04.03.2023 | 16:00

Олох архитектора

Олох архитектора
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Саха дьахталларын ортотугар дэгиттэр талааннаахтар аҕыйаҕа суохтар диэтэхпитинэ, сыыһыахпыт суоҕа – ким эрэ ыллыыр-туойар, ким эрэ хоһоон суруйар, ким эрэ иистэнэр. Оттон бүгүн кэпсиир Далбар Хотуммар – Маргарита Николаевна Лазареваҕа ити талаан барыта баар, ааһа баран, кинини чахчы да олох архитектора диэххэ сөп.

Олоххо бэлэмнээх буола улааппыппыт

Арассыыйа инбэлииттэрин уопсастыбатын Саха сиринээҕи уопсастыбаннай тэрилтэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Маргарита Николаевна Лазарева 60 сыл анараа өттүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Мэйик нэһилиэгэр 12 оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Дария Степановна Накытова ырыаһыт, иистэнньэҥ, артыыс бэрдэ, биир тылынан, айылҕаттан улахан талааннаах киһи этэ. Үөһээ Бүлүү норуодунай тыйаатырыгар артыыстыы сылдьыбыта, ырыаһыт быһыытынан бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Аны улахан иистэнньэҥин биир дойдулаахтара бары бэркэ диэн билэр этилэр. Дьиҥэр, удьуор иистэннэҥ эбит, ийэтин батан дииллэрэ, эбэлэрэ эмиэ сүрдээх иистээҕэ үһү. Хомойуох иһин, ийэлэрэ олохтон эрдэ туораабыт.

Ыал аҕата Николай Петрович Винокуров 17 сааһыттан үйэтин тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыта, сэбиэскэй-партийнай үлэһит. Эмиэ айылҕаттан талааннаах киһи этэ, иллэҥ кэмигэр хоһоон, кэпсээн суруйара, оһуохайдаан да турааччы, олус үчүгэйдик уруһуйдуура, уһанара. Ити курдук, төрөппүттэриттэн бэриһиннэрэн, Винокуровтар бары даҕаны тылга уонна ахсаан өттүгэр дьоҕурдаахтар. Төрөппүттэрэ «киһи сатыырын киһи сатыахтаах» диэн үөрэтэн-такайан, билигин тоҕус оҕо барыны бары сатыыллар диэтэххэ, омуннааһын буолбатах.

Хомойуох иһин, улахан убайдара оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олохтон баран, Маргарита ыал улахан оҕото буола түспүтэ. Ийэтэ өлөрүгэр баара-суоҕа 16 эрэ саастаах кыысчаан аннынан тоҕус оҕо хаалбыта. Биэс бырааттаах, түөрт балыстаах эппиэтинэһэ барыта кини дьарамай санныгар сүктэриллибитэ – оҕолор үөрэхтэрэ, үлэлэрэ, бэрээдэктэрэ, таҥастар-саптара.

Маргарита оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр ийэтэ бары өттүнэн сайыннарара, онон предметнэй куруһуоктарга үксүгэр сылдьара, саамай сөбүлээн туран үҥкүүнэн дьарыктанара. Онуоха иистэнньэҥ ийэтэ үҥкүү таҥаһын талбыты тигэн биэрэрэ. Биллэрин курдук, сэбиэскэй кэмҥэ сахалыы тойугу, хомуһу сэҥээрэр киһи эриэккэс буолара. Ол да буоллар Винокуровтар ийэлэрэ хомустуур, туойар, ыллыыр, оттон аҕалара оһуохай тылын таһаарар буоланнар, кыыс эмиэ фольклор өттүн олус сөбүлүү, кэрэхсии улааппыта. Чабырҕахтыырын, астынан туран хоһоон ааҕарын туохха да биэрбэт этэ. “Арааһа, библиотека хоһоонноох кинигэтин барытын аахтаҕым буолуо”,– диэн билигин ахтар.

Оскуола кэнниттэн Маргарита архитектор буолар баҕалаах соҕуруу политехническэй институкка туттарсан киирбитэ эрээри, биир сыл үөрэнээтин кытта ийэтэ өлөн, төннөн кэлбитэ. Кэлин, кэргэн тахсан баран, кэтэхтэн үөрэнэн библиотекарь идэтин ылбыта.

Өбүгэ ситимэ

«Ийэбэр көмө буолар этим, онон ииһи туппутунан улааппытым”,– диэн кэпсиир олох кыра эрдэҕиттэн иистэнэр, ону таһынан баайар, быысыбайдыыр, оҕуруо анньар буола улааппыт кыыс. Дэлэҕэ, 12 сааһын туолбутунан ийэтэ иистэнэр массыына бэлэхтиэ дуо?! Миэтэрэнэн таҥаһы төһө баҕарар ылан биэрэрэ, онон бииргэ төрөөбүттэригэр таҥас тигииттэн саҕалаабыта. Билигин оҕо таҥаһыттан саҕалаан этэрбэскэ, бэргэһэҕэ, истээх соҥҥо тиийэ тигэр. Бэйэтин кэмигэр элбэх сыбаайбаҕа былаачыйа тигэн турар. Ол эрэн быыстапкаларга эҥин олох кыттыбатах, «тиктэрбит дьон сыанабыла миэхэ туохтааҕар да күндү” диэн сэмэйдик мичээрдиир. Саҥа ииһи туттаҕына, ийэтиттэн эбэтэр  эбэтиттэн көмөлөһүҥ диэн көрдөһөрүн үөрэ үллэстэр.

