23.11.2023 | 16:00

Олох сүмэтин тутуһан

Олох сүмэтин тутуһан
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа, спорка үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР спорт национальнай көрүҥнэригэр үтүөлээх тренерэ, Д.П. Коркин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Уус Алдан улууһун уонна Баатаҕай нэһилиэгин ытык олохтооҕо Прокопий Прокопьевич Готовцев кэрэ-мааны айылҕалаах Биэттэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ.

Төрөлкөй уҥуохтаах буолан саастыылаахтарыгар, обургу да уолаттарга баттаппатаҕа. Төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтигэр оҕо-оҕо курдук сүүрэн-көтөн, күрэхтэһэн улааппыта.

Оскуолалар икки ардыларыгар, оройуонун иһигэр, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллэн күрэхтэһэрэ. Сүүрэн, волейболлаан, баскетболлаан, теннистээн, тустуутугар тиийэ разрядтары толортообута.  Оскуоланы бүтэрээт, волейболга өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибитэ. Чэриктэйгэ физруктаан баран, Грузия киин куоратын Тбилиситээҕи физкултуурунай институтугар “туйгуннук” туттарсан, улахан куонкуруһу ааhан киирбитэ. Дьэ манна эргиччи “буһууну-хатыыны”, үүнүүнү-сайдыыны ааспыта. Тренер Гиви Николашвилигэ волейболунан дьарыктаммыта. Үрдүк уҥуохтаах, тайах курдук сүүрэн тамалдьытар, волейбол сиэккэтигэр түөһүн тылыгар диэри ойон тахсар, охсуллубут мээчиги аһарбакка тутар, “блоктуур” саха ыччатын бэлиэтии көрөн, омугунан поляк чэпчэки атлетика тренерэ Валентин Недошковскай бастакы куурустан саҕалаан: “Миэхэ кэл, 400 м маастар нуорматын толорор кыахтааххын”,- диэн ыҥырбытын ылынан, иккис куурустан сүүрүүнэн дьарыктаммыта. 1971 с. 400 м 52,8 сөк. кэлэн, оччолорго куһаҕана суох көрдөрүүлэммитэ. 800 м, 1500 м уһуннарга эмиэ үчүгэй көрдөрүүлэрдээҕэ. 1-кы разрядтары толортообута. Бэркэ табыллан күрэхтэһэ, дьарыктана сылдьан атаҕар иккистээн обургу эчэйиини ылан, тохтуурга күһэллибитэ. Үөрэҕэр ылсыбыта.

Физкултуура учууталын идэтин баһылаабыт, үрдүк үөрэх дипломнаах эдэр исписэлиис Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа анаммыта. Үөрэммит, үлэлээбит сылларыгар “Урожай”, “Буревестник”, “Спартак” спортивнай уопсастыбаларынан элбэх исписэлииһи, учууталы кытта эҥэрдэһэн, бэйэтин кыаҕар эрэллээх буолууну иҥэриммитэ. Үгүһү ааҕан, үөрэтэн, билэн, олоххо, үлэҕэ дьулуурдаах, тулуурдаах буолууну сүспүтэ. Училищеҕа 14 сыл физкултуура дьарыктарын ыыппыта, чэпчэки атлетикаҕа уонна сахалыы атах оонньуутугар тренердээбитэ. Көҥүл тустууга бастакы спорт маастара Дмитрий Максимович Даниловы, “Спартак” дьоһуннаах салайааччылара, Дьааҥыттан төрүттээх-уустаах, киэҥ-аһаҕас санаалаах Дмитрий Семенович Бурцевы, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын волейболиһа, хапытаана, “Спартак” солбуллубат бэрэссэдээтэлэ Семен Семенович Жиркову, Олимпийскай чыпчааллары ылары ситиспит өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин кытаанах ирдэбиллээх бэрэссэдээтэлэ Семен Иванович Алексеевы, мындыр толкуйдаах, сымнаҕас, дипломаттыы өйдөөх-санаалаах Афанасий Егорович Алексеевы кытта ыкса алтыспытын, үлэлэспитин тус олоҕун биир кэрэ кэрдиис кэминэн ааҕар, өрөспүүбүлүкэ спордугар оҥорбуттарын ааҕан сиппэккин.

Ийэтэ эрдэ өлөн кыһалҕа диэн тугун билэ улааппыт Прокопий Прокопьевич омос көрдөххө дьиппиэн курдугун эрээри, ыкса билистэххэ, аһыныгас майгылаах  буолан, үлэлиир кэмнэригэр үөрэтэр-иитэр оҕолоругар истиҥ сыһыанынан сөбүлэтэрэ. Спордунан дьарыктанар ыччаттары мөлтөх эҥин диэн кыахтарынан араарбакка, барыларын тэҥҥэ тутан, улахан дьон курдук сыһыаннаһара. Оччотооҕу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох физкултуура-спорт үөрэҕин кыһатыгар сытыы-хотуу, сырдык өйдөөх-санаалаах, үлэҕэ-олоххо дьүккүөрдээх, спордунан дьарыктанарга баҕалаах тыа ыччаттара кэлэллэрэ. “Ол өттүнэн үлэлииргэ кыайыылаах буолара уонна учуталларга бэйэҕэ ирдэбиллээх буолууну ирдиирэ. Бэрээдэги кэһии таһаарыллыбат этэ”, - диир Прокопий Прокопьевич, дьыл-хонук ааспытын кэннэ эргитэ санаан. Элбэх үөрэнээччитэ идэ ылан, норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар дьонтон сирдэрбэккэ, хайҕабыллаахтык үлэлииллэр.

Киэн туттар үөрэнээччилэрин ааҕа ааттаталыыр. Олор истэригэр Тааттаттан кэлэн үөрэммит Гаврил Гаврильевич Григорьев киһи быһыытынан наһаа холку, улахан киһилии дуоспуруннаах дьиҥнээх тыа ыччата, тулалыыр эйгэтигэр сахалыы көрүүлээх, үөрүнньэҥ, намыын саҥалыын-иҥэлиин, ылыннарыылаах тыллыын-өстүүн, ыллыырдыын-туойардыын киһи киһитэ этэ. Гаврил Гаврильевич дойдутугар Хара Алдаҥҥа баһылыктыы олорон, хомойуох иһин, ууга былдьаммыта. Атах оонньуутугар маастары толорбута. Майаттан эргиччи кыахтаах Дмитрий Назаров кэлэн маастары толорбута, “куобахха” рекорд олохтообута. “Өбүгэ оонньууларын” үс төгүллээх муҥутуур чөмпүйүөнэ, атах оонньуутугар уонна мас тардыһыытыгар спорт маастара Иннокентий Макаров эмиэ “баардааҕын” биллэрбитэ. Бастыҥнар кэккэлэригэр бигэтик киирбитэ.

Кэлин өрөспүүбүлүкэ салайааччыларынан буолуталаабыт үөрэнээччилэринэн киэн туттуон туттар. Покровскайтан биир сиргэ таба олорбот, кэлэ-бара, буугунуу сылдьар, үөрэххэ тардыһыылаах, кэлин СГУ физкултуураҕа институтун салайбыт үтүөлээх тренер Дмитрий Николаевич Платонов хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаммыта. Спорт миниистиринэн уһуннук үлэлээбит, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаабыт, оччотооҕуттан хайҕыыр, бэлиэтии көрбүт, спорка баҕалааҕа көстө сылдьар, Шукайлоҕа сүүрүүнэн дьарыктаммыт Михаил Дмитриевич Гуляев үөрэҕэр да, дьарыкка да сүрдээҕин кыһаллар, барыга-бары эппиэтинэстээх, кэпсэтиилээх үөрэнээччитэ. Конституционнай суут бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үлэлээбит Александр Николаевич Ким-Кимэн оскуола кэнниттэн киирбитэ, үөрэх чааһыгар уһулуччу күүстээҕэ, спорка олус тардыһыылааҕа, остуол тенниһинэн дьарыктанарын таһынан, бэйэтин баҕатынан атах оонньуутунан күүскэ дьарыктанан, Арассыыйа маастарын нуорматын толорбута. Аармыйаҕа сулууспа кэнниттэн кэлэн үөрэммит, Үлэтин киниискэтигэр “Чакыр оскуолатын физкултуураҕа учуутала” диэн биир эрэ бэлиэлээх Чурапчы ыччата Николай Николаевич Адамов туһунан ураты өйдөбүллээх. Биирдэ, чэпчэки атлетикаҕа дьарыктана сылдьан, тренеригэр Прокопий Прокопьевичка: “Атах оонньуутугар секция аһан биһигини эрчийбэккин дуо?- диэн тыл көтөҕөн, бу секция РСФСР уонна Саха АССР 22 маастарын таһаарбыта. Спорткэмитиэт бирикээhинэн 1981 с. Прокопий Прокопьевич Готовцевка “Саха АССР үтүөлээх тренерин” үрдүк аата бастакынан иҥэриллибитэ.

Прокопий Прокопьевич Готовцев Игорь-Тер Ованесян, Борис Лагутин, Арассыыйа “Урожайын” бэрэссэдээтэлэ Анатолий Полковников, Владимир Смирнов уо.д.а. курдук ССРС, Арассыыйа аатырбыт спортсменнарын,  тыыннаах номохторун, Олимпийскай чөмпүйүөннэри кытта атах тэпсэн олорон хамсатыылаах кэпсэтиилэри, дьаһаллары ыыталаабыта. Саха сирин бэрэсидьиэннэрэ М.Е. Николаев, В.А. Штыров ыйыыларын олоххо киллэртээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын ыҥырыытынан 1994 с. миниистири солбуйааччы быһыытынан эппиэттээх, салайар дуоһунастарга  анаммыта.

1975 сылтан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэһиилэргэ спорт араас көрүҥэр стажер-судьуйаттан саҕалаан, Бүтүн Арассыыйатааҕы  категориялаах судьуйа буола үүннэ, спортивнай олоҕун судьуйалааһыҥҥа анаата. 1996, 2000 уонна 2004 сыллардаахха Дьокуускайга буолуталаабыт “Азия оҕолоро” оонньууларга олимпийскай чөмпүйүөннэр Павел Павлович Пинигин, Борис Николаевич Лагутин курдук сүдү спортсменнары кытта үлэлэспитэ. Тэрийии-салайыы, Оонньуулары сүрүннээһин “хара үлэтин” бурҕалдьытын соспута. Уопутуран, итинтэн тирэх ылан, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар, Манчаары оонньууларыгар, Тыа сирин спортсменнарын спортивнай оонньууларыгар сүрүн судьуйаларынан үлэлээтэ. Уһук Илин чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар Римнээҕи Олимпийскай оонньууларга үстэ төхтүрүйэн ойууга үрүҥ көмүс призер, сүрүн судьуйалаабыт Витольд Креерга сүрүн судьуйаны солбуйааччынан бииргэ үлэлэспитэ. Ону таһынан, Уссурийскайга сүрүн судьуйаны солбуйааччынан, Улан Удэҕэ буолбут Арассыыйа үөрэнээччилэрин чэпчэки атлетикаҕа чемпионаттарыгар сүрүн судьуйалаабыта. Арассыыйа чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар үс төгүл судьуйалаабыта.

Госкомспорт бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляевтыын “Урожай” уопсастыбаны сөргүппүттэрэ, бэйэтэ бэрэссэдээтэллээбитэ. Элбэх көҕүлүүр дьаһаллар ыытылланнар, тыа сирин спортивнай олоҕо улаханнык сэргэхсийбитэ. Физическэй култуура уонна спорт салаатын анал үөрэхтээх үлэһитэ, учуутал, тренер, спорт бэтэрээнэ буоларын быһыытынан, тыа сиригэр маассабай спорду көҕүлээһиҥҥэ саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ. Саха сирэ дойду спортивнай  региона буоларыгар сүҥкэн кылааттаах.

История кэрэһилииринэн, сибээс суох, үөрэхтээх киһи тарбахха баттанар, спорт туһунан кинигэ букатын аҕыйах кэмигэр, 1923 с. Саха АССР-га Физкултуура сэбиэтэ тэриллээтин кытта, “медицинскай хонтуруолу биир бастакынан олохтообуттар”,- диэн Прокопий Прокопьевич соһуйарын, хайгыырын биллэрэр. Ол аата нэһилиэнньэ доруобуйатыгар хара ааныттан болҕомто туһаайыллыбытын, спорка научнай сыһыан олохтоммутун, оччолортон киһи доруобуйатын тупсарыыга ылсыбыттарын сөҕөр, дьиктиргиир. Итинэн сиэттэрэн бүгүҥҥү сайдыылаах үйэбитигэр спортсмены араҥаччылыыр, тупсарар туһугар наука, медицина күүскэ үлэлиэн наада диэн санаатын үллэстэр, ырааҕы анааран көрөр тэрийээччи, салайааччы Прокопий Прокопьевич Готовцев.

1960-70 сыллардаахха ССРС бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтөр, үөрэхтээһини сайыннарар сыаллаах-соруктаах, быраастары уонна учууталлары ыраах хоту, Саха сиригэр ыыппыт политикаларыгар сөп түбэһиннэрэн Дьокуускайга медицина институтун бүтэрэн кэлбит Ивановскай уобалас кыыһа Косенкова Тамара Сергеевналыын ыал буолбуттара. Биэттэ бөһүөлэгэр уруу бырааһынньыгын оҥорбуттара. 50-тан тахса сыл бииргэ олорон оҕолонон, ол иһигэр кыыстара Екатерина “Мисс Якутии” аатын ылан, сиэннэнэн, сарын-сарыннарыттан өйөһөн, эйэлээхтик-эккэлээхтик олороллор. “Орто дойдуга уол оҕо буолан оройбунан түһэн олох уустуктарын, араас моhоллорун ааhан, олохтон үчүгэйин, сүмэтин ыламмын, үөрэбин”,- диир Прокопий Прокопьевич. Оннук эрэ буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...