07.02.2022 | 19:00

Оҕо саастан төрүттээхпит

Оҕо саастан төрүттээхпит
Ааптар: Зоя ИГНАТЬЕВА
Бөлөххө киир

«Биһиги бары оҕо саастан төрүттээхпит», - диэн турар улуу француз Антуан де Сент-Экзюпери. Кырдьыга да оннук, оҕо сылдьан кимиэхэ, хайдах, туохха иитиллэбит, кимниин алтыһабыт даҕаны, олохпут сол суолунан салаллан барара саарбаҕа суох. 
Дьокуускай куораттааҕы оҕо инфекционнай балыыһатын воздушно-капельнай инфекция салаатын медсиэстэрэтэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Люция Николаевна Николаева 9 бииргэ төрөөбүттээх оҕо сааһын туһунан сэһэргиир.

 

Люция Николаевна, төрдүҥ-ууһуҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Араспаанньабыт Казановтар диэммит. Ийэбит Евдокия Николаевна Винокурова билигин Нам улууһун 1 Хомустааҕар олорор. Үйэтин тухары, 52 сааһыгар диэри, учаастактааҕы балыыһаҕа санитарканан үлэлээбитэ. Соторутааҕыта 84 сааһын туолла, 9 оҕотуттан 21 сиэннээх, 14 хос сиэннээх. Ийэм 17 дуу, 18 дуу саастааҕар эргэ барбыт, сүүрбэтигэр бастакы оҕотун Русланын төрөөбүт, кыратын Александры түөрт уон биир сааһыгар оҕоломмут. Ийэбит биһигини соҕотоҕун кэриэтэ атахпытыгар туруорбута. Аҕабыт Николай Дмитриевич Казанов кадровай булчут этэ, 14 сааһыттан хара тыаттан арахпакка үлэлээбит идэтэ. Үтүө суобастаах үлэһит буолан, куруук былаанын аһара толорор эбит, ону элбэх ахсааннаах наҕараадалара туоһулууллар, үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэнэн, оннооҕор ВДНХ-ҕа тиийэр чиэскэ тиксибит. Ону таһынан чиэскэ-бочуокка сылдьыбытын элбэх ахсааннаах араадьыйа, чаһы бэлэхтэр бигэргэтэллэр. Аҕабытын биһиги, оҕолор, ахсааннаахтык көрөр этибит. Кыһын булдун сонордоон тыаттан киирбэт, сайын отуттан ордубат. Ыарахан үлэҕэ сылдьаахтаан да буолуо, баара-суоҕа 62 сааһыгар бу олохтон туораабыта.

Төһө даҕаны кэлиҥҥи кэмҥэ элбэх оҕолоох ыал элбээтэр, эһиги курдук тоҕус төрөппүт оҕолоох диэн аҕыйах.

– Оннук, биһиги тоҕус бииргэ төрөөбүппүт: Руслан, Людмила, Любовь, Люция, Луиза, Николай, Алексей, Владислав уонна Александр. Уонна, тоҕо эбитэ буолла, аҥаарбыт ийэбит араспаанньатынан суруллубут, аҥаарбыт – аҕабыт.

Улахан убайбыт Руслан летчик, «Якутия», «Полярные авиалинии» хампаанньаларга үлэлээбитэ, 62 сааһыгар диэри көппүтэ. Бэйэтин кэмигэр Дьокуускайтан Мииринэйгэ Борис Ельцины көтүппүт үрдүк кылаастаах исписэлиис. 2016 сыллаахха Тиксиигэ байыаннайдары тиэйбит сөмөлүөт саахалланан турар. Онно киниэхэ хирург, ортопед быраастары тиэрдэри итэҕэйбиттэрэ эмиэ элбэҕи этэр. Аны биирдэ «Дьокуускай-Зырянка» көтөн истэҕинэ пассажиркалара игирэ оҕолору төрөтөн турар. Убайбыт уопсайынан үлэлээбитин тухары элбэх санитарнай рейси толорбута. Оттон бииргэ төрөөбүттэртэн быһаччы доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлээччилэр хаһыабыт даҕаны. Ол курдук, улахан эдьиийбит Людмила биһикки иккиэн медсиэстэрэлэрбит. Владислав – пластическай хирург. Улахан убайбыт уола эмиэ Руслан кэргэнинээн иккиэн быраастар. Руслан хирург-уролог идэлээх, кэргэнэ сүрэх бырааһа. Руслан Медкииҥҥэ бастакы бүөрү көһөрүү эпэрээссийэтигэр кыттыбыта. Ол эмиэ үрдүк итэҕэл туоһута.