 «7 саастаахпар суруйбут бастакы хоһоонум «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыта. Кэнники «Алаас ахтылҕана» брошюраны, «Истиий дуу, сүрэҕим сипсийэрин» хомуурунньугу таһаартарбытым. Ырыа буолбут хоһооннордоохпун, Надежда Макарова уонна Анатолий Слепцов диэн мелодистар хас даҕаны ырыаны айан тураллар», – диэн кэпсээн – бүгүҥҥү дьоруойбут чахчы талба талааннааҕын чаҕылхай туоһута. Тыл күүһэ хоһоонунан, ырыанан эрэ муҥурдаммыт. Өбүгэ ситимэ диэн баар, айылҕаттан бэриллибити хааһахха хаалыы сылдьыбаккын. Төрдүтүгэр баар буола сылдьыбыт «улахан» дьонтон киниэхэ тыл күүһэ бэриллибит. Ол курдук, 2006 сылтан, Владимир Алексеевич Кондаков көҥүл биэриэҕиттэн, алгыһынан дьону эмтиир, айылҕаны, күөллэри ыраастыыр идэлэммит. Кыһалҕалаах дьон бэйэтэ булан кэлэр эбит.

Оттон биир дойдулаахтара кини урут тамада быһыытынан биллэрин, туойан доллоһутуон, оһуохайдаан тэйиэн, хомустаан дьүрүһүтүөн сөптөөҕүн бэркэ өйдүүллэр. Ону оһуохай өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр «Этигэн тыллаах этээччи» диэн анал бириискэ тиксибитэ туоһулуур. Биир сөхпүтүм диэн, иккистээн инсуллаан баран дэгэрэҥ ырыанан дьарыктанан саҥарар буолбута.

Улахан сиэним Владиктыын 7с Спортивнай Оонньуулар чемпиона уонна призера буолабыт

Баҕа санааны хааччахтаамаҥ

Санааны хааччахтааһын – көҥүлү быһыы. «Ону гыныахпын баҕарабын диэтэххэ, дьоммут наар «холонон көр” диэччилэр, улаханнык буойбаттар-хаайбаттар, сатыахтааххын-билиэхтээххин дииллэр этэ”,– диэн ахтара бииргэ төрөөбүттэр бары даҕаны барыны бары сатыыр буола улааппыттара, Маргарита бэйэтэ кыыс оҕоҕо холооно суох архитектор идэтин талбыта кытта кэрэһилиир. «Ийэм наһаа ыарытыйар буолан, кыра сылдьаммын быраас буолар баҕа санаалаах этим. Үрдүкү кылааска архитектураны интэриэһиргээбитим, тутуу идэтигэр үөрэниэхпин баҕарар буолбутум. Ол саҕана дьиэлэрбит боростуой тутуулаах этилэр буоллаҕа. Ону мин наһаа кэрэ көстүүлээх, табыгастаах дьиэлэри тутуохпун баҕарарым. Дьиҥэр, политехническэй институкка ситэри үөрэммитим буоллар, архитектор буолуохтааҕым хаалбыта»,– диэн туолбатах ыра санаатын үллэстэр. Онто, бу санаатахха, Дьылҕа Хаан кинини олох архитектора буол диэн ыйбыт уонна бу идэнэн олоҕуҥ дьолун бул диэбит эбит. Ол курдук, үөрэҕин тохтотон кэлэн баран дойдутугар Мэйиккэ ийэтин оннугар библиотекардаабыт. Ийэтэ библиотекарынан, кулуупка уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьыбыт. Ол кэннэ аны Харбалаахтааҕы 18-с №-дээх СПТУ-га «тыа сирин тутууга маастара» диэн идэҕэ үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын көрсөрө, чахчы да, Дьылҕа Хаан ыйааҕа эбээт!

