04.12.2023 | 12:30

Оскуола инфраструктуратын тупсарыынан уон бырайыак кытынна

Оскуола инфраструктуратын тупсарыынан уон бырайыак кытынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 2 күнүгэр, СӨ көҕүлээһиннээх бүддьүөттээһинин I-гы бэстибээлигэр, Дьокуускай куорат уонна Жатай бөһүөлэгин уон оскуолаларын хамаандалара, оскуола инфраструктуратын тупсарыытыгар туһуламмыт үбүлээһин бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

«Үөрэнээччилэр бырайыактара бары сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтэрэ. Пилотнай оскуолалартан барыта  41 бырайыак киирдэ, итинтэн оскуолалар түмүк мунньахтарынан сүүмэрдээһини 18 бырайыак ааста. Оскуолалар мунньахтарыгар куоластааһыҥҥа 5305 үөрэнээччи уонна педагог кытынна», – диэн иһитиннэрдэ СӨ үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров.

Тэрээһиҥҥэ Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтин орто оскуолатын – «ЭкоШкИБ» экологическэй хайысхалаах оскуола көҕүлээһиннээх бүддьүөттээһинин бырайыагын федеральнай куонкуруһун кыайыылааҕын чиэстээтилэр. Кинилэр «Бастыҥ сырдатар бырайыак» номинацияҕа, «Экологическэй патруль» диэн зооволонтерствоҕа сыһыаннаах бырайыагынан кытыннылар. Бырайыагын олоххо киллэрэргэ хамаанда 150 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх бирииһи ылар буолла.

Бэлиэтэммитинэн, Арассыыйа Үпкэ министиэристибэтин научнай-чинчийэр институтун экспертэрэ өрөспүүбүлүкэ пилотнай оскуолаларын үөрэнээччилэригэр үөрэтэр тэрээһиннэри ыыттылар, онно 100-тэн тахса  үөрэнээччи уонна педагог кытынна.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...