстар этэ.
Идэһэ өлөрүүтэ туспа бырааһынньык курдук буолара. Оччолорго халлаан да тымныы этэ, сылаас күҥҥэ сүөһүнү өлөрбөт этилэр. Дьэ ол күн сүүрүү-көтүү, сырсыы, илдьии, аҕалыы, биһиги оҕолор илии-атах буоларбыт. Онно биири өйдөөн хаалбыппын. Тоҕо эрэ атах сыгынньах сүөһү дьаһайа сылдьар дьону баран сүүрүүнэн эргийэн кэлиэхтээхпит диэн. Хайдах эрэ биһиэхэ күрэхтэһии курдук этэ. Син тымныйбакка, ыалдьыбакка сылдьарбыт, дьоммут да мөҕөллөрүн өйдөөбөппүн. Билигин билинэрбитинэн, сүүмэрдэммит оҕолор хаалан 70-80 сааспытыгар тиийдэхпит. Сайынын үс, түөрт бүтэй күрүө үрдүнэн атах сыгынньах сырсар этибит, баҕанаттан баҕанаҕа диэри ыстаҥалааһын, кыһынын күрдьүк хастан баран ол иһигэр сытыы, уопсайынан хамсаныылаах оонньуулары олус сөбүлүүр этим, оҕо сааһым, нууччалыы эттэххэ, “экстремальнайдык" ааспыта.
— Оскуолатааҕы сылларгын ахтыаҥ дуо?
— Төрдүс кылаас кэннэ интэринээттэри кэрийэн, олорон улааппытым, барыта биэс оскуолаҕа үөрэммитим. Тандаҕа 4-кэ, онтон Алдан өрүс үрдүгэр турар Чэриктэйгэ көһөн тиийбиппит. Онно “Холбос” иһинэн өрүс анараа биэрэгэр саһыл пиэрмэтэ баар этэ, “Благодатнай” диэн ааттаах. Дьонум онно үлэлии барбыттара, ийэм хамнаһа үрдээн 120 солкуобай буолбута. Элбэх оҕону иитээри, онно көһөн тиийдэхтэрэ. Үлэһиттэрэ аҥаардара нууччалар этэ. Улахан убайдарым биирдэрэ Өлүөхүмэҕэ, иккис уол Культпросветка баянист идэтигэр үөрэнэллэрэ. Мин онно Чэриктэйгэ үс сыл, 5-6-7 кылаастарга үөрэммитим. Онно 6-7 кылаастарга үөрэнэрбэр Охлопкова Анна Ивановна диэн учуутал куруһуок тэрийэн ыытар этэ, аныгылыы эттэххэ, литературнай диэн буолуо. Аан бастаан хоһооҥҥо онно дьарыктаммытым. Билигин ол дьарыкпынан суруйабын. Урукку барыта рифманан суруллар этэ, оннук үөрэппиттэрэ. Дорҕоон диэн, буукубалар хоһулаһыылара, кириэстиктии тутуһан эҥин. Учууталым “Бэлэм буол” хаһыакка ыытар этэ, бэчээттииллэрэ. Гонорар харчы кэлэрэ, мин ону наһаа күүтэрим. Саамай улахана 3 солкуобайтан тахса кэлбитэ, ол диэн оччолорго баһаам буоллаҕа. Онтон оҕолор “Эллэй, тэллэй, поэт” дии-дии эккирэтэ сылдьан ыыстааннар, тохтоон хаалбытым.
Сэттиһи бүтэрбитим кэннэ Уус Алданнааҕы пиэрмэтин “Холбостор” Кэбээйи оройуонун Батамай саһыл пиэрмэтигэр холбообуттара. Саһыл төрүөҕэр үрдүк көрдөрүүлээх 3 ыалы “Благодаттан” Батамайга көһөрөн илдьибиттэрэ. Онно үчүгэй, туруу үлэһит диэннэр мин дьоммун талбыттар этэ. Инньэ гынан Сангаарга 8-с кылааска үөрэммитим, үксэ нууччалар, сахалар бааллар да, нууччалыы эрэ саҥараллар. Онно биир сыл 8 “д” кылааска аҕыйах оҕо буолан үөрэммиппит. Онтон 9-ка киирэрбэр саха кылааһа суох, нуучча кылааһыгар биир сылы түһэрэн баран ылабыт дииллэр. Ийэм буоллаҕына Сангаартан 20 км сиргэ баар. Мин онно бэйэм быһаарынан Кэбээйигэ көһөн хаалабын, онон бэһис оскуолабар 9-10 кылааһы бүтэрбитим.
