Онлайн ыһыаҕы өйүүбүт
Николай Васильев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кылаабынай бырааһа:
-Сахабыт сиригэр самаан сайыммыт салаллан, сир-дойду күөх симэҕин кэтэн, саха киһитэ сылы быһа күүппүт бырааһынньыга - Ыһыах бу тиийэн кэллэ. Национальнай бырааһынньыкпытынан эҕэрдэ буолуохтун!
Аан дойду үрдүнэн пандемия туран, хас биирдии киһи ыарыыны утары бэйэтин кыаҕынан күннэтэ охсуһар – ол кини гражданскай ытык иэһэ буолла. Биһиги, медиктэр, күннэри-түүннэри бары кыахпытын биэрэн, билиибитин-сатабылбытын ууран, дьаҥы уодьуганнааһын инники кирбиитигэр сылдьабыт.
Бу ыарахан ыарыыны утары охсуспуппут үһүс ыйыгар барда. Ол тухары медиктэр, балыыһа бары үлэһиттэрэ дьиэлэрин-уоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин хаалларан туран, ытык иэстэрин чиэстээхтик толоро сылдьалларынан киэн туттабын, махтанабын. Сахам дьонугар өссө төгүл туһаайан этиэм этэ, бары биир санаанан салайтаран, ирдэбиллэри булгуччу тутуһан, бүтүн аан дойдуну аймаабыт ыарыыны кыайыахтаахпыт. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ.
Улуу Туймаада Ыһыаҕын тэрээһиннэрин куйаар ситиминэн көрөн, эт кулгаахпытынан истэн санаабыт кынаттаныа. Алгыс тылын иҥэринэн, арчыланан куппут бөҕөргүө, сүргэбит көтөҕүллүө.
Ыһыах – норуот үөрүүтэ-көтүүтэ, өбүгэ саҕаттан тутуһуллан кэлбит сиэрбит-туоммут. Ыһыах ыһыллар күнүгэр үрдүк Айыылартан көрдөһөн, үгэстэрбитин сөргүтэн, алгыс тылыгар олорсор дьоллоохпут. Быйылгы уустук балаһыанньаны учуоттаан, онлайн ыытыллар ыһыаҕы өйүөх тустаахпыт.