15.12.2023 | 16:00

Олоҕун, оҕолорун арыгыга атастаһа сыспыт...

Олоҕун, оҕолорун арыгыга атастаһа сыспыт...
Ааптар: Айыына Ксенофонтова тылбааһа
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата Саха сирин олохтоохторун арыгылааһынтан, наркоманияттан, онтон да атын куһаҕан дьаллыктан быыһыыр үлэни ыытан кэллэ. Бу сырыыга диспансерга сытан эмтэммит, санаатын күүһүнэн ыарахан ыарыыны кыайбыт, олоҕун саҥаттан саҕалаабыт дьахтар кэпсээнин бэчээттиибит.  

А., 33 саастаах:

– Мин оҕо сааһым олус ыараханнык ааспыта. Ийэм иһэрэ, кииринньэҥ аҕам эмиэ арыгылыыра. Куруук айдаарсыы, этиһии, иирсээн ортотугар улааппытым. Киһини өйдүүр буолуохпуттан мэлдьи кутталга олорбутум, дьоллоох, нус-хас олох туһунан өйдөбүлүм суоҕа. Хомойуох иһин, бэйэм эмиэ итинник суолу талбытым – аһыы утахха убаммытым...

Ким эрэ көмөлөһүөҕэ, бу дьэбэрэттэн ороон таһаарыаҕа, илиитин утары уунуоҕа дии саныырым... Суох, оннук буолбатаҕа. Атын дьону кытта алтыһарбар ыарахаттары көрсөрүм, бэйэбэр эрэлим суоҕа. Ис-испиттэн соҕотохсуйуу ытарчалыы ылан испитэ.

9 саастаахпар ийэбин өлөрбүттэрэ... Миигин ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ иитэ ылбыта. Толору, үтүө туруктаах дьиэ кэргэҥҥэ түбэспитим, ол эрээри онтон чэпчээбэтэҕим. Ис туругум кураанахсыйбыта өссө дириҥээбит курдук буолбута...

Эдьиийим куһаҕаннык сыһыаннаһар этэ диэбэппин, ол эрээри бууннуурум элбээбитэ. Ийэбин олус ахтарым, кини өлбүтүгэр Таҥараны буруйдуу саныырым. Дьиэбиттэн куотар, мэнээк тахсан баран хаалар идэлэммитим. Оннук ускул-тэскил олоҕу сөбүлээбитим.

13 сааспар куһаҕан хампаанньаны кытта булсубутум, табахтыыр, арыгы иһэр буолбутум. Оннооҕор милииссийэлэнэ сылдьыбытым.

Бу санаатахпына, эдьиийим төһө кыалларынан көрө-истэ сатаабыт эбит. Олоҕор охсууну ылбыт оҕоҕо онтон ордук хайдах сыһыаннаһыай. Ол эрээри мин болҕомто, сылаас сыһыан эрэйэрим. Кинини кытта “Уруоккун оҥордуҥ дуо?” эбэтэр “Аһаатыҥ дуо?” диэнтэн атыны ирэ-хоро кэпсэтиэхпин баҕарарым. Хампаанньам дьиэ кэргэммин солбуйбута – онно миигин өйдүүллэрэ, аһыналлара, болҕомто уураллара, санаабар, таптыыллара, бэйэбин наадалаах, интэриэһинэй курдук сананарым.

Аһыы утахха улам убанан барбытым, оскуолабын хаста да уларыппытым, быраабы кэһэн элбэхтэ тутуллубутум, ПДН учуокка ылбыттара. Иитэр дьонум тулуйа сатаан баран араас миэрэни ыларга күһэллибиттэрэ. Ол курдук оҕо дьиэтигэр киирэ сылдьыбытым, төрөппүт аҕабар хоту тиийэн быстах кэмҥэ олорбутум. Хомойуох иһин, кини эмиэ арыгылыыра, мин киниэхэ наадата суоҕум...

Оскуоланы бүтэрэрим саҕана хайыы үйэ аһыы утахха ылларбыт этим. Аан бастаан 16 сааспар арыгыбын эмтэппитим... Эдьиийим үрдүк үөрэххэ хаста да киллэрэ сатаабыта, онтон ол санаатыттан аккаастаммыта.