— Төрөппүттэргиттэн ылбыт саамай өйдөөн хаалбыт уруогуҥ?
— Ийэм Охлопкова Анна Акимовна диэн этэ, аҕам бастакы кылааска киирэрбэр өлбүтэ, онтон ийэм иккиһин кэргэн тахсыбыта, булчут, сонордьут бэрдэ этэ, оҕолоргун тэҥҥэ иитиэххэ, бултаан-алтаан аһатыахпыт диэн кини Чэриктэйгэ илдьэ барбыта.
Ийэм сүрдээх диэн хоһоон ааҕарын сөбүлүүрэ. Оччолорго самодеятельность күрэхтэһиилэригэр куруук лауреат буолара, улууска биллэр хоһоон ааҕааччы, поэма бөҕөтүн нойосуус билэр этэ. Мин, аны санаатахха, Тобуруокап, Эллэй, Күннүк Уурастыырап хоһоонноругар улааппыт эбиппин. Ийэм иистэнэ олорон ааҕарын тула олорон истэр буоларбыт. Аны иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтору, оҕолорго аналлаахтары анаан талан ааҕар эбит. Холобура: “Ванюша көстүүмнээх, көстүүмэ хармааннаах, хармаана табахтаах” эҥин диэн, көр, онтон да буолуо, биир эрэ убайым табах тардар этэ.
Иистэнэ олорон Тобуруокап “Танюша биэбэкээм, тапталлаах сиэникээм, тайахпын аҕал дуу. Кэмпиэт биэрдэргин, аҕалыам этэ син” диэни ааҕар. Биһиги ону истэ олорон, биллэн турар, кыыһы сэмэлиибит буоллаҕа, онон ийэбит соруйда да, сүүрэн, толорон иһэбит, ити аата киһи манньаҕа эрэ үлэлиэ суохтаах диэн хоһоонунан иитэр эбит. Биирдэ балтыбын, биэстээх кыыһы илдьэ Батамайтан Арбыҥҥа тахсаллар, аһара долгуннаах күҥҥэ, үрүҥ күүгэн аллан олорор үһү. Тыал хайысхатынан сылдьаллар, өрүс дьоно билэллэр бөҕө буоллаҕа. Балтым куттанан ийэбин ыбылы кууһан олорор, тыы өрө тахса-тахса иһирдьэ түһэр үһү, убайым илдьэн испит. Оҕобут куттанан ытаа да ытаа, ол кэмҥэ ийэм хоһоон ааҕа иһэр үһү, “Куттаҕас летчик буола улааппат” диэн, онуоха кыыспыт герой буолбаппын диэн син биир ытыыр үһү. Хор, ыксаллаах, кутталлаах да түгэҥҥэ ийэм сөптөөх хоһоону булан ааҕар, уоскутар эбит. Ити эмиэ туһунан үөрэх буоллаҕа, бу үөрэҕэ суох ийэбит биһигини хайдах курдук мөҕөн-этэн, такайан буолбакка, хоһоонунан ииппитин билигин санаан сөҕөбүн эрэ.
Онуска үөрэнэ сылдьаммын ийэм былыргы тэтэрээтин булан ылбытым, чараас үөрэнээччи тэтэрээтэ. Арай барыта хоһоон, буочара наһаа үчүгэй, ийэм бэйэтэ айар, суруйар эбит. Дьэ мин уораммын устааччы буоллум, сыттыгым анныгар уурдаҕым буолуо бука, эмиэ кистээтэҕим дии. Биир үтүө күн булан ылла, сүтүктээн, көрдөөн, мин ылбыппын биллэҕэ. Мин мөҕүллэр буоллум диэн ыксаатым, куттанным. Киэһээҥҥи оһох оттулла турара, ийэм барахсан биир да тылы саҥарбатаҕа, көрөн турдахпына тэтэрээтин уокка бырахпыта. Хаарыан хоһооннор онон уот аһылыга буоллахтара. Бу былыргы киһи барахсан кэнэнин, оҕото көрдө, кимиэхэ эрэ кэпсиэ диэтэҕэ буолуо, суруйарыттан кыбыстан суох гыннаҕа.
