Онлайн үлэҕэ чэпчэкитик көстүбүт
Кэлии-барыы хааччахтаныаҕыттан Дьокуускай үгүс тэрилтэлэрэ ыраахтан үлэлээһин ньыматыгар көһөн олороллор. Киин куорат биир бөдөҥ микрооройуонугар, Мархаҕа, «Пульс» кулууп нэһилиэнньэ олоҕун сэргэхситэр, тигинэччи үлэлии олорор, күн аайы толору киһилээх биир сүрүн тэрилтэ этэ. Төһө да анал киэҥ-куоҥ дьиэлэрэ суох буоллар, айар үлэһиттэр уһуйааҥҥа бара илик оҕолортон саҕалаан, кырдьаҕастарга тиийэ хабан үлэ хайысхаларын тобулаллар.
Киин специалистэрэ үлэбитин барытын кэм ирдэбилинэн, саҥа ньымалары олоххо киллэрэн толоро олоробут диэн кэпсииллэр.
Лена Сорокина – «Пульс» култуурунай-чэбидигирдэр киин үлэһитэ:
- Сибээс, интернет, социальнай ситимнэр күүскэ сайдан турар кэмнэрэ буолан үлэбит чэпчэкитик онлайн эрэһиимҥэ көстө. Салайааччыбыт Анастасия Николаевна Кычкина салалтатынан үлэ тэтимэ өссө күүһүрдэ.
Ол курдук, @pulse_markha инстаграмм аккауммутугар күн аайы туһалаах информация тахсар. Гитара преподавателэ Анастасия Кузьмук гитараҕа оонньуон баҕалаахтарга анаан видео-уруоктары устан таһаарар. «Радиопульс» диэн сана саҕалааһын чэрчитинэн, сурутааччыларбыт, араадьыйаҕа курдук, сакаастаабыт ырыаларын биһиги преподаватэлбит гитараҕа доҕуһуоллаан ыллыыр. Ким баҕалаах суруттаран үөрэниэххитин, ырыа сакаастаан истиэххитин сөп.
Биһиги сыллааҕы былааҥҥа киллэрбит тэрээһиннэрбитин барытын оҥорор санаалаахпыт. «Гармония» диэн сыллата буолар ырыа уонна үҥкүү күрэҕин быйыл кэтэхтэн ыытабыт. Ол курдук, «Танец от сердца» улахан дьон үҥкүү кэллэктииптэрин куонкуруһа, хоһоонньут оҕолорго аналлаах күрэх, «Все будет хорошо» ырыа ыллыан баҕалаахтарга ырыа күрэҕэ о.д.а. былааннаммыт тэрээһиннэрбит биир-биир тахсан иһиэхтэрэ.
Екатерина Афанасьевна Гомбоева салайааччылаах үҥкүү куруһуогар дьарыктанар оҕолор бассаап бөлөх нөҥүө сорудах ылан толороллор, үнкүү хамсаныыларын үөрэтэллэр. Оннук хабааннаах Ольга Петровна Чемпосова вокальнай-хоровой студиятын ырыаҕа күн аайы дьарыктыыр. «Эдэр корреспондент оскуолата» куруһуок оҕолоро дьиэҕэ олорон өйтөн суруйууларын миэхэ ыыталлар.
Аныгы кэм оҕолоро олус сайдыылаахтар, үгүстэрэ кыра саастарыттан төлөпүөннээхтэр, интернет ситимигэр толору холбонуулаахтар. Уһуйаан оҕото кытта бэйэтин видеоҕа устан Like приложениеҕа таһаарар. Ол билиилэрин сөптөөх хайысхаҕа салайаары, “JUNIOR” оҕо студията быйыл передача устан саҕалаата. Манна оҕолор бэйэлэрэ усталлар, ыытааччы оруолун толороллор.
Оҕолорбут бары олус кыһаллаллар, төрөппүттэрбит өйүүллэр. Оҕо хайаан да эбии дьарыктаах, интэриэһиргиир хоббилаах буолуохтаах дии саныыбын. Оччоҕо кини тулалыыр эйгэтэ хаачыстыбалаах уонна дьиҥнээхтик толору буолар.
Быйыл олунньу ыйга «Пульс» иһинэн «8 марта» диэн кэрэ аҥаардар сайдар кулууптарын арыйбытым. Бу кулуубу тэрийэрбэр миэхэ элбэх оҕолоох ийэ, араас бырайыактары олоххо киллэрэр фитнес-тренер Сардана Михайлова настаабынньык буолбута. Биһиги иккиэн идеяларбытын холбоон, Мархаҕа олорор, сааһыттан тутулуга суох, кэрэ аҥаардары мунньаммыт номнуо үлэбитин саҕалаатыбыт. Хас субуота ахсын “Пульска” кэлэн лекция, семинар, маастар-кылаас ыытар этибит. Онтон билигин онлайн көстүбүт. Ол курдук, “фитнес-онлайн” ыытабыт, аһаҕас кэпсэтиилэри тэрийэбит.
Кыайыы 75 сылыгар анаан ааксыйа биллэрдибит. Баҕалаахтар сэриигэ кыттыбыт эһээлэрин, хос эһээлэрин туһунан суруйуулары ыыталлар.
Бу күннэргэ инстаграмҥа архыыптан хомуйан онлайн-кэнсиэр көрдөрдүбүт. Туох да буолбутун иһин олох салҕанар, дьон сынньалаҥын тэрийэр үлэ ыытыллар.