Олох — истиҥ иэйии
Халыҥ аймаҕы тэниппитэ
— Мин аҕам Иван Иванович Оконешников тулаайах үөскээн, олох ыарахаттарын барытын тулуурдаахтык ааһан, ийэбинээн сэттэ оҕону төрөтөн, олус дьоллоохтук олорбуттара.
Аҕабынан эһэм оччотооҕу кэмҥэ биир дойдулааҕын кытта эт, ас атыылыы куоракка икки сыарҕалаах атынан барбыттар. Ол истэхтэринэ Лена өрүс арыытыгар ороспуойдар дуу, күрүөйэх хаайыылаахтар дуу иккиэннэрин ытан өлөрбүттэр. Сыарҕаларыгар бэйэлэрэ саалаахтар эбит даҕаны, ыга кэлгийэн испиттэр. Эһэбит онно тутатына өлбүт, аргыһа балыыһаҕа киирэн өлбүт. Аҕам муҥнаах, оҕо сылдьан аччык, аас-туор олоҕуттан, ыарыһах буолан, күн сириттэн эрдэ туораабыта. Оччотооҕу үүт собуотугар эриллибит үүт күүгэнин баһан сииллэр эбит, ыаллар эргэ хаппыт сүөһү тириитин биэрбиттэрин илдьи буһаран сииллэрин махтана саныыр этэ.
Сэрии саҕана сут-кураан содулуттан Мугудай алааһыттан хаһан да харахтаабатах ыраах Эдьигээн оройуонугар соҕотох ийэлэрин кытта түөрт бииргэ төрөөбүт уолаттар көһөрүүгэ барбыттар. Айаннаан иһэн, борохуот кэлэн биэрбэккэ, биэрэккэ аһаҕас халлаан анныгар аһыыр аһа да суох хас да хоммуттар. Биһиги аҕабыт, аччыктаан, мырааҥҥа отоннуу тахсан аны борохуотуттан хаалбыт. Арай онно эмиэ борохуоттан хаалбыт Гриша Оконешников диэн уол хортуоска үтэн сии олороро уонна "дьэ, антах интэринээккэ ыллахтарына, аскыттан төлөһөөр" диэн хортуоскатыттан бэрсибитэ үһү. Эдьигээҥҥэ тиийэн интэринээккэ олохсуйан, өргө диэри өлүү аһылыгыттан ол Гриша диэн уолга төлөһө сылдьарын билэн тохтоппуттар. Ол кэнниттэн аҕам өлүү аһылыгын ийэтигэр, бырааттарыгар мунньар буолбут. Уот остуолбатыгар иилэр көҥдөй иһит курдукка арыытын таптайан мунньар, лэппиэскэтин уонна саахарын сыыһын сыттыгын анныгар уурунар эбит. Онтун, уоран ылыахтара диэн, баттаан сытара үһү. Дьэ ол аһын өрөбүлгэ дьонугар кэһии гынан илтэҕинэ, ийэтэ, бырааттара, оо, үөрээхтииллэр да эбит. Биирдэ хаһааммыт арыытын уоран ылбыттарын хойукка диэри санаан аһыйар этэ. Хата, ол дойдуга дөлүһүөн бөҕө үүнэрэ үһү, ону нуорма бурдукка эбэн хааһы курдук оҥорон сииллэр эбит, оттон убайдара балыктааһыҥҥа сылдьыбыттар.
Ийэлэрэ оҕолорун хатаҕалаан аанньа аһаабакка буолуо, кыра уолун Дьөгүөссэни хоонньоһон эмтэрэ сытан, хоргуйан бараахтаабыт. Ийэ эрэйдээх туох санаалаах сытан өлөөхтөөбүтүн саныырга даҕаны ыарахан... Биирдэ тото аһыыр баҕата, оҕолорун сир-халлаан ыккардыгар хаалларан эрэриттэн хараастыыта, төрөөбүт дойдутугар эргиллибэт кыһыыта-абата...