20 сааспар бастакы эрбин кытта билсибитим, утуу-субуу икки оҕону төрөппүтүм. Саахсата суох олорбуппут, кини сууттана сылдьыбыт этэ. Иккиэн иһэрбит, айдаарсарбыт, этиһэрбит. Киһим хаста да илиитин көтөхпүтэ. Билигин санаатахпына, ийэм олоҕун үүт-үкчү хатылаабыт эбиппин. Ол туһунан долоҕойбор оҕустарбакка, хомойуох иһин, иһэн-аһаан, оҕолонуу, ийэ буолуу кэрэ кэмнэрин мүччү туппуппун өйдөөбөккө да хаалбытым...

Эпиэкэлэр кэлэн төрөппүт быраабын хааччахтаабыттара. Оҕолору эрим эдьиийэ ылбыта. Бу иннинэ оҕолорбуттан син туттунар эбит буоллахпына, олоҕум сыыртан төкүнүйэр курдук түҥнэстибитинэн барбыта – арыгы күннээҕи утахха кубулуйбута, тохтоло суох иһэр-аһыыр буолбутум. Билигин санаатахпына, ыһыктынан кэбиспит эбиппин.

Дьиҥэр, мин туспар кыһаллар дьон суоҕа диир кыаҕым суох. Ол кэмҥэ киһибиттэн арахсан барбытым, аттыбар аймахтарым бааллара. Эдьиийим эрэлин сүтэрбэккэ, хаста да эмтэтэ сатаабыта. Тугу-тугу боруобалаабатахпыт этэй – 5-тэ кодированиелаппытым, гипноһунан эмтии сатаабыттара, удаҕаҥҥа сырытыннарбыттара... Эпиэкэлэр наркология диспансерыгар реабилитацияҕа ыыппыттара. Ол эрээри туох да туһалаабатаҕа – арыгыттан аккаастанар санаам суоҕа. Көҥүлбүн күөмчүлүү сатыылларын курдук өйдүүрүм. Быраастар кыһаллаллара, мин эмтэниэхпин баҕарар курдук туттарым, ол эрээри балыыһаттан тахсар эрэ күммүн ааҕа сыппытым.

Эмтэнии кууруһун толору ааспытым. Ол эрээри оҕолорбун төннөрбөтөҕүм, эпиэкэлэр ирдэбиллэрин кыайан толорботоҕум. Үлэ булбатаҕым, элимиэн төлөөбөтөҕүм, биир да үчүгэй характеристиканы ылбатаҕым. Биллэн турар, онно бэйэм эрэ буруйдааҕым, ол кэмҥэ ону билиммэт этим. Арыгыга ылларбыппын мэлдьэһэрим, хаһан баҕарар быраҕыахпын сөп диирим. Бэйэм олохпун алдьатарбын өйдөөбөт, инникибин санаабат да этим. Төһөлөөх элбэх бириэмэбин сүтэрбитим, куоттарбытым буолуой...

Биирдэ муҥур уһукка тиийбитим – хас да күн тохтоло суох арыгылаан, реанимацияҕа киирбитим, өлүүнү кытта уун-утары көрсүбүтүм. Дьэ, онно эрэ олохпун атын харахпынан көрбүтүм. Бииргэ үөрэммит кыргыттарым номнуо ыал буолан, оҕолонон-урууланан, дьиэ-уот тэринэн, үчүгэй үлэлэнэн, массыына ылынан олороллор этэ. Оттон мин? Салгыы хайдах буолабын? Итинник санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Оҕолорум барахсаттары аһыммытым, мин өллөхпүнэ, тулаайах хаалаахтыыр буоллахтара. Ким кинилэргэ кыһаллыаҕай? Атыннык олоруохпун баҕарбытым, олохпун уларытар сыал-сорук туруоруммутум. Көмө көрдөөбүтүм, хайаан да көнөр суолга үктэниэм диэн бэйэбэр тылбын биэрбитим.

Наркология диспансерын реабилитационнай салаатыгар мин саҥа олоҕум саҕаламмыта, иккистээн төрөөбүтүм. Быраастар сүбэлэрин истэр буолбутум. Арыгылааһын – ыарыы диэн бигэ өйдөөбүтүм. Психологтарга толору эрэммитим.

Бастатан туран, мин дьылҕам, оҕолорум олохторо миигиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдөөбүтүм. Бу санаатахпына, дьон “эн кимиэхэ да наадата суоххун”, “олоххун ийэҥ курдук түмүктүөҥ” дииллэрэ өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт эбит. Биллэн турар, хас эмэ сыллар тухары олохсуйан хаалбыты киэр кыйдыыр, уларытар, тоһутар ыарахан этэ. Дьоллоохтук, холкутук олорорго, кыраттан да үөрэргэ үөрэнэр ордук уустук буолбута. Урут ону аһыы утах солбуйара... 

