16.01.2022 | 18:00

Ол хайдах этэй?

Сунтаарга ГЭС уота кэлбитэ 50 сылыгар
Ол хайдах этэй?
Ааптар: Борис Николаев
Бөлөххө киир

Хас да унньуктаах уһун сыллар усталара сыралаах үлэнэн тутуллубут Бүлүүтээҕи ГЭС (гидро-электростанция) уота Сунтаар сиригэр 1972 сыл тохсунньу 14 күнүгэр сандаарыччы тыкпыта. Бу бүтүн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн улахан стратегическай суолталаах баараҕай тутуу үлэҕэ киириитэ дойду үрдүнэн сүҥкэн кыайыы, үрдүк үөрүү-көтүү этэ.

 

Оччолорго дойдуну муҥутаан баһылаан, салайан олорор хомуньуус баартыйатын ыйыытынан олорор норуот бу түгэни Улуу Ленин кэриэстэрин олоххо киллэрии чаҕылхай туоһутуттан атыннык сыаналаабатаҕа. Кырдьыга даҕаны, В.И. Ленин саҥа атаҕар туран эрэр Сэбиэскэй дойдуга, өссө НЭП (саҥа экэнэмиичэскэй бэлитиикэ) киириэн иннинэ, 1920 сыллаахха, РКП (б) кэмпириэнсийэтигэр «Коммунизм – это есть Советская власть плюс электрификация всей страны» диэн номоххо киирбит, сайдыы тезиһэ буолбут этиилээҕэ дии.

Сунтаарга Бүлүүтээҕи ГЭС уота киириэр диэри дизеллэринэн олорбуппут. Билигин үрдүк күүрүүлээх күүстээх, чэпчэки сыаналаах, кылаабынайа, тохтоло суох үлэлиир уот кэлиитин дьон-сэргэ улахан үөрүүнэн, үрдүк өрө көтөҕүллүүнэн көрсүбүтэ. Аан дойдуга аан бастаан ирбэт тоҥноох сиргэ ГЭС тутуллуута алмаастаах Мииринэй, Бүлүү эҥэрин улуустарын эрэ үөрүүтэ-көтүүтэ буолбатаҕа. Бүтүн Саха сирэ үөрбүтэ-көппүтэ, уруйдаабыта-айхаллаабыта.

Ол туһунан оччолорго хоһоон бөҕө айыллыбыта, ырыа бөҕө ылламмыта. Холобур, биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Леонид Попов:

 «…Бүлүү, Бүлүү эбэкэм

Бүгүн аймах дьонугар

Айыы дьикти сырдыгынан

Арылыйа сардаҥарар,

Көрүөх билэ дьонугар

Көмүс күнүн уотунан,

Күөх төлөн гааһынан

Күлүбүрүү күндээрэр.

Бүлүүм бүгүн уот буолла,

Бүлүүм бүгүн күн буолла!»– диэбит.

Оттон хоту дойдуну хото хоһуйбут бэйиэт, суруналыыс Степан Дадаскинов «Бүлүү муората» диэн хоһооно оччолорго ырыа буолан көппүтэ:

«Туруйа кыланар, үҥкүүлүүр

Тумара толоонноох тайҕаҕа

Күн уота умайар, сөтүөлүүр

Күндэлэс муората үөскээтэ.

Долгуйда

Дохсуннук будуллан,

Алмаастаах Бүлүүбүт муората

Аар тайҕа киэлитин сырдата!»

Биһиги ирбэт тоҥноох, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр, биһиги Бүлүү өрүспүтүгэр маннык баараҕай тутууну – «Үйэ тутуутун» туппутун иһин элбэх омуктаах сэбиэскэй судаарыстыба улуу омугар – нуучча норуотугар улаханнык махтаммыта.

Кырдьык, «Бүлүү» ГЭС уотун кэлиитэ оройуон оҥорумтуолаах күүстэрин сайдыытыгар, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа тупсуутугар улахан күүс буолбута.

Устуоруйа кэрчиктэрин бэрт кыратык сэгэтэн көрдөххө, 1969 сыллаахха оройуон бары дизельнэй ыстаансыйалара «Якутэнерго» Бүлүүтээҕи электрическэй ситимин (ВЭС) дьаһалыгар бэриллибиттэр. 1970 сыллаахха Сунтаарга 1890 квт кыамталаах дизельнэй электростанция таас дьиэтэ тутуллубут. 1970 сыллаахха 35 квт үрдүк күүрүүлээх Сунтаар-Бордоҥ, 1973 сыллаахха Кириэстээх-Куокуну, 1974 сыллаахха 110 квт үрдүк күүрүүлээх Мииринэй-Сунтаар-Элгээйи электроситимнэрэ үлэҕэ киирбиттэр. Ити сыл Кириэстээх-Бүлүүчээн электро ситимигэр эмиэ «Бүлүү» ГЭС уота кэлбитэ. Онтон ыла 3 улахан дизельнэй электростанция үлэлэрэ тохтотуллубуттар.