— Эн санааҕар, дьол кистэлэҥэ тугуй?
— Дьол диэн саамай кылаабынайа үтүө доҕотторум, үчүгэй дьону олохпор көрсүүм, уонна саамай улахан дьолум диэн киинэҕэ көстөр курдук тапталы билбитим. 23 сааспар көрсүбүт тапталбын сүрэхпэр ымыы оҥостон, олоҕум ыардарын туоруубун, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһабын.
— Оттон доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?
— Хас биирдии киһи бэйэтин көрүнүөхтээх. Барытын бырааска сэлээннээн кэбиспэт гына. Бу өйдөбүл миэхэ начаас киирбитэ. Мин дьолго уолаттары кытта бойобуойдук үөскээн, мээнэ ыалдьыбат этим. Кыра ыарыыны киһи бэйэтэ билиниэхтээх, киэһэ ыгыччы симинэн аһаан баран туохтан ис, куртах ыалдьарын быһаара үөрэммитим, биһиги сааспытыгар 60 кэнниттэн этиҥ-сииниҥ сигнал биэрэр, биллэрэр. 58-60 саас диэки артроз, артрит хас иккис киһиэхэ кэлэр. Мин даҕаны эрэйдэммитим, балыыһаҕа сытарым, систиэмэ ыларым, таблетка иһэрим. Кылгас кэмҥэ үчүгэй курдук буолаҕын, ый буолбат, эмиэ ыалдьан кэлэр. Онтон хаҥас илиим көтөхтөрбөт буолбута, биир үтүө күн хирург кэллэ диэн балыыһаттан эрийдилэр. Саас буолан суол алдьанаары турар, онон түүннэри төннөллөр диэтилэр. Уочарат бөҕөтө, киирэн: “Син биир сааһырбыккын, ааспат ыарыы диэҕиҥ, ол эрээри мин сыылла сылдьыахпын баҕарбаппын”, - диэтим. Онуоха бырааһым, нуучча этэ: “Делайте зарядку как в школе, с этого и начинайте”, - диэн буолла. Өссө кыра ыйааһыннаах гантель ыл диэтэ. Дьэ, мин дьиэбэр кэлээт тута саҕалаан барбытым, икки илиибэр мас арыытын бытыылкаларын туттум уонна, этэргэ дылы, сэбиэскэй хамсаныылары оҥорон, онтуларбын сыыйа сайыннаран, элбэтэн испитим. Биирдэ өйдөммүтүм барыта ааһан хаалбыт, төһө бириэмэнэн буолбутун билбэппин. Онтон ыла баччааҥҥа диэри сэрээккэбин оҥоро сылдьабын. Тугу көрбүппүн эҥин миэхэ сөптөөх диэтим да үтүктэ сатыыбын. 13 киилэни бырахпытым, оччолорго 65 кг этим, уһунум 145 см. Скакалкалаан эҥин улам эбэн иһэбин.
Олохпор көрү-күлүүнү, дьээбэни-хообону туттабын, ону кытта кыһалҕам тэҥҥэ баран хаалар. Сытыы, булугас өй, настарыанньалаах сылдьыы, олохтон кэрэни эрэ булуу – бу мин олоҕум арахсыспат аргыстара. Олох диэн эргиччи үөрүү, бырааһынньык буолбатах, дьоҥҥо аан дойду дьолун барытын баҕарабыт, барыта баар буоллун дииллэр, оннук буолбат, хайаан соҕотоҕун эрэ дьоллоох буолуоххунуй. Киһи олоҕор хаһан эрэ син биир охсуу ылар, онон олох диэни сөпкө өйдүөххэ наада.
