03.02.2022 | 16:00

Олох оскуолата

Олох оскуолата
Ааптар: Галина Спиридонова, Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгин «Саҕа» Ыччат-комсомольскай ферматын үлэһитэ
Бөлөххө киир

Аныгы дьалхааннаах олох киһи кутун-сүрүн ыһара, аймыыра элбэх. Ол иһин аан дойду үрдүнэн духуобунаска, итэҕэлгэ болҕомто улаатта. Саха итэҕэлин биир быстыспат сорҕотунан Таҥха итиэннэ сүллүүкүн буолар.

Биһиги оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн хамсааһын номнуо үйэ чиэппэрэ саастаах, этэргэ дылы, «кырдьаҕас» хамсааһын эбит. Онон, ыҥырыы суолтата, олоххо баарынан эттэххэ, арыый намтаабыт, сыппаабыт, ис хоһооно даҕаны кыратык токурутуллубут кэмэ этэ. Холобура, оскуола кэнниттэн фермаҕа үлэлии тахсыы, сопхуоска хаалыы, кырдьыгынан эттэххэ, киэн туттуу буолбакка, накаастабыл курдук суолталаах этэ – куһаҕаннык үөрэнэн үөрэххэ кыайан киирбэтэх, мөлтөх үөрэхтээх дуу, тойон-хотун оҕото буолбатах дуу ыччаттар эбээһинэстэрин курдук аһаҕастык этиллибэт өйдөбүл баара. Оҕо үксэ куоракка, үөрэххэ бара сатыыра. Холобура, биһиги выпуска «фермаҕа үлэлиэм этэ” диэн ыраланар оҕо баарын өйдөөбөппүт. Биһиэнэ, хайдах эрэ, алҕаска буолбута быһыылаах.

Хайдах саҕаланна этэй? Үөһээ этэн аһарбыппыт курдук, туох кистэлэ кэлиэй, оскуола салалтата мөлтөх үөрэхтээхтэри биир-биир ыҥыртаан, «үөрэххэ барбаккыт, сопхуоска тахсаҕыт” диэн ис хоһоонноох «профилактическай” бэcиэдэлэри ыыталаабыта. Ким эрэ ону ылыммыт, улахан дьон, учууталлар тылларын быһа гымматах, ким эрэ – ылымматах.

Мин ити сыл СГУ филологическай факультетыгар нуучча тылын учууталын идэтигэр туттарса сылдьан, икки эксээмэни ситиһиилээхтик туттаран баран, эмискэ бырабааллаан хаалбытым. Олорор аймаҕым төһө да атын үөрэх кыһатыгар преподаватель буоллар, дьиибэргээн, мин бырабаалым «ис дьиҥин” билээри, деканакка сиэтэн илдьибитэ. Үлэбин таһааран көрдөрөн баран, биир преподаватель «алҕас тахсыбыт, апелляцията суруйуҥ” диэбитэ. Кэлин билбитим, ити саас Дьокуускайга катокка улахан айдаан тахсан, олохтоох омук оҕолорун ордук нуучча тылын салаатыгар ылыыга, аныгы тылынан эттэххэ, «квота» олохтоммут. Биллэн турар, атаҕастабыллаах өттүгэр. Онон мин, тыа оҕото, туох да төрүөтэ суох «сыыйыллан» хаалбыппын.

Ити курдук ким үөрэххэ киирбэтэх бары дьиэбитигэр төннүбүппүт. Төһө даҕаны билиҥҥи курдук суотабай сибээс, бассаап суоҕун иһин, син ким ханна туттарса сылдьарын, туох ситиһиилэммитин-суоҕун билсэ сылдьар этибит. Онон хас оҕо үөрэххэ киириэх курдугун, кимнээх фермаҕа тахсар «дьылҕаламмыттарын” истиһэ билэ сылдьарбыт.

 

Ити курдук бастаан үс кыыс буолан “Терехов өтөҕө» диэн ааттанар сайылыкка ньирэй көрөөччү «статустанныбыт». Сайын бүтэ илик, халлаан сылаас, бэйэбит да эдэр буоламмыт, сарсыарда ахсын чаастан ордук сатыы хааман, ньирэйдэрбитигэр сүүрэбит. Абараат үүтүнэн суораттаан, онно комбикорм эбэн хааһылаан сиэтэбит, үүттэрин биирдиилээн суосканан иһэрдэбит, көөнньөрбө оҥорор оһохпутун тыаттан бэйэбит мастаан оттобут. Үйэбитигэр маннык үлэни толорботох оҕолорго сүрдээх ыарахан этэ гынан баран, барытын буолуохтааҕын курдук ылынан, биир-биэс тыла суох «тук” курдук толорон иһэрбит. Ньирэйдэрбитин буолуохтааҕар, бытыылкалаах үүппүтүн да кыайбакка төлө тутуу, төбөбүтүттэн атахпытыгар диэри суораппытын да таҥнары куттуу барыта баара. Биир күн ветеринардар кэлэн атыыр ньирэйдэрбитин аттаатылар, биһиги онтон кыбыстан күн аҥаара ньирэйдэрбит уйаларыгар чугаһаабакка тыа саҕатыгар сылдьыбыппытын билигин күлэ саныыбын. Балаҕан ыйыгар аны ньирэйдэргитин илдьэ «Саҕаҕа» кыстыкка көһөҕүт диэн буолла.

Бөһүөлэктэн «Саҕа” учаастагар диэри 20 км. Итиччэ ыраахха, эбиитин ньирэй үүрэн барыыны дьулайа да истибиппит. «Арай аара мунан хааллыбыт эбэтэр ньирэйдэрбитин сүтэрдибит?” эҥин диэн араас санаалар киирэллэр. Биригэдьиирбит Афанасий Беленков диэн, билигин санаатахха, фермаҕа холооно суох интеллигентнай, олус холку, сэмэй киһи этэ. Уонча чаас атахпыт хабыллан тахсыар, иҥиир-иҥиирбит салыбырас буолуор диэри хааман, «Саҕабытын” ыкса киэһэ буллубут. Сүүһүнэн ньирэйи кытта бэйэбитин эмиэ биригэдьиирбит барахсан соҕотоҕун бостууктаан илтэҕэ дии. Төһө да сабыс-саҥа ылбыт Үлэбит киниискэтигэр «сопхуос оробуочайа” диэн суруйан ыытталлар, 16-17 саастаах барахсаттар аара ньирэйдэрбитинээҕэр мэниктээн, ойуурга киирэн отонноон сиэбитэ буолан-хайаан, ол сылдьан «эһэ тыаһыыр быһыылаах” диэн от-мас төрдүгэр саһан, муна оонньоон, үрүө-тараа сырсыакалаһан, бэйэлэрэ да кыраттан иҥнэн иһэр ньирэйдэрбитин үргүтэн, биригэдьиирбит барахсаны төһөлөөх кыыһырпыппыт, ыксаппыппыт буолуой?!

Сотору атын «Куруҥ тумуһах», «Ходуһалаах», «Ворошилов» о.д.а. сайылыктарга үлэлээбит кыргыттарбыт эмиэ ньирэйдэрин үүрэн холбостулар, от биригээдэлэригэр үлэлээбит уолаттарбыт кэллилэр. Инньэ гынан биир выпусктан 40-ча буоллубут. Аны туран, сорох кыргыттарбыт бөһүөлэк иһигэр баар «Сүрэх» диэн фермаҕа улахан дьону кытта ыанньыксытынан үлэлиир буолбуттара. Оттон Куокуй, Тыайа, Кальвица, Сииттэ курдук бөһүөлэктэртэн кэлэн, интернакка олорон үөрэммит оҕолорбут бэйэлэрин бөһүөлэктэригэр эмиэ ким ньирэй көрөөччүнэн, ким ыанньыксытынан, кырса ферматыгар, сылгыга үлэлии тахсыбыттара.

Көстөрүн курдук, “оскуола – производство – үрдүк үөрэх” хамсааһын историятыгар, арааһа, биһиги выпуск бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ рекорднай көрдөрүү буолуохпутун сөп. Биир сыл биир выпусктан 60-тан тахса ыччат тахсан, төрөөбүт сопхуоһугар үлэлээбитэ – өтөрүнэн биллибэт түгэн!

“Саҕа” оччолорго “Саҕа” Ыччат-комсомольскай фермата” диэн дьоһуннук ааттанар балайда хааччыллыылаах учаастак этэ. Социальнай объектартан маҕаһыын, остолобуой, кулууп, баанньык бааллар. Үлэһиттэргэ аналлаах түөртүү квартиралаах мас дьиэлэрдээх. Үлэһиттэр диэн биһиги, ону кытта наставниктар, Михаил Данилов уонна Николай Федоров диэн кырдьаҕастар, итиэннэ повар, атыыһыт, от тиэйэр, уу баһар үлэһиттэр. Үс сүүнэ улахан хотон баара, ким ааттаабыта буолла, маҥнай муодаргыы истэрбит – «Саха хотоно”, “Нуучча хотоно” уонна “Эрмээн хотоно”. Туппут биригээдэлэр ааттарынан буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Кыргыттар үксүбүт ньирэй көрөөччү буоллубут, биирдии бэйэбит 60-чалыы ньирэйи туттубут. Арай Саргы Левина – кулууп, Шура Полятинская остолобуой үлэһиттэрэ буоллулар. Уолаттар фуражир, скотник буоллулар. Дьиҥэр, хаһан эрэ сааҕы тыраахтарга тиэйэр транспортер баар буола сылдьыбыт дуу, оҥорон иһэн ситэ таҥматахтар дуу, биһиги кэммитигэр үлэлээбэт буолан турара. Кыһыары, арааһа, букатын да көтүрэн таһаартара быһыылаах.

Үлэбит чааһа сарсыарда 6-тан саҕаланар. Бастаан утаа, кыайбаппыт, сатаабаппыт бэрдиттэн, сарсыарда 6 чааска тахсыбыт дьон киэһэ утуйарбытыгар эрэ киирэн, нэһиилэ ороммутун буларбыт. Ол тухары аһаабакка-сиэбэккэ сылдьарбыт. Сыыйа син үлэбитин кыайар буолбуппут. Халлаан да тымныйан, дьиэбитигэр ыксыырга күһэллибиппит. Оһохпутун бэйэбит мас хайытан оттор буоламмыт, күнү күннүктээн хотоҥҥо хам аччык сылдьан баран тоҥ хаһаа дьиэҕэ кэлэр сыанан-арыынан аҕаабат этэ. Мас хайытан, муус уулаан, оһох оттон, ас астанан аһыахха, оһоҕу куоттарбакка сабан, сылааска утуйуохха наада.

Хамнаспыт ким төһө привеһы ылбытынан ааҕыллар буолан, бэйэбит даҕаны кыһаллан үлэлиирбит. Уулаппатах, ньирэйдэрбит уйаларын ыраастаабатах, саахпытын күрпэтэх, тиэйбэтэх, анаммыт бугулбутун сүгэн киллэрбэтэх күммүт суоҕа. Төһө даҕаны сүрэҕэлдьээһин, мэниктээһин баарын үрдүнэн, сэбиэскэй иитии оҕолоро буоламмыт буолуо, эппиэтинэс сүҥкэн этэ.

Кэлин сынньалаҥ да баар буолбута. Кулууппутугар киинэ көрөбүт, таансылыыбыт, уолаттар теннискэ, бильярдка сөбүлээн оонньууллар. Оннооҕор гитара, ударнай курдук музыкальнай инструменнарга дуоһуйа дьарыктаналлара. Үлэ фронугар сылдьар дьон диэн буолуо, саҥа киинэни бастаан биһиэхэ, «саҕаларга», аҕалаллара, ол кэннэ биирдэ бөһүөлэккэ таһаараллара. Саас бука барыбытын бөһүөлэккэ киллэрэн, «Иди и смотри» диэн саҥа киинэни көрдөрбүттэрэ. Сойуус ыһыллаары, олохпут укулаата уларыйаары турарын биир бэлиэтэ ол буолуон сөп. Маҕаһыыммытыгар эмиэ дефицит табаары биһиэхэ бастакынан аҕалаллара. Бөһүөлэккэ атыыламмат, оччолорго күндүнэн ааҕыллар духи арааһа биһиэхэ эрэ кэлэрэ. Ону хотоҥҥо кэтэр тас таҥаспытыгар туруору куттарбыт, хотон сытын сүтэрээри.

Киэһэ үлэ кэнниттэн дьиэбитигэр олорон “города-реки” оонньуурбут, гитаранан ыллыырбыт, хаартылыырбыт. Тэлэбиисэр суох, арай магнитофонунан ырыа истэрбит. Кыргыттар үксүн баайар, кинигэ ааҕар буоларбыт. Саас таһырдьа оонньуур буолбуппут, сасыһа оонньоон оту дэлби тэпсэн мөҕүллэрбит, уолаттар биһигини матасыыкыл ыытарга үөрэтэллэрэ. Быһата, бэйэбит бэйэбитин аралдьытынарбыт.  

Остолобуойбутугар күҥҥэ биирдэ эбиэккэ олус маанытык, минньигэстик, тотоойутук уонна босхо аһыыр этибит. Саас остолобуойбут сабыллыбыта. Ол кэннэ аны суол алдьанан, маҕаһыыммыт тохтообута. Килиэп да суох буолбута. Хата, кыһын тоҕо эрэ тоҥорбут, курсуйбут килиэппитин булан үөрүү бөҕө буолбуппут. Арааһа, ньирэйдэрбитигэр сиэтээри ууруммуппут буолуо. Ити курдук чахчыта да оту-маһы аһаан, этэҥҥэ суол турарыгар тиийбиппит.

Улахан бырааһынньыктарга оптуобуһунан бөһүөлэккэ таһаараллара. Киэһэ хотоммутун дьаһайан баран айанныыбыт уонна нөҥүө сарсыардатыгар им да сүтэ илигинэ төннөн кэлэбит. Таансыга бөһүөлэк ыччаттарыттан туспа тутта сылдьабыт. Тоҕо диэтэххэ биһигиттэн хотон сыта кэлэр дииллэриттэн кыбыстабыт. Төһө эмэ суунан-тараанан, баттахпытын плойкаланан, духи бөҕөнөн ыстарынан тиийээхтиибит даҕаны, кырдьык, хотоҥҥо олорбот эрэ үрдүнэн үлэлиир дьон сыппыт-сымарбыт ыраахтан «дыргыйан” олордоҕо.

Бэс ыйын саҥатыгар үлэлээн бүппүппүт. Уолаттар армияҕа ыҥырыллыбыттара, кыргыттар үөрэххэ аттаммыппыт. Онон «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн девизкэ балайда барсар гына сылдьыбыппыт. Билигин бары ким үрдүк, ким орто анал үөрэхтээх дьон буолан, олохпут орто омурҕанын аастыбыт. «Саҕа» Ыччат комсомольскай ферматыгар үлэлээн, олох бастакы улахан оскуолатын ааспыппытын кэлин биирдэ өйдүүбүт. Ыарахаттартан чаҕыйбакка, дьон эрэлин түһэн биэрбэккэ, ылсыбыт дьыаланы тиһэҕэр тиэрдэргэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ, бука, үгүспүт манна үөрэммитэ буолуо.

Эдэр сааспыт биир умнуллубат, элбэххэ уһуйбут фермата билигин нэһилиэк биир көстүүлээх, историческай суолталаах миэстэтигэр кубулуйан эрэрэ туһунан махталлаах дьыала. Кураанаҕы кэпсиэхтээҕэр, интэриэһиргиир, сэргиир, суолталыыр дьон баран илэ харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн кэлэллэрэ ордуга ханна барыай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...