17.08.2020 | 13:45

Оҕуруотчут Агафьяттан ырысыаптар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Агафья Афанасьевна Тарасова –  Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгин олохтооҕо. Кинини Саха сирин олохтоохторо оҕуруотчутунан билэллэр. Сир ийэ быйаҥыттан араас минньигэс бүлүүдэлэри бэлэмниир.

Тууһаммыт хаппыыстаттан кэтилиэт

– Саас туустаах хаппыыста ордон хааллаҕына эбэтэр харайар сир суох түбэлтэтигэр ириэрэн, оргуйбут тымныы уунан сайҕаан баран, эт эрийэринэн эрийиллэр. Ол кэнниттэн мааннай куруппаны кутан, аҕыйах мүнүүтэ сытыара түһүллэр. Икки сиикэй сымыыты эбэн кэтилиэт оҥорон, орто уокка ыһаарыланар. Итиилии да сиэххэ сөп, сойбутун кэннэ кэлэ-бара сии сылдьарга бэртээхэй ас.

Маринадтаах моркуоп

– Суон гына төгүрүктүү быһыллыбыт моркуобу көстүрүүлэҕэ кутан, оргуйбут ууга биэс мүнүүтэ сытыарабын. Эрдэ бэлэмнээбит бааҥкабар биэс дыргыл сыттаах гороҕу, икки гвоздиканы, биир лавр сэбирдэҕин, биир өлүү чочунааҕы кутан баран,  ол үрдүгэр моркуоппун туруору угабын, итии маринады кутан хаппахтыыбын.

Маринада: - Биир лиитэрэ ууга биирдии остолобуой ньуоска тууһу, саахары оргутуллар, икки остолобуой ньуоска 9 %-наах уксууһу кутуллар.

Арбуз хаҕынан мармелад

– Арбуз хаҕын дьоҕус гына бысталаан, саахардаан баран сытыара түһэбин. Симэһинин биэрдэҕинэ, сымныар диэри буһарабын, кыратык ванилинныыбын. Дьэҥкир дьүһүннэннэ да, таһааран духуопкаҕа хатара түһэбин уонна кумах  саахарга булкуйабын. Таһырдьа уура түһэн баран, уурабын. Бэрт минньигэс амтаннаах мармелад буолар.

Симии тыыкыба

– Биир кыра тыыкыбаны үрдүн буһарабын, иһиттэн сиэмэтин хостуубун уонна сытыы быһаҕынан сэрэнэн иһинээҕи начыыҥкатын хайа сотобун. Хобордооххо сибиинньэ этин ыһаарылыыбын, бөдөҥ гына кырбаммыт моркуобу, эриэппэ луугу кутан, тэптэрэ түһэбин. Сөп буолла диэтэхпинэ, хоторон, тыыкыбабар кутабын. Укуруоптаах, туустаах хортуоппуйу эбэтэр кабачогу эбэбин уонна били үрүт өттүн быспыппынан хаппахтаан кэбиһэбин. Таһын майонеһынан сотон баран, духуопкаҕа уган буһарабын. Балтараа чааһынан хоторобун. Ойоҕоһунан быһан, тэриэлкэҕэ ууран, остуолга аҕалабын.

Симии биэрэс

– Астыырга бэрт судургу бүлүүдэ. Көстүрүүлэҕэ биэрэстэрбин угабын, онно ынах этэ амтаннаах биир “Магги” кубигы бытарытабын уонна маҕаһыынтан ылан, натуральнай томат суогун кутабын. Оһоххо ууран, оргуйбутун кэннэ уоту кыччатабын, 45 мүнүүтэ устата бэйэтин симэһинигэр буһарабын. Минньигэс ас бэлэм. Гарнирга ириис буолуон сөп эбэтэр бэйэтинэн сиэниллэр.

Ассорти

– Үс лиитэрэлээх бааҥка түгэҕэр биир лавр сэбирдэҕин, икки устуука минньигэс биэрэһи, сэттэ устуука хара горошегы, биир гвоздиканы, үс чочунаах өлүүскэтин, биир укуруоп зонтигын, петрушканы уонна кыра хрен сэбирдэҕин угабын. Онно синньигэс гына кырбаммыт хаппыыстаны, моркуобу, оҕурсуну, помидору угабын. Үрдүгэр эмиэ укуруоп зонтигын уонна моонньоҕон сэбирдэҕин уурабын. Оҕурсуну тууһуурбар туттар маринадпын кутабын. Хаппахтаан, таҥнары ууран сойутабын. Үрдүнэн халыҥ таҥаһынан бүрүйэбин. Сарсыныгар сөрүүн сиргэ уурабын. Кыһын биир бааҥкаттан араас элбэх оҕуруот аһын ылабын.

Маринуйдаммыт помидор

– Икки лиитэрэлээх бааҥкаҕа помидордары кытары алта устуука биэрэс гороҕун, биирдии лавр сэбирдэҕин, петрушканы, укуруоп дьөрбөтүн, төгүрүктүү быһыллыбыт минньигэс болгарскай биэрэһи, чочунааҕы уонна икки гвоздиканы угабын. Итии маринады кутан хаппахтыыбын. Помидору наһаа буспуту буолбакка, ортолуу кытарбыты ылабын, аллараа өттүнэн түөрт сиринэн дьөлөбүн. Оччоҕуна илдьирийбэт, хайа  барбат.

Маринада:

- Биир лиитэрэ ууга 1.5 десертнэй ньуоска туус, икки десертнэй ньуоска саахар оргутуллар.

Тыыкыбаттан мүөт

– Орто тыыкыбаны төбөтүн быһан, улахан ньуосканан иһин хостоон, ортотугар диэри саахар кутан хаппахтыыбын уонна миискэҕэ ууран, холодильникка туруорабын. Икки нэдиэлэ кэриҥэ туран, саахара ууллан сироп буоларын иҥэринэр. Ол эрээри саахара аһара ууллан, тыыкыбатын симэһинин оборон, таһынан барыан сөп. Ол иһин мэлдьи көрө сылдьыахха наада. Мүөт бэлэм. Кыралаан иһэ сырыттахха, доруобуйаҕа туһата баһаам.

Санберри барыанньата

- Саҥа хаардыырын кытта хомуйдахха, санберри отоно иһэ сиикэй, амтана хабаххай, оттон угар туруоран, улахан тоҥоруу кэнниттэн хомуйдахха, бэрт минньигэс буолар. Санберри отонун төһө да хараарбытын иннигэр ылгыырга тиэтэйбэт ордук, угар өр туран ситэри бустун. Улахан тымныы кэнниттэн хомуйуллубут санберри киһи  сии эрэ туруон курдук минньигэс амтаннанар. Өскөтүн ыксыыр буоллахха, холобур, даачаттан көһөр эбэтэр ханна эмит барар наада тирээтэҕинэ, хараарбыт отону хомуйан, морозильникка уган тоҥорон, минньитэн баран, тэҥ өлүүскэнэн саахардаан буһарыллар. Хоп-хойуу джем буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...