Ойон-тэбэн ааспыт оҕо сааһым...
Оҕо саас диэн киһиэхэ барытыгар саамай күндүттэн күндү кэрдиис кэмэ. Ол да иһин хас биирдии киһи сааһыран олорон ойон-тэбэн ааспыт дьоллоох оҕо сааһын саныыра элбиир.
– Мин, Иванова (Семёнова) Любовь Егоровна, 1960 сыллаахха Ньурбаҕа күн сирин көрөн, ырыаҕа ылланар күөх хонуутугар көҥүл көччүйэн, иллээх дьиэ кэргэҥҥэ ийэлээх аҕам тапталларыгар угуттанан улааппытым. Күн күбэй ийэм Анна Ивановна, күндү аҕам Егор Васильевич Ивановтар 56 сыл чахчы холобур буолар олоҕу олорбуттара. Бииргэ төрөөбүттэрим 5 кыыс, 1 уол уонна биир оҕону дьонум иитэн, улаатыннартаан, билигин бары үөрэхтэнэн, үлэһит буолбуппутугар төрөппүттэрбитигэр муҥура суох махталлаахпыт. Оҕо эрдэхпитинэ биһиэхэ элбэх да ыалдьыт, хоноһо сылдьан ааспыт эбит. Биир дьиэҕэ бииргэ төрөөбүттэр төһөнөн элбэхтэр да, соччонон ыал баай, элбэх ис хоһоонноох ырыалаах-тойуктаах олоҥхо курдук олохтоох дииллэрэ чахчы эбит.
Оҕо сылдьан мустан оонньообут тиэргэммит чээлэй күөх ото, сиэдэрэй сибэккитэ, дьиэ иннигэр лаглаһан үүммүт мааны хатыҥнарбыт, аҕабыт оҥорбут хачыала, иллээх-эйэлээх олохпут барыта түмүллэн, кэрэ кэпсээн буоллаҕа. Сүүрэн-көтөн, күн уотуттан буһан, салгын сиэн харааран, ол быыһыгар дьоммутугар көмө буолан үлэлээн, чугас аймах дьоммутун ааҕа билсэн улааппыппыт билигин, сааһыран олорон санаан көрдөххө, чахчы даҕаны дьоллоох кэм эбит.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр эдьиийдэрим Ньурба 1 №-дээх оскуолатыгар Ноговицына Анна Николаевна диэн олус ис киирбэх көрүҥнээх, ийэлии истиҥ сыһыаннаах бастакы учууталбар туттаран кэбиспиттэрэ. Онтон ыла үрдэллэри дабайыы кэмэ кэлэн аастаҕа. Үөрэхпэр үчүгэй этим. Сытыы-хотуу буоламмын, бииргэ үөрэнэр оҕолорбунуун олус тапсарым. Биирдэ даҕаны учууталбыттан сэмэлэммиппин өйдөөбөппүн.
Дьүөгэлэрбиниин, доҕотторбунуун оонньоон-көрүлээн ааспыт дьоллоох оҕо сааспытын, араас көрдөөх түгэннэрбитин, элбэх үөрүүлээх, ситиһиилээх да күннэрбитин, үөрэх кыһатыгар бииргэ үөрэммиппитин олоҕум биир кэрэ, умнуллубат кэрчик кэмин быһыытынан сүрэҕим оттулла турар көмүлүөк оһоҕунуу сылаас хоһугар саһыаран, уотун умулларбакка күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ сырыттаҕым...
Оскуолам бастакы сүһүөҕүн бүтэрэн баран олорор дьиэбититтэн чугас 3№-дээх оскуола аһыллан, биһиги ыал оҕолоро тутуспутунан Михаил Софронович Егоров диэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа дириэктэрдээх сабыс-саҥа оскуола боруогун атыллаабыппыт. Бу оскуола адьас атын тыыннаах этэ. Тулата барыта элбэх да элбэх сибэккилээх, ыраас, киэҥ, үлэһиттэрэ даҕаны сырдыгынан сыдьаайан, ийэлии истиҥник сыһыаннаһан, үлэлэрин сөбүлүүр, билэр буолан, биир ыал курдук үчүгэй кэлэктиип этилэр.
