07.09.2023 | 13:00

Оскуолаларга – экология уруоктара

Оскуолаларга – экология уруоктара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан киин куорат оскуолаларыгар «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка үлэһиттэрэ экология уруоктарын ыыталлар. Бу туһунан паарка пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Экология бастакы уруогун «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназия үһүс кылааһын үөрэнээччилэригэр ыытта. Туруйа аан дойдутааҕы күнүгэр анаммыт уруокка  экологияны сырдатыыга кылаабынай исписэлиис Олеся Кондакова-Захарова бу күн төрүттэммит историятын, туруйа араас көрүҥнэрин туһунан сиһилии кэпсээтэ.

Уруок бүтэһигэр оҕолор туруйа оригамитын оҥордулар, итиэннэ викторинаҕа кытыннылар. Саамай көхтөөх үөрэнээччилэр национальнай паарка аатыттан өйдөбүнньүк бириистэри туттулар.

Манна даҕатан эттэххэ, аан дойду үрдүнэн Туруйа күнүн балаҕын ыйын иккис өрөбүлүгэр бэлиэтииллэр, быйыл ити күн балаҕан ыйын 10 күнүгэр түбэһэр.

Аан дойдуга туруйа 15 көрүҥэ баара биллэр, олортон Арассыыйаҕа сэттэ көрүҥэ уйаланар. Туруйа сэдэх көрүҥэ Кыһыл кинигэҕэ киирбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...