Бу ааспыт үйэ аҥаара кэм устата айылҕа босхо биэрэр уотун туһаныы биллэрдик кэҥээтэ, тубуста. Билигин Бүлүүтээҕи ГЭС уотунан Бүлүү эҥэрин бары улуустарын таһынан өрөспүүбүлүкэ арҕаа эҥэрэ барыта туһанар.

Оттон үйэлэргэ умуллубат аналлаах уоттаах гидростанция Бүлүү өрүс туругар, Бүлүү эҥэрин улуустарын айылҕатыгар дьайыытын туһунан туспа боппуруос.

Бикипиэдьийэттэн: 
Бүлүүтээҕи ГЭС — Бүлүү өрүскэ тутуллубут гидроэлектростанция — уу күүһүн туһанан электричествоны оҥорор агрегат.
Билиҥни туругунан Бүлүүтээҕи ГЭС ирбэт тоҥҥо тутуллубут аан дойдуга соҕотох гидроэлектростанция.
Тутуута үс уочаратынан барар. ГЭС-1 1970 сыллаахха, ГЭС-2 1975 сыллаахха тутуллан олоххо киирбиттэрэ. ГЭС-3 бастакы агрегата 2004 с. үлэҕэ киирбитэ.
Суолтата: Бу ГЭС тутуллан, алмааһы хостооччулары энергиянан хааччыйбыта. Ону тэҥэ Саха сирин арҕаа өттө уотунан хааччыллыбыта. Ол гынан баран бу тутуу иккис бөрүкүтэ суох өрүтэ эмиэ баар. Бу – ГЭС ууну харайар муората айылҕаҕа дьайыыта. Бастакытынан, былыргыттан олохтоох дьон олорбут өлгөм элбэх сирдэрэ ууга барбыттара. Туой Хайа бөһүөлэк олохтоохторо күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ. Иккиһинэн, уу анныгар элбэх мас тимирбитин түмүгэр ол сытыйыыта (феноллар) Бүлүү өрүһү сүһүрдүбүтэ.

Эрэдээксийэттэн:

Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах,  арҕааҥы улуустары уонна алмааһы хостуур тэрилтэлэри уотунан хааччыйар Бүлүүтээҕи ГЭС каскадын бэтэрээнэ, С.Д. Бехтерев диэн Улуу Кыайыы бэтэрээнэ, өр сылларга Бүлүүтээҕи ГЭС ПТО начаалынньыгынан үлэлээбит салайааччы ахтыытын интэриниэттэн булан таһаарабыт: 
«... 1973 сыл сайыныгар Дьокуускайга аан дойдутааҕы ирбэт тоҥу чинчийэр учуонайдар конгресстара буолбута. Аан дойду бары учуонайдара уонна инженердэрэ мустубуттара. Саамай халыҥ хамаанданан АХШ уонна Канада дэлэгээссийэлэрэ кэлбиттэрэ. Ол иһигэр ордук Америка дэлэгээссийэтин састаабыгар араас санаалаах, өстөөхтүҥү даҕаны санаалаах дьон бааллара. Оччолорго Дьокуускай олус бөхтөөх-сыыстаах, кирдээх этэ, элбэх эргэ, хаарбах дьиэ баара. Ол дьон дьэ ону үөрэ-көтө хаартыскаҕа түһэрэллэр. Конгресс официальнай чааһын кэнниттэн дэлэгээссийэлэр Саха сирин улуустарынан тарҕаспыттара. 200-чэкэ киһилээх Америка уонна Канада дэлэгээссийэлэрэ биһиэхэ, Чернышевскайга, кэлбиттэрэ. Биһиэхэ оннук хаарбах дьиэ, бөх суоҕа эрээри, ыалдьыттарбыт тугу хаартыскалыылларын өр гыммакка толкуйдаабыттара. Дьэрэкээн өҥнөөх кэмпиэт арааһын халлааҥҥа тамныы-тамныы, ону хомуйар оҕолору түһэрбиттэрэ. Кинилэр, дьиҥэр, Б.А. Оловин салалталаах ирбэт тоҥу чинчийэр станцияҕа кэлбиттэрэ эрээри, биһиги эмиэ көмөлөспүппүт. Күнүс ГЭС-питин көрдөрбүппүт, арыыга таһааран сынньаппыппыт, киэһэ остолобуой-рестораммытыгар банкет тэрийбиппит. Бырааһынньык кэмигэр Оловин миэхэ этэр: «Ыалдьыттар ортолоругар үбүлүөйдээх кэргэнниилэр бааллар эбит, ону бэлиэтиир кыахтаахпыт дуо?”. Мин теплицабыт агрономугар Демьянычка этэн, эр киһитигэр оҕурсу, помидор, дьахтарыгар сибэкки аҕалтардым. Ыалдьыттарбыт үөрүү, махтаныы бөҕө. Ол сарсыардатыгар олус элбэх сырдатыллыбыт пленканы булбуппут...”
Ити курдук, Бүлүү ГЭҺин тутааччылар, төһө даҕаны үгүстэрэ соҕуруу дойду дьоно буоллаллар, Сахабыт сирин, куораппыт аатын-суолун үлэлэринэн эрэ буолбакка, күннээҕи быстах түгэннэргэ кытта өрө тутарга дьулуспуттарын биир чаҕылхай холобура баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...