Петр Наумов: «Туохтан да толлубакка, ыарахаттартан чаҕыйбакка — иннибит диэки!»
Үөһэ этиллибит тылларга туох даҕаны күүркэтии суох. Бүгүҥҥү геройбут итиннэ барытыгар сөп түбэһэр – оҕо сааһыттан хараҕынан мөлтөхтүк көрөр буолан бастакы группалаах инбэлиит, кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, үс кыра оҕотун бэйэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыт, киһи-хара гыммыт соҕотох аҕа, билигин сиэннэр эйэҕэс эһэлэрэ. Олоҕун тухары кини күүстээх, хорсун санаатынан салайтаран араас ыарахаттары, моһоллору этэҥҥэ туораан, дьоҥҥо холобур буолан кэллэ. Петр Наумов – чэпчэки атлетикаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, Саха сирин үс төгүллээх чемпиона, Арассыыйа уонна Европа чемпионаттарын бэтэрээннэр ортолоругар марафоннарын кыттыылааҕа, дуобакка маастарга хандьыдаат. Кини ситиһиилэрин эдэр, чэгиэн доруобуйалаах да киһи хатылыа биллибэт. Петр Семенович туох даҕаны арыалдьыта суох, собус-соҕотоҕун, 80-90 киилэлээх малын-салын тэлиэскэтигэр соспутунан, дьыл кэмиттэн тутулуга суох, өҥүрүк куйаастан, томороон тымныыттан иҥнибэккэ, сүүрэрэ.
— Петр Семенович, буолаары турар төрөөбүт күҥҥүнэн, үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлээн туран, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэргэр көрдөһөбүт. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕын?
— Мин 1949 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр Чурапчы оройуонун Хоптоҕо нэһилиэгин Дириҥ сэлиэнньэтигэр Наумовтар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрбит – аҕабыт Семен Степанович уонна ийэбит Мария Павловна Наумовтар нэһилиэккэ туруу үлэһит холкуостаах дьон, көнө сүрэхтээх ыалларынан биллэллэрэ. Оччотооҕу дьон үлүскэннээх үлэ үөһүгэр сылдьаллара, түүннэри-күнүстэри, өрөбүлэ, уоппуската суох, доруобуйаларын харыстаммакка үлэлииллэрэ, салалта тугу этэрин тук курдук толорон иһэллэрэ. Онон даҕаны, доруобуйаларыгар оҕустаран, эдэрчи сылдьан олохтон туораабыттара. Оччотооҕу кэм дьоно бары да үлэһит үтүөлэрэ этэ.
Ийэлээх аҕабыт биһигини, сэттэ оҕону – биэс уолу, икки кыыһы көрөн-харайан, көччөх гынан көтүппүттэрэ. Убайым Семен Семенович – идэтинэн суоппар, илиитин уруултан араарбакка, 40 сыл эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык, биир да саахала суох үлэлээтэ. Мин иккис оҕобун, уруһуй уонна черчение учуутала идэлээхпин. Балтым Устинья Семеновна Дьокуускайдааҕы музыкальнай педучилищены бүтэрэн, өр сылларга ыччаты, оҕолору муусука кэрэ эйгэтигэр уһуйда. Быраатым Гаврил Семенович тутааччы идэлээх, кэлин биригэдьиирдээбитэ. Сылбырҕа, түргэн, ыраас туттуулаах киһини тэрилтэтэ элбэх бочуотунай грамотанан, дипломунан, махтал суругунан наҕараадалаабыта. Өссө биир быраатым Иван Семенович – идэтинэн учуутал. Таллиннааҕы Физкультурнай-байыаннай институту бүтэрэн, ыччаты бэйэтин идэтигэр уһуйар. Тустууга спорт маастара, Ленинград уонна Эстония хас да төгүллээх чемпиона. Балтым Зоя Семеновна – оҕо уһуйаанын иитээччитэ, 25 сыл эҥкилэ суох үлэлээтэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кыра быраатым Константин Семенович, улахан убайын удьуордаан, суоппар идэлэммитэ. Араас тэрилтэлэргэ 40-ча сыл тимир көлөнү тэһииннээн сүүртэ.
Ити курдук, төрөппүттэрбит түөрт учууталы, икки суоппары, биир тутааччыны үөрэттэрэн, олох сырдык аартыгар айхаллаан атаарбыттара.
