12.01.2024 | 18:00

Оҕо уонна билим: «Инникигэ хардыы»

Оҕо уонна билим: «Инникигэ хардыы»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Тохсунньу 9-11 күннэригэр киин куоракка “Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи конференциялара буола турар. Ол курдук, быйыл 1800-тэн тахса кыттааччы научнай-чинчийэр үлэтин 42 секциянан көмүскүү сылдьар. Олортон биирдэстэрэ — Айтал Старостин бэйэтин үлэтин туһунан кэпсээтэ.

 

Айтал Старостин, Дьааҥы улууһун Баатаҕай орто оскуолатын 6-ыс кылааһын үөрэнээччитэ:

— Дакылаатым "Батагайка" диэн сир сиҥниитигэр көстүбүт сэдэх палеонтологическай булумньулар тустарынан. Бу сир научнайдык "термокарстовай котлован" диэн ааттанар. Ааспыт үйэ 60-ус сылларыттан киһи көмөтүнэн үөскээбит. Быһаччы быһаардахха, маассабай мас кэрдиитин түмүгэр сир ирэн, ирбэт тоҥ сиҥнэн барбыт. "Батагайка" билигин туристар дьулуһар сирдэрэ буолла, "Аад айаҕа", "Баатаҕай кратера" диэн аатынан норуокка биллэр. Сыл аайы кэҥии уонна дириҥии турар. Ол иһин түҥ былыргы сир дьапталҕалара учуонайдарга арыллан эрэллэр.

Манна уруккуттан сэлии кырамталарын булар эбит буоллахтарына, 2009 сылтан саҕалаан аан дойду учуонайдарын соһутар арыйыы буолбут сүдү булумньулар көстүбүттэрэ. Холобур, "Дьааҥы сылгыта" («Верхоянская лошадь») — геологическай сааһа 4400 сыл; Бизон оҕото («Батагайский бизоненок») — 8215 саастаах; Лемминг ( «Копытный лемминг») — 50 тыһ. тахса саастаах; Кулунчук («Батагайский жеребенок Фуджи») — 42 170 саастаах.

Биһиги научнай үлэбитигэр архыып матырыйаалларын, урут-хойут тахсыбыт суруйуулары үөрэтэн, дьон ахтыытын хомуйан, Дьааҥы улууһун палеонтологическай булумньуларын историятын сааһылаатыбыт. Салҕыы манан улууска Оҕо киинин иһинэн үлэлиир туризм киинигэр экологическай экспедициялар маршруттарын оҥорор былааннаахпыт. Бу булумньулары аан дойдуга биллэриигэ, дойду музейдарыгар тарҕатыыга олохтоох дьон улахан кылааттарын киллэрбиттэр эбит — кинилэр ааттарын үйэтитэр үлэни ыытыахтаахпыт. Бу чинчийиибин сайыннаран, бырайыактыыр чааһын дириҥэтэн биэриэхпин наада дии санаатым. Атын оҕолор үлэлэрин көрөн, бэйэм үлэбэр туох тиийбэтин өйдөөтүм.

Мин бу научнай-практическай үлэҕэ бастакы холонуум. Улууспар бастаабыт буоламмын, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ ыыттылар. Саамай улахан махталбын учууталбар, тэҥҥэ илдьэ сылдьан элбэх интэриэһинэй чахчылары кэпсиир, үөрэтэр Эрэл Викторович Стручковка тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини бэйэтэ түмэл үлэһитин уонна энтузиаст быһыытынан Дьааҥы историятыгар суолу хаалларар суолталаах үлэни ыыта сылдьар. Онон салҕыы маннык конференцияларга кыттар баҕа санаалаахпыт, тиэмэбит дириҥэтиллэр хайысхата элбэх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...