Ойуур хаһаайыстыбатын кыһалҕалаах боппуруостарын дьүүллэстилэр
Мунньахха каадырынан хааччыллыы, хамнас, сокуон уонна быраап кыһалҕаларын дьүүллэстилэр. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников эҕэрдэ тылыгар Саха сирин территориятын 82%-на ойуур, ойуур пуондатын иэнэ 255 мөлүйүөн га, ити эбэтэр Арассыыйа ойуурун пуондатын 31%-на диэн бэлиэтээтэ. «Дойду бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан быйыл баһаартан ойуурдары харыстааһыҥҥа көрүллэр сириэстибэ федеральнай бүддьүөттэн 5,5 төгүл уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 2,4 төгүл улаатта», - диэн бэлиэтээтэ Садовников.
Бүгүҥҥү күҥҥэ быһаарылла илик кыһалҕа элбэҕин «Саха сиринээҕи ойуур үлэһиттэрин уопсастыбатын» бэрэссэдээтэлэ, РФ ойуурун үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Аммосова бэлиэтээтэ. Кини сүрүн кыһалҕанан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнастара кыратын уонна квалификациялаах исписэлиистэринэн хааччыллыыны ааттаата. Ол курдук, эдэр каадырдар кыра хамнаска үлэлиэхтэрин баҕарбаттара, хамнаһы үрдэтэр тоҕоостооҕо бэлиэтэннэ. Итини сэргэ Саргылана Аммосова ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бырааптарын көмүскүүр боппуруоһу көтөхтө.
Төгүрүк остуолга СӨ экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин эбээһинэһин толорооччу Евгений Перфильев, «Якутлесресурс» САТ дириэктэрэ Джулустан Хон уонна Ойууру кэтээн көрүү уонна харыстааһын департаменын салайааччыта Александр Текеянов тыл эттилэр. Мунньах түмүгүнэн резолюция ылылынна.