17.03.2023 | 10:00

Оҥорбута-туппута дьон биһирэбилин ылар

Мин бүгүн 1993 сыллаахха Арассыыйа бастакы Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Тааттаҕа кэлэ сырыттаҕына сахалыы таҥас тигэн бэлэхтээбит сүдү иистэнньэҥ, киэлитэ биллибэт киэҥ эйгэлээх, дириҥ чүөмпэлээх киһи, уһуйааччы, бэтэрээн педагог туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Оҥорбута-туппута дьон биһирэбилин ылар
Ааптар: Лина ЯКОВЛЕВА
Бөлөххө киир

Кыыс оҕо уһуйуллар уйата, сатабыл кыһата

Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара,  Учууталлар учууталлара Людмила Всеволодовна Габышева Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар "Муода уонна истиил" куруһуогун салайан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Онно оҕолор күннээҕи таҥас, сыанаҕа кэтэр көстүүм, сувенир эскииһин уруһуйдааһынтан саҕалаан, таҥас быһыытын, истиилин үөрэтэллэрэ, өбүгэ төрүт таҥаһын, киэргэлин-симэҕин историятын чинчийэллэрэ, сиик арааһын баһылаан бэйэлэрэ таҥас тигэр буолан тахсаллара.

Людмила Всеволодовна иис хайысхатыгар киэҥ билиилээх, өй-санаа өттүнэн үрдүк таһымнаах, олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин сөпкө булар ыччаты иитэн таһаарарга үгүс сыратын уурбута, оҕо баҕатыгар, киһи быһыытынан уратытыгар, интэриэһигэр, дьоҕуругар улахан болҕомтотун анаабыта.

Тугу барытын туһаҕа таһаарар мындыр толкуйдаах, сатамматы сатыыр, кыаллыбаты  кыайар Людмила Всеволодовна сатабыллаах салайыытынан Оҕо дыбарыаһыгар баар үҥкүү кэлэктииптэригэр, театральнай устуудьуйаларга, ону таһынан кинилэр  айар үлэлэрин отчуоттуур дьоро киэһэлэригэр сыанаҕа кэтэр көстүүм эгэлгэтэ тигиллэрэ, тас моһуона ойууланара, киэргэтиллэрэ. Сылын ахсын ыытыллар саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэргэ кыттар оҕолор көстүүмнэрэ кини уран тарбахтарынан оһуорданаллара, имигэс илиилэринэн чочуллан тахсаллара.

Ис кыахтарын уһугуннарар

Людмила Всеволодовна хас биирдии иитэр-үөрэтэр дьарыгын ис тутула сөпкө былааннанан ыытыллара. Туруоруллубут сыалы ситиһэ, бэйэ үлэтин сатаан тэрийэ үөрэтии, талбыт үлэҕэ интэриэһи көбүтүү – бу барыта инники күөҥҥэ турара. Уһуйааччы хаһан да оҕо үлэтин барытын олоччу көннөрөн биэрбэтэ, оҕо бэйэтэ хайдах сатыырынан сатабылын баһылыырыгар, кыаҕын толору туһанарыгар күүс-көмө буолара. Ол иһин кини үөрэнээччилэрин талааннара арыллара, дьоҕурдара тобуллара, ис кыахтара уһуктан, эйгэлэрэ кэҥиирэ.

Оҕо ситиһиитэ халлаантан түспэт. Онуоха сүрүн оруолу, бастатан туран,  уһуйааччы ылар. Кини оҕо дьоҕурун кэмигэр таба көрөн, сөптөөх суолу тутуһан дьаныардаах дьарык түмүгэр кыраттан саҕалаан дьоһун ситиһиилэр кэлэллэр. Людмила Всеволодовна үөрэнээччилэрэ кыра эрдэхтэриттэн персональнай быыстапка тэрийэллэрэ. Кини дьарыктаабыт оҕолоро  аан дойду, Бүтүн Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, куорат таһымнаах араас хайысхалаах тэрээһиннэр кыайыылаахтара, кыттааччылара, саҕалааччылара буолбуттара. Людмила Всеволодовна иитэн таһаарбыт выпускниктара үрдүк категориялаах технология учууталлара, үөрэх тэрилтэлэрин дириэктэрдэрэ буола үүннүлэр. Маныаха кини иитиллээччилэрин ис туруктарыгар, олоҕу көрүүлэригэр, сайдыыларыгар сатабылы эрэ буолбакка, халбаҥнаабат майгыны иҥэрбитэ көстөр.

