Оҕо саастан саҕыллыбыт идэ
Кыракый кыысчаан онно киирэн, киинэ көрдөрөр проектардары, киинэ лиэнтэтин перемоткалыыр остуолу олус сэҥээрэ көрөрө. Онтон дьиэтигэр тиийэн, саха быһаҕын эбэтэр бэлисипиэт спицатын көмөтүнэн бырааттарын оонньуур массыыналарыттан саҕалаан араадьыйаҕа тиийэ хаһарын сөбүлүүрэ. Ити дьарыктара кинини оскуола кэнниттэн ГПТУ-7 диэн киномеханиктар училищеларыгар сирдээбиттэрэ. Марина Софроновна Винокурова билигин СӨ култууратын туйгуна, киинэ бэтэрээнэ.
«Ыал — ийэтинэн» диэн өбүгэлэрбит ыллыктаах тыллара баар. Ийэ сүбэтэ-соргута өрүү суолталаах буолар. Бүгүҥҥү кэпсиир үлэһит киһибит Марина Софроновна ийэтэ Татьяна Софроновна Федорова оҕус муннун кыайар буолуоҕуттан холкуоска, кэлин сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээн, олохтоох сэбиэт дьокутаата буола үүммүт, уопсастыбаннай үлэттэн туора турбатах. Ийэлэрин хоһуунун, хорсунун, тулуурдааҕын, амараҕын, аһыныгаһын алта төрөппүт оҕото, ииппит уола, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ холобур оҥостоллор. Оттон ииппит аҕата Николай Михайлович Уйгуров сытыары сымнаҕас, чөл олоҕу тутуһар көнө майгытынан оҕолорго суолдьут сулус буолара. Марина оҕо сааһа ити курдук ынах ыан, ньирэй аһатан, от оттоон, муус киллэрэн, хаар күрдьэн, тыа сиригэр ааспыта.
– Марина Софроновна, маҥнайгы хамнастаах үлэҥ туохтан саҕаламмытай?
– Алтыс кылааһы бүтэрбит сайыммар “Ойбон” диэн саамай ыраах пиэрмэҕэ үүт эрийээччинэн киирбитим. Билигин отой өйбөр киирбэт, хайдах сылдьаахтаабытым буолла. Сайылык оҕотун сиэринэн окко-маска барытыгар сырыттаҕым. Онтон саҕалаан үрүҥ – хара, үчүгэй – куһаҕан диэни арааран барбытым. Туох кистэлэ кэлиэй, оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар “ыанньыксыт оҕото – ыанньыксыт, учуутал оҕото учуутал буолуохтаах” диэн өйдөбүл баара. Оттон миигин дьылҕам оннук суолунан ыыппакка, үөрэхтээх оҥорбутугар махталым муҥура суох.
– Киһи олоҕор махтана саныыр настаабынньыктаах буолар. Эн кимнээҕи ааттыаҥ этэй?
– Үөрэппит учууталларым: Зоя Петровна Игнатьева – саха тылыгар уонна литературатыгар, Татьяна Лукинична Васильева – химияҕа уонна Марина Ивановна Софронова – алгебраҕа, геометрияҕа үөрэппит үтүө үгэстэрэ олохпор куруук туһалыыр.
ГПТУ-7 үөрэнэн анал идэ ылан, кэргэннэнэн, Орто Халыма куоратыгар киномеханигынан тиийбитим. Онон сүүрбэттэн тахса сыл олорбут, үлэлээбит, оҕолорум куорсун анньынан күөрэйэ көппүт сирдэринэн ортотуттан ойон тахсар күннээх Орто Халыма буолар. Олоҕум дьоллоох оскуолата манна саҕаламмыта.
Үлэһит, үтүө дьон, дьэ, манна бааллара. РСФСР үтүөлээх зоотехнига Евдокия Ивановна Созонова, ССРС кинематографиятын туйгуннара Никита Гаврильевич Винокуров, Анна Лазаревна Афанасьева, Гаврил Романович Крылов, култуура үтүөлээх үлэһитэ Александра Николаевна Бережнова – улахан буукубанан суруллар Учууталларым, Настаабынньыктарым. Бу дьоммуттан билигин Александра Николаевна Орто Халыма куоратыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Түгэни туһанан киниэхэ итии төлөннөөх эҕэрдэбин тиэрдэбин.
– Киномеханиктан Госкинохранилищеҕа суолуҥ?
– Ити курдук киномеханик идэбинэн “Украина-7” проекторбын кыһын-саас салааскаҕа соһо сылдьан эбиэккэ диэри Орто Халыма куорат оскуоларын, детсадтарын кэрийэрим, киэһэтин ПМК-ка, ЖКХ-а, киносеть хонтуораларыгар стационарга киинэ көрдөрөрүм. Биир ыйга икки тыһыынча солкуобайы 10, 20 кэппиэйкэлээх билиэппинэн толорор этим.
Онтон олох укулаата уларыйан, дойду үрдүнэн киносеть ситимэ сабыллан, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музейга үлэлээбитим. Манна олохтоох дьон үлэтин, талаанын көрдөрөр араас быыстапкалары тэрийэрбит. Холобура, айылҕаттан талааннаах худуоһунньук, таксидермист, поэт А.Ф. Лаптев үлэлэрэ улууска эрэ буолбакка, аан дойдуга тахсыбыта, араас ыалдьыттарга бэлэххэ туттарыллара. График худуоһунньук Е.И. Третьякова-Иэйэ иистэнньэҥ дьахталлар үлэлэрин, төрүт олохтоох иистэрин чинчийбитэ уонна өрөспүүбүлүкэ таһыгар быыстапканан илдьэ сылдьыбыта. Хас биирдии бэлиэ, үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ музей хайаан да быыстапка туруоран, дьон үлэтин көрдөрөр үгэстээҕэ.
Кэнники СГУ культурологияҕа салаатын бүтэрбитим, олохтоох “Орто Халыма” теле-, араадьыйа устуудьуйаҕа дикторынан, эрэдээктэринэн, “Дайыы” литературнай түмсүү салайааччытынан үлэлээбитим.
2008 сылга Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн, «Саха» НКИХ араадьыйатыгар политическай-информационнай салааҕа эрэдээктэрдээбитим. Бу сылдьан Иван Спиридонович Жараев салайыытынан тахсар “Люди за кадром и в кадре” диэн киинэ эйгэтин үлэһиттэрин туһунан кинигэ сүрэхтэниитигэр Иван Спиридоновичтыын көрсүбүтүм. Кини ыҥырыытынан 2009 сылтан оччолорго “Госкинохранилище” тэрилтэҕэ үлэҕэ кэлбитим. Бастаан утаа хамнаһа суох киинэ музейын пуондатын хаҥатыыга, кинематографистар быыстапкаларын оҥорууга үлэлэһэрим. Билигин И.С. Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинигэр экспертизаҕа уонна түмүүгэ отделга сүрүн методистыыбын.
– Улахан тэрилтэҕэ киирээт, өйдөөн хаалбыт бырайыактарыҥ ханныгый?
– “От Аэроградо до тайны Чингис Хаана” диэн бастакы улахан быыстапкабыт Ем. Ярославскай аатынан музейга турарыгар элбэх үлэни ыыппыппытын өйдүүбүн. Биир кэмҥэ Андрей Анатольевич Зайков салайар «Живые голоса войны» анал бырайыагар киирэн үлэлээбиппин күндүтүк саныыбын. 18 сериялаах документальнай киинэ уһуллан, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар бэлэх курдук тарҕаммыта.
– Тэрилтэҕит туох сыаллааҕын ааҕааччыларбытыгар тиэрдиэх эрэ.
– Биһиги тэрилтэбит сыала-соруга: Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын, кинилэр дьарыктарын, үлэлэрин-хамнастарын үйэтитии. Хас биирдии улууска үлэһит дьону-сэргэни устан, аныгылыы сайдыы хаамыытынан үйэтитэр соруктаахпыт. Ол курдук улуус иһинээҕи нэһилиэктэр, нэһилиэк иһинээҕи тэрилтэлэр бука бары хатыламмат ураты дьарыктаахтар. Бу барыта соҕотох биһиги тэрилтэбит сүүрбэччэ үлэһитин санныгар сүктэриллибэккэ, Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, дьокутааттар сэбиэттэрин дьаһалларынан түмүллэн-хараллан оҥоһуллара ордук буолуох этэ диэн баҕа санаалаахпын.
Маны сэргэ, Култуура министиэристибэтин иһинэн үлэлиир буоламмыт, Госсакаас диэн эмиэ ирдэнэр. Тэрилтэлэр сакаастарынан роликтары, кылгас киинэлэри устуохпутун сөп. VHS, mini DV кассеталары аныгы сыыппараҕа көһөрөбүт. Ааспыт сылларга Никита Аржаков режиссердаах “Тыгын Дархан” киинэни устубуппут. Быйыл Учуутал уонна настаабынньык сылынан Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуола туһунан киинэ уһулларыгар үлэ бара турар.
– Ити аата, дьиҥинэн, улуустары кытта быһаччы сибээс баар буоллаҕа?
– Ааспыт сыл Таатта улууһун Норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Г.Г. Вырдылин ыҥырыытынан ситимнээх үлэбит түмүгэр билигин кинилэр эрдэ уһуллубут видеоматырыйаалларын хомуйан, сыыппараҕа көһөрө сылдьаллар. Анал эппиэттээх дьон баар. Биир бастакынан киинэ архыыбын тэриммит Нам улууһуттан киинэ бэтэрээнэ Вера Дмитрьевна Попованы чорботон ааттыахпын баҕарабын.
– Дьэ, чахчы уустук, ону ааһан көннөрү киһи хараҕар көстүбэт үлэлээххит. Кэлэктиибиҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Тэрилтэбитигэр 24 буолан үлэлиибит. Дириэктэрбит Степан Иванович Москвитин. Идэлээх Сойууспут профсойууһа үлэһит көмүскэллээх буоларын хааччыйар. Бэрэссэдээтэл Марфа Валентиновна Эверстова хас биирдиибит тэрилтэ туһугар кыттыыны ыларыгар кыһаллар. Онон биһиги үлэһиттэр сойуустарын ыытар спартакиадатыгар кыттабыт. Быйылгы сылга хабылык, хаамыска күрэҕэр 1 миэстэни ыллым. Ааспыт сылларга Дартс, дуобат күрэхтэригэр II-III миэстэлэргэ тиксэн турабын.
– Киин пуондатыттан билиһиннэриэҥ дуо, Марина Софроновна?
– Хас биирдии күн хатыламмат, сарсын историяҕа хаалар дьиктилээх. Ыраата барбакка тэлгэһэбитин да көрдөххө, аҕыйах сыллааҕыта Лермонтов аатынан уулусса иккилии мэндиэмэннээх мас дьиэлэринэн субуллан турар буоллаҕына, билигин ол дьиэлэр суохтарын кэриэтэ. Ити курдук сайдыы, олох укулаата уларыйа турар. Маны хайдах баарынан киинэ архыыбыгар көрүөххэ сөп. Улуустары кэрийэ сылдьан Улуу Кыайыыны уһансыбыт, уоттаах сэрии ортотунан сылдьыбыт бэтэрээннэр ахтыыларын тыыннаахтарына устубут, үйэтиппит – эмиэ биһиги тэрилтэбит. Ити курдук билигин 130-ча сэдэх пуонда баар – 1925 сылтан саҕалаан Сахабыт сирин үлэһит дьонун, үлэни-хамнаһы көрдөрөр сюжеттар, альманахтар, сурунааллар, киинэлэр уо.д.а.
– Олортон биир эмэ олох ураты, сэдэх түгэни аҕыннахха?
– 1990-с сыллар саҥаларыгар лингвист учуонай, Ю.И. Васильев – Дьаргыстай Турцияҕа командировкаҕа бара сылдьан сахабыт норуотун биллэр дьоно И.Н. Барахов, Алампа – Софронов, Күндэ – Иванов 1926 с. I-кы Түүр тыллаах норуоттар сийиэстэригэр бу хаама сылдьар түгэннэрин киинэ каадырдарыгар булан аҕалан, улаханнык соһуппута. Аны М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, хотугу норуоттар култуураларын уонна тылларын институтун саха литературатыгар кафедратын сэбиэдиссэйэ В.С. Семенова Москваҕа нуучча академиятын 200 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ улуу убайдарбыт А.И. Софронов, А.А. Иванов – Күндэ, И.Н. Барахов сылдьар каадырдарын булан аҕалбыта.
– Архыыпка ким баҕар видеоматырыйаал туттарыан сөп дуо?
– Анал сокуон быһыытынан, киинэни устуунан дьарыгырар устуудьуйалар, телевидение биэриилэрэ, Саха сиригэр сыһыаннаах матырыйаал барыта, судаарыстыба баайа буоларын быһыытынан, туттарыллыахтаах. Ол курдук, холобура, «Саха» НКИХ эрэдээктэрдэрэ биирдиилээн аҕалан, бэйэлэрин ааттарыгар анал пуонда арыйтараллар.
– Үлэҕинэн дуоһуйуу баар дуо? Баҕа санааҥ?
– Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Уонна, ханна да үлэлээтэрбин, история чахчытын норуокка хайдах баарынан тиэрдэр дьүккүөрдээх эбиппин дии саныыбын, холобура, музейга – экспонаттар нөҥүө, манна – киинэ докумуоннарынан. Ол эрээри саамай улахан баҕа санаам диэн, биллэн турар, тэрилтэм олох сайдыытыгар эппиэттиир дьиэлээх-уоттаах буолуута.