Остуруок бастакы үс сыла
Былырыын Дьокуускай куораттааҕы муниципальнай архыып куорат төрүттэммитэ 390 сылынан «История города Якутска: день за днем, год за годом… 1632-1990. Часть 1» кинигэни таһаарбыта. Кинигэҕэ Дьокуускай төрүттэниэҕиттэн 1990 сылга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ судаарыстыбаннай суверенитеты ылыныар диэри историята кэпсэнэр. Кинигэҕэ куорат архыыба сэдэх, киэҥ араҥаҕа тахса илик матырыйааллары туһаммыта кэрэхсэбиллээх. Оттон олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар (Якутск.рф) «История города Якутска: день за днем, год за годом…» салаа баар буолбута.
1632 сыл
Муус устар 8 күнэ. Сотник Петр Бекетов, ол саҕана Өлүөнэ үөһээ тардыытыттан эбээннэртэн уонна бүрээттэртэн дьаһаах хомуйа сылдьан, Енисей бойобуодата Ждан Кондырев (1631-1633 сс.) ыйыытынан Саха сирин (“Якуцкая земля”) нэһилиэнньэтин Москва аннынан оҥорорго уонна Өлүөнэ кыраайын саҥа оройуоннарын үөрэтэргэ сорудахтанар. Бу иннинэ сулууспалаах Антон Добрынскай тобольскай этэрээтэ 1630-1631 сс. Бүлүү тардыытыттан уонна Өлүөнэ үөһээ өттүттэн дьаһаах хомуйа сылдьыбыттар эбит.
Ыам ыйын 14 күнэ. П. Бекетов этэрээтэ Өлүөнэни таҥнары түһэн, бөтүҥ сахаларын сирдэригэр тиийэн кэлэр, докумуоннарга «якуцкий князец Семен Улта» ахтыллар. Бөтүҥ кинээстэрэ (сурукка Семен Улта уонна Камык диэн киирэн сылдьаллар) кыратык утарылаһа түһэн баран бэриммиттэр: “своими людьми и вину свою государю принесли», «дали шерт» и внесли ясак”.
Атырдьах ыйа-балаҕан ыйа. Саха кинээстэрин улуустара (Шора уонна Шуреняка диэн суруллубуттар), баатылы сахалара (салайааччылара докумуоннарга Ногуй диэн суруллар) ыраахтааҕыга бирисээгэлииллэр.
Балаҕан ыйа-сэтинньи. Петр Бекетов, Саха сирин киинигэр тиийдим дии санаан, остуруок тутуутун саҕалыыр. Ыраахтааҕыга челобитнай ыытарыгар маннык суруйар: «Того ж году сентября в 25 день по государеву цареву и великого князя Михаила Федоровича всея Руси указу поставил я, Петрушка, с служилыми людьми на Лене реке острог для государева величества в дальней украине и для государева ясачново збору и для приезду якутских людей, а преж тово на Лене реке и в Якутской земле государева острогу не бывало нигде. А поставил государево новый острожек я, Петрушка, против Якуцкова князца Мымакова улусу и меж иными многими улусами середи всей земли».
Онон бастакы остуруок билиҥҥи Дьокуускай турар сириттэн 70 км аллараа Чымаадай диэн сир таһыгар, Кулун тутар диэн сиргэ тутуллубут эбит.
1632 сыл – Дьокуускай куорат төрүттэммит уонна Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбит сылынан ааҕыллар
Петр Бекетов быһа холуйан 1600 сыллааҕы төрүөх, 1661 с. өлбүт. Сибииргэ Енисей остуруогар 1627 сыллаахха “доброволеһынан” кэлбит. Ангара, Амур өрүстэр устун похуоттарга кыттыбыт. Сибииргэ хас да остуруогу төрүттээбит: Рыбинскай (1628), Ленскэй (1632), Братскай (1651), Усть-Прорвинскай (1652), Чита (1653), Нерчинскэй (1654).
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр 2007 с. Дьокуускайга Петр Бекетов аатын үйэтитэр пааматынньык турбута.