Ыкса алтыһыы үтүө түмүктэрэ

Эбии үөрэхтээһин уһуйааччытын ситиһиитин сүрүн төрдө – төрөппүтү кытта ыкса ситимнээх үлэ. Людмила Всеволодовна төрөппүттэри кытта биир санаалаах алтыһыытын түмүгэр оҕо өйүгэр хатанан хаалар элбэх тэрээһин ыытыллыбыта: аһымал аахсыйалар, кэнсиэрдэр, чинчийэр бырайыактар, персональнай быыстапкалар, аһаҕас дьарыктар, төрөппүттэргэ аналлаах семинардар.

Людмила Всеволодовна өрөбүл күннэргэ ийэлэргэ туспа иис үөрэҕин тэрийэн үлэлэтэр. Маннык ыкса алтыһыыттан өйдөһүү, өйөнсүү, ис кутунан хардарыта дьайсыы күүһэ үөскүүр. Төрөппүт, оҕо, кылаас салайааччыта, уһуйааччы бары биир сыаллаах үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буоларыттан санаалара көтөҕүллэр, күүстэригэр күүс эбиллэр. Суон тиит курдук сомоҕолоһон, соруктарын ситэллэр, соргуларын тутуһаллар.

Төрүт өйү-санааны, үгэстэри тилиннэрэн

Людмила Всеволодовна, биирдэ истибитиҥ – манна кытта сылдьар, онно көрбүтүҥ – омук сиригэр тиийэн олорор буолар. Хас омук сиригэр сылдьан кэллэҕин аайы куруук аан дойду таһымыгар тахсарбытыгар, атын омук дьонун үлэтин көрөн-истэн, кинилэри кытта бииргэ алтыһан сайдарбытыгар сүбэлиир.

Кини өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүс уопутун тарҕатар, маастар-кылаастары, көрсүһүүлэри тэрийэр. Людмила Всеволодовна дьоҥҥо-сэргэҕэ төрүт өйү-санааны, үгэстэри тилиннэрэн ыһыахтарга, урууларга кэтэр сахалыы сайыҥҥы, кыһыҥҥы таҥастары тигэрин бары билэбит. Ыһыахтар чугаһаатылар да, халадаай ырбаахы быһыыта, дьэрэкээн өҥнөөх мандала, биирдиилээн ньэмиэттэр о.д.а. дьоҥҥо мэлдьи туһалаахтар.

Ытык-мааны киһибит этнокултуура киинин иһинэн ыытыллар сынньалаҥ көрсүһүүлэргэ оонньууга, көргө-нарга барытыгар олус көхтөөх. Ханнык да үлэни көрөн турбат: ойуулаан-оһуордаан киэргэппитэ, тупсарбыта эрэ баар буолар. Ол курдук сыл түмүгүнэн  «Дизайнер года»  анал аакка тиксибитэ мээнэҕэ буолбатах. Оннук оҥорбута-туппута дьон биһирэбилин ылыан ылар.

Людмила Всеволодовна – ис дууһатыттан баҕаран туран үлэлиир, идэтин эҥкилэ суох дириҥник баһылаабыт маастар уһуйааччы. Кини кэнниттэн тарбахтарыгар талааннаах иистэнньэҥ дьахталлар симэх от курдук сир-сир аайы сириэдийдиннэр, ача от курдук өрө үүнэн таҕыстыннар.

Дьонтон ордуктаах курдук сананарыҥ ситиһиигэ кынаттыыр

– Людмила Всеволодовна, иискэ хайдах кэлбиккиний, ким үөрэппитэй?

– Ииппит ийэм, төһө да көрбөт буоллар, тугу барытын сатыыра. Кыра саастаахпар иистэнэр массыынанан тигэргэ үөрэппитэ. Бэйэтэ быһан биэрэрэ уонна ханан тигиэхтээхпин көрдөрөрө. Быһатын эттэххэ, киниэхэ харах буоларым быһыылааҕа. Ийэм үлэҕэ кэтэр үтүлүгү, кээнчэни тигэрэ, унтууну абырахтыыра. Кини барбытын кэннэ мин ону кыайбатаҕым.