Мин Түүлээххэ баар икки этээстээх дьиэм уокка былдьаммыта, үс күн иэдэйэ сыспытым, маннык буоллахпына, туругум алдьаныыһы, умайда да умайда, бүттэ, онтон бырахтарымыахха наада диэн буолла. Кыһыны өҥөйөн туран, алтынньы 19 күнүгэр, баһаар буолбута, үс күнүнэн кыстык хаар түспүтэ. Көмөҕө харчы киирэн барбыта, Омскайтан, табаарыстарбыттан, доҕотторбуттан. Тохсунньу 7 күнүгэр куоракка кэллим, көмөлөспүт кыргыттарбын мунньаммыт биир дьүөгэбэр көрсүөх буоллубут. Тиийбитим, Ирам көрүстэ, биир да киһи суох курдук, уу чуумпу. Куукунаҕа бары бааллар диэтэ. Урукку курдук сыллаһыы эҥин суох, миигин ытыы-соҥуу сылдьара буолуо диэн санааннар ылы-чып олороллор эбит. Мин киирээт кыргыттарбар этэбин: “Наступила моя долгожданная мусульманская жизнь, в коврике сплю, сидя кушаю”, онуоха кыргыттарым кэм да дьээбэлэнэ сылдьаҕын, эйигин кытта ханнык да түгэҥҥэ куруук чэпчэки диэн үөрэн-көтөн бардылар. Хайдах уоскутабыт диэн былаанныы сылдьыбыттар эбит. Ол эппит тылларбын кытта ыарыым, санаарҕааһыным барыта ааспыта. 23 сааспар таптаабыт уолум казах этэ, ол иһин этэр буоллаҕым, кыргыттарым да бары билэллэр.
— Олоххун уларытар буоллаххына, тугу талыаҥ этэй?
— Тугу да уларытар санаам суох дии саныыбын. Онно биир хоһоонноохпун, иккис олох миэхэ наадата суох.
АРАЙ...
Арай миэхэ иккистээн
Олох биэрдин Таҥара,
Доҕотторбун, тапталбын
Көрдүү сүүрүөм дьэ тута.
Оччотугар олоҕум
Уларыйбат буоллаҕа,
Оччотугар кур бэйэм
Кубулуйбат буоллаҕым.
Кими, тугу умнаммын
Атын дьолу булабын?
Учууталлаан, быраастаан
Кими онон дьоллуубун?
Бэрэсидьиэн, дьокутаат
Арай буолан норуоппар
Уйгу-быйаҥ олоҕу
Оҥоробун дуо сатаан?
Биитэр буолуум олигарх
Түҥэтэбин дуо баайбын
Билбэт дьоммор, тас ыалбар -
Саарбахтыыбын бэл бэйэм.
Оччотугар олохпор
Сыыспатахпын быһыылаах,
Иккис олох да ылан
Уларыйар санаам суох.
Аптаах паалка диэн суоҕун
Оҕо саастан билэбит,
Дьолбут туохха буоларын
Бары таайа сатыыбыт.
Оҕо, сиэн диэн баарыттан,
Аалар ыарыы суоҕуттан,
Дьону сатаан үөрдэртэн
Дууһа, турук дьоллонор!
Дьол – кыл түгэн! Чыпчылҕан!
Күлүм гынар чаҕылҕан!
Элбэх дьоллоох түгэнтэн
Дьолбут тааһа саҕыллар!
— Эн олоҕуҥ бэйэтэ киинэ сценарийын курдук.
— Оскуола кэннэ биир сыл үлэлээн баран, 18 сааспар Омскайга биир немка кыыһы батыһан барбытым. Урут иккилии сыл кэлэн үлэлээн бараллар этэ. Сахалыы билбэттэр, дэриэбинэлэргэ аҕалан быраҕаттыыллар, ытаа да ыллаа. Тэтэрээттээх сырсалларын өйдүүбүн, тыллары тылбаастатаары, олохтоохтору кытта кэпсэтиэхтэрин наада буоллаҕа, сорохтор уу саха буолан хаалаллар этэ. Мин ол кыыстыын дьүөгэ буолан Омскайга сыбаайбаҕа сылдьа диэн барбытым уонна 15 сыл олоро хаалбытым, онтон 1983 сыллаахха Хабаровскайга кэргэн тахсан, биир сылынан уол оҕо төрөппүтүм, онно икки сыл олорон баран, кэргэммиттэн арахсан уолум бииригэр Омскайга төннөн кэлбитим, таптыыр, ахтар киһилээх этим. Уолбар кини аатын биэрбитим.