— Олох кыра эрдэххиттэн мөлтөхтүк көрөбүн диигин, оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний? Идэҕинэн үлэлээбитиҥ дуо? Сааһыран баран сүүрүүнэн дьарыктаммыккын, туохтан сиэттэрэн саҕалаабыккыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн иринньэх, ыарыһах буоламмын, оскуолаҕа хойутаан, аҕыс сааспар «нулевой» кылааска киирбитим. Ол саҕана, билиҥҥи курдук, коррекционнай оскуолалар суохтар этэ. Бастаан, кыра эрдэхпинэ, үчүгэй харахтааҕым эбитэ үһү. Кэнники, саҥа хаамаары сылдьаммын, этим бааһырбыт. Ол саҕана буор муосталаах, олус сииктээх дьиэҕэ олорбуппут, итинтэн сылтаан бааһырбыппын төрөппүттэрим кэпсииллэрэ. Оччолорго дэриэбинэҕэ быраас диэн суоҕа, учаастактааҕы биэлсэр мааһынан уонна зеленканан сотор эбит. Тириим аһыйара-кыһыйара бэрт буолаахтыа, ону мин тарбана-тарбана харахпын ньухханан, зрачокпун эмкэ быһа сиэтэн кэбиспиппин. Көрөрүм мөлтөҕүн иһин эдэр эрдэхпиттэн инбэлииккэ таһаараары гыннахтарына, олох сөбүлээбэт этим, бачча эдэрбиттэн инбэлииккэ тахсыам дуо диэн букатын аккаастанарым. Дьиҥэр, хараҕым олох мөлтөх, - 25, ону - 22 диоптрийдаах ачыкыны кэтэбин. Сордоон-муҥнаан да буоллар, 1971 сыллаахха Чурапчытааҕы киэһээҥи орто оскуоланы бүтэрбитим. Дьоммор көмөлөһөөрү, үлэлии-үлэлии үөрэнэрим. Оскуола кэнниттэн Намнааҕы педучилище художественнай графика салаатын бүтэрэн, уруһуй, черчение уонна үлэ учууталын идэтин баһылаабытым. Оҕо эрдэхпиттэн кумааҕыга сирэйбин даҕайа сытан да буоллар уруһуйдуурбун наһаа сөбүлүүрүм. Ол гынан баран бастаан педучилищеҕа киирэн баран эрэйи көрбүтүм. Уруһуйдуур эбийиэкпит биһигиттэн тэйиччи турара, үчүгэйдик көрөр оҕолор ыраахтан туран эрэ үлэлииллэрэ. Миэхэ буоллаҕына туох даҕаны көстүбэт. Ол иһин сынньалаҥ кэмигэр аа-дьуо чугаһаан, тугу уруһуйдуохтаахпытын сыныйан, илиибинэн тутан-хабан көрөрүм. Дьэ, ити кэнниттэн, тугу өйдөөн хаалбыппын, этэргэ дылы, «по памяти» уруһуйдуурум. Хата, толлон тохтоон хаалбаккабын, ситэри үөрэнэн бүтэрбитим.
Үөрэхпин 1975 сыллаахха бүтэрэн баран, бастаан Уус Алдаҥҥа, онтон, сааһырбыт төрөппүттэрбэр чугаһаары, көмө буолаары, Чурапчыга үлэлээбитим. Инньэ гынан уон биэстэн тахса сыл ыччаты, оҕолору бэйэм таптыыр идэбэр уһуйбутум. Олох ыарахаттара кыһайаннар, сөбүлүүр үлэбиттэн уурайан, атын үлэҕэ көспүтүм. Дьиэ булунар баҕаттан тутуу тэрилтэтигэр уонна да атын араас үлэҕэ барытыгар үлэлээбитим. Ол курдук, хачыгаартан саҕалаан, оробуочай, пилорамщик, тырахтарыыс, столяр, болуотунньук, оформитель, электрик, слесарь быһыытынан үлэлээбитим. Күүстээх уонна ыарахан үлэттэн этим-хааным уйбакка, сиһим уонна сүһүөхтэрим ыалдьаннар, улам-улам мөлтөөн, кэнники олох даҕаны бэйэбин уйуттубат буолан хаалбытым. Киһи, ыарыйдаҕына, араас ыарыыта бары көбөн тахсар эбит. Ол курдук, оһоҕос, куртах, бүөр, тыынар уорган ыарыылара буулаабыттара, бэл, сүрэҕим тэбиитэ кытта кэһиллибитэ.
