Оптуобустарга рециркулятор көдьүүстээҕэ билиннэ
Бу иннинэ 41 №-дээх оптуобуска туруоруллубут салгыны ыраастыыр «Jera UV Air Cleaner Bus» рециркулятор көдьүүстээҕин көрдөрдө. Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын тырааныспарга уонна суолга-иискэ салаата иһитиннэрэр.
Ол курдук, алтынньы 24 күнүгэр киин куорат дьаһалтатын сакааһынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ научнай-чинчийэр лабораторията «Air IDEAL» анал аппараат көмөтүнэн оптуобустарга чинчийии ыытта. Ол курдук, алтынньы 16 күнүгэр 41 №-дээх оптуобус салонугар үс араас сиргэ туруоруллубут рециркулятор үлэтин бэрэбиэркэлээтилэр, онно салгын киртийиитин быһаардылар. Маннык курдук экспертизаны рециркулятора суох 7 №-дээх оптуобуска ыыттылар.
ХИФУ старшай научнай үлэһитэ Яна Ахременко иһитиннэрбитинэн, рециркулятордаах 41 №-дээх оптуобуска 150 лиитирэ салгыҥҥа микроб уопсай ахсаана 201 КОЕ-ҕа тэҥнэспит. Оттон салгыны ыраастыыр прибора суох оптуобуска маннык көрдөрүү 377 КОЕ буолбут.
Рециркулятора суох оптуобуска 1 куб.миэтэрэ салгыҥҥа микроб уопсай ахсаана 2.513 КОЕ, оттон прибор турар оптуобуһугар 1.340 КОЕ тэҥнэспит. Маны таһынан, «Jera UV Air Cleaner Bus» уопсастыбаннай тырааныспар салгыныгар сылдьар түүнүгү уонна тэллэйи суох оҥорбут.
Ол курдук, чинчийии көрдөрбүтүнэн, рециркулятора суох оптуобуска салгын ордук киртийэрэ билиннэ.
«Джера Ай» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ дириэктэрэ Петр Неустроев хампаанньа пандемия саҕаланыаҕыттан маннык ультрафиолетовай светодиоднай лаампалары оҥорон саҕалаабытын туһунан кэпсээтэ. Маннык прибордар көдьүүстээхтэр, дьоҥҥо куттала суохтар диэтэ.
IT-паарка резиденэ кыбартыыра, дьиэ, тырааныспар салгынын ыраастыыр девайстары айан, оҥорон таһаарар санаалаах. Хампаанньа оптуобустарга маннык прибордары туруоруҥ диэн этиилээх.