Оҕолорбор тапталтан ураты бу охсуһууга өссө туох көмөлөспүтэй? Миигин араҥаччылыыр-арчылыыр аанньаллар баалларын итэҕэйбитим.  Эмтэнэр кэммэр ааспыт олохпун эргитэ саныы сытан хаста да өлөр өлүүттэн быыһаммыппын, онуоха көстүбэт күүстэр көмөлөспүттэрин өйдөөбүтүм. Онон итэҕэл сүдү күүһүн бэйэбэр арыйбытым.

Ону сэргэ, өһөс майгым уонна дьаныар, мин ис кыаҕым  – салайар, хамсатар күүс буолбуттара. Маны барытын психологтар көмөлөрүнэн арыйбытым.

Реабилитация кэмигэр бэйэбин үчүгэйдик билбитим, урут хам баттыы сылдьыбыт дьиҥ баҕа санааларбын өйдүүргэ, ис санаабын иһиллэнэргэ үөрэммитим. Дьоҥҥо эрэнэр, итэҕэйэр, арыый сымнаан, аһаҕас буолбутум. Саамай сүрүнэ – арыгыттан сылтаан сүтэ сылдьыбыт ийэ оҕолоругар таптала уһуктубута.

Реабилитационнай салааттан чыҥха атын киһи буолан тахсыбытым. Олоҕум укулаатын тосту уларыппытым, урукку “доҕотторбун” умнубутум, үлэ булуммутум. Сотору кэминэн оҕолорбун бэйэбэр ылбытым, аймахтарбын кытта эйэлэспитим.

Билигин мин атыммын, элбэх оҕо эйэҕэс ийэтэбин, тапталлаах кэргэммин. Олохпун саҥаттан оҥостортон, ыал буолартан куттамматаҕым, ийэ дьолун өссө биирдэ биллим. 

Мин холобурум олох очурдарыгар түбэспит, арыгыга убаммыт атын дьахталлар олохторун уларыталларыгар көмөлөһүөн баҕарабын. Арыгы – кыһалҕаттан куотунар чэпчэки суол. Санааҕыт самныбатын, көмөттөн хаһан да аккаастанымаҥ, төттөрүтүн, көрдөһүҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Кимиэхэ да наадата суохпун диэн санааттан босхолонуҥ. Сир үрдүгэр үтүө санаа үгүс. Киһи кыайбатаҕа суох диэни өйдөөҥ!

Заровняева А.А., Өрөспүү-бүлүкэтээҕи наркология диспансерын клиническэй психолога:

– Биһиги реабилитационнай салаабытыгар сыппыт ыарыһах кэпсээнигэр киһи арыгыга ылларыыта – иһэр-аһыыр дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт оҕо олоҕо, тулалыыр эйгэтэ, олоҕу көрүүтэ сыыһа салаллыбыта – барыта  ырылхайдык  көстөр. Төрөппүттэрин олохторо, бу кини улаатарыгар холобур буолбута сиһилии ойууламмыт. Маны сэргэ, саҥа олоҕу хайдах саҕалыахха сөбүй диэн ыйытыыга хоруй булуохха сөп. Туоххун барытын да сүтэрбит буоллаххына – чугас дьонуҥ эрэллэрин, уопсастыбаҕа миэстэҕин, үчүгэй олоххо тардыһыыгын, ийэ оҕотугар тапталын...

Муҥур уһукка тиийбит ыарыһах исписэлиистэр уонна медицинскэй үлэһиттэр көмөлөрүн ылыммыт. Балыыһаҕа сытан, өй-санаа, эт-сиин өттүнэн быстан баран олоҕун саҥаттан саҕалыырга сыал-сорук туруоруммут! 

Саҥа олоҕу саҕалыырга аҥаардас исписэлиистэр эрэ көмөлөрө аҕыйах. Арыгыга убаммыт киһиэхэ ыарыыны кыайар баҕа санааны таһынан, ис кыаҕы билинии (эт-сиин, өй-санаа чөл буолуута) уонна тас эйгэ үтүө дьайыыта (доҕоттор, спорт, о.д.а.) хайаан да наада. Оннук кыһалҕаны кыйдыырга, сыалы-соругу ситиһэргэ да чэпчэки.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...