02.04.2022 | 18:00

Петр Бурцев: «Сиртэн кэлбит киһибин»

Петр Бурцев:  «Сиртэн кэлбит киһибин»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Юрист идэлээх дьон 5 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр баар этилэр диэн сабаҕалыыллар, ол эрэн онуоха дакаастабыл суох. Бу олус туһалаах идэ былыр-былыргыттан убаастабылынан туһаныллар эбит. Билигин киһи хара төрүөҕүттэн бу орто дойдуга бырааптаах кэлэр. Кини дойду гражданина буолуоҕуттан юридическай сокуоннарга тэҥҥэ эппиэттэһэр, ылар-биэрэр, олоҕун тухары нолуок төлүүр, о.д.а. бырааптардаах. 
Киһи билбэтэ-көрбөтө элбэх, сокуон күннэтэ уларыйа турар. Онно биһиэхэ көмөҕө бастакынан юрист идэлээх дьон кэлэллэр. 
Мин бүгүн уон сыл анараа өттүгэр тэриллибит “Бэйэни салайыныы тэрилтэлэригэр правовой көмөнү оҥорор автономнай коммерческайа суох тэрилтэ” генеральнай дириэктэрэ Петр Васильевич Бурцевы кытта үлэ-хамнас, тэрилтэ сүрүн соругун туһунан кэпсэттибит.

Биһиги бу уон сыл тухары, өрөспүүбүлүкэҕэ 357 нэһилиэк баар эбит буоллаҕына, 200-чэ нэһилиэги кытта сыллата, юридическай көмө, өйөбүл быһыытынан үлэлээн кэллибит. Сүрүн боппуруостарбыт диэн, бэйэни салайыныы конституцията, ол эбэтэр нэһилиэк устааба, онно федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи сокуоннар уларыйыылар киириилэрин, киириэхтээх сокуон ирдэбиллэрин сөптөөхтүк бириэмэтигэр быһааран, оҥорон, ону таһынан бэйэни салайыныы сокуоннарыгар элбэх уларыйыылары эмиэ быһаарабыт уонна муниципальнай правовой акталары ылыналларыгар балаһыанньалары, дьокутааттар быһаарыыларын, итиэннэ кинилэр үлэлиир докумуоннарын хас биирдии нэһилиэккэ оҥорон биэрэбит.

 

Сүрүн концепциябытынан, нэһилиэк баһылыгын юристара курдук буолабыт. Нормативнай-правовой акталары оҥоробут уонна метод сүбэ диэннээхпит, онон улахан докумуоннары көрөбүт-истэбит, билиилээх-көрүүлээх, уопуттаах юристардаахпыт. Хайа аһыллыахпытыттан метод сүбэ үлэтин философскай наука кандидата Копырин И.Д. иилиир-саҕалыыр. Нэһилиэктэргэ сыһыаннаах быраап тиэмэтигэр кинигэлэри, босуобуйалары таһаарабыт. Арбитражнай, гражданскай сууттарга, холуобунай да дьыалаҕа дьаһалта араас боппуруостарыгар элбэх киһини көмүскээтибит.

Кэнники сыллартан бэттэх симиэтэлиир-бырайыактыыр документацияларга үлэлээн эрэбит. Хас биирдии нэһилиэккэ, олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттара сүрүн докумуоннарынан генеральнай былаан баар буолуохтаах, холобур, ууну иһэр, ууну туттар сирдэрэ, суоллара барыта бырайыактардаах, ону таһынан улахан бырагыраамалардаах, ол бырагыраамалар араас специалистары ааһыахтаахтар. Онуоха биһиги көмөбүт тиийэр, бу буолар биһиги  сүрүн сыалбыт-сорукпут.

