ОЛУННЬУТТАН ОЛОХХО КИИРЭР СОКУОННАР
Социальнай ситимнэргэ быдьар тылынан үөхсүүнү бобуу уонна цензура киирэр. Социальнай төлөбүрдэр уонна босуобуйалар индексацияланаллар. Сокуон эйгэтигэр бу уонна да атын кэккэ уларыйыылар олунньу ыйтан олоххо киирэн барыахтара.
Биллэн турар, тохсунньуга курдук элбэх буолбатах эрээри, хайаан да билиэхтээх сокуоннарбыт күүстэрин ылаллар.
Социальнай төлөбүрдэр индексациялара
Инфляция бырыһыаныттан тутулуктаах социальнай төлөбүрдэри хаттаан көрүөхтэрэ. Бырабыыталастыба үгэс быһыытынан индексацияны тохсунньуга суоттуур.
Байыаннай хамсааһыннар бэтэрээннэригэр, Чернобыль саахалын уонна да атын радиационнай саахаллар кыттыылаахтарыгар, инбэлииттэргэ, оҕолоох ыалларга, ССРС, Арассыыйа уонна Үлэ геройдарыгар, о.д.а. сыһыаннаах буолуоҕа. Өлбүт киһини көмүүгэ, үлэлиир кыаҕы сүтэриигэ, о.д.а. страховкалаах төлөбүрдэр үрдүөхтэрэ.
Индексация коэффициена 1, 049 буолуохтаах. Ол аата босуобуйалары уонна көмө төлөбүрдэри 4,9 бырыһыан индексациялыахтара. Индексация бырыһыана 2020 сыл түмүгүнэн ааҕыллар.
Социальнай ситимнэргэ кытаанах цензура киирэр
Олунньу 1 күнүттэн Роскомнадзор интэриниэт-ресурсалары “социальнай ситимнэр” реестрдэригэр киллэрэр буолуоҕа. Социальнай ситим ирдэбиллэригэр эппиэттиир сайтар бары реестргэ киириэхтэрэ. Биир сүрүн ирдэбил – сууккаҕа 500 тыһ. киһи киирэр буоллаҕына.
Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, социальнай ситимнэргэ цензура үлэлиэхтээх. Хас биирдии ситим сокуону кэһэр контены (оҕо порнографията, наркотик оҥоруутун туһунан видеолар, о.д.а.) бэйэтэ быһаарыахтаах уонна сотторон иһиэхтээх. Маны тэҥэ политическай хайысхалаах этиилэри булуохтаах, холобур, былааһы утарар аахсыйалар туһунан информацияны.
Социальнай ситимнэргэ быдьар тылынан үөхсүү бобуллар. Ол эрэн сокуон маны хайдах хонтуруоллуура чуолкай быһаарылла илик.
Тырааныспарга уларытыыны киллэрдэхпитинэ
Тырааныспарга уларыта тутуулары киллэрбит буоллаххытына, ону докумуоҥҥа киллэрии уустуктардаах буолла. ГИБДД аккаастыыр төрүттэрэ кэҥээн биэрдэ.
Докумуоннар анал ресстргэ киирбит буолуохтаахтар. Техническэй экспертиза, бэрэбиэркэ боротокуола барыта эрдэ оҥоһуллуохтаах.
Оҥоһуу үүт хонтуруолланыаҕа
Таможеннай сойуус Техническэй регламеныгар бороһуоктан оҥоһуллубут үүккэ анал ирдэбиллэр олохтоннулар. Ол аата оҥоһуу үүт хаачыстыбата дьэ хонтуруолланар буолла.