Үс-түөрт сылы быһа эмтээн көрө сатаан баран инбэлииккэ таҕыс диэбиттэригэр, сөбүлэспитим. Сөптөөх үлэ да суох, эмтэннэхпинэ, ыарыыларым ааһар курдуктар да, үлэлээри гыннахпына, бэргээн иһэбин. Оҕо эрдэхпиттэн доруобуйам уонна көрөрүм мөлтөх буолан физкультуранан дьарыктамматаҕым. Учууталлар кыайан көрбөт оҕо сирэйин-хараҕын үнтү түһүө, биһигини буруйдуохтара диэн сүүрэрбин-көтөрбүн кыккыраччы боболлоро. Дьэ, эт-хаан өттүнэн оннук туох да бэлэмэ суох киһи дьиҥнээхтик ылсан, күүстээх санаабын киллэрэн, хаһыат, сурунаал бөҕөтүн хасыһан, араас дьон сүбэтин ылынан, тулуурдаахтык, дьулуурдаахтык эппин-хааммын дьарыктаан, 40 сааспыттан сыыйа сүүрүүнэн үлүһүйэн барбытым.
— Петр Семенович, сүрдээх да күүстээх санаалааххын! Доруобай да дьонтон спордунан дьаныардаахтык дьарыктанар киһи элбэҕэ суоҕа буолуо. Бастакы ситиһиилэриҥ?
— Сүүрүүнэн дьарыктаныахпыттан сыыйа дьарҕаларым көнөн, ис уорганым үлэтэ тупсан, уларыйан барбыта. Ол иһин өссө дьүккүйэн туран, туруулаһан дьарыктанан, үксүн бытаан уһун сүүрүүнэн үлүһүйэн барбытым. Бастаан спортсаалаҕа, онтон Дьокуускайтан Намҥа диэри сүүрэн саҕалаабытым. Оҕо сылдьан былыргы быһыйдар Чурапчыттан Дьокуускайга диэри биир күн иһинэн сүүрэн кэлэллэрин туһунан оҕонньоттор кэпсииллэрин истэрим. Оччолорго итэҕэйбэт этим. Кэнники бэйэм итини хатылаан турардаахпын.
Утумнаах дьарыгым үтүө түмүктэрдээх буолла. Ол курдук, кылгастык кэпсээтэххэ, 1997 сыллаахха Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт Нам – Уус Алдан – Мэҥэ Хаҥалас – Чурапчы – Таатта улуустарынан ыытыллыбыт 450 км усталаах пробегка кыттыбытым. 1998 сыллаахха Хомсомуол 80 сылыгар анаан соҕотоҕун 80 км биир күн Үөдэй – I-кы Хомустаах – Партизан – Никольскай – Хамаҕатта – Нам – Аппааны – Кыһыл дэриэбинэ – Бөтүҥ – Модут – Хатырык маршрутунан сүүрбүтүм. 1999 сыллаахха Саха сирин сүүрүүгэ спорт маастарын нуорматын толоруулаах пробегка кыттыбытым: Дьокуускай – Төҥүлү – Чурапчы – Таатта – Мэҥэ Алдан – Хаандыга – Саһылыкаан – Таатта – Харбалаах – Даайа Аммата – Мырыла – Мындаҕаайы – Сулҕаччы – Амма – Майа – Чурапчы маршрутунан 1600 км сүүрэн кэлбиппит уонна нөҥүө күнүгэр Чурапчыга 6 чаастаах сүүрүүгэ, күрэхтэһиигэ кыттаммын, иккис миэстэ буолбутум. Намтан куоракка диэри хас да төгүл сүүрбүппүт. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуорматын толорбутум.
2000 сыллаахха, Саҥа дьылы көрсө, ахсынньы 31 күнүгэр 60 кыраадыстаах тымныыга 10 км сүүрбүппүтүн өйдүүбүн.
2000 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүттэн атырдьах ыйын 4 күнүгэр диэри Саха сиригэр алмаас хостоммута 45 сыллаах үбүлүөйүгэр 40 хонук устата: Удачнай – Айхал – Светлэй – Мииринэй – Сунтаар – Кэмпэндээйи – Сунтаар – Мииринэй – Ленскэй – Соҕуруу Ньүүйэ – Бэтинчэ – Ленскэй – Мииринэй – Чернышевскай – Удачнай маршрутунан 2300 км уһуннаах сүүрүүгэ кыттыбытым.