2020 сылтан сыыппара, автоматизация киирдэ. Билигин судаарыстыбаннай автоматизированнай информационнай систиэмэлэр, тус кабинеттар, “ГИС ЖКХ”, федеральнай сулууспа улахан систиэмэлэрэ бааллар. Оттон олохтоох бэйэни салайыныыга биир кэлим систиэмэ суох. Коммерческай структуралар оҥорбут систиэмэлэригэр үлэлии сатыыллар. Сүрүн үлэлэрэ похозяйственнай учуот буоллаҕа, төһө киһи олороро, барара-кэлэрэ, байыаннай учуот, саахса, киһи төрөөһүнэ, өлүүтэ буоллун. Маныаха дьэ нэһилиэнньэ күннээҕи үлэтин оҥорор бырагыраама наада диэн, оннук бырагырааманы биһиги 2020 сылтан Москваҕа, уруккута “Восход НИИ” салаата, билигин ААО, оҥоттордубут. Онон 2020 сыл сайыныттан автоматизацияҕа уонна сыыппараҕа киирэн эрэбит. Сөптөөх бырагырааманан специалистары барыларын үөрэттибит, хайыы-үйэ 100-чэкэ нэһилиэккэ бу киирдэ, таҥылынна. Манна биһиги бастайааннай техническэй өйөбүл оҥоробут уонна онтукабытын билигин өссө күүскэ кэҥэтиэхпит , Инновация министиэристибэтин уонна МСУ департаменын кытта улахан мунньах, кэпсэтии оҥорон турабыт. Ону таһынан биһиги этиибитинэн билигин интэриниэт ситимигэр үлэлиир биир кэлим “Муниципальнай сулууспалаах тус кабинета” диэн оҥоһулла сылдьар. Сүрүн базата бэлэм буолла, кыра бытархай боппуруостар хааллылар. Бу база Арассыыйаҕа барытыгар барыытын ситиһиэхтээхпит диэн үлэлээтибит. Ол иһин быйылгы сылтан биһиги элбэх өҥөнү оҥорор киин –  “Межрегиональный проект органов МСУ – моя организация” диэн тэрилтэбит өссө кэҥээтэ. Онон билигин Москваҕа офис арыйдыбыт, биир үлэһиппитин ыыттыбыт уонна федеральнай сайт оҥордубут.

Олохтоох бэйэни салайыныы дьону, гражданнары кытта үлэлиир тэрилтэ буолар. Ол курдук бэйдиэ сылдьар ыттар, бөх-сах, уу тэстиитэ, ыарыы, доруобуйа о.д.а. күннээҕи боппуруостар, кыһалҕалар нэһилиэккэ буоллун, куоракка буоллун бааллар. Ол иһин дьаһалта уонна гражданин дьону кытта биир ситимнээх буолуутугар аныгы үйэ технологиятынан улахан сыһыарыы оҥоһулунна. Ол аата олохтоох киһи биир кнопканы баттаан ханнык баҕарар кыһалҕатын быһаарыахтаах. Техническэй өттө оҥоһулунна, тестовай вариана муус устар саҥатыгар тахсыахтаах, хас биирдии киһиэхэ тоҕоостоох буолуохтаах, кыаллыахтаах. Ол үлэтэ-хамнаһа баран инникитин биһиги өҥөбүт атын улахан өҥөлөрү кытта тэҥҥэ туруохтаах, ону ситиһэ сатыыбыт. Ол иһин сүрдээҕин кэҥээтибит, уон сыллаах үбүлүөйбүтүн ситиһиилээх,  атын кэрдиискэ тахсан туран үөрэ-көтө көрүстүбүт.

 

Биһиги билигин юристар быһыытынан үлэлии олорор эбит буоллахпытына, билиҥҥи кэм ирдэбилинэн, саҥа технологияларга айти технологияларынан, сыыппаралааһыҥҥа нэһилиэктэрбитигэр уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр көмө буолуохтаахпыт. Онно үлэлэһэргэ Бырабыыталыстыба эппиэттээх министиэристибэлэрин, биэдэмэстибэлэрин кытары бырагыраама суруйа сылдьабыт. Ити эмиэ биир сүрүн хайысхабыт буолар.

Биһиги күн аайы  нэһилиэк, улуус администрацияларын, чуолаан нэһилиэк специалистарын кытта үлэлэһэбит, 200-тэн тахса нэһилиэк араас күннээҕи ыйытыыларыгар юридическай өттүнэн сөптөөх хоруйдары биэрэбит.

Семинардары, куурустары, эбии бэлэмнээһиннэри (переподготовка) ыытабыт, спорт национальнай көрүҥнэригэр тренердэри бэлэмниибит онуоха лицензия ылбыппыт. 44 №-дээх ФЗ киирэн, сокуон ирдэбилинэн анал үөрэҕэ суох киһи үлэлиэ суохтаах диэн этэ. Биһиги тэрилтэбит  2018 сылга лицензия ылан эбии үөрэхтэри ыытар бырааптаммыппыт, билигин араас хайысхалаах куурустары ыытабыт.

