29.12.2024 | 16:00

Олох олоруу сэһэнин сэгэтэн көрдөххө…

Олох олоруу сэһэнин сэгэтэн көрдөххө…
Ааптар: Степанова Валентина Егоровна, бөлөсүөпүйэ билимин хандьыдаата
Бөлөххө киир

Киһи үксүгэр кинигэни ааҕан баран ууран кэбиһээччи. Ньурбаттан төрүттээх В.В. Литвинов «Олоҕум кэпсээннэрэ» диэн тас көстүүтүнэн дьоҕус эрээри, баай, дириҥ ис хоһоонноох кинигэтэ хайдах эрэ бэйэтин ураты тыынынан санаа атастаһар кэпсэтиигэ ыҥырар курдук…

Бу Орто дойдуга кэлбит хас биирдии киһи анал бэйэтэ сайдар бырагыраамалаах диэн суруйаллар, этэллэр. Ол туох бырагыраамалаах кэлэбитий диэн ыйытар оруннаах курдук… Үрдүк аналлаах айдарыылаах ааптардар Л.А. Секлитова уонна Л.Л. Стрельникова суруйалларынан, билигин «Киҥкиниир киэҥ куйаар» – «Сир» – «Киһи» бэйэ-бэйэлэригэр дьайсар ситим күүстэрин ньэгирэ, сайдыыта 5-с таһымтан 6-ка көһөр кэмэ. Ол көһүү кэмин күүһэ киһини киһи быһыытынан уһугуннарар тыыннаах. Тус бэйэтигэр эргилиннэрэн, бэйэтин киһи быһыытынан хаачыстыбатын өҥөйөн көрөн, сайдыы суолугар салайарын курдук өйдүөххэ сөп дии саныыбын. Киһи олохтон бэйэтин үөрэтэр үөрэнээччи буолан, хаһан да өлбөт-сүппэт кутун-сүрүн хас бу Орто дойду олоҕор төннөн кэллэҕин ахсын олох умсулҕанын үөһүгэр бииртэн биир ситиһиигэ дабайан иһэрэ сэрэйиллэр...

Итинник өйдөбүллэринэн салайтардахха, Владимир Литвинов духуобунас тыыннаах кэпсээннэрин ааҕа олорон, «бэйи эрэ, олох туох сэһэнин этэрэ буолла» диэн санаа угуйан-ыҥыран, ураты турукка киирэн, саҥаттан саҥа  кэпсээни ааҕарга умсулҕан алыбар киирбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалар эбиккин...

Ааптар: «Айылҕа миэхэ доруобуйаны биэрбитэ. Ол иһин иитиллибит ийэ айылҕабын олус таптыыбын, кэрэтин кэрэхсиибин. Ытык иэһим диэммин хоһооммор хоһуйабын, ырыабар ыллыыбын», – диэн этэр санаата хас кэпсээнин аайы арылҕайдык көстөр. Дьэ, кырдьык, төрөөбүт айылҕатыгар бэйэтин дьиҥ кутунан-сүрүнэн тапталын чаҕылҕай туоһута – «Оонньообутум оҕус буола сыспыта» диэн кэпсээнэ. Оттон кэпсээнин «Хайа баҕарар кыыл даҕаны оҕотун көмүскэһэр, харысыһар майгылаах буолалларын онно өйдөөбүтүм» диэн түмүктүүр.

Өссө биир ураты тиэмэ – дьиҥнээх таптал… Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара Евдокия Егоровнаны кытта Владимир Владимирович тоҕус сыл доҕордоһон, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэн баран кэргэннии буолбуттарын туһунан «Дьиҥнээх таптал үйэлээх буолар» диэн кэпсээнигэр бэрт иһирэх тылларынан суруллубуту астына-дуоһуйа ааҕаҕын... Дьэ, кырдьык да, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэн кэргэннии буоланнар, олохторугар дьоһуннук, дьоллоохтук олороллоруттан киһи үөрэ астынар.

Мин Евдокия Егоровнаны Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка үлэлиир сылларбыттан билэбин. Оччолортон: «Үөрэнии – ыарахан үлэ. Оҕоҕо үөрэнии үөрүүнү-көтүүнү аҕалар эрэ буоллаҕына сөбүлүүр», – диэн эппитин билигин бу суруйа олорон санаан ыллым.

Литвиновтар ыал буолан холбоспуттара 60 сылын бу соторутааҕыта бэлиэтээн, дьоннорун-сэргэлэрин үөрдүбүттэрэ.

Ытыктыыр күндү мааны дьоммутугар Евдокия Егоровнаҕа, Владимир Владимировичка барыта этэҥҥэ буолуохтун диэн сырдык алгыс санаабын тиэрдэбин!

Владимир Владимирович оҕо буолан төрөөн улааппыт төрүт олоҕун уйата, ийэтин, аҕатын тыынын иҥэриммит төрөөбүт дьиэтин сылаас эйгэтэ кэпсээннэрин кута-сүрэ буолан, ааҕааччыны эйэлээх ил тыынынан иилии кууһар. «Кырдьык кыайбыта», «Кыыл кыыһа» диэн кэпсээннэргэ ийэтэ Марфа Кузьминична оҥорбут-тэрийбит үтүө дьайыыларын туһунан олус иһирэхтик суруйан, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таһааран, духуобунас эйгэтин кэҥэттэ  диэн сэмээр үөрэбин.

Хомуурунньукка олох олоруу төрдө буолар дьиэ кэргэн олоҕо-дьаһаҕа ураты өрө тутуллар. Онно Духуобунас тыына, Өй-санаа уонна Дьарык эйгэтэ сүрүн төрүт буолар дии саныыбын. Хас биирдии суруйбут кэпсээнэ бэйэтэ тус олох сэһэннээх, тус дьайыы ньымалаах, түмүктээх. Оттон кэпсээннэрин тиэмэтэ олус киэҥ: айылҕа ураты көстүүтүттэн саҕалаан, космос киэҥ эйгэтин баһылааһыҥҥа тиийэ… Ханнык да тиэмэҕэ киһи/омук кутун-сүрүн иэйиитэ, уратыта бэрт кылгастык түмүк санаанан этиллэн, ааҕааччы тус бэйэтин кутун-сүрүн кытта кэпсэтэн ылар түгэнин тэрийэн, ааҕа олорон соһуйан, «Тыый, кырдьык даҕаны» диэн саҥа аллайан, ааптары кытта кэпсэтэр турукка киирэн ыларгын ситиһии, мин саныахпар, Владимир Владимирович олоҕун бырагырааматынан ананан айыллан кэлбит ураты талаана эбит…

Дьэ, итигирдик… Мин ураты суоллаах-иистээх ааптары бэйэбэр арыйан, үөрүүм улахан! Оттон үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр – уһуйааччы учууталларга бу В.В. Литвинов «Олоҕум кэпсээннэрэ» кинигэтин киэҥник туттарга сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ кинигэ олоххо буолбут тыыннаах сыһыаннары, ол аата кут-сүр сайдыытын нөҥүө духуобунаһы сэһэргиир. Онон бу кинигэ алыптаах кыаҕын төһө кыалларынан киэҥ эйгэҕэ туттарга сүбэ-этии киллэрэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...