PandaSakha: “Саха сирэ аан дойдуга биллиэн баҕарабын!”
Билигин кини номнуо 629 тыһ. тахса сурутааччылаах, оттон кылгас видеороликтарын 300 мөлүйүөнтэн тахса киһи сэргии көрөр. Бу нүөмэргэ блогер Вячеслав Романовтыын – @PandaSakha кэпсэттибит.
Кини 33 саастаах, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана нэһилиэгэр олорор. Оскуолаҕа физкультура учууталынан таһаарыылаахтык үлэлиир.
– Уруккуттан тыа дьонун олоҕун-дьаһаҕын устар санаалаах этибит. Документальнай киинэлэри, сүрүн ис хоһоонноох устуулары, бу буола турар кэми көрдөрөллөрүн олус сэҥээрэбит. Социальнай ситими соччо-бачча быһаарсыбат этибит, маҥнай ютубка угабыт диэн былааннаабыппыт. Ол эрээри онно сурутааччылар арыый даҕаны бытааннык кэлэллэр эбит диэн түмүккэ кэлбиппит. Туох баар бары ситимнэр кимнэрин-туохтарын билэн баран, кыра уолум ТikТоk диэни көрдөрбүтэ. Чахчы, киһи түргэнник сурутааччылары хомуйар платформата диэн санааҕа кэлбитим. Ол эрээри, маннык улахан «ажиотаж” буолуо диэн түһээн да баттаппатаҕым.
Чурапчытааҕы физкультура салаатын бүтэрбитим. Кэргэним Дария Муоматтан төрүттээх, кылгас кэмҥэ Муомаҕа олорбуппут, онно баһаарынай чааска үлэлээбитим. Икки уоллаахпыт. Улахаммыт Уйгун 7 кылааска үөрэнэр, кырабыт Урсун – 5 кылаас. Ийэбит олохтоох дьаһалтаҕа исписэлииһинэн үлэлиир.
Дьиэнэн сайынын тыаҕа тахсан сир астыыбыт, тугу даҕаны көтүппэппит быһыылаах. Балааккалаах, өйүөлээх айылҕаҕа тахсан хонон киирэбит, күүс-сэниэ ылынабыт. Сайын өссө оҕуруот аһын арааһын үүннэрэбит, битэмииннээх, иҥэмтэлээх хаһааспытын кыһыннары сиибит.
– Видеоҕа ити ким устан, таҥан таһаарарый? Бука, халыҥ хамаанда үлэтэ көстөр.
– Бу мин эрэ үлэм буолбакка, бүтүн дьиэ кэргэним үлэтэ көстөр. Мин сүрүн дьоруой оруолун толоробун, видеолары сурүннээн улахан уолбут Уйгун уһулар, кыра уолбут Урсун көмөлөһөөччүбүт буолар, ийэбит Дария өй угааччы, омуктары кытта кэпсэтиини ыытааччы. Айфон төлөпүөҥҥэ боростуойдук уһуллар видеолар, сценарий эҥин диэн суох. Бүгүн маны устабыт диибит да, устан киирэн барабыт. Хаттаан устуу диэни соччо көрсүбэппит. Тоҕо диэтэххэ, биһиги күннээҕи үлэни хайдах баарынан көрдөрөбүт, сыыһа-халты туттуу диэн ахсааннаах.
– Туох сыаллаах устаҕыт?
– Боростуой тыа сирин олоҕун көрдөрөөрү. Тас дойду олохтоохторо Саха сирин дьонун-сэргэтин көрдүннэр, сэҥээрдиннэр диэн.
– Видеоларгар тоҕо саҥарбаккыный?
– Биһиги элбэх киһи көрдүн уонна өйдөөтүн диэн устабыт. Чарли Чаплин баара дии, кини саҥарбат этэ, ол эрээри кинини элбэх омук өйдүүрэ. Аҥаардас хамсаныыта, туттуута-хаптыыта элбэҕи этэр. Арай, мин сахалыы кэпсиирим эбитэ буоллар, контеммыт саха эрэ дьоно буолуо этэ. Саҥарбаппын уонна дьыаланан көрдөрөбүн, ол иһин элбэх омук интэриэһиргээтэ.
– Тоҕо PandaSakha диэн ааттанныҥ?
– Панда диэн кэргэним таптаан ааттааччы, оннук устунан иҥэн хаалбыт. Бу эһэни аан дойду барыта билэр, билбэт киһи суоҕа буолуо. Онно эбии толкуйдуу түһэн бараммын Саха диэни эбэн биэрбитим. PandaSakha диэн дьоҥҥо чэпчэкитик иһиллэр.
– Видеоҕа көрдөххө, ас эгэлгэтин астыыгын, кэргэниҥ астыыр дуо?
– Иккиэн астыыбыт, уолаттар эмиэ астааччылар. Бурдук аһы кэргэним бэйэтэ астыыр, онно көмөлөһүөхпүн сөп. Боростуой сахалыы миини, соркуойу ким дьиэҕэ эрдэ кэлбит астыыр буоллаҕа дии.
– Эйиэхэ ситимнэриҥ төлүүллэр дуо?
– Монетизация диэн хайа да ситиммэр суох, төлөөбөттөр. Видеоларым бэйэбэр эрэ архыып быһыытынан хаалаллар. Инстаграм сирэйбэр кыралаан реклама биирдэ эмит киирэр.