Иккис эдьиийбит Любовь – экономист. Луиза – Намҥа улуустааҕы гимназияҕа педагог-организатор. Николай Нам Таастааҕар олохсуйан, аҕатын туйаҕын хатаран булдунан-алдынан дьарыктанар, сылгы тутар. Алексей өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ылбыт дастабырыанньатынан күн бүгүнүгэр диэри суоппардыыр. Александр – газослесарь.

Николайбыт быыкаа эрдэҕинэ «порок сердца» диэн диагнозтанан, эпэрээссийэлэниэхтээх эбит. Ону аҕабыт кыккыраччы аккаастаан, «айылҕата эмтиэҕэ» диэн уолун бэйэтин кытта тыаҕа илдьэ сылдьыбыта үһү. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, Владислав хирург буолан баран Николайы куоракка бэрэбиэркэҕэ ыҥырбыта, сүрэҕэр туох да суол-иис хаалбатах, барыта оспут диэн буолбута. Ол аата чахчы «айылҕата эмтээбит», аҕабыт алҕаһаабатах буолан тахсар.

Элбэх оҕолоох ыалга оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааталлар диэн баар. Эһиэхэ хайдах этэй?

– Биһиги эмиэ бэйэ-бэйэбитин көрсөн улааппыппыт. Улахаттар утум-ситим оскуолаларын бүтэрэн киэҥ сиргэ үөрэҕи батыһан баран иһэллэрэ. Ийэбит сүрдээх ыараханнык олорбуппут диэн кэпсээччи. Холобура, Русланын оҕолоноругар үс ыал буолан дьукаахтаһан олорбуттар. Улахан дьон күнү-күннүктээн фермаҕа үлэлиир буолан, оҕолору барыларын, астарын ууран баран, атахтарыттан остуол атаҕар баайан барар эбиттэр. Киэһэ кэлэллэригэр бу барахсаттар бары сиргэ утуйан букунаһа сытар буолар эбиттэр. Бэйэм өйдүүрбүнэн, оҕо сылдьан устар сайыны быһа атах сыгынньах сылдьарбыт. Ол тухары биирдэ тумуулаабыппытын, балыыһаҕа киириэххэ диэри ыалдьыбыппытын өйдөөбөппүн. Сайын от үлэтигэр эриллэн, кыһын мас кыстаан, хаар уулаан, ийэбитигэр хотоҥҥо көмөлөһөн, күн иллэҥэ суох буоларбыт. Биирдэ ийэбит түүҥҥү дьуһуурустубатыгар барбытыгар, аҕабыт – тыатыгар, оһохпутун эрдэ сабан, угаардаан хаалбыппыт. Арай мин будильник тыаһыттан олоро биэрээт, төттөрү ороммор сууллан түстүм. Онтон эдьиийим уһуктан баран, эмиэ сууллан түстэ. Онтон нэһиилэ ааҥҥа сыыллан тиийэн ааны арыйан быыһаммыппыт. Ийэбитигэр балыыһаҕа тиийэн тыллаан, хата, балыыһа чугас этэ, ийэбит сиэстэрэни илдьэ кэлэн быыһаммыппыт.