2001 сыллаахха биэс күн устата тэлиэскэни соһон, 250 км Нам Хатырыгыттан саҕалаан I-кы Хомустаах – Дьокуускай – Өктөм – Покровскай – Булгунньахтаах маршрутунан сүүрэн, Максим Кирович Аммосов уонна Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт дойдуларыгар өйдөбүнньүк оҥорон, Нам Хатырыгыттан хатыҥ мас илдьэн Өктөм оскуолатын балаһааккатыгар Чапаайга олордубуппут.
2002 сыллаахха саас Дьокуускай – Нуораҕана – Чурапчы – Таатта – Мэҥэ Алдан – Хаандыга – Теплай Ключ – Тополинай – Алыһардаах – Баатаҕай – Остуолба – Үөһээ Дьааҥы маршрутунан 15 хонугунан 1600 км сүүрэн тиийбиппит уонна «Хотугу полюс» бастакы бэстибээлигэр сылдьыбыппыт.
Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан биир күн Дьокуускайтан Хатырыкка диэри уон буолан 120 км түһүнэн кэбиспиппит. Онно үс эрэ буолан түмүктээтибит: Намтан – мин, Дьокуускайтан – Семен Семенович Дедюкин, I-кы Хомустаахтан – Семен Михайлович Охлопков.
2002 сыллаахха Дьокуускай – Сунтаар маршрутунан 950 км усталаах 14 хонуктаах агитациялыыр сүүрүү буолбута.
2003 сыл кулун тутар ыйыгар Дьокуускай – Покровскай – Саҥыйахтаах – Өлүөхүмэ – Хоро – Иһит – Кытыл-Дьураа – Булгунньахтаах – Дьокуускай – Өлөчөй хайысханан 8 хонук 1500 км сүүрбүтүм.
2004 сыллаахха Спартакиада уотун илдьэ Дьокуускай – Хаандыга хайысханан 12 хонуктаах сүүрүүгэ кыттыбытым.
2005 сыллаахха Арыылаах – Табаҕа – Хорообут – Сыымах – Бэдьимэ, Төҥүлү – Балыктаах – Тумул – Аллараа Бэстээх – Хаптаҕай – Павловскай – Чымнаайы – Майа маршрутунан 450 км 12 хонук устата сүүрэн, Манчаары спартакиадатын уотун илдьибиппит.
Эмиэ спартакиада уотун тиэрдээри Хаандыга – Дьокуускай – Сунтаар хайысханан 1450 км 18 хонук сүүрэн тиийбиппит.
Итини сэргэ сылга сэттэтэ-аҕыста өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттааччыбын. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ үстэ чемпионнаабытым, 15-тэ иккис, 20-тэ үһүс миэстэлэргэ тигистим. Марафоҥҥа 42 км 195 миэтэрэҕэ үстэ күрэхтэстим, иккитэ үһүс миэстэ буоллум, биирдэ алтыс миэстэҕэ тигистим, бу мин улахан ситиһиилэрим.
— 40 сааһыгар диэри спортка сыстыбатах, мөлтөх доруобуйалаах киһиэхэ сөҕүмэр ситиһиилэр. Эйигин холобур эрэ оҥостуохха сөп. Салгыы хайдах Арассыыйа, Европа таһымыгар таҕыстыҥ? Собус-соҕотоҕун сүүрэр куттала да бэрт дии, суолга туох моһоллору, ыарахаттары көрсөр этигиний? Биир эмэ мүччүргэннээх сырыыларгыттан кэпсээриий.
— Саха сирин тилийэ сүүрэн баран аны Арассыыйа таһымыгар сүүрбүт киһи диэн санаа үүйэ хаайа туппута. Арассыыйа призера ааты саастаах бөлөххө суукканан сүүрүүгэ кыттан (суточный бег) 2003 сыллаахха 5-с миэстэ, 2004 сыллаахха 3-с миэстэ уонна 2003 сыллаахха Европа чемпионатыгар 100 км сүүрүүгэ кыттан, 9 чаас 50 мүнүүтэнэн кэлэн, саха сүүрүктэриттэн иккис миэстэҕэ тиксибитим. 2005 сыллаахха Москва куорат Лужники стадионугар хамаанданан зачетка суукканан сүүрүүгэ Арассыыйа чемпиона буолбутум.
