24.03.2022 | 20:00

Олох салҕанар

Олох салҕанар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Семен Николаевич Пестряков курдук кытаанах санаалаах, олоххо күүстээх тардыһыылаах, туох да ыарахантан толлубат, чаҕыйбат эр дьон, аҕалар биһиги ортобутугар бааллара инники олохпутугар эрэли үөскэтэр. 
Аҥаардас аҕа оҕотун, буолаары буолан кыыс оҕону иитэрэ хаһан да ыарахан. Ийэтин сүтэрбит оҕо барахсан төһөлөөх иһигэр айманара, ийэтин суохтуура, кистээн ытыыра буолуой. Өссө инникитин, улаатан истэҕин аайы ийэ тапталыгар, кини сүбэтигэр-аматыгар наадыйара күүһүрэн иһэрэ саарбахтаммат.

— Семен, кэпсэтиибитин сахалыы сиэринэн кииниҥ түспүт сирин, дьонуҥ туһунан сэһэргэһииттэн саҕалыаҕыҥ.

1981 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар күн сирин көрбүтүм. Аҕам Николай Петрович тутууга үлэлиир этэ, билигин биһиги ортобутугар суох, ийэм Галина Семеновна санэпиднадзорга үлэлээбитэ. Билигин миигин кытта олорор, оҕобун көрөргө-истэргэ көмөлөһөр. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Убайым Петр инженер идэлээх, быраатым Николай Майаҕа РЭС-2 электриктиир, балтым Ира Майа сэлиэнньэтигэр уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Бары дьиэ кэргэннээхтэр, оҕолоохтор-уруулаахтар.

— Эн аҥаардас аҕаҕын. Кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

Тапталлаах кэргэним Айта, араак ыарыы булан, бу орто дойду олоҕуттан барбыта икки сыл буолла. Бары кыаҕы туһана сатаабыппыт, Кореянан эҥин эмтэммиппит да, туох да быыһаабатаҕа. Биһиги күүстээх тапталбытын туоһулуур Айнура диэн кыыс оҕону бэлэхтээбитэ. Билигин оҕом 3-с кылааска куорат 5-с нүөмэрдээх оскуолатыгар “4” уонна “5” сыанаҕа үөрэнэр.

Кэргэним Айта Майаттан төрүттээх. Миигиттэн биэс сыл балыс этэ. Майаҕа сылдьан көрөрүм. Биһигини спорт билиһиннэрбитэ диэххэ сөп. Мин спордунан дьарыктанарым, спорт саалаҕа футбол оонньуур этим. Элбэх киһи сылдьар буоллаҕа, кыргыттар кэлэн сүүрэллэрэ, онно Айтабын аан бастаан көрбүтүм. 2012 сыллаахха холбоһон уруу тэрийбиппит, ити сыл кыыспыт төрөөбүтэ.

— Онтон ханна олохсуйдугут?

Дойдубутугар үлэ эҥин булбакка, куоракка көһөн киирбиппит. Пропискам суох буолан кууһунан атыылыыр ыскылааттарга кыладыапсыгынан үлэлээбитим, Сайсары оройуонугар дьиэ куортамнаан олорбуппут. Онтон 2014 сылга ипотеканан дьиэ ылан, билигин куорат киинигэр кыыспын, ийэбин кытта олоробут.

— Билигин атын сиргэ үлэлиигин, баһаары, уоту умуллараҕын, онно хайдах кэлбиккиний?

2018 сыллаахха “Авиалесохрана” диэн тэрилтэҕэ бастаан контрагынан киирбитим. Биир сезон контрагынан үлэлээбитим кэннэ десантнигынан ылбыттара. Онтон парашютиска үөрэнэммин күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Бу сотору эмиэ баһаар буолар кутталлаах сезона аһыллаары турар, онон барарга бэлэм сылдьабыт.

— Олоххор улахан охсууну ылбыт киһигин, билигин хайдах олороҕут?

Биллэн турар ыарахаттар бааллар. Оҕом үөрэҕинэн, ситиһиитинэн үөрдэр, бэйэтин дьаһанар сүрдээх дьоһуннаах улахан киһи курдук. Дьиэтин сууйар, иһитин хомуйар, эбэтигэр көмөлөһөр.

Ийэтин сүтэрэн баран улахан охсуу ылбыта, суохтуур бөҕө буоллаҕа. Олох баран иһэр, син биир олоруохха наада. Ийэ таптала, иитиитэ-такайыыта, истиҥ сыһыана суоҕа кыыс оҕоҕо ордук улаханнык охсор эбит. Улаатан истэҕин аайы онто өссө күүскэ биллэрэ буолуо. Ноутбукка ийэтин видеотын холбоон көрө олорор буолааччы. Бастакы кылааһы бүтэрэрин саҕана ийэтэ суох буолбута. Онон олох үчүгэйдик өйдүүр, билэр. Ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим, кинилэр оҕолоро бары өйөбүл, сүбэ-ама буолаллар.

Кэргэним дьонун кытта сибээспин ыһыктыбаппын, ийэтэ баар, куруук кэпсэтэбин, билсэбин. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр, кэргэним саамай улаханнара этэ. Балтылаах быраата билигин ыал дьон. Куруук билсэ тураллар. Кэргэним ийэтин маама диэн ааттыыбын. Ону таһынан Айтам дьүөгэлэрэ эмиэ билсэллэр, сураһаллар. Онон хаһыат нөҥүн барыларыгар истиҥ махталбын биллэрэбин.

— Үлэҕинэн сайын көстүбэт эбиккин. Оҕоҥ эбэтин кытта олорор буоллаҕа?

Оҕобун кытта сайын устата аҕыйахта көрсөбүт. Каникул саҕаланна да, эбэтинээн Майаҕа бараллар. Онно оҕуруот, дача, балтым кыргыттарын кытта бииргэ оонньоон сайылыыр. Бириэмэ баар буоллаҕына, сороҕор күнүнэн тахсан, көрсөн кэлэбин. Куруук төлөпүөннэһэбит, сибээс эрэ баар буолуон наада, сороҕор дьиэҕэр кэлбитиҥ кэннэ баһаарга көтөҕүн, бэлэм буолуҥ диэн ыҥыран ылаллар, онон күнү-түүнү быһа сибээскэ баар буолуохтааххын. Сезон бүтүөр диэри оннук.

— Былырыын алдьархайдаах сайын ааста дии. Ол, үлэҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

Баһаар сезона ыам ыйыттан саҕаланар. Ааспыт сайын да оннук этэ. Кус көҥүллэннэ да, кыра баһаардар саҕаланан бараллар. Олорго иккилии-үстүү хонук сылдьабыт, арыый сынньалаҥ курдук. Бэс, от ыйдарыгар ыйы ыйдаан барабыт.

Былырыын Бэс Күөл умайарын саҕана Кэбээйи оройуонун Кэбээйитигэр баар этибит. Уот бөһүөлэккэ чугаһаабыта, онно сылдьыбыппыт. Кэлэктиибим туһунан кэпсиир буоллахха, бары биир дьиэ кэргэн курдук өйөһөбүт, өйдөһөбүт, иллээхпит. Урут кыладыапсыктыыр кэммэр ипотека төлүүр эрэ туһугар үлэлиирим. Билигин бэйэбин буллум дии саныыбын, үөрэ-көтө, ахтан барабын. Үлэни сөбүлүүр диэни биллим.

Биллэн турар, ыарахан үлэ, үлүгэрдээх итиигэ, төгүрүччү уот, өрө салаары тииһэр. Саҥа киирбит дьон, эдэрдэр сороҕор тулуйбакка баран хаалаллар, киһи ону баалаабат. Тулуур, кытаанах санаа, бэйэҕэ, доҕотторгор эрэллээх буолуу наада.

Урут маннык тэрилтэ баарын билбэт этим. МЧС иһинэн тэрилтэ дии саныырым, билигин АГАТУ-га “Лесное дело” диэҥҥэ кэтэхтэн төрдүс кууруска үөрэнэ сылдьабын.

— Бастаан парашютунан ыстаммыккын өйдүүгүн дуо?

Өйдөөн буоллаҕа. 2019 сылтан 50-ча ыстаныы буолла. 100-тэн таһаарбыт уолаттар бааллар. Бастаан анал үөрэх бараҕын, эксээмэн туттараҕын.

Бастакы ыстаныыга хайдах эрэ үөрэ-көтө ыстанан кэбиһэр эбиккин. Долгуйуу үһүс-төрдүс ыстаныыгар киирэр эбит. Били, этэргэ дылы, “осозновайдыыгын, чувствуйдуугун” быһыылаах. АН-2 сөмөлүөттэн 1 килэмиэтир үрдүктэн ыстанабыт. Дьэ ол үрдүккэ хаһан тиийиэр диэри толкуйдуугун, барытын сөпкө гыммытым дуу, суох дуу, ол быыһыгар толлон-салыбыраан бараҕын. Дьиктитэ диэн, аан аттыгар турдаххына, били кутталыҥ ааһан хаалар.

— Кыһын кэм иллэҥ кэм баар буоллаҕа, ону хайдах туһанаҕын?

Оҕобун кытта атаара сатыыбын. Өрөбүллэргэ катокка эҥин сылдьабыт, актыыбынай сынньалаҥы ордоробут. Ийэтэ наһаа үчүгэйдик уруһуйдуур этэ, онон Айнурам ийэтин курдук уруһуйдуур талааннаах, пандемия кэмигэр онон дьарыктаммыта.  Футболлуу бардахпына илдьэ сылдьааччыбын, оҕо оҕо курдук энергиятын таһаарар, сүүрэр-көтөр. Ханна туох сынньалаҥ баарынан – киинэҕэ, тыйаатырга сылдьабыт. Дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэ сатыыбын да, киһим нууччалыы саҥаран бара турар, ону дьиэҕэ сахалыы саҥар диибит, кыратык ыарырҕатар да буоллар, кыһаллар. 5-с оскуолаҕа толору сахалыы буолбатах, саха тылын эбии үөрэтэр кылаас диэҥҥэ биэрбитим. Английскай тылы билиэн баҕарабын, эһиилгиттэн саҕалаабыт киһи, куурустарга эҥин биэриэм дии саныыбын. Сири-дойдуну көрдөрө сатыыбын, иллэрээ сыл Сочига илдьэ сылдьыбытым, быйыл күһүн эмиэ ханна эрэ барбыт киһи диэн былаанныыбыт.

— Таҥас-сап атыылаһыыта диэн, бэйэҕин хонтуруолга ыла сатааһына диэн – туһугар син уустуктардааҕа буолуо...

Дьэ ол баар суол, күнүүлүүр, “госхонтуруол” курдук ханна эрэ бардахпына эрий да эрий, видеозвоногунан эҥин. Биир соҕотох аҕа эмиэ инньэ диэбитэ. Кыыс оҕо аҕатын син биир күнүүлүүр, кими да чугаһаппат, кыра саастарыгар инник гыналлар дииллэр. Атын ийэни аҕалыахтара диэн куттаналлара буолуо.

Оҕом билиҥҥиттэн былаана элбэх. Улааттахпына икки этээстээх чааһынай дьиэ туттуохпут диир, мин кэргэн тахсан онно олоруом,  эн манна олоруоҥ диир. Биир кыыспын хааччыйыам, баҕа санаатын толоруом дии саныыбын.

Таҥаһы бэйэм ылбаппын, эбэһээт бииргэ сылдьабыт. Таһырдьа, уулуссаҕа сылдьан улахан кыргыттар таҥастарын көрөр, сэргиир. Тугу баҕарарын, билигин тугу таҥналларын билэ сатыыбын. Хаҥкыбытын ыларбытыгар ытааһыннаах, талымастааһыннаах буолбута. Баҕарбыт хаҥкыбыт размера маҕаһыыҥҥа суох буолан биэрбитэ, нэһиилэ биллэриинэн булбуппут.

— Соҕотох аҕаларга тугу сүбэлиэҥ этэй?

Олох салҕанар. Ханнык да ыараханы оҕоҕо тапталыҥ чэпчэтэр. Айтам баар эрдэҕинэ элбэҕи билбэтэх-көрбөтөх эбиппин, барытын киниэхэ сэлээннээбиппин. Квартплата, уот, уу-хаар төлөбүрүн тугу да билбэт этим, барытыгар кэргэним сүүрэрэ... Билигин дьэ быһаарса сатыыбын, ханна туох чэпчэтии баарын, ханна тиийэн төлүүрбүн эҥин.

Иитиигэ ийэ оруолун эмиэ толоруохха наада курдук, холобура, кыыс оҕону уол курдук ииппэт буоллаҕыҥ дии. Киэһэ сытан эрэ күннээҕи сонуммутун кэпсэтэбит, бэйэ-бэйэбитигэр сыһыаммыт үчүгэй, эрэнсэбит. Ийэтэ баара буоллар, манна туох диэ этэй, тугу сүбэлиэ этэй диэн толкуйдуубун. Ийэлэр тугу сүбэлииллэрин сайтка киирэн көрөөччүбүн, бу боппуруоска хайдах гыныахха сөбүн туһунан. Сотору улаатар сааһа саҕаланыа, онно хайдах бэлэмниэххэ, тугу кэпсэтиэххэ сөбүн балтыбыттан эмиэ ыйыталаһабын. Соҕотох киһиэхэ эппиэтинэс өссө улаатар, ол да буоллар оҕобун, кэргэним хаалларбыт күндү киһитин Айтам кэриэһигэр сөптөөхтүк иитэн киһи гыныам диэн эрэллээхпин.

— Семен, кэпсээниҥ иһин махтал, былааннаргыт, баҕа санааларгыт олоххо киирдиннэр, Айнураҥ үтүө, дьоһун киһи буолан тахсыа диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...