Сайын бука бары сир астыы барабыт. Улахаттар иһиккэ хомуйаллар, кыралар – айахтарыгар. Ыһыахха барыы диэн – туһунан үөрүү. Таастаахтан 1-кы Хомустаахха диэри 56 км ыраах. Онно бырысыаптаах ДТ-75 тракторынан икки күн айаннаан тиийэрбит! Ол да буоллар биһи саҕа дьоллоох оҕолор суох буолааччылар. Аны туран ийэбит барахсан хайдахтаах курдук былаачыйалары тигэрэй?! Биһи саҕа кырасаабысса суоҕун курдук этэ! Дэриэбинэ кыргыттарыгар сайын фермаҕа ыанньыксыттары солбуйтараллара. Оччоҕо күһүн оскуола тээбиринин бэйэҥ харчыгынан атыылаһан, улахан дьон курдук сананарбыт. Биирдэ аҕабыт тыаттан бэдэр оҕотун аҕалан турар, бэйэтэ куоска эрэ саҕа быыкаа эрээри, атахтара суонун өйдүүбүн. Арыый улааппытын кэннэ килиэккэҕэ тутар буолбуппут, төһөтүн да иһин тыа харамайа буоллаҕа. Ону оройуонтан истэннэр, ууһатыа этибит диэн, кыыл ферматыгар ылан барбыттара. Оҕо сааһым өйдөбүллэрэ итинниктэр. Төһө да сорҕото оонньуу курдук буоллар, бэйэбит да билбэппитинэн үлэҕэ үөрэнэн, иискэ-ууска сыстан, олоххо балайда бэлэмнээх тахсыбыппыт.

Хаартыскаҕа көрдөххө, төрөппүттэргит майгыннаспаттар.

– Оннук. Ийэбит кыра уҥуохтаах, элбэх саҥата суох. Оттон аҕабыт нууччалыы-сахалыы хоһоон суруйара. Мин өйдүүрбүнэн, олус уһун хоһооннор этэ. Хас биирдии строка биир буукубаттан саҕаланар хоһоонноро эмиэ бааллара. Ону олус сөҕө истэрбитин өйдүүбүн. Ону аҕабыт үүтээҥҥэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сытан суруйабын диирэ. Хомойуох иһин, аҕабыт хоһооннорун ким даҕаны харайбатах.

Пандемиянан сибээстээн Люция Николаевнаны кытта суруйсан кэпсэттибит. Кэпсэтиибит былаһын тухары «Казановтар» диэн араспаанньа өйбүттэн тахсыбатаҕа. Онтон «биир быраатым пластическай хирург» диэбитигэр биирдэ өйдүү биэрдим: кырдьык даҕаны, үс сыллааҕыта Санкт-Петербурга көһөн барыан аҕай иннинэ Владислав Казановтан интервью ылбыттааҕым. Владислав Николаевич Люция Николаевна быраата эбит! Сир төгүрүк буоллаҕа!

– Төрөөбүт дьиэҕит билигин быыкаа буолан көстөр буолуохтаах.

– Бары муһуннахпытына, биллэн турар, баппаппыт. Ол иһин сайын айылҕаҕа ыһыах ыһабыт. Бэйэбит илиибитинэн бэлэх оҥорсон, эрдэттэн бэлэмнэнэбит. Сылга ким туох ситиһиилэммитин, туох былааннааҕын кэпсэтэбит.

– Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

Кэргэним Иван инбэлииттэр дьиэлэригэр охранник үлэлээх, остуол тенниһигэр спорт бэтэрээнэ, билигин аны сайын Бороҕоҥҥо ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар улуус хамаандатын бэлэмниир түбүккэ сылдьар. Кыыспыт Александра Нам 2№-дээх оскуолатыгар английскай тыл учуутала, күтүөппүт Владимир Таастаахха оскуола дириэктэрэ. Артем диэн сиэннээхпит.

 

Ааптартан: Люция Николаевна Дьокуускайга Намтан сылдьан үлэлиир. Үксүгэр киэһэ хойут, таксинан төннөр. Иван Иванович кинини куруук сылаас астаах көрсөр, кыаҕа тиийэринэн өйөбүл, тирэх буолар.

 

Хаартыскалар Казановтар архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...