07.02.2022 | 18:00

Онлайн төлүүр ордук!

Онлайн төлүүр ордук!
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ үгүс тэрилтэ дистанционнай көрүҥҥэ көһөргө күһэлиннэ. “Сахатранснефтегаз”, “Якутскэнерго”, “Водоканал” гаас, уот, уу иһин төлөбүрдэри онлайн эрэ ылаллар. Онон кассаҕа тиийэрбит тохтоото.

Пандемия саҕаланыаҕыттан өҥө үксэ даҕаны онлайн оҥоһуллар. Ол эрээри сорохтор кассаҕа тиийэллэрин ордороллор, онлайн төлүүр уустук, сатыахпыт суоҕа дии саныыллар. Оннук буолбатах. Ыарыы хаптайар санаата суох, хааччахтааһын төһө уһуура биллибэт. Бу сүбэлэри кырыйан ылан, ууруна сылдьан туһан.

«Сахатранснефтегаз»: табыгастаах сервистэри баһылаа

Мантан бэйэҕэр сөптөөх ньыманы тал:

– Бассаапка чат-бот (нүөмэрэ: 8924-870-70-09);

– Телеграмҥа чат-бот (строкаҕа «Бот Сахатранснефтегаз» диэн суруй);

– aostng.ru сайтка тус кабинет нөҥүө;

–  “Сбербанк Онлайн” сыһыарыынан, “Сбербанк России” ПАУо кассаларыгар уонна терминалларыгар;

– «АЭБ онлайн» уонна «Алмаасэргиэнбаан” кассаларыгар уонна терминалларыгар.

Атын тэрилтэлэр гаас төлөбүрүн эмиэ ылаллар:

– почта сибээһин бары салаалара (Дьокуускай куоракка уонна улуустарга);

– «Расчетно-кассовый центр «ЖКХ» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ каассалара (Дьокуускай куоракка);

–  «Россельхозбанк» АУо Саха сиринээҕи салаалара.

 

Чат-бот көмөлөһүөҕэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ “Сахатранснефтегаз” сайтыгар тус кабинеппар киирэн, гаас счетчигын көрдөрүүтүн тиэрдээри суруйа сатаатым, “ввести показания” диэн баран турар, туох да уларыйбат. Ыксаан, абонентскай салааҕа (икки араас нүөмэргэ) эрийэ сатаатым, ким да ылбата. Онтон инстаграмҥа тэйиччиттэн үлэлиир буоллубут диэн биллэрии таһаарбыттарын көрдүм уонна чат-бот көмөтүнэн туһанным.

Бассаабы баһылаабыттарга судургу ньыма. Арай киһини кытта кэпсэтэбин, тоҕо өйдөөбөтүй дии санаамаҥ. Чат-бот диэн анал бырагырааманан үлэлиир виртуальнай көмөлөһөөччү.

Тугу билиэххэ сөбүй?

тус счеккунан киирэн, төһө иэстээххин көрөҕүн;

счетчик көрдөрүүтүн тиэрдэҕин;

төлүүр кыахтааххын;

касса үлэлиир эрэсиимин билсэҕин.

Тугу гынабыт? (тус уопуттан)

Бастаан 8924-870-70-09 бассаап нүөмэргэ суруйаҕын. Чэ, холобур, “Здравствуйте!” диэн. Салгыы робот ааккын ыйытар, тугунан көмөлөһөрүн ыытар, ону сыыппаранан талаҕын. Холобур, мин “Подать показания” диэн хамаанданы биэрэрбэр “3” сыыппараны баттаабытым. Онуоха тус счетум нүөмэрин ыйыппыта. Салгыы бас билээччи аатын суруйбутум. Онтон менюну ыытар уонна тугу гынаргын ыйан-кэрдэн биэрэр. Барытын сөпкө толордоххуна, “Данные успешно поданы” диэн иһитиннэрии кэлэр. Бүттэ.

“Сахатранснефтегаз” тэрилтэ чат-бота Телеграмҥа эмиэ баар. Онон эмиэ туһаныахха сөп.

 

«Сбербанк Онлайн» сыһыарыы нөҥүө

“Платежи” диэни баттыыгын, салгыы утуу-субуу бу пууннары тал: “ЖКХ и домашний телефон”, “Газ”, “Сахатранснефтегаз”, “Газоснабжение”.

Тус счетуҥ нүөмэрин суруй.

Салгыы счетчик көрдөрүүтэ тахсар. Билиҥҥи сыыппаралары ылан, бу иннинээҕи көрдөрүү сыыппараларын көҕүрэт. Ону билиҥҥи тарыыпка төгүллээ уонна 1000-ҕа түҥэт (тарыып өҥө көрүҥүттэн уонна олорор сиргиттэн тутулуктаах).

