10.02.2019 | 13:06
Олоххор саҥа саҕахтар арыллан истиннэр!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
Саха сирин биллэр тустууктарыттан уонна тренердэриттэн, кинилэр спорка олохторун туоһулаһар анкета ылар үгэстээхпин. Ол сиэринэн, Москваттан кэлэ сылдьар норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Алексей Диодоровтан, 2005 сыллаахха көрсөн ылбыт анкетам хоруйдарын тоҕоостоох кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, ааҕааччыларга билиһиннэрэбин.
Алексей Георгиевич Диодоров 1957 сыллаахха Уус-Маайа оройуонун Ааллаах Үүн бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Чурапчы Мындаҕаайытыттан төрүттээх. Хоту, бириискэҕэ үлэлии сылдьан табаһыт Евдокия Гаврильевна Осенинаны кытта дьоллорун холбоон ыал буолбуттар. Кинилэр сэттэ оҕолоохторуттан, бүгүн кэпсиир Алексейбыт алтыс эбит.
Оскуола алын кылаастарыгар Алексей Эдьигээҥҥэ үөрэммит. Оттон 1974 сыллаахха тохсус кылааска Чурапчыга, үтүөлээх тренер Дмитрий Петрович Коркиҥҥа дьарыктанар. Иннокентий Зырянов, Сергей Скрябин, Спартак Яковлев курдук республикаҕа биллэр бөҕөстөрү кытта биир кылааска икки сыл үөрэнэн, орто оскуоланы Чурапчыга бүтэрэр.
Онус кылааска үөрэнэ сылдьан Москваҕа, А.Челидзе аатынан Бүтүн Союзтааҕы турнирга ситиһиилээхтик кыттан, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын нуорматын толорон, кэскиллээҕин көрдөрөр. Оскуоланы бүтэрэр сылыгар Чебоксарыга ыытыллыбыт РСФСР уолаттарга чемпионатыгар иккис, эмиэ бу куоракка буолбут Союз уолаттарга түһүлгэтигэр үһүс миэстэлэри ылар.
1976 сыллаахха Саха сирин чемпионатыгар уонна Дьокуускайга ыытыллыбыт Дальнай Восток күрэхтэһиитигэр тэҥнээҕин булбат. Оскуоланы бүтэрэн баран, биир сыл Чурапчыга хаалан, инструкторынан үлэлээбитэ.
1977 сыллаахха Ийэ дойдутугар ытык иэһин төлүү аармыйаҕа ыҥырыллар. Тахсан эрэр талааннаах тустуугу, эдэр маастары тренер И.Р. Фурунджиев Читаҕа, спортивнай ротаҕа доҕотторо Григорий Христофоровы, Иннокентий Зыряновы кытта тэҥҥэ ылар. Сыл аҥаара итиннэ сулууспалаабытын кэннэ, Москваҕа, Аармыйа Киин спортивнай кулуубутугар (ЦСКА) ылыллар. Онно кини уруккута аатырбыт тустуук, аан дойду чемпиона, Олимпиада призера Алимбек Бестаев салалтатынан дьарыктанар. Итиэннэ тута Киевкэ тэриллибит ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпионатыгар 52 киилэҕэ бастакы миэстэҕэ тахсар.
1979 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт ССРС норуоттарын VII спартакиадатыгар Туркмения хамаандатыттан кыттан, Р.Дмитриев, А.Саноян кэннилэриттэн боруонса мэтээлгэ тиксэр. Бу, Алексей бастакы дьоһун ситиһиитэ.
1980 сыл, Тбилиситээҕи, аан дойду аччыгый чемпионатынан ааттаммыт үгэс быһыытынан ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир. Алексей Диодоров үс утарсааччытын хотон баран, төрдүс эргииргэ Роман Дмитриевы кытта туста сылдьан илиитин эчэтэн кэбиһэр уонна үһүс миэстэлэнэр.
1981 сыллаахха Монголия киин куоратыгар Улан-Баторга Варшавскай дуогабарга киирэр социалистическай дойдулар армеецтарын спартакиадатыгар 52 кг ыйааһыҥҥа биллиилээх бөҕөстөр Сэ Хон Жанг (КНДР), Димитр Филиппов (Болгария) кэннилэриттэн үһүс миэстэлэнэр.