Үөрэххэ киирэн үөрэнэ сылдьыбытым да, күн сиригэр төрөөммүн саамай өрө тутарым күн бүгүҥҥэ диэри таптал. Онтон үөрэхпин бырахпытым, иккис куурустан. Сэбиэскэй кэмҥэ үөрэҕэ да суох киһи үлэлиир этэ, ханна баҕарар үлэни булаҕын. Онтон ийэбин, дойдубун ахтан, оҕом 5 саастааҕар, 17 сыл буолан баран, Сахам сиригэр төннөн кэлбитим.
— Айар куттаах киһи буолаҕын. Социальнай ситимнэргэ эн ааккын билбэт киһи аҕыйах буолуо. Хоһоону хаһааҥҥыттан айаҕын?
— Били 6-7 кылаастарга айан баран тохтообутум. Түүлээххэ олорон уолум оскуоланы бүтэрбитин кэннэ куруһуокка үөрэппит учууталбын 31 сыл буолан баран көрсүбүтүм. Кини хоһоон суруйаҕын дуо диэн ыйыппыта. Мин соһуйа иһиттим. Арба, хоһоон суруйар диэн баара дуу диэтим. Омскайга олоро сылдьан кыратык, быстах суруйа сылдьыбытым, истиэнэ хаһыатыгар эҥин. Учууталым “Суруйуоҥ этэ, эн үчүгэйдик суруйар этиҥ, талаан баар”, - диэтэ. Чэйдээн баран бардым, ол курдук хаалла, бэйэм наар нууччалыы саҥарар этим, кэлин икки тылбар буккуллан, мунан хаалбытым. Уруккум курдук ыраастык саҥарбат этим.
Ийэм 82 сааһыгар мин 48-таахпар өлбүтэ, нэдиэлэ эрэ сыппыта, көрүүгэ киирбэтэҕэ, этэргэ дылы, хаама сылдьан бараахтаабыта. Бүтүөн аҕыйах хонук иннинэ арай уу чуумпуга сытан ыйыппыта: “Полина, хоһоон суруйаҕын дуо?”. Мин суох диэбитим. Тохтуу түһэн баран: “Суруйуоҕуҥ, үчүгэйдик...” - диэбитэ. Ийэбитин кистээн баран ол түүн арай үөһээ этээскэ таҕыстым, тыллар төбөбөр түһэн кэллилэр, ийэбэр анаан икки хоһоону бэрт түргэнник суруйан кэбистим. Онтон ыла, ити 2002 сылтан, строкалар халлаантан төбөбөр түһэ турар буолбуттара, баран иһэн, кэлэн иһэн, строкалар киирэ тураллар, бирээмэ олохпор мэһэйдиир курдуктар этэ. Ити сылларга дьэ суруйбутум.
Хоһоонум элбэх этэ, аҥаардас сүүс хоһоону биир киһиэхэ, улахан тапталбар анаабытым. Ол рукопиһым ол дьиэбэр умайбыта. Төһөлөөх атын хоһоон барбытын айбыт таҥара билэр.
Дьон бары суруйар анал тэтэрээттээх, уруучукалаах буолаллар, музалара түүн эҥин киирэр. Миэхэ куруук уруучукам да, тэтэрээтим да суох, уопсай тэтэрээккэ оҥостон суруйаары гыннахпына, уруучукабын кирэн-кирэн баран туран барабын, дьэ ол оннугар ханна лиис булабын да суруйабын, онтубун сиэп аайы уктан иһэбин, бөх курдук. Кэргэн тахсан баран кыыс оҕону иитэ ылбыппыт, дьиэбэр олох суруйбат этим, онон оҕолорум көрбөтөхтөрө. Кэргэним да көрбөтөҕө, түһээн да баттаппакка анараа дойдуга бараахтаабыта түөрт сыла буолла.
Кыбыстар, кистиир да этим. Ким да көрбөтүгэр эрэ суруйабын, ким эрэ тыаһаата да, кумааҕыбын, уруучукабын ханна эрэ илгэн, быраҕан кэбиһэбин. Билигин да оннук суруйабын, хаама сылдьан, сатыы сылдьан, сарсыарда эҥин строка киирэр, хантан эрэ бэлэм хоһоонноох кэлэбин. Төбөбөр эргитэбин уонна оннук суруйабын, ол иһин хоһооннорбун нойосуус билэбин, 50-60 хоһоону билэрим буолуо.