 Тахсыбыт сууманы төлөбүр строкатыгар суруй. Онтон дааннайдаргын бигэргэт уонна “Продолжить” диэни баттаан баран төлөө.

«Якутскэнерго»: дьиэҕиттэн тахсыбакка төлөө

–  “Якутскэнерго” сайтыгар тус кабинет нөҥүө;

– “Якутскэнерго” сайтыгар тус кабинекка регистрацията суох: сүрүн сирэйгэ “Оплатить банковской картой” диэн сигэнэн;

– “Сбербанк Онлайн” сыһыарыынан;

– ВТБ, Россельхозбанк, Газпромбанк, Росбанк уо.д.а. бааннар мобильнай сыһыарыыларынан;

– ГИС ЖКХ портал нөҥүө;

– “Квартплата+” эбэтэр “Город” систиэмэ pay.kvartplata.ru төлөбүр кабинетынан.

Сорох дьон “Сбербанк Онлайн” сыһыарыынан төлөөбүппүт, син биир иэстээх курдук көрдөрөр диэн айманаллар.  https://yakutskenergo.ru/ сурулларынан, “Сбербанк Онлайн” сыһыарыы нөҥүө төлөбүр үс үлэ күнүн устата ааһар.

 

Уот счетчигын көрдөрүүтүн хайдах тиэрдэбит?

Хас да табыгастаах ньыма баар:

1. “Якутскэнерго” сайтыгар тус кабинет нөҥүө.

2. “Якутскэнерго” сайтыгар тус кабинекка регистрацията суох: сүрүн сирэйгэ “Передать показания счетчика” диэн сигэнэн киир уонна квитанцияҕа баар тус счеккун суруй.

3. “Сбербанк Онлайн” сыһыарыынан.

4. pu@ yakutskenergo.ru электроннай почтаҕа ыытыахха сөп. Аадырыскын, тус счетуҥ нүөмэрин ыйаргын умнума.

5. Энергосбыт контакт-киинин төл.: 8-800-100-22-05 эрий. Бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри – сарсыарда 08.00 чаастан киэһэ 18.00 диэри.

6. Сорох дьоҥҥо счетчик көрдөрүүтүн ыытыҥ диэн СМС-иһитиннэрии кэлэр. Онно баар сигэнэн киирэн ыытыахха сөп.

«Водоканал»: судургу уонна түргэн

1-кы ньыма – “Сбербанк Онлайн” сыһыарыы нөҥүө: “Платежи” киир уонна “Водоканал (Якутск) диэн бул. Тус счетуҥ нүөмэрин суруй, бигэргэт уонна төлөө (сууматын уларытыахха сөп).

2-с ньыма – vodokanal-ykt.ru сайт нөҥүө: сүрүн сирэйгэ “Оплатить сейчас” диэн суругу бул уонна баттаа. Тус счетуҥ нүөмэрин суруй, бигэргэт. Салгыы төһө иэстээҕиҥ тахсан кэлиэҕэ. Онно төлүүр суумаҕын суруй уонна “Оплатить” диэни баттаа. Каартаҥ нүөмэрин ый уонна төлөө.

 

Уу счетчигын көрдөрүүтүн хайдах тиэрдэбит?

1.  Чат-бот нөҥүө. Виртуальнай көмөлөһөөччүгэ эрийбэккин, тугу да ыйыппаккын диэн санатабыт.  8-984-100-19-74 бассаап нүөмэргэ, холобур, “Вода” диэн тылы суруй. Оччоҕуна салгыы тугу гынаргын ыытар. Эмиэ тус счет нүөмэрин ыйытар, салгыы хас куб. м ууну туһаммыккын суруйаҕын.

2. 507-248 автоинформаторга эрийэн этиэххэ сөп. Робот “Для передачи показаний нажмите цифру “1” диир. Автоинформатор икки ньыматтан биирин талларар, тугу гынаргын ыйан-кэрдэн биэрэр:

Клавиатура көмөтүнэн туһанарга “1” сыыппараны баттыыгын, салгыы тус счетуҥ нүөмэрин суруйаҕын уонна # баттыыгын. Салгыы “0” сыыппараны баттаан баран, счетчик көрдөрүүтүн суруйаҕын уонна # баттыыгын.

Куолас көмөтүнэн туһанарга “2” сыыппараны баттыыгын эбэтэр кыратык күүтэ түһэҕин. Салгыы тус счетуҥ нүөмэрин ыйаҕын, онтон сигнал тыаһаатаҕына, счетчик көрдөрүүтүн этэҕин.

Квитанцияҕа баар  QR-кодунан эмиэ төлүөххэ сөп. Төлөпүөҥҥүтүн даҕайыаххытын эрэ наада. Бу олус табыгастаах уонна түргэн ньыма. Ол эрээри дааннайдаргытын үчүгэйдик көрөн баран бигэргэтэр буолуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...