Кылааспытыгар аан бастаан кэлэн үөрэнэрбит саҕана олус элбэх этибит, ону кэлин икки кылааска араарбыттара. Биһиги салайааччыбытынан Волгоградтан кэлбит Бобылёва Александра Ивановна диэн эдэркээн математика учуутала анаммыта. Ахсыс кылааһы бүтэриэхпитигэр диэри бииргэ тутуһан, таптыыр учууталбыт тула түмсэн, бары ситиһиилээхтик кылааспытын түмүктээбиппит.
Бу үөрэнэр кэммитигэр оҕолор араас тэрээһиҥҥэ сылдьан, сайынын оҕуруокка, окко, раскупоркаҕа үлэлээн, хамнастанан, улахан дьонтон итэҕэһэ суох курдук сананар буолбуппут. Ити курдук үөрэҕи сэргэ үлэҕэ уһаарыллан, аҕыс кылаастаах оскуолабытын бүтэрэн, төттөрү 1№-дээх оскуолабытыгар тохсус-онус кылаастарга үөрэммиппит. Кылааспыт салайааччыта Евдокия Гаврильевна Евсеева диэн химия учуутала этэ. Дьэ бу хаалбыт икки сылга биһиги билиибит, хардыыбыт даҕаны кэҥээн, чыҥха атын, сиппит-хоппут, хомсомуол буоларга бэлэм, нууччалыы-сахалыы тыынан, сытыы оҕолор кэлбиппит. Оскуоланы хаардыы хааман, икки сылбыт биллибэккэ, олус түргэнник ааспыта.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр Валя Ивановалыын элбэхтик бииргэ алтыһан, уу тэстибэт дьүөгэлиилэр буолбуппут. Бииргэ алтыһар оҕолорум Нина Давыдова, Марианна Мордовская, Вера Николаева, Дуся Семёнова, Роза Мекумянова, Рая Федорова, Надя Кириллина, Зоя Артамонова төрөппүттэрэ олус үчүгэйдик сыһыаннаһалларын сөбүлээн, дьиэлэригэр сылдьан, астына ыалдьыттаан ааһарым.
Түөлбэбитигэр тутуллубут спорт оскуолата оҕолорго элбэҕи биэрбитэ, үчүгэй спортсменнар бааллара. Оҕолор боксанан, баскетболунан, волейболунан сөбүлээн дьарыктанарбыт. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт. Уолаттарбыт бары даҕаны талбыт курдук, доҕордоһууну өрө туппут, бииргэ сылдьан, кими даҕаны туора туппатах, талбыттарынан көҥүл тыынар ыраас куттаах оҕолор этилэр. Билиитинэн барыбытын баһыйбыт биһиги кылааска Боря Яковлев этэ. Үлэни өрө туппут, сорохторо билигин даҕаны үлэлии-хамсыы сылдьар уолаттарбыт Витя Колескин, Гоша Копылов, Володя Егоров, Толя Кузьмин, Валера Павлов, Гриша Саввинов, Вова Иванов, Руслан Павлов, Коля Иванов, Гоша Хохсоторов, Андрей Трофимов киһи киэн тутта кэпсиир дьоно.
Оҕо сааһым чаҕылхай сулуһа буолбут хас биирдии ааттаммыт, ахтыллыбатах даҕаны оҕолорбун олус күндүтүк саныыбын. Махтанабын дьылҕабар, кинилэр аттыбар баар буолан, бииргэ үөрэнэн, үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыттарын. Уруок ааҕартан күрэнэн, киинэҕэ, үҥкүүгэ сүүрэрбит, элбэх походтарга сылдьан, “казаки-разбойники” оонньуурбут, Маар нэһилиэгэр тутуспутунан тахсан хортуоппуй хостооһунугар үлэлиирбит, оскуолаҕа “Зарница” оонньуурбут, костер тула олорон ыллыырбыт, бытаан үҥкүүгэ киирэн, сэрэниин-сэрэнэн куустуһан туран, долгуйа, сэмэйдик үҥкүүлүүрбүт – бу барыта, оо, үчүгэй даҕаны буолара...
