Оҕо сааскар эргиллиэххин баҕараҕын
Худуоһунньук Николай Николаевич Рязанскай Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр олорор. Уруһуйдуурга анал үөрэҕэ суоҕун да иһин, айылҕа биэрбит талаанынан айар үлэнэн ордук 1990 сылтан умсугуйан дьарыктанар. Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар айар быыстапката туран, дьон сэҥээриитин, билиниитин ылыан ылар. Кини үлэлэрин өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тиэмэлээх быыстапкаларга, бэстибээллэргэ уонна төрөөбүт Сулҕаччытыгар баар М.М.Носов аатынан галереяҕа астына-дуоһуйа көрүөххэ сөп. Кини – өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэр хас да төгүллээх лауреаттара, дипломаннара.
Николай Рязанскай киистэтин илиитигэр ыллаҕына, саха аныгы дэриэбинэтин, аттыгар сылдьар тыа сирин үлэһит дьонун эбэтэр көлүөнэлэр ситимнэрин көрдөрөр уо.д.а. хартыыналар үөскээн тахсаллар. Худуоһунньук сырдыгынан сыдьаайар, сылааһынан илгийэр үлэлэрин көрөн, эдэр киһи биһигин ыйаабыт сириттэн тэйбэккэ, төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлиэн, оҕо сааһыгар эргиллиэн баҕарар. Ол курдук, кини хартыыналара иитэр-үөрэтэр аналлаахтар.
Николай Рязанскай хартыыналарынан кэргэнэ Екатерина Филипповна “Чычып-чаап” уһуйаан үлэһиттэриниин “Киистэ кэпсээнэ” диэн 24 биллэрэр-көрдөрөр карточкалаах кэмпилиэк-кинигэни күн сирин көрдөрбүттэрэ.