02.12.2020 | 15:00 | Просмотров: 679

ОҔОНУ ИЙЭ ТЫЛЫНАН САҤАРДЫАХХА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ZOOM ФОРУМҤА ЫҤЫРАБЫТ!

Төрөөбүт тылынан сайа саҥарар оҕо аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Бу сахалар барыбыт кыһалҕабыт. Хас биирдиибит – төрөппүттэр, иитээччилэр, учууталлар, бары бииргэ ылсан, биир кэлим үлэни ыыттахпытына эрэ, омукпут тыыннаах хаалар туруктанна.

Онон төрөөбүт төрүт Ийэ тылбыт тэнийэрин, сайдарын туһугар туруулаһар дьону бу сыл ахсынньы 5 күнүгэр ''Оҕону ийэ тылынан саҥардыахха'' диэн ZOOM түһүлгэтигэр буолар Форумҥа ыҥырабыт!

Соруга: Сахалыы саҥаны сайыннарыыга уонна тарҕатыыга үлэлэһэр дьону түмүү, биир ситими тэрийии.

Форум үлэлиир кэмэ: 10–19 ч. 05.12.2020, СУБУОТА Сиэксийэлэр: 10.00–10.50 – Сүрүн этээччилэри истии. 11.00–12.50 – ''Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону сахалыы иитии-сайыннарыы эйгэтин күүһүрдүү''. 14.00–15.50 – ''ТӨРӨППҮТ – ОҔО – УҺУЙААН''. 16.00–17.50 – ''ТӨРӨППҮТ – ОҔО – ОСКУОЛА''. 18.00–19.00 – Түмүктүүр мунньах.

Тэрийээччилэр: ''ИЙЭ ТЫЛ КЭСКИЛЭ'' түмсүү, үөрэх, уһуйаан тэрилтэлэрэ. Кыттыылаахтар: Саха Сирин улуустарын, нэһилиэктэрин бары олохтоохторо, төрөппүттэр, оҕону иитэр-сайыннарар, үөрэтэр тэрилтэлэр, учуонайдар, айар сойуустар, олохтоох былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, дьокутааттар, суруналыыстар.

Сигэтэ: https://us02web.zoom.us/j/84886958311?pwd=cnE5MWtLd1VLNzJQNHBKT3Jjd09qQT09

Киирэр куода: 039289

ТЭРИЙЭР СҮБЭ

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.