 

Билигин Олохтоох бэйэни салайыныыга реформа буолаары турар. Онно улахан уларыйыылар киирэн эрэллэр. Холобур, уокуруктар баар буолуохтара, нэһилиэктэргэ администрациялар суох буолаллар диэн. Онно бэйэм санаабын этэр эбит буоллахпына, административнай территориальнай управление син биир баар буолуо дии саныыбын, ону таһынан нэһилиэктэр сирдэрэ-уоттара, алаастара хаалыа буоллаҕа. Уокурук баайа-дуола диэн сирэ буоллаҕа. Арассыыйа олохтоох бэйэни салайыныытын историята уезд, волость саҕаттан, кинээстэр, кулубалар саҕаттан биир таһымнаах эбэтэр икки таһымнаах (одноуровневый, двухуровневый) буолар. Бу кэмиттэн-кэмигэр уларыйар эбит. Холобур Сэбиэскэй былаас саҕана биир таһымнаах. Билигин биһиги икки таһымнаахха олоробут. Ити сокуон билиҥҥитэ бырайыак эрэ курдук. Ол эрээри  уларыйыылар киириэхтээхтэр, уокурук баһылыгын быыбардааһыҥҥа, уонна уокурук иһинээҕи административнай территориальнай управлениеҕа боппуруостар баар буолуохтаахтар, муниципальнай сулууспалаахтар дуоһунастара уонна кинилэр үлэлэрэ-хамнастара быһаарыллыахтаах, административнай-территориальнай кыраныыссалар чопчуланыахтаахтар дии саныыбын. Ил Түмэн, департамент, бырабыыталыстыба эппиэттээх үлэһиттэрэ бары итиннэ үлэлии сылдьаллар, бэйэлэрин этиилэрин Госдуумаҕа киллэрбит буолуохтаахтар. Итиннэ сөптөөх үлэ барара буолуо.

Маннык уларыйыы буолар түгэнигэр нэһилиэк охсууну ылбакка, олоҕун укулаата уларыйбакка барарын бырабыыталыстыба уонна Ил Түмэн ситиһэр курдук сокуон ылыллыахтаах.

2019 сыллаахтан саха төрүт оҕунан ытыы федерациятын салайабын. Сүрдээҕин күүскэ үлэлээтибит, олох эдэр федерация буолабыт, 2020 сылга регистрацияламмыппыт. Ситиһиибит үгүс, ол курдук маастар нуормалаах дьонноохпут, күрэхтэһии бырагыраамата чуолкайдаммыта, штаттар, тренер баар буоларын ситистибит, календарнай былаан быһыытынан улахан күрэхтэһиилэр буолаллар. Бу кыһын Орел куоракка саха кыргыттара баран үс бириистээх миэстэни баһылаан пьедесталга турбуттара. Дыгын оонньуутугар урукку оҕунан ытыыны киллэрэри ситистибит, биһиги охпутунан, биһиги мишеннэрбитинэн ыталлар. Сүрүн сыалбыт – саха төрүт үгэстэрин сөргүтүү.

Уус Алдантан төрүттээх. Араас салайар үлэҕэ, оскуола дириэктэринэн, улуус, нэһилиэк дьаһалтатыгар үлэлээбит, баһылыктаабыт. Кэргэннээх, оҕолордоох, филолог, юрист идэлээх, олохтоох бэйэни салайыныы үөрэхтээх. “Бэйэни салайыныыга тыа сирин араҥатын үчүгэйдик билэр, сиргэ үлэлээбит, нэһилиэк дьаһалтатын үлэтин эттэринэн-хааннарынан билэр дьон үлэлииллэрэ ордук дии саныыбыт. Бэйэбит тэрилтэбитигэр үлэҕэ ыларбытыгар эмиэ тыа сиригэр үлэлээбит, дьон кыһалҕатын, тыа олоҕун чугастык ылынар, билэр дьону ыла сатыыбыт”, - диэн Петр Васильевич кэпсэтиибитин түмүктээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...