– Сурутааччыларыҥ ордук ханнык дойдуларга олорор эбиттэрий?
– Сурутааччым 80 % тас дойду дьоно, 20 % – нуучча омуга. Үксүн Таиланд, Япония, Корея, Кытай, Индонезия курдук Азия омуктара сэргииллэр эбит. Сахабыт сирин тымныытын, олорор усулуобуйабытын ордук интэриэһиргииллэр. Күн-дьыл туругун куруук ыйыталлар, олох-дьаһах таһымын сураһаллар, аспытын эмиэ интэриэһиргииллэр, дьиибэргииллэр.
Тымныы дойдуга ханна, хайдах суунарбытын ыйыталлар.
– Комментарийдары аахтахха, омуктар эйиэхэ букатын көһөн кэлээри гыналлар дии...
– Сорохтор үс ыйга тиийэ миэхэ кэлэн олоруохтарын баҕараллар. Кинилэри кыһыммыт олус умсугутар. Хайдах бачча үлүгэр тымныыга олоруохха сөбүн кинилэр өйдүү иликтэр. Хаары көрүөхтэрин баҕараллар, ити суруйар омуктар сорохторо хаары көрбөтөх дьон эбиттэр. Ол дьоммун кэллэхтэринэ даҕаны сатаан хоннорор усулуобуйам суох.
– Кытайдар эн видеоҕун уоран таһаарбыттарын истибитим, ити кырдьык дуо?
– Биирдэ биһиэхэ ханнык эрэ Кытай бөдөҥ паблигыттан видеобутун таһаараары суруйа сылдьыбыттара. Ол кэннэ кытай сурутааччыларым олус элбээбиттэрэ. Онтон хас да кытай сурутааччым скриншот бөҕөтө ыыттылар уонна эһиги видеоларгыт бу аккауҥҥа баар диэтилэр. Соһуйуохпут иһин, биир атыыһыт кытай видеоларбын бэйэтигэр ылан лайк, подписка бөҕө хомуйбут өссө эбиитин маҕаһыын арыммыт. Аны ол маҕаһыыҥҥа сорох табаардара күннээҕи туттар малларбар көстөр быһыылаах этэ. Атыыһыппыт дьон комментарий хааллардаҕына, барыларын блоктаан испитэ. Онтон кэлин Монголияттан сылдьабын диир үһү, онтон PandaSakha аймаҕым дэммит.
– Тыый! Ону хайаатыгыт?
– Хайыахпытый, көҥүлэ суох ылара хомолтолоох буоллаҕа дии. Онтубут оннук хаалбыта. Дьиҥэ, ааптарыскай матырыйаалга саатар ааптарын аата баара ордук этэ.
– Тыа сиригэр олорор туох үчүгэйдээҕий?
– Тыа сиригэр күн-дьыл бытааннык барар, куорат курдук буолбатах. Дэриэбинэҕэ уу чуумпу, тыас-уус да аҕыйах, салгына да ыраас, эппит-аспыт бэйэбит киэнэ. Оҕо хамсанарыгар, таһырдьанан-иһирдьэнэн мэниктииригэр да үчүгэй буоллаҕа дии.
– Ити ыккыт бэйэтэ улахан артыыс эбит, контент оҥорооччугут, арааһа, түөрт атахтаах доҕоргут быһыылаах.
– Ыппыт – биир саамай суолталаах фишкабыт. Адмирал диэн ааттаах, боруодата Илиҥҥи Европа овчарката, 2015 сыллаахха биир ыйдааҕар куораттан киирэн ылбыппыт. Арааһа, сурутааччыларым мин ааппынааҕар ытым аатын олох эндэппэккэ билэр буолуохтаахтар. Сүрдээх өйдөөх ыт, артыыс талааннаах. Хамаандалары эҥин барытын билэр уонна хаартыскаҕа түһэрин наһаа сөбүлүүр.
– Сотору-сотору ыччат тыа сиригэр таласпат диэн кыһалҕаны көтөҕөр буоллубут, манна эн хайдах хоруйдуоҥ этэй?
– Тыа сиригэр даҕаны сайдыы кэллэ дии саныыбын. Олох-дьаһах уларыйда, таһым үрдээтэ, ирдэбил да кытаатта. Кэнники сылларга лаппа элбэх хамсааһын таҕыста. Ыччат дэриэбинэҕэ тахсан олохсуйбата диэн күннээҕи көстүү буоллаҕа дии. Билигин дэриэбинэ куораттан туох даҕаны уратыта суох. Сибээс баар, олох-дьаһах иннибит диэки устар, ол эрээри үлэ миэстэтэ ханна баҕарар кырыымчык.
– Куоракка төһө элбэхтик киирэҕитий?
– Чугас олоробут да, ый баһыгар-атаҕар киирэбит. Чугас буоламмыт наадаларбытын ситиһэн, күнүнэн эргийэн тахсабыт.
– Инникитин ханаалгыт сайдарын туһугар тугу былаанныыгыт?
– Сахалар олус кэрэ айылҕалаахпыт. Кистэл буолбатах, хоту сиргэ ким баҕалаах тиийэр кыаҕа суох. Ити көрөр тас дойдубутунааҕар быдан ордук сиргэ олоробут. Мин Сахам сирин аан дойду бүтүннүүтэ билэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Ханаалым инникитин даҕаны сайдыа, үүнүө.
– Кэпсээниҥ иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!