25.10.2021 | 13:30

Олоҕу хамсатааччылар

Ааптар: Борис Николаев, суруналыыс
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө ыытыллар тэрээһиннэр, бэлэмнэнии үлэтэ нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас көҕүлээһининэн ыытыллаллара бэлиэ күн чугаһаатаҕын аайы элбии турара кэрэхсэбиллээх. Олор ортолоругар биир дьоһун миэстэ үйэтитиигэ, историяҕа ананар. 

Чэ буоллун, бу билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги ортобутугар арааһы толкуйдуур, дьон туһугар туох эрэ умнуллубаты, үйэлээҕи оҥорор дьону биир бэйэм итинник ааттыырбыттан кэмсиммэппин. Кырдьык, бу улахан дьаҥ туран өйбүт-санаабыт, түбүкпүт-садьыкпыт барыта онно эрэ туһуламмытын мэлдьэспэт инибит. Дьэ ол быыһык кэмҥэ күөх Ньурбаттан төрүттээх тойбохойдор күндү күтүөттэрэ Валерий Петрович Илларионов аны ырыаһыт Анатолий Андреевынан «ыалдьан» туран кэллэ.

Ити аны диирим манныктан. Валерий Илларионов бастаан, били, сорох сирдэринэн Бартыһаан Дьөгүөрэп «…бырыы да бадараан, кыыннаах быһах бэтэрээл …»  диэн кэпсииринии суоллаах-иистээх Бордоҥ-Тэҥкэ суолун оҥорбут Демьян Матросов салайааччылаах суол оҥорооччуларга анаан туттарбыт үйэлээх өйдөбүнньүгэ билигин Тэҥкэ биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ буолан дьэндэйэр. Онтон олорор Тойбохойуттан төрүттээх, сулууспалыыр эбээһинэстэрин толоро сылдьан олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганнарын хорсун-хоодуот уолаттарыгар анаан оҥорбут истиэндэтэ билигин эмиэ Тойбохой биир ытык миэстэтэ буолар. Онтон да атын өйдөбүнньүк бэлиэлэри бэйэтин баҕатынан иилээн-саҕалаан оҥортообут уопуттаах.

Бу сырыыга Валерий Петрович аҥаардас тойбохойдор эрэ буолбакка, ырыа-тойук куттаах Олоҥхо дойдута Сунтаар бүтүннүүтэ киэн туттар ырыаһыта Анатолий Яковлевич Андреевка анаан ураты оҥоһуулаах өйдөбүнньүгү оҥорорго ылсан эрэр эбит.

Билиҥҥи эдэр көлүөнэ дьон «ол Анатолий Андреев диэн кимҥитий?» диэхтэрин сөп. Анатолий Андреев туһунан бэрт кылгастык билиһиннэрэ түстэххэ, кини Күдэйэттэн төрүттээх, чахчы айылҕаттан «бэриһиннэриилээх» талааннаах ырыһыт этэ. Кини кэрэ куолаһын өрөспүүбүлүкэ бүтүннүү биһирии истибит буолуохтаах.  Оччолорго Мииринэйгэ ыытыллар «Мирный поет о мире» бэстибээлгэ улуу нуучча дьоно биһиги уолбут ырыатын биһирээн, куолаһын сөҕөн-махтайан, сүһүөхтэригэр туран махтаммыттара, «Вот это да! Якутский соловей!» диэн туохха да тэҥнэммэт күндү, таптал ааты биэрбиттэрэ билигин уос номоҕор сылдьар.

Өһүргэс буолбатах ини, Валерий Петрович билиҥҥи доруобуйата уруккутун курдук оннук айылаах бата-иҥэ сатаан оту-маһы тардыалаан көрөрүн саҕанааҕы курдук буолбатах. Ол да буоллар дьон туһугар туох эрэ умсугутуулааҕы, үйэлээҕи оҥорор баҕата батарбакка, дьэ эмиэ бу киирсэн эрэр эбит. Кини бачыымын нэһилиэгэ өйүөҕэр бигэ эрэллээх.

Оттон биһиги, Сунтаар дьоно, таптыыр ырыаһыппыт Анатолий Андреев сырдык аата-суола сүппэтин туһугар энтузиаст Валерий Илларионов үтүө санаата олоххо киирэрин өйүөҕүҥ, үп-харчы өттүнэн көмө-ньыма буолуоҕуҥ. Отонноотоххо оҥоойук туолар дииллэр дии.