2003 сыллаахха Москваҕа тиийэн Арассыыйатааҕы хайанан сүүрүү 13 км чемпионатыгар кыттыбытым.
Бастакы уһун сүүрүүм 2007 сыллаахха буолбута, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 375 сылыгар анаан Байкаал күөлтэн Дьокуускай куоракка диэри 3175 км 75 суукканан сүүрэн кэлбитим.
2009 сыл саҥатыгар Ыччат сылыгар уонна экстремал-сүүрүк Климент Семенович Ефремов – Кыымчаан Кучу сырдык кэриэһигэр анааммын Калининградтан Владивостокка (Балтийскай муораттан Японскайга диэри) трансконтинентальный сүүрүүбүн саҕалаабытым (12090 км) уонна 2010 сыл күһүнүгэр, 206 хонугунан, түмүктээбитим. Бу сүүрүүм Арассыыйа Гиннеһин кинигэтигэр киирбитэ.
2014 сыллаахха Новгородскай уобалас Ильмень күөлүттэн (1943 сыллаахха геройдуу охтубут саха буойуттарын пааматынньыктарыттан) Севастопольга диэри 3850 км сири 78 хонук сүүрбүтүм. Маршрутум, сиһилии эттэххэ, Улуу Новгород – Ржев – Москва – Тула – Новороссийскай – Керчь – Севастополь герой-куораттарынан ааспыта. Сүүрүүбүн атырдьах ыйын 1-гы күнүттэн саҕалаан баран алтынньы 17 күнүгэр Севастополь куорат Нахимов болуоссатыгар түмүктээбитим. 1941-1942 сылларга куораты геройдуу көмүскээччилэр мемориалларыгар миигин наһаа сылаастык көрсүбүттэрэ. Севастополь куорат салалтатын аатыттан сибэкки дьөрбөтүн, сыаналаах бэлэҕи уонна өйдөбүнньүк дипломнары туттарбыттара уонна Георгиевскай лиэнтэни баайбыттара.
2015 сыллаахха Мииринэйтэн Дьокуускайга диэри 1.050 км сүүрэн кэлбитим.
Ханна да тиийбитим иһин, суоллааҕы бэлиэтээһиннэри оҥорооччубун. Онно туох баар наадалааҕы тиһэн иһэр идэлээҕим. Биллэн турар, каартам – арахсыспат аргыһым.
Төһө да ыраах сиринэн тайаан сырыттарбын, улахан уустуктары көрсүбэтэҕим, кутталлаах да түбэлтэлэргэ оччо түбэспэтэҕим. Арай биири ахтан ааһыахпын баҕарабын. Бу түбэлтэ соҕуруу буолбута. Суол уҥа өттүн тутуһан аргыый сүүрэн иһэбин. Аттыбынан хас даҕаны улахан массыына бирилээн-тарылаан ситэн аастылар. Икки полуприцептаах грузовой массыына кэнниттэн грузовой «уазик» суксуруһан иһэн, суол уҥа өттүгэр баарбын көрбөккө, тэлиэскэм көлөһөтүн үрдүнэн ааста. Ураҕаспын тоһутан, мин умса баран түстүм, сорох малым алдьанна. Ити барыта чыпчылыйыах түгэнэ буолла. Хата, дьолго, бэйэбин эчэппэтэ. Суоппар 70-ча миэтэрэлээх сиргэ тиийэн тохтоото, онтон миэхэ сүүрэн кэллэ. Соһуйбут, куттаммыт: «Туоххун өлөрдүҥ? Туох көмө наада? Алҕас, бырастыы гын», – диэн үрүт үөһэ эттэ. Тэлиэскэм алдьаммытын көрөн, киһим иккилии бэлэсипиэт көлөһөтө, хаамырата, покрышката, соһор ураҕаспын атыылаһан, оҥорсон биэрдэ уонна өссө кафеҕа аһатта.
Өссө биир түбэлтэни кылгастык кэпсиим. Бу 2010 сыллаахха атырдьах ыйыгар Калининградтан Владивостокка диэри сүүрэр кэммэр буолбута. Киэҥ нэлэмэн Бурятия сиринэн сүүрэн истэхпинэ суол оҥорооччулар наһаа элбэхтэр этэ. Тохтотон, хантан, ханна айаннаан иһэрбин ыйыталаһыы-тоокколоһуу бөҕө буоллулар. Мин тула үмүөрүһүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөлөрө. Олорор сирдэригэр илдьэн, аһатан-сиэтэн хоннордулар, баардарынан-суохтарынан маанылаатылар. Нөҥүө күнүгэр өйүөлээн, бары тахсан атаардылар. Итинник үтүө дьоҥҥо элбэхтэ түбэһээччибин.
— Петр Семенович, аны тус олоҕуҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Чугас дьоммут, дьиэ кэргэммит хаһан баҕарар өйөбүлбүт, эрэллээх эркиммит, үтүө сүбэһиттэрбит буолаллар. Сүүрэр дьарыккын өйүүллэр этэ дуо? Бука, итиччэ ыраах сиринэн тилийэ сүүрэр киһиэхэ долгуйан бөҕө буоллахтара.
- Намнааҕы педучилищеҕа бииргэ үөрэммит кыыспын кытта ыал буолбуппут. Оччолорго кэргэним, Мотрена Петровна, үс оҕолоох этэ – Сеня, Варя, Лена. Өссө үс оҕону төрөтөн, наһаа үчүгэйдик, иллээхтик, дьоллоохтук олорон иһэн кэргэним, ийэбит барахсан, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Кырабыт, уолбут Петя, балтараа эрэ саастааҕа. Инньэ гынан, улахаттарбытын үөрэттэрэр, үс кырабытын соҕотоҕун улаатыннарар, ийэ да, аҕа да буолар түбүккэ түспүтүм. Улахан уол Сеня электрик үөрэҕин бүтэрэн, саҥа үлэлээн иһэн, быарынан ыалдьан олохтон туораабыта. Варя эрдэ кэргэн тахсан көспүтэ. Лена эмиэ ыал, Мииринэйгэ олороллор. Үс кырабыт – Маша 1983, Июлия 1985, Петя 1989 сыллааҕы төрүөхтэр. Кинилэри атахтарыгар туруораары, киһи-хара гынаары, хас да сиринэн үлэлиирим. Билигин улахан кыыспыт Мария Заболоцкая баҕа санаатын толорон үҥкүүһүт идэлээх, Сергей Зверев – Кыыл Уола аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр хореограф, кэргэннээх, үс оҕолоох. Кыра кыыс Июлия – буҕаалтыр идэлээх, эдэр ыал. Уолбут Петр хайа инженера идэлээх, ыал буола илик. Билигин күнүм-ыйым сиэннэрбиттэн – Сайыынаттан, Айгыынаттан уонна Дархантан тахсар. Сүүрбэ сыл соҕотох сылдьан баран ыал буолбутум. Кэргэним Нина Прокопьевна педагог идэлээх, бэйэтэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, эмиэ Намнааҕы педучилищены бүтэрбитэ, билигин даҕаны үлэлии-хамсыы сылдьар. Миигин наар өйүүр, өйдүүр, мин туспар наһаа кыһаллар күндү киһим, киниэхэ махталым муҥура суох. Дьиэ кэргэним – тирэҕим, тулхадыйбат тутааҕым, үөрүүм-көтүүм, киэн туттуум. Мин дьарыкпын мэлдьи өйүүллэр, мин туспар наар «ыалдьаллар», долгуйаллар. Билигин, 75-с хаарбар үктэммит киһи, сүүрбэппин. Ол эрэн куорат иһигэр син биир булгуччу хаамарбын сөбүлүүбүн, дьиэҕэ олорон хаалбаппын. Үлэбиттэн быйыл саҥа уурайдым.
Арассыыйа Гиннеһин кинигэтигэр киирбит экстремал-сүүрүк, супермарафонец Петр Семенович Наумов – Сүүрүк Бүөтүр итинник кэпсээннээх буолла. Этэн аһарбытым курдук, сарсын, олунньу 9 күнүгэр, кини 75 сааһын туолар. Үөрүүлээх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, күүстээх санаалаах хорсун киһиэхэ уонна дьиэ кэргэнигэр «Киин куорат» хаһыат кэлэктиибин уонна ааҕааччыларын ааттарыттан чэгиэн доруобуйаны, толору дьоллоох уһун, нус-хас олоҕу баҕарабыт.