20.05.2023 | 14:00

Оҕо айымньыны ойуунан ордук түргэнник ылынар

Аня Кириллина – Саха гимназиятын 6-с «Б» кылааһын үөрэнээччитэ. Маҥнайгы кылаастан анимациянан үлүһүйэр, Л.А. Ким аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар төрдүс сылын сөбүлээн дьарыктанар. Бастакы ойуулугун 7 сааһыгар оҥорбут.
Оҕо айымньыны ойуунан ордук түргэнник ылынар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Оччолорго кыысчаан төлөпүөнэ суоҕа, ийэтин смартфонугар «FlipaClip» бырагыраама көмөтүнэн тэттик ойуулугу уруһуйдаабыта. 2020 сыллаахха «Пора роста» киин тэрийэн ыыппыт «Я – мультипликатор» диэн күрэҕэр кыттан, «Көрөөччүлэр быһаарыыларынан бастыҥ анимационнай ойуулук» номинация кыайыылааҕа буолбута.

«Бирииһэ смартфон этэ. Олус соһуйбутум, үөрбүтүм. Онон икки төлөпүөннэнэн хаалбытым», – диэн астына кэпсиир Аня. Төрөппүттэрэ мурун бүөтэ кыыстара анимациянан үлүһүйэрин бастаан билбэккэ да сылдьыбыттар, онтон күрэхтэргэ миэстэлэһэн соһуталаабыт. Билигин дьиэ кэргэн барыта өйүүр.  

Аня алын кылааска үөрэнэ сылдьан учуутала Татьяна Семеновна Петрова салалтатынан «Страна звуковичков» диэн икки чаастаах ойуулугу оҥорбута оҕолор дорҕооннору үөрэтэллэригэр, тыллары таба суруйалларыгар бэлэм көмө матырыйаал буолан тахсыбыта. Дьэрэкээн ойуулаах, сорудахтардаах этэ. Дьоруойдарын саҥардыыга кылаас оҕото үксэ кыттыспыта. Онтон ыла кыыс улам умсугуйан, айар дьоҕура арыллан барбыта. Өссө бу ойуулугунан төрдүс кылааска Бүтүн Арассыыйатааҕы «Шаг в будущее» научнай-практическай конференция информатика салаатыгар кыттан, иккис миэстэни ылбыта. Сааһынан барыларыттан кыра эрээри, иҥнибэккэ, толлубакка, бэрт чобуотук кэпсээбитин дьүүллүүр сүбэ хайҕаабыта. Бырайыагын биэс тарбаҕын курдук билэр буолан, үрдүк сыанабылы ылбыта.

Бэйэм саастыылаахтарбар туһалаах буоллун диэн

– Бастаан дьоруойдарым хайдах буолуохтаахтарын, сюжетын толкуйдуубун, уруһуйдуубун, сценарийын суруйабын. Онтон анимацията, озвучката кэлэр, – диэн кэпсиир эдэр мультипликатор.

Ойуулугу оҥорон таһаарыы элбэх сыраны, бириэмэни эрэйэр. Айар куттаах кыысчаан хас ойуулугу оҥорбутун бу диэн чопчу билбэт. «Аахпаппын ээ», – диэн хоруйдаан соһутта.

– Кэнники кэмҥэ үксүн суруйааччылар айымньыларынан  оҥоробун, оҕолорго, бэйэм саастыылаахтарбар туһалаах буоллун диэн.  Бастаан кыра кээмэйдээх айымньылартан саҕалаабытым. Ол курдук, Иван Андреевич Крылов «Свинья под Дубом» үгэтин ордук сөбүлээн аахпытым уонна биир мүнүүтэлээх ойуулук оҥорбутум. Айылҕаны харыстааҥ диэн ис хоһоонноох. Билигин экология – саамай улахан кыһалҕа. Өссө Сергей Владимирович Михалков төрөөбүтэ 110 сылыгар «Сиэркилэ» үгэтинэн сахалыы ойуулук оҥорбутум.

Дьоруойдары саҥардыыга дьиэ кэргэним барыта кыттыһар, ийэм, убайдарым көмөлөһөллөр. Барыларын саҥардан көрөбүн, онтон талан, оруолларга араарабын, – диэн кэпсээтэ.

Ийэтэ Лена Егоровна: «Сороҕор биһиги саҥарарбытын сөбүлээбэт. Артыыс үөрэҕэ суох дьоммут, ол да буоллар баарбытынан-суохпутунан кыһаллабыт», – диэн күлэ-үөрэ сэһэргиир.

Кырдьыга даҕаны, драмкуруһуокка дьарыктамматах оҕо диэтэххэ, ханнык да айымньыны ис-иһиттэн иэйэн-куойан ааҕара, дьоруойдарыгар сөп түбэһиннэрэн, куолаһын араастаан уларытара көрөөччүнү кэрэхсэтэр.

«Эрчимэн Бэргэн» олоҥхонон ойуулук

– Быйылгы үөрэх дьылыгар Сергей Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотун аахпыппыт. Олоҥхо – бэйэтэ да бөдөҥ, улахан айымньы. Билиҥҥи оҕо билбэт эргэрбит тыла элбэх. Кылааһым оҕолоро ыарырҕаппыттара, хас да уруогу быһа үөрэппиппит. Онтон бу олоҥхонон ойуулук оҥорор санаа киирбитэ. Ону көрөн, оҕолор  айымньыны ааҕыахтарын баҕарбытым. Ол курдук, бу олоҥхонон алта мүнүүтэлээх ойуулукпун уһуннук оҥорбутум, 4-5 ый курдук үлэлээбитим. Билигин да ситэрэ-тупсара сылдьабын. Барыта 6124 сирэйдээх буолбута. Эбэн эттэххэ, анимация биир мүнүүтэтигэр 1000 кэриҥэ сирэй киирэр. 