Ааптардар: скульптор А.Романов, архитектор И.Андросов
Күһүн. Остуруок таһынааҕы кытылга уунан устар икки бастакы аал оҥоһуллар. Муораҕа устарга анаан туталлар. “Сибирский коч” – мастан оҥоһуллар, биир палубалаах, мачталаах эрдиинэн барар суудуна.
1633 сыл
Кулун тутар 12 күнэ. Бекетов этэрээтэ остуруоктан тахсан баран Дүпсүн сиригэр тиийэр. Улуус кинээһэ сэбилэниилээх утарсыыны оҥоро сатыыр, ол эрэн бэринэргэ күһэллэр, ыраахтааҕыга бирисээгэлиир.
Сайын. Петр Бекетов туппут остуруогун боярин уолугар Парфен Ходыревка туттарар: «А который острожек поставил государьским счастье я, Петрушка служилыми людьми, вновь на Лене реке Якуцкой земле для государева ясаку во 141 году, и в том острожке дождался по государеву указу енисейского сына боярсково Парфена Ходырева и тот новой острожек и аманатов отдал сыну боярскому Парфену Ходыреву. И в том, я, Петрушка, с ним Парфеном, росписался и с нево Парфена росписную память взял».
Бэйэтэ балаҕан ыйыгар Енисей остуруогар тиийэр. Бу кэмҥэ сулууспалаах дьон этэрээттэрэ Саха сирин үгүс киин улуустарын ыраахтааҕы бас билиитигэр ылбыттарын биллэрбиттэр, дьаһаах хомуйбуттар.
Инньэ гынан Петр Бекетов сыл кэриҥэ усталаах айана Ленскэй кыраай Москва судаарыстыбатыгар холбоһоругар төһүү буолар.
Балаҕан ыйын 21 күнэ. Енисей атамаана Иван Галкин кэлэр. Этэрээтигэр 12 сулууспалаах киһилээх, Ходырев былааһын күүһүнэн самнаран баран, остуруогу бэйэтэ бас билбитинэн барар.
Бу сыл остуруокка 200 киһи баара ааҕыллыбыт: хаһаахтар, промышленнай уонна атыы-эргиэн дьоно дьиэ кэргэттэрин кытта. Кириэппэс иһигэр үс охсуу дьиэ турара, икки ампаар, киирии ааҥҥа харабынайдар дьиэлэрэ баара. Кириэппэс тулата бөҕө-таҕа остуруоктааҕа. Тас өттүгэр өрүс кытылыгар баанньык уонна «отводная караульная» диэн баара.
1634 сыл
Тохсунньу саҥатыгар атамаан Галкин Нам кинээһэ Мыымахтан сахалар остуруокка саба түһүүнү бэлэмнииллэрин туһунан иһитиннэрэр суругу тутар. Саба түһүүнү кэтэспэккэ, атамаан Мыымах улууһун диэки аттанар. Сахалар этэрээккэ саба түһэллэр, хотоллор, Галкин эмсэҕэлиир, атын өлөрөллөр. Хаһаахтар остуруок диэки чугуйарга күһэллэллэр. 700-чэкэ аттаах саха остуруокка чугаһаан кэлэллэр. 80 киһилээх гарнизон баар остуруогун төгүрүктүүллэр.
Тохсунньу 9 күнүттэн кулун тутар 1 күнүгэр диэри төгүрүктээһини тутан олорбуттар. Ол кэннэ олохтоох кинээстэр мөккүөрдэриттэн, уопсай тылы булбатахтарыттан, төгүрүктээһини устан кэбиһэллэр.
Сайын атамаан Иван Галкин остуруогу уу ылбат сиригэр көһөрөргө бирикээстиир. Саҥа остуруок дьоҕус кириэппэс гына тутуллар, үрдүк күрүөлэнэр. Бу билиҥҥи Дьокуускайтан 15 биэрэстэ ыраах, Амма уонна Таатта суолун диэки эбит. Остуруокка хас да охсуу дьиэ, ампаар, чочуобуна баара. Киирии аанын үрдүнэн караульнайдаах. Сулууспалаах, чыыннаах-хааннаах дьон дьиэ кэргэттэрин кытта олорбуттар.
Мантан ыла остуруок «новый Ленский острог» эбэтэр «Ленский острог» диэн ааттанар буолбут.