— Үҥкүүлээн тэйэҕин, рэп ааҕаҕын, сүүрэҕин, эрчиллэҕин, шпагат түһэҕин, төбөҥ оройугар кытта тураҕын. Хантан сэниэ, күүс ылаҕыный?
— Тапталтан ылабын. Итиннэ диэтим да, дьон үксэ орон, икки араас киһи таптаһара өйдөрүгэр түһэр. Киһи кими баҕарар таптыыр эбээт, ырыаһыты, ырыаны, поэты, суруйааччыны, үчүгэй дьону, кими баҕарар таптыаххын сөп. Сиэни, оҕону таптыыр ол туһунан, хаан-уруу таптала буоллаҕа.
Киһи кэрэни тоҕо таптаабат буолуоҕай. Оннук үчүгэй дьонтон сэрээт ылабын, ол дьон эйиэхэ холобур буолаллар, стимул, муза биэрэллэр. Мин билэбин, норуот хоһооммун ылынарын, наһаа үчүгэй суруктар, махталлар киирэллэр.
Үҥкүүбүн көрөн суруйбуттар аҕай этэ, били хоһоон айар Полинабыт өссө маннык үҥкүүлүүр эбит диэн. Итинник тыллар киһини кынаттыыллар. Бэйэбин билбэккэ эрэ бассаабынан нүөмэрбин булан тахсаллар, үс күн хоһоон тиийбэтэҕинэ, хайа бу хоһооммут ханна бардай дииллэр.
Бэйэм сэбиэскэй сэрээккэбин, уруккубун тута сылдьабын, муода диэн тылга олох сыстыбаппын, тугу таптыырбын, сөбүлүүрбүн таҥнабын, аска эмиэ оннук, саҥа аһы көрдүм да, саба түспэппин.
— Олоххор көрсүбүт биир эмит күлүүлээх, көрүдьүөс түгэни кэпсиэҥ дуо?
— Оннук элбэх буоллаҕа. Ийэм иистэнньэҥ этэ, билигин хас да төгүллээх маастар буолуо этэ. Түүлээҕинэн, оҕуруонан, быысапканан барытын тигэрэ. 80 сааһыгар быыстапкаҕа куоракка ыҥырдылар. Социальнайдар арыалдьытынан миигин бар диэтилэр, ийэбин арыаллаан бөҕө буоллаҕа. Мин оччолорго 47 саастаахпын, пааспары 45-пэр уларытыахтаахпын, миэн уларыйбакка сылдьар. Суол-иис мөлтөх, куоракка социальнайдар билиэт булан көтүппүттэрэ, онтон куораттан Бороҕоҥҥо сөмөлүөтүнэн көтөөрү накопительга олордохпутуна биллэриинэн миигин ааппын-суолбун аааттаан ыҥыран ыллылар, диспетчерскэйгэ кэл диэн буолла.
“Туох буоллулар?” дии санаан кэлэн көрбүтүм, икки милииссийэ: “Вы паспорт не поменяли, с Вас положен штраф 1500 руб.”, - диэтилэр.
— А зачем менять? - билбэтэҕэ буоллум.
— В 45 лет нужно менять, - диэн буолла.
— А мне там сколько лет?
— 47, — диэбиттэригэр тута хардарааччы буоллум:
— А я вообще себя не чувствую на 47!
Дьон күлсэн тоҕо бардылар. Милииссийэ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ эмиэ күллүлэр уонна биирэ эттэ: “Ладно на этот раз прощаем, раз Вы не чувствуете свои 47 лет”, - диэн буолла.
Юмор диэн олоххо наһаа көмөлөһөр, уопсайынан, көрдөөх, күлүүлээх түгэннэрим мин олохпор олус элбэхтэр этэ.
— Киһиэхэ саамай сүрүн хаачыстыбалар диэн тугу ааттыаҥ этэй?
— Чиэһинэй буолууну, сымыйаччы киһини олох сөбүлээбэппин. Олоххо чиэһинэйдик сыһыаннаһыахха наада, чиэһинэй буоллахха, кыһалҕаҥ да аччыыр.
— Быйыл 70 сааскын туолар үбүлүөйдээх сылыҥ. Кэннигин эргийэн көрдөххө, олохпун сөпкө олорбут эбиппин диигин дуу, эбэтэр туохтан эмит кэмсинэҕин дуу.
— Сөпкө олордум диэн, мин санаабар, элбэх киһи эппэтэ буолуо. Мин ийэбин аһынабын, үөрэхпэр үчүгэй этим. “Артекка” барыахтаахпын уруһуйга үстээн баран атын оҕону ыыппыттара. Ийэм быраас дуу, учуутал дуу буолуохпун баҕарар этэ, ону толорботохпуттан, ийэбин хомоппуппуттан кэмсинэбин. Тапталтан үөрэхпин бырахпытым диэн муораҕа хааппыла, оннооҕор дьон бэйэтигэр тиийинэр дии. Киһини үөрэҕинэн быһаарбаппын, киһини киһи быһыытынан быһаарабын, күнүүһүт, бэйэмсэх киһи үйэтин тухары уларыйбат, учуутал буолан баран айылҕаттан анамматах дьон учууталлыы сылдьаллар. Киһи бэйэтин миэстэтигэр баар буолуохтаах, мин итинник дии саныыбын.
Мин геолог буолуохпун баҕарар этим, эбэһээт тугу эрэ булбут буолуохтаах этим. Араспаанньам да мээнэҕэ Находкина буолбатах.
— Эн санааҕар, билиҥҥи олох үчүгэй дуу, эбэтэр эн эдэр саҕанааҕы кэмиҥ дуу?
— Эдэр саҕанааҕым диэн чиэһинэйдик этэбин. Эдэр саас бэйэтэ саамай үчүгэй кэм. Оннооҕор сэриигэ таптаһаллар этэ, хонуу устун уоллаах кыыс атах сыгынньах сүүрэллэрэ, саҥардыы тахсыбыт мутукча Ньукуолуҥҥа тылларын курдук күүстээх тапталлаах дьон бааллара. Эдэр саас диэн оннук, саҥардыы олоҕу көрөҕүн, тапталы, олоҕу билэҕин, ол иһин киһи барыта ону суохтуур. Билиҥҥи оҕолор эмиэ сааһыран баран бу кэмнэрин суохтуохтара. Сэбиэскэй былаас наһаа үчүгэй этэ, киһи барыта үчүгэй сыһыаннаах, бүтэһигин да биэрэр этэ. Билигин урукку курдук сыһыан суох, дьон тыйыстар, ымсыылар. Мин урукку сыһыаны суохтуубун. Киһилии буолуохха наада, ымсыырымыахха, харчыта суоххуттан олоҕу алдьатымыахха.
Былырыын “Мин дьону туойабын” диэн 100 анабыл хоһоонноох кинигэм тахсыбыта. Кэрэ киһи элбэх, кэрэ киһи ханнык баҕарар кэмҥэ баар.
— Кэлэн иһэр Дьахталлар күннэринэн Сахабыт сирин кэрэ аҥаардарыгар баҕа санааҥ.
— Кэлэн иһэр Дьахтар күнүнэн кэрэ аҥаардары эҕэрдэлээн туран кинилэргэ баҕарыам этэ дьолу, тапталы, эрэллээх, өйдүүр, өйүүр күүстээх аҥаары. Дьахтар дьоллоох буолуохтаах, кистээн да буоллар. Мин бэйэм тапталбынан дьоллоохпун. Биирдэ ааһар олоххо дьоллоох буоллуннар, түүллэригэр, олохторугар барытыгар.
Дьахтары дьоллообут эр киһи олоҕо эмиэ дьоллоох буолар. Ханнык да түгэҥҥэ чиэһинэй сыһыаннаах буолуохха наада. Олоххо көрсөр ыарахаттары тута быһаарсар наадалаах. Кистээн, тугу эрэ сымыйалаан олоххутун ыаратымаҥ! Аһаҕас, доруобай буолуҥ! Олохтон, дьонтон үтүөнү эрэ сиидэлээҥ!