12.07.2020 | 16:16

Оҥхойго