Паарка — айар-тутар сир
Сайыҥҥы кэмҥэ Дьокуускайдааҕы култуура уонна сынньалаҥ паарката – куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар, оҕо аймах тоҕуоруһан мустар сирэ. Манна араас көрдөөх аттракционнары, минньигэс астаах кафелары таһынан “Ойуур библиотеката” үлэлиир.
Бу “Ойуур библиотекатыгар” ким баҕарар сааһыттан тутулуга суох киирэн уруһуйдаан, пластилинтан сыбаан, кумааҕынан оригами оҥорон ааһыан сөп. Варвара Петровна Божедонова (манна сылдьар оҕолор ааттыылларынан – Тетя-кисточка) ыйан-кэрдэн, барытын быһааран, дьарыктанааччыларыгар көмө буолар. Кини бу паарка иһинэн тэриллибит “Цветик-семицветик” куруһуогун номнуо 9-с сылын ыытар.
Киһи айар-тутар дьоҕурун арыйарыгар, дьарыктаах буолууга аналлаах куруһуогу куорат паарката бэйэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ босхо тэрийэн ыытар. Куруһуок нэдиэлэҕэ 3 күн: сэрэдэҕэ, бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа күнүс 12-тэн киэһэ 5 чааска диэри үлэлиир.
Маны сэргэ, субуота аайы куорат библиотекалара оҕолорго аналлаах викториналары, остуол оонньууларын, мультик көрдөрүүтүн уо.д.а. тэрээһиннэри ыыталлар.
Холобур, от ыйын 2 күнүгэр SMART-библиотека үлэһитэ Варвара Дмитриевна Эверстова “Үйэлээх классика” викторина ыытта. Оҕолор нуучча литературатын 19 үйэтээҕи айымньыларынан тургутууну аастылар, ону тэҥэ остуол оонньууларын үөрэ-көтө оонньоотулар.
Эдэр исписэлиис Варвара Дмитриевна: “Аныгы библиотекарь саҥа технологиялары баһылаабыт, бэйэтэ айар идеялардаах, олох хаамыытынан сайдан иһэр буолуохтаах”, – диэн санаатын үллэстэр.
“Ойуур библиотекатыгар” кинигэни ылар, атастаһар “Буккроссинг” диэн аахсыйа тиһигин быспакка ыытыллар –талбыт кинигэҕин ылан баран, дьиэҕиттэн атын кинигэни аҕалан ууруохха сөп.
Маны таһынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна сынньалаҥ паарката өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бэлиэ күннэригэр аналлаах араас тематическэй уруһуй күрэхтэрин ыытар.