Ол кэмҥэ, Болгариятааҕы Дан Колов аатынан турнир – аан дойду биир саамай улахан таһымнаах турнирынан ааттанара. Манна бастаабыттар, син эмиэ Тбилиситээҕи, Ираннааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга курдук, биир үрдүк үктэли дабайбыттыы сананааччылар. Дьэ, маннык түһүлгэҕэ Алексей Диодоров ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэн кыттан, биэс утарсааччытын барытын ыраастык кыайталаан, үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрбүтэ. Саха бөҕөһүн бу чаҕылхай кыайыытыттан сөҕөн-махтайан, Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатын тренердэрэ киниэхэ тута-бааччы: “Европа чемпионатыгар бараҕын!” — диэн улахан сыана биэрбиттэрэ. Ол тоҕо кыаллыбатаҕын туһунан Алексей Георгиевич бэйэтэ маннык кэпсиир:
— Чемпионат саҕаланара биир нэдиэлэ хаалбытын кэннэ, төһө эмэ Европаҕа кыттар Сойуус хамаандатын састааба эрдэттэн биллэриллибитин үрдүнэн, эрчиллэр-үөрэтэр түмсүү кэмигэр Стайкига, соһуччу Роман Михайловиһы кытта хапсыһыы тэрийбиттэрэ. Хайаҕыт кыайбыт Европа чемпионатыгар барар диэбиттэрэ. Онно көбүөргэ, тренер Георгий Бураков судьуйалаабыта. Бастакы түһүмэххэ иккиэммитигэр үһүс сэрэтиини биэрэн баран, уһулан кэбиспиттэрэ. Хайабыт даҕаны кыайбатаҕа...
Спорду таптааччылар, билэргит курдук, ити чемпионакка Роман Дмитриев олимпийскай чемпион итальянец Клаудио Поллиоҕа баһыйтаран, боруонса мэтээли ылбыта. Аатырбыт бөҕөспүт ити бүтэһик күрэхтэһиитэ этэ.
Алексей Диодоров муҥатыйыытын өйдүөххэ сөп. Кини ити кэмҥэ үчүгэй тустар таһымыгар сылдьара. Онон улахан түһүлгэҕэ аан маҥнай кыттарга бэлэмнэнэн баран, хамаандаҕа ылыллыбатаҕа хомолтолоох. Ким билэр, баҕар ити чемпионат кини спорка инники дьылҕатыгар быһаарар оруолланыа эбитин.
Эһиилигэр, ол аата, 1982 сыллаахха Хотугу Осетия киин куоратыгар Орджоникидзе куоракка (билиҥҥинэн Владикавказ) ССРС чемпионатын көбүөрэ тэлгэммитэ. Итиннэ москвич Алексей Диодоров иккис ыйааһыҥҥа тустан, финалга азербайджанец Тельман Мамедовка сабырыйтаран, үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайынынан буолбута. Финалга диэри кини А.Саноян, М.Саввинов, А.Хатукаев, И.Аянитов, Ж.Корпебаев курдук күүстээх бөҕөстөрү сирэй көрсөн кыайталаабыта.
Билигин кэлэн санаатахха, тустуук Алексей Диодоров 1979 сыллаахха ССРС норуоттарын спартакиадатыгар, 1981 с. Болгарияҕа Дан Колов турнирыгар, 1982 с. Сойуус чемпионатыгар ордук тахсыылаахтык тустан, бэйэтин аатын дорҕоонноохтук ааттаппыта. Дьиҥэ күрэхтэһии элбэх этэ гынан баран, онно улахан сыал-сорук туруорунан кыттыбатаҕым, эбэтэр наһаа эрчиллэн, умайан хааларым диэн быһаарар кини бэйэтин спорка олоҕун.
Өссө биирдэ маннык буолбута. 1984 сыллаахха Красноярскайга Сэбиэскэй Сойуус чемпионатыгар хас даҕаны утарсааччытын кыайан баран, күрэхтэһии үһүс күнүгэр ыйааһынын кыайан “оҥорбокко”, биир даҕаны хотторуута суох, түһүлгэттэн тохтуурга күһэллибитэ. Оннук эмиэ буолааччы. Урут күрэхтэһиигэ бөҕөс хас күн ахсын ыйааһынын лоп-бааччы тута сылдьыахтааҕа. Ити Красноярскайдааҕы чемпионакка Диодоров бэйэтэ этэринэн, биэс күүстээхтэр ахсааннарыгар киирэн баран, кыһыылаахтык туораабыта.
Алексей тустуутун 1987 сыллаахха тохтоппута. Ити сыл Москваҕа, Тимирязевскай академияҕа тренеринэн үлэҕэ ылыллыбыта. Биир тылынан, Алексей Георгиевич дойдубут тэбэр сүрэҕэр 1977 сылтан олохсуйан олорор. Кэргэнэ Мэҥэ Хаҥалас Тумулуттан төрүттээх Людмила Николаевна Верховцева. Кинилэр үс оҕолоохтор. Дьулустан, Настя уонна Вика. Анастасия Диодорова – биллиилээх спортсменка буола үүннэ. Харбааһыҥҥа Паралимпиада-2008 үрүҥ көмүс призера, аан дойду, Европа, Россия чемпионката. Россия спордун үтүөлээх маастара.
Алексей Георгиевичтан спорка бэйэҥ кыаххыт толору туһанныҥ дуо, диэн ыйыппыппар:
— Билигин кэлэн санаатахпына, улахан сыал-сорук туруорунан тустубутум буоллар, үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэм этэ дии саныыбын. Биһиги кэммитигэр илин былдьаһыы наһаа күүстээх этэ. Мин олимпийскай чемпион Роман Дмитриеви, аан дойду 4 төгүллээх чемпиона Сергей Корнилаевы, Европа чемпиона Аршак Санояны кытта биир кэмҥэ күрэс былдьаспытым. Кинилэр күлүктэригэр сылдьыбытым. Өскөтүн тренербин Р.М. Дмитриеви кыайбатах эбит буоллахпына, Корнилаевтаах Санояны сирэй көрсөн кыайталыы сылдьыбытым.
Оттон билигин (ол аата 2005 с.) тугунан дьарыктанаҕын, диэн ыйыппыппар:
— Контрагынан тренердиибин. Спорт, тустуу эйгэтигэр син биир баарбын. Москваҕа үөрэнэр саха ыччаттарыгар күүс-көмө буолабын. Холобур, биллиилээх бөҕөстөр Николай Яковлев, Петр уонна Антон Малардыровтар ситиһиилэригэр мин көмөм эмиэ баарыттан киэн туттабын, — диэн хоруйдаабыта.
Түмүккэ, Алексей Георгиевиһы төрөөбүт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бөҕө-таҕа доруобуйаны, чугас дьонун болҕомтолоругар, тапталларыгар угуттанан, олоххо өрүү ситиһиилээх буоларгар баҕарабыт. 60 саас диэн, бу ааспыт үтүө сыллар уонна олоххо улахан үөрүйэх эрэ буолбатах, бу – ытыктабыл уонна үтүө түмүктэри ситиһэр кэрдиис кэм. Бу сааскар эйиэхэ олоххор саҥа саҕахтар арыллан истиннэр!
Петр ПАВЛОВ.
Василий СЕМЕНОВ (Москва) хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сонуннар
29.10.2024 | 18:45
Бөдөҥ тэрээһиннэртэн киирэр үбү анал байыаннай дьайыы байыастарыгар ыыталлар
29.10.2024 | 18:44
Сэтинньи 7 күнүгэр диэри пассажирдары тиэйиигэ муниципальнай куонкурус буола турар
29.10.2024 | 15:16
Пассажирдары тиэйэр быраап иһин аһаҕас куонкурус буола турар
29.10.2024 | 15:08
Сарсыҥҥыттан, алтынньы 30 күнүттэн, Чернышевскай уулуссатынан оптуобус сырыыта арыллар
29.10.2024 | 15:07
Икки саҥа уопсастыбаннай туона үлэҕэ киирэрэ аҕыйах хонук хаалла
29.10.2024 | 14:25
Иппотерапия инбэлиит оҕолорго дьоһун суолталаах
29.10.2024 | 12:00
100-тэн тахса туонна балык атыыга барда
29.10.2024 | 11:37
Үтүө киһи аата үйэлэргэ тыыннаах хаалыа
29.10.2024 | 11:28
20-с №-дээх оскуолаҕа «Учуутал үлэтигэр сыыппара эйгэтин туһаныы уонна аттестацияҕа уларыйыылар» диэн семинар-көрсүһүү буолла
29.10.2024 | 09:59
“АЗИЯ ОҔОЛОРУН” МАССЫЫНАЛАРЫН бэлэхтээтилэр
28.10.2024 | 14:01
Сэтинньи 6 күнүгэр Дьокуускайга Бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи гражданнары кытта көрсүһэр биир кэлим күн ыытыллыаҕа
26.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 28 - сэтинньи 3 күннэригэр
26.10.2024 | 00:00
Аан дойду таһымнаах акселератор үлэтин саҕалаата
25.10.2024 | 23:57
Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оптуобуска босхо айанныахтара
25.10.2024 | 14:27
Кэлэр сылтан «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлиэҕэ
25.10.2024 | 14:26
17-с кыбаарталтан 51 ыал «Звезднай» түөлбэҕэ кыбартыыра күлүүһүн туттулар
25.10.2024 | 14:00
«Төрүт култуура ийэ тыл, фольклор нөҥүө толору арыллар»
25.10.2024 | 13:18
1 №-дээх оскуола тутуута прокуратура хонтуруолугар турар
25.10.2024 | 12:00
Эппэкиин уонна приемнай дьиэ кэргэн туох уратылаахтарый?
25.10.2024 | 10:00
«Үрүҥ түүн кытыла» ыҥырар
Ордук ааҕаллар
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута.
Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...
– Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?
Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.
Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ
Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.
— Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.
Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...