Бастаан саҕалыам иннинэ ютубка  «Эрчимэн Бэргэн» диэн ойуулук баарын-суоҕун билээри, киирэн көрдөөбүтүм, суох этэ. Ол кэмҥэ оруобуна бүрээттэр төрүт култуураларын билиһиннэрэр ойуулугу булан көрбүтүм, онтон кынаттанан, саха олоҕун-дьаһаҕын ойуулуур үлэни оҥоруохпун баҕарбытым. Өссө эбии комикс уруһуйдаабытым. Оҕо ойуунан бэриллибити ордук түргэнник ылынар уонна айымньыны өйдөөн хаалар дии саныыбын.

Комикспынан научнай-практическай конференцияҕа кыттыбытым. «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхонон трейлер оҥорон, буктрейлер күрэҕэр ыыппытым, куорат түһүмэҕэр бастаабытым, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх түмүгэ биллэ илик. Тупсаран баран, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа биэриэхпитин баҕарабыт, – диэн санаатын үллэһиннэ бүгүҥҥү сэһэргэһээччим.

Лена Егоровна этэринэн,  Аня «Эрчимэн Бэргэн» ойуулугу оҥорон саҕалыаҕыттан сахалыы саҥарара тупсубут, билэрэ-көрөрө элбээбит. Олоҥхо сүдү күүһэ онно кистэнэ сыттаҕа!  

Үрдүк таһымҥа тахсыахпын баҕарабын

Аня Кириллина ойуулуктара оҕолуу ыраастар, сырдыктар. Киһи сөҕөрө-махтайара баар, бары дириҥ ис хоһоонноохтор, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Үлэлэрин ютуб ханаалыгар уган иһэр.

– Уруһуйдаан, оҥорон истэҕим аайы сайдан, тупсан иһэбин. Истиилим да уларыйар. Оҕо искусствотын оскуолатыгар уруһуйу, графиканы, живопиһы, киһи анатомиятын кытта үөрэтэбит. Учууталым Галина Константиновна Маркова элбэххэ уһуйар. Ол эрээри ойуулук истиилэ диэн туспа. Инникитин өссө күүскэ ылсан үлэлиэхпин, үрдүк таһымҥа тахсыахпын баҕарабын, – диэн ыра санаалаах. 

 

Наукаҕа эрэллээх хардыылар

Нуучча тылын уонна литературатын учуутала Марианна Васильевна Ордахова айар дьоҕурдаах кыыһы таба көрөн, араас күрэхтэргэ кытыннарар. Аня быйыл муус устар ыйга Бүтүн Арассыыйатааҕы Вернадскай ааҕыыларыгар ситиһиилээхтик кыттан, Москваттан лауреат аатын ылан, үөрэн-көтөн төннүбүтэ.

– Истиэндэнэн көмүскүүр түһүмэххэ кэпсии турдахпына, сахалар кэлбиттэрэ. Нерюнгриттан сылдьар оҕо ону-маны ыйыталаспыта уонна: «Балтым эн ханаалгын сөбүлээн көрөр», – диэн соһуппута. Эбэтин кытта сылдьара, кини сиэннэрим бары эйигин көрөллөр диэн өссө улаханнык соһуппута. Видеоҕа уһулбуттара. Ханаалбын бииргэ үөрэнэр оҕолорум эрэ көрөллөр дии саныырым...

«Билим» конференцияҕа устудьуоннар, аспираннар ортолоругар соҕотох оҕо кини этэ. Онно эмиэ кыайыы көтөллөммүтэ, «Барҕарыы» пуондаттан истипиэндьийэ туппута.

Эһэбинэн киэн туттабын

Билигин Аня аватардары оҥорор. Социальнай ситим нөҥүө булан, күрэхтэргэ таба көрөн, араас куораттартан, атын дойдулартан кытта үлэһэллэр эбит.

Аня уруһуй күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттар. Бүтэһик кыайыытын кэпсээтэххэ, быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи «Пою мое Отечество» күрэххэ Гран-при буолбута.   

– Эһэм Егор Иванович Заболоцкай – ювелир, худуоһунньук, норуот маастара. Кини миэхэ сүбэ-ама биэрэр. Устудьуоннуу сылдьан доҕотторун кытта оҥорбут мозаиката Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр турар. Мин эһэм курдук  буолуохпун баҕарабын.

Эбэм Августина Константиновна Заболоцкая – сахалыы тыыны иҥэрэр күндү киһим.

Үҥкүүһүт, туйгун үөрэнээччи

Аня дьарыга итинэн бүппэт. Түөрт сааһыттан бальнай үҥкүүнэн үлүһүйэр, «Надежда» кулуупка дьарыктанар. Убайын кытта пааралар, чөмпүйүөннэр, араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилэрин ааҕан сиппэккин.

Туйгун үөрэхтээх кыыс күн солото суох. Олимпиадаларга да көхтөөхтүк кыттар. Уопсайынан, ханнык баҕарар сорудахха айымньылаахтык сыһыаннаһар.

– Саҥа саҕалаан эрэр аниматордарга уонна худуоһунньуктарга ситиһиилэри баҕарабын. Кырдьык, бастаан билбэтиҥ, сатаабатыҥ элбэх. Ол эрээри, табыллан истэҕинэ, өссө саҥаны айыаххын, үлэлиэххин баҕараҕын. «Сатаммата» диэн санааҕытын түһэримэҥ, бэринимэҥ, иннигит диэки эрэллээхтик баран, сайдан иһиҥ! – диэн сэргэх сэһэргэһээччим улахан киһилии дьоһуннаах сүбэтинэн бүгүҥҥү кэрэхсэбиллээх кэпсэтиибит түмүктэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...