Үлэҕэ-үөрэххэ үөрүйэх буола улаатаммыт, ол кэминээҕи оҕолор оскуолабытын бүтэрэн, төрөөбүт дьиэбититтэн тахсан, улахан олох суолугар үктэнэрбитигэр сүҥкэн өйөбүллээх, бэйэбитигэр эрэллээх уонна эппиэтинэстээх салгыы атын дойдуларынан үөрэнэ барарбыт.
Мин Новосибирскайдааҕы эргиэн институтугар үөрэнэн, экономист идэлээхпин. 1980 сыллаахха ыал буолан, Амма быйаҥнаах сиригэр олохсуйан, эргиэн тэрилтэлэригэр, охотобществоҕа, култуура салалтатыгар, сбербааҥҥа, Саханефтегазсбыт тэрилтэлэригэр идэбинэн үлэлээн, үлэ бэтэрээнэ ааттанан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым.
Ахтабын оҕо сылдьыбыт мэник саастарбын, оскуолаҕа үөрэммит сылларбын, билиигэ уһуйбут учууталларбын, дойдум дьонун, чугас ыалларбын, умнубаппын кинилэр оҥорбут үтүөлэрин.
Ол кэминээҕи уһун баттахтаах уолаттарбыт, ол иһигэр бастакы таптал кыымын сахпыт доҕорум, бииргэ түүннэри волейболлаабыт, астына алтыспыт уолаттарым кыраһыабай да этилэр. Уолаттарбыт барахсаттар олох элбэх очурун ааһан, билигин дьоллоох эһээ аатын ылан, кэккэ ситиһиилэрдэнэн, оҕо-сиэн тапталын билэн олордохторо. Билэбин, элбэх үтүө санааларгытын түмэн, бар дьоҥҥутун тапталгыт сылааһынан угуттаан, алҕыы, арчылыы, араҥаччылыы сылдьаргытын. Эһиги бары ким эрэ олоҕор чугас доҕор, эрэллээх эркин, бигэ тирэх, күүс-көмө буоларгытын отой саарбахтаабаппын.
Күндү доҕотторум, олох олорорбут адьас кылгас кэм, дэлэҕэ даҕаны чыычаах түннүгүнэн көтөн ааһарыгар тэҥниэхтэрэ дуо, сыл-хонук түргэнник устар, бириэмэ тиийбэт курдук, арыт көрсүһэр, бииргэ алтыһар даҕаны күчүмэҕэйдэрдээх. Онон бука барыгытыгар, хас биирдии аахпыт, алтыспыт, алтыспатах даҕаны үөлээннээхтэрбэр дьолу эрэ баҕарабын.
Олоххут устата көрсүбүт эриирдээх-мускуурдаах түгэннэри киэр кыйдаан, хайаан даҕаны сырдыгынан сыдьаайа, кэрэни кэрэхсии, үтүөнү үксэтэ сылдьыҥ диэн бэйэм суруйбут хоһооммунан түмүктүүм дуу,– диэн Любовь Егоровна кэпсээнин түмүктүүр.
Дьылҕа Хаан анаабыт
Олоҕун олоруом,
Түһүүлээх, тахсыылаах
Кэмнэрин аһарыам.
Оҕо саас биһигэр
Эйэни баҕарыам.
Үлүскэн үлэҕэ
Үөрүүнэн кыттыһыам.
Сындаата бараммат
Сырдыкка талаһыам,
Сахалыы сиэринэн
Алгыспын атаарыам.
Сэгэйэ