Сэҥээрэбин, биһириибин
Ити Тойбохойго олорор В.П. Илларионов эмиэ үтүө, сонун дьыаланы саҕалаан эрэрин истэн, сэргээн, икки хараҕынан көрбөт инбэлиит киһи бэйэм санаабын суруйтаран эрэбин.  
Эт саастыы үөлээннээҕим Анатолий Андреев эдэр сааһыгар олохтон туораабытыттан, сунтаардар бары да олус курутуйбуппут. Өссө да ырыа арааһын, олох кэрэтин ыллыа хааллаҕа…
Мин кинини өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар, тэлэбиидэнньэтигэр истибитим таһынан, эт кулгаахпынан Мииринэйгэ Сунтаар күннэригэр, төрөөбүт Кириэстээхпит ыһыаҕар, Тэҥкэм ыһыаҕар анаан-минээн ыҥыран астына истэн турардаахпын. Мииринэйгэ ыллаабытыгар нуучча убайдарбыт эҥин араас оройуон талааннаахтарыттан чорботон, биһиги Толябытын «настоящий самородок, берегите его» диэн эппиттэрин билиҥҥэ диэри улаханнык долгуйа саныыбын. Көрдөһүүбүн ылынан Тэҥкэҕэ кэлэн күндү көмүс куолаһын иһитиннэрэн барбытын тэҥкэлэр билиҥҥэ диэри умнубаппыт. Биир бэйэм кини талааныгар сүгүрүйэрим уостубат.
Ырыаһыт туһунан үтүө өйдөбүнньүгү хаалларар баҕалаах Валерий Петрович ыра санаата олоххо киириэ, тойбохойдор номох буолбут уолларын аатын үйэтитиини өйүөхтэрэ дии саныыбын. Отонноотоххо оҥоойук туолар дииллэрини, мин эмиэ сэмэй кыттыгаспын үөрүүнэн ыытабын.
Толя Андреев огдооботугар, оҕолоругар бары үтүө санаабын ыытабын, аҕаларынан киэн туттуулара хаһан да уҕараабатын.

Григорий Игнатьев, 1992-2003 сылларга Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыга

Биир дьоһуннаах миэстэни ылыа
Биһиги ити Валерий Илларионов Анатолий Андреев аатын үйэтитиэххэ диэн этиилээх тахсыбытын аһара сэргээн олоробут. 
Ол курдук айылҕа ойо тутан бэлэхтээбит ураты кэрэ куолаһынан нэһилиэгин, улууһун киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт киһибит умнуллан эрдэҕинэ маннык сөргүтүү буолбута туох да аһара кэрэхсэбиллээх. Олорон ааспыт олохпутун анааран көрөн, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар ураты талааннаах, үтүөлээх дьоннорбутун өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥэринэр курдук кинилэри үйэтитэн хаалларарбыт инники олохторугар үтүө холобур буолуо этэ дии саныыбыт биһиги дьиэ кэргэн. 
Валерий Петрович бэйэлэрин сулууспалыыр эбээһинэстэрин толоро сылдьан олохторун толук уурбут Тойбохойтон төрүттээх үс милииссийэ уолаттарбытын үйэтитиигэ этии киллэрэн, "Хочо хоһууна" күрэхтэн саҕалаан өйдөбүнньүк мемориал оҥорторон олоххо киллэрбитигэр биһиги эдэркээн күтүөппүт Иванов Михаил Владимирович хабыллан аата үйэтитиллибитигэр аһара махтанабыт.
Валерий Петрович күтүөт быһыытынан үйэтитиигэ үлэтэ Тойбохой, Тэҥкэ нэһилиэктэригэр ити эрэ буолбатах. Ол курдук Тэҥкэҕэ Демьян Арьянович Матросов салайааччылаах Тэҥкэ-Бордоҥ суолун оҥорооччулар сквердэрин дьиэ кэргэн уонна Тэҥкэ олохтоохторун күүстэринэн 2011 сыллаахха олоххо киллэрэн баран, 2020 сыллаахха саҥардан, үйэлээх гына оҥорбуттара. Аны туран эйэлээх кэмҥэ бойобуой уордьан кавалердара Тойбохой орто оскуолатын выпусниктара Ариан Иванович Игнатьев, Аркадий Валерьевич Саввинов мемориальнай дуоскалара үөрэммит оскуолаларыгар ыйаныыта ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ оруола үрдүгэ туохха да кэмнэммэт буоллаҕа. Аны бу нэһилиэкпит уолаттарын хаартыскалара мантан тирэх ылан, улуус киинигэр Эр санааланыы болуоссатыгар милииссийэ, прокуратура  бэтэрээннэрин туруорсуутунан биллэр-көстөр миэстэҕэ ыраахтан көстөн турара киһиэхэ киэн туттуу иэйиитин иҥэрэр. Кулуупка кини этии киллэриитинэн Александр Васильевич уонна Клара Степановна Тихоновтар ааттара иҥэриллибитэ кэргэннии Тихоновтар нэһилиэк культурнай олоҕор оруолларын үрдүктүк сыаналааһын буолар.
Онон Валерий Петрович бу да бырайыага олоххо киирдэҕинэ, нэһилиэкпитигэр биир дьоһуннаах миэстэни ылыа диэн өйөбүл, тирэх буолуоххайыҥ диэн ыҥырабын. 

Мария Кирилловна Яковлева, 
Тойбохойтон төрүттээх Аллыҥа олохтооҕо

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...