 

Саамай улахан өйөбүл – үтүө тыл

Инбэлиит буолуу... Ханнык да балаһыанньаны ылынан, күүстээх санааны киллэрэн, салгыы олоруохха наада. Саамай хомолтолооҕо – дьон сыһыана уларыйара. Маргарита итини этинэн-хаанынан билбитэ. 2003 сыллаахха инсуллаан баран инбэлииккэ тахсар. Ол иннинэ хас эмэ сыл диагноһа биллибэккэ сытар, балыыһа киһитэ буолар. Ол сыттаҕына Амматааҕы Инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Венера Егоровна Петрова кэлэн, «көмөлөс” диэн ыҥырбыта хараҥаҕа тыкпыт сырдыкка тэҥнээх буолар. “Олох депрессияҕа сытар киһи, «хата, миэхэ наадыйар киһи баар эбит дуу” диэммин, сэргэхсийэ түспүтүм», - диэн ол күнү күн бэҕэһээ курдук өйдүүр. Киниэхэ көмө-ньыма буола сылдьан, инбэлииттэр түмсэллэрин, күрэхтэһэллэрин, адаптивнай спорт диэн баарын билэр. Маннык уопсастыба баара наһаа наадалааҕын, ыарыыны кытта сөпсөһөн, бэйэҕэ бүгэн хаалар өссө алдьатыылааҕын өйдүүр. “Мин санаабар, саамай улахан өйөбүл – үтүө тыл, үтүө сыһыан, ыалдьар киһи онтон атыны эрэйбэт», - диэн санаатын үллэстэр.

Ситиһиилэрбитинэн киэн туттабыт

Маргарита Николаевна 2015 сыллаахха улуустааҕы Инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлинэн талыллан, күннэри-түүннэри инбэлиит статуһун өрө таһаарар туһунан толкуйдуур. Физкультураҕа үөрэммэтэх бэйэтэ, спортсменка буолан хаалар. 2018 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын спортивнай оонньуулара Аммаҕа ыытыллар, бырагыраамаҕа адаптивнай спорт киирбит буолан, улуус оччотооҕу баһылыга Николай Архипович Архипов өйөбүлүнэн онно кытталлар. Аны спорду сайыннарыы туһунан Грант суруйан, харчы ылан, адаптивнай спорду сайыннарыыны күүскэ ылсаллар – олорон волейбол, ядро анньыыта, сүүрүү уо.д.а. Маргарита Николаевна, саастаахпын диэн туран хаалбакка, бэйэтинэн киирэн күрэхтэһэн, хайдах киһиэхэ барсарын этинэн-хаанынан билэн, оннук дьону көрдөөн үлэтин саҕалыыр. Эдэр өттө, холобур, олорон волейболга бастаан инбэлииттэриттэн кыбыстан кэлимээри гынан баран, биирдэ-иккитэ оонньоон өссө атыттары ыҥырар буолбуттарын киһи долгуйбакка истибэт. «Ситиһиилэрбититтэн үөрэбин, холобур, Виктория Петрова диэн Амма кыыһа ядроны анньыыга Арассыыйа рекордун олохтоото. Ядроҕа аан бастаан мин аҕалбыт оҕом, «оннооҕор мин анньабын, мин кыайарбын кыайыаҕыҥ” диэммин саҕалаабыта. Билигин кини аан дойдутааҕы рейтиҥҥэ иккис киһинэн сылдьар. Амма улууһуттан олорон волейболга хас даҕаны оҕо Арассыыйа маастара буоллулар», - диэн кыайыыларын үөрэ кэпсиир.

Дьиэ кэргэним – тирэҕим

Кэргэним Валерий Иннокентьевич Лазарев Амма Соморсунуттан төрүттээх, инньэ гынан 1982 сыллаахха кини төрөөбүт нэһилиэгэр кийиит буолан сүктэн, оччолорго маҥнайгы кылааска саҥа киирбит саамай кыра балтыбын кыбыммытынан тиийбитим. Кэргэним үйэтин тухары тутууга үлэлээтэ. Мас тутууттан саҕалаан, таас тутууга – евро-өрөмүөҥҥэ үлэлээбит, оскуолалары, балыыһалары, элбэх социальнай эбийиэги туппут киһи, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Саха сирин бочуоттаах тутааччыта. Кэргэним ырыа куттаах киһи, сыана бэтэрээнэ. Үс уоллаахпыт, бары ыал аҕалара. Улахаммыт Юрий Валерьевич Аммаҕа олорор, Финансовай управлениеҕа салаа начаалынньыга. Орто уол Николай Валерьевич – Амматааҕы коррекционнай оскуола учуутала. Кыра уол Валерий Валерьевич аҕатын туйаҕын хатаран тутуу үлэһитэ. Аҕаларын кытта үлэлэспит буолан, уолаттар бары тутууну баһылаабыт дьон. Наһаа үчүгэй кийииттэрдээхпит, бары буҕаалтыр идэлээхтэр, сатаабатахтара диэн суох – иистэнньэҥнэр, асчыттар. Сиэннэрбититтэн саамай улахаммыт Казань куоракка устудьуон, саамай кыра сиэн биирин туола илик, – диэн Арассыыйа инбэлииттэрин уопсастыбатын Саха сиринээҕи уопсастыбаннай тэрилтэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Амма киэн туттуута», «Амма улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» үрүҥ көмүс бэлиэлэр хаһаайыннара талба талааннаах Маргарита Лазарева олоҕун сүрүн ситиһиитин үөрэ үллэстэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...