Бастакы ииһим сарапаан этэ. 10 сааспар балтыбар тикпитим. Оҕом, ону кэтэн баран, үөрэн эргичийии бөҕөтө. Дьурааларын көбүс-көнөтүк тикпит этим. Онтон ыла балтыларбын игирэ курдук таҥыннарар буолбутум.

– Бу дьарык оҕоҕо тугу биэрэрий?

– Сатабылы иҥэрэр. Толкуйдаан быһарга, ону наардыырга, тэҥнииргэ үөрэтэр. Ону сэргэ, тулуурдаах буоларга, ылыммыт үлэҕин тиһэҕэр диэри тиэрдэргэ иитэр. Сатыыр буолан истэҕиҥ аайы, ону кытта тэҥҥэ бэйэҕэр эрэлиҥ эмиэ улаатар. Дьонтон ордуктаах курдук сананарыҥ ситиһиигэ кынаттыыр.

Оҕону таптыахха наада. Оҕо олус ыраас, кэрэҕэ дьулуһар, дьоҥҥо көмөлөһөр эрэ баҕалаах. Үчүгэй учууталга түбэстэҕинэ, тулааһыннаах курдук сананан сайдан барар. Кини ис туругун көрөн харыстабыллаахтык сыһыаннастахха, оҕону самнарбатахха, бэйэтин кыаҕын көрдөрөр.

– Дыбарыаска үлэлээбит кэмнэргиттэн ордук өйдөөн хаалбыт түгэниҥ?

– Муода көрдөрүүтэ, саҥа дьыл бырааһынньыктара уонна лааҕыр үлэтэ. Дыбарыаска кэлэр оҕолор үөрэн-көтөн бэйэлэриттэн астыныылара буолар.

– Олоххор саамай киэн туттар киһиҥ?

– Ииппит аҕам Трофимов Семен Афанасьевич. Кини миигин үлэни кыайарга, дьону ытыктыырга, олоҕу таптыырга үөрэппитэ. Кини көмөтүнэн тугу барытын сатыыбын. Тутааччы буолуом хаалбыт дии саныыбын. Дьиэ иһигэр барытын уһанабын, онтон дуоһуйабын.

– Билиҥҥи оҕону хайдах иитиэхтээхпитий?

– Билиҥҥи оҕо олох атын. Көмпүүтэргэ охтуу охсуулаах буолуон сөп, ол эрээри иккиэннэрин тэҥҥэ тутара ордук. Кыаҕын барытын туһанан, айылҕатын арыйара үчүгэй.

– Аныгы үйэ кыыһа хайдах буолуохтааҕый?

– Кини бэйэтин төрүт тылын сүтэрбэтэҕинэ, норуотун иннигэр эппиэтинэһин өйдөөтөҕүнэ, төрүттэрин күүскэ сыаналаатаҕына, омугун түһэн биэрбэтэҕинэ, саха омуга хаһан да эстиэ суоҕа.

– Киһи анала диэн тугуй?

Айан-тутан олоҕу сайыннарыы. Киһи төбөтүнэн толкуйдаан олоруута, олох туһугар охсуһуута, күн аайы саҥаттан саҥа хардыыны оҥорон, үүнүүгэ-сайдыыга баран иһиитэ.

– Төрөппүттэргэ сүбэҥ?

– Оҕоҕутун үлэҕэ үөрэтиҥ, итэҕэллээх, төрөөбүт тылын билэр гына иитиҥ, омугун түһэн биэрбэккэ, норуоту сайыннарар киһи буола улаатарыгар көмөлөһүҥ.

– Инники былааннарыҥ, баҕа санааҥ?

– Инникитин миигин айар-тутар дьоннуун түмсүү суола күүтэр. Дьоҥҥо, норуокка туһалааҕы оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахпын.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Людмила Всеволодовна 60 саастарыттан үөһэ далбар хотуттар «Золотая леди»  күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттан, 70 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар бэйэтигэр дьоһун бэлэх оҥоһунна. Биһиги киэн туттар уһуйааччыбыт күн бүгүҥҥэ диэри туохтан да толлубат модун санаатынан, кэрэҕэ тардыһыытынан үлэ, олох үөһүгэр үтүө холобур буола сылдьарыттан үөрэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...