Уолаттар төрдүөн этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллибиттэр. Улахан уол Федор сэриигэ бастакы хомуурга ыҥырыллан, сураҕа суох сүппүт, иккис уол Хабырыыс Дьокуускайга хаалан тыаҕа мас кэрдиитигэр, кэлин тутууга үлэлээбит. Дьөгүөр аҕабынаан дойдуларыгар Чурапчыга кэлбиттэр. Аҕабыт салгыы Сыланҥа интэринээккэ олорон үөрэммит. Оскуоланы бүтэрэн педучилищеҕа үөрэнэ киирбит даҕаны, иккис кууруска училище Бүлүүгэ көһөн хаалан, кыайан үөрэнэ барбатах. Тымныйан, диспансерга киирбит. Эмтэнэн тахсан Чурапчыга телеграфка үлэҕэ киирбит. Морзанан телеграммалары, сводкалары ыытар эбит, онтон киоскаҕа кинигэ, хаһыат атыылаабыт. Кэлин атынан кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы куйааска Сылаҥтан, Мындаҕаайыттан почта таспыт. Онтон олоҕун тиһэх сылларыгар диэри лесхозка технигинэн үлэлээбитэ. Хабаровскайга үөрэнэн кэлбитэ. Аҕам оройуон туох баар тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттара, дьокутаатынан талыллан, элбэх үлэни, көмөнү оҥорбута. Ыллыыр, үҥкүүлүүр, суруйар идэлээх этэ.
Иккиэйэх хаалбыттар
Ийэм Мария Гаврильевна Оконешникова (Тоскина) Одьулуун нэһилиэгэр Устинья Захаровна, Гаврил Григорьевич Тоскиннар диэн холкуостаах ыалга уон ахсыс оҕонон төрөөбүт. Аҕата - эһэбит биллэр тимир, мас ууһа, стахановец. Оччотооҕу кэмҥэ ат көлөнөн Охотскайтан таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Күһүн айаннаан баран саас биирдэ кэлэрэ. Ийэм кыра сааһыттан, ийэтэ ыарыһах буолан, ыарахан үлэҕэ эриллибит. “Бурдук тардар, кыайбат буолан солбуһа сылдьан талкыга тирии имитэр, хотоҥҥо уонтан тахса ынах ыаныар диэри тымтык тутар этим. Ол саҕана чүмэчи, эгэ, лаампа кэлиэ дуо, баһаам тымтыгы умуруорбакка тутарым. Ынахха ньирэйи эмтэрэн баран, кыайан тардыбакка быһа эмнэрэн кэбиһэн, оройго сутурук үгүстүк ыалдьыттыыра. Ийэбэр көмөлөһөн, олох кыра киһи саах күрдьэн, түннүгүнэн быраҕан балбаахтыырым. Аҕам көмөлөһөр киһитэ суох буолан уокка оттор мас мастыырга илдьэ сылдьара, сүрдээх сылаалаах үлэ ол этэ. Араас суон тиити илии эрбиитинэн суулларан, сыарҕаҕа тиэллэр гына эрбиирбит. Икки атынан от тиэйиитигэр эмиэ, ат иччитэ диэн илдьэн, бастакы аты батыһыннарарым. Хата, аҕам үлэҕэ үөрэтэн, сааһым тухары хара үлэнэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым. Сүөһүгэ сыстаҕас буолан, кэргэн барарбар ньирэйдээх ынах энньэ биэрэн, ол ынахпытын быспакка, сэттэ оҕобутун үрүҥ аһынан аһатан, сылын аайы идэһэлэнэн, оттоон-мастаан, ыал тэҥэ олорон кэллэхпит. Мин үлэһит буолан, 13 сыл үлэлээн, аан бастаан хамнас аахсыбыт тэрилтэм олох-дьаһах кэмбинээтэ этэ. Олус үчүгэй салайааччыларга түбэһэн ааспытым», – диэн Мария Гаврильевна олоҕун туһунан кылыгарас буочарынан суруйан ууруна сылдьар уонтан тахса тэтэрээтин кыыһа Розалия Ивановна көрдөрбүтүттэн булан ааҕабын.
Ийэм бииргэ төрөөбүт уон аҕыс оҕоттон убайа Түмэппийдиин иккиэйэҕин эрэ ордон хаалбыттар. Убайа оччолорго хомсомуол чилиэнэ, 16 сааһыгар Алдаҥҥа көмүс үлэтигэр тылланан барбыт. Ийэм ити сылларга ыал устун сылдьыбыт. Оннук аймахтарынан хардары-таары сылдьан баран, үһүс кылааһы бүтэрбитин кэннэ убайа бэйэтигэр ылбыт. Онно оскуоланы бүтэриэр диэри оҕо буолан олорбут. Онон оҕо сааһын саамай дьоллоох кэмнэрэ убайа Түмэппийи, саҥаһа Маайаны кытта ыкса ситимнээх. Саҥаһа холхуос бастыҥ ыанньыксыта, мэлдьи өйүүр, төрөппүт оҕотун курдук сыһыаннаһар эбит. Эдэр буолан тэҥҥэ оонньоон, күлсэн-салсан олорбуттар. Убайа Түмэппий үчүгэй булчут эбит. Саас Одьулуунтан кус, хаас бөҕөнү бултаан, тиэнэн, кыра оҕус сыарҕатыгар олорсон Чурапчыга киирэллэрин ийэм наһаа үөрэ ахтар. Ол саҕана таҥас-сап кэмчи буолан, американскай бурдук куулунан ыстаан тиктэллэр, хатырык оргутан онно ырбаахыларын кырааскалаан кэтэллэр эбит. Убайа мэлдьи кэһиилээх сылдьар, наһаа үчүгэй ойуулаах былаачыйалары, бачыыҥка аҕалара үһү. Оччолорго ынах этэрбэстээх буоларым, ол таҥастарбын бырааһынньыктарга эрэ кэтэрим диир.
Ийэм сэттис кылаас кэнниттэн медицинскэй училищеҕа киирэн баран, практикатыгар өлбүт дьону көрөрүттэн куттанан, бырахпыт. Сайынын эбии төлөбүргэ окко үлэлээбит.
Истиҥ иэйии
Өктөөп бырааһынньыгар бэлэмнэнэ ыччаттар кулуупка мусталлар эбит. Ийэлээх аҕам олох эдэр саастарыгар, ийэм 17-лээҕэр, аҕам 19-тааҕар онно сылдьан, билсибиттэр.
Аҕабыт, эдэркээн, сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт уол, хоһоону олус үчүгэйдик суруйар, оччолорго телеграфка үлэлии сылдьар кэмэ. Ийэбит синньигэс биилигэр охсуллар уп-уһун, хоп-хойуу суһуохтаах кыыс. Арай ийэм дьоно аҕабытын тулаайах диэн сөбүлээбэккэлэр дьиэҕэ да киллэрбэттэр эбит. Ийэм барахсан дьонун убаастаатар, толуннар да, аҕабытын кытта бииргэ буолаары, күрээн хаалбытын кэннэ дьоно дьэ сөбүлэҥнэрин биэрэн, ыҥыран ылан уруу тэрийбиттэр. Ийэм убайа Тимофей Гаврильевич Тоскин оччолорго оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ куоракка мунньахха киирэ сылдьан сырдык, бүтүннүү сибэкки ойуулаах крепдешин таҥас таһааран, былаачыйа тиктэрбиттэр. Аҕабыт хара пиджак тиктэттэрбит.
Уруулара кулун тутар 11-12 күннэригэр буолбут. Бастакы күн ас бөҕө астаан баран, ыалларын ыҥыртаары, күтүөтү кэтэһии буолбут. Аҕам киэһэ хараҥарыар диэри суох үһү. Ийэм аҕата Хабырылла оҕонньор кытара-кытара кэтэһии бөҕө, биир сиргэ таба олорбокко, төттөрү-таары хаамыы, күтүөт мэлигир. Ийэм ойуулаах крепдешин былаачыйатын, хаатыҥкатын кэтэн олорбут, кыбыстыы бөҕө буолбут. Дьэ ол олордохторуна аҕам хаһаайыстыбаннай хара суумкалаах буруйдаммыт курдук туттан оргууй киирэн кэлбит. Оччоҕо убайа Сүөдэр таҥара дьиэтин таһыгар электростанцияҕа уу кутааччынан үлэлиирэ үһү, онно хаары уулларан куталлар эбит, аны ол кэнниттэн, үлэ чааһын бүтүүтэ, Дьаарылла маҕаһыыныттан атынан баран испиир ылан кэлбиттэр, ол иһин хойутаабыттар. Дьэ, күтүөт кэлэн, урууга ыҥыртыы, ыалларынан оҕолору сүүрдүү сүпсүлгэнэ буолбут. Тула ыалларын барытын ыҥырбыттар. Кэлбит дьон бары тугу эрэ кыбынан киирэ-киирэ, ким миискэ, ким саахар иһитэ биэрэллэр. Тарҕаһыы буолбутугар ыаллара Аана, холуочуйан баран, ийэбин кууһа-кууһа: "Чэ, Һыллыай, 40 солкуобай киллэрэн баран биэрбэтим, харчыбыт олох суох, бэйэбитигэр наһаа наада, бырастыы гын,"- диэхтээбит. Ийэм сырдык күөх былаачыйата барыта хап-хара буолан хаалбытын сууйан, куурдан, иккис күнүгэр эмиэ кэппит. Иккис күн телеграф үлэһиттэрэ, почта начаалынньыга Маслов диэн нуучча киһитэ кэргэнинээн уонна нуучча кыргыттара кэлбиттэр. Бэлэх бөҕө аҕалбыттар. Ийэбэр сибиитэрэ, аҕабар маҥан сорочка, сиреневай солко сиэх быһаҕас теннискэ. Нөҥүө күнүгэр малларын - утуйар таҥастарын, иһиттэрин-хомуостарын - акка тиэйэн, биир ынаҕы батыһыннаран балаҕаҥҥа соҕотох олорор дьахтарга көспүттэр. Тиийбиттэрэ, училище оҕолоро кэлбиттэр, дьиэлээх дьахтар торуой буһаран, алаадьылаан кэтэһэн олороллор үһү.
Дьоллоох дьиэ кэргэн эйгэтэ
Онно олорон ынахтарыгар хотон туттубуттар, дьоно биэрбит харчыларынан тимир орон ылынан наһаа байбыт дьон курдук санаммыттар. Аҕам үлэтинэн остуолба линиятын тарда Кытаанаҕынан баран хаалбыт, ийэм иккилии хонукка дэриэбинэлэринэн лекциялаах кэнсиэртээх гастроллуу бараллар эбит. Онон убайын аахха көспүттэр. Кэлин кыараҕас, элбэх киһи олорор буолан, ынахтарын батыһыннарбытынан атын балаҕаҥҥа көспүттэр. Сотору-сотору көһөр буолан, ынахтара күрээн сордуур эбит. Балаҕаннарыгар бастакы маллара диэн улахан табаар дьааһыгын куруһубанан киэргэтэн, обуойдаан, ыскаап оҥостубуттар, онтуктара бэйэлэрэ көрөллөрүгэр наһаа үчүгэй үһү, ону ыаллара эмээхсин киирэ сылдьан "чээн, ыаллаах оонньообут курдук" диэбит.
Ийэлээх аҕам ол курдук 1962 сыллаахха дьиэ туттан киирбиттэр. Бииргэ төрөөбүт сэттиэ этибит, билигин төрдүөбүт. Бэйэбит элбэхпит таһынан, куруук хоноһолоох, тэлгэһэбит иһэ оҕо күлүүтүнэн, саҥатынан толору буоларбыт. Ийэбит араас кыраһыабай таҥаһы тигэн, дьонтон хайҕанар этибит. Саҥа дьылга эргийэр харыйа туруоран, дьиэбитин бүтүннүү симээн-киэргэтэн кэбиһэллэрэ, барыбытыгар түүннэри маскарад тигэн, түбүк бөҕө буоларбыт, бары кыттыыны ылаары үөрэрбит. Ыалларбыт оҕолорун ыҥыран, хороводтаан, бадаарактаан, аҕабыт Тымныы Оҕонньор буолан киирэрэ. Онтон сыарҕалаах атынан толору тиэллэн аймахтарбытыгар айанныырбыт. Бэйэбит бэлэмнэнэн, киэһэ төрөппүттэрбитигэр, ыалларбытыгар кэнсиэр көрдөрөрбүт. Төрөппүттэрбит дьуһуурустуба уочаратын оҥороллоро, ол уочаратынан иһит, муоста сууйарбыт, дьиэ хомуйарбыт. Сайын окко эрдэттэн оҥостон, балааккаланан, дэлэй ыһыктанан, бырааһынньык курдук тэринэн кэлээскэлээх матассыыкылынан барарбыт.
Ийэм Мария Гаврильевна билигин Чурапчыга олорор, 87 саастаах, сибэкки үүннэрэрин олус сөбүлүүр, сиэннэригэр көмөлөһөр уонна бэйэтин санааларын уонча халыҥ тэтэрээккэ ыраас кыраһыабай буочарынан хоһоон гынан тиһэн, кичэллээхтик уура сылдьар,- диир билигин Чурапчыга ийэтин кытта олорор орто кыыс Розалия Ивановна.
Түмүк
Трофимова Розалия Ивановналыын уопсастыбаннай үлэнэн алтыһан, киһи быһыытынан олус сэмэйин, чиэһинэйин, эппит тылын толорорун, дьоҥҥо үтүөнү оҥорорун, доҕотторугар истиҥ сыһыаннааҕын бэлиэтии, хайгыы көрөбүн. Ис-иһиттэн сыдьаайар сырдык санаалаах, үөрэ-көтө көрсөр, эйэҕэстик сэһэргэһэр биир санаалааҕым кэпсээниттэн уонна ийэтэ суруммут тэтэрээтиттэн бэчээккэ бэлэмнээтим.