10.03.2022 | 16:00

Поликлиникалар ковиднай стационардара үлэлэрин тохтоттулар

Поликлиникалар ковиднай стационардара үлэлэрин тохтоттулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка бүгүҥҥүттэн, кулун тутар 10 күнүттэн,  поликлиника иһинэн үлэлиир ковиднай стационардар үлэлэрин тохтоттулар. Ити быһаарыы эпидемиологическай быһыы-майгы тупсубутун кытта сибээстээх. Бу туһунан уочаратттаах брифиҥҥэ регионнааҕы Суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
 «Ковидынан ыалдьыбыт дьону эмтииргэ аналлаах балыыһаларга куойкалар хаалыахтара. Ити – Дьокуускайлааҕы өрөспүүбүлүкэ клиническай, Өрөспүүбүлүкэ 2-с уонна 3-с №-дээх балыыһалара, итиннэ билигин аҕа саастаах гражданнарга анал көмөнү оҥороллор», - диэтэ Ольга Балабкина.
Бу нэдиэлэ бүтүөр диэри реабилитационнай кииннэр үлэлэрин боппуруоһа быһаарыллыахтаах. Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн сыалынан ковидынан ыалдьан баран үтүөрбүт дьону чөлүгэр түһэрии буолар. 
Суһал штаб салайааччытын солбуйааччы информациятынан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан Мэҥэ Хаҥаласка уонна Аммаҕа саамай элбэх киһи балыыһаламмыт. Кинилэргэ сыһыаннаан Саха сирин доруобуйа харыстабылыгар Министиэристибэтэ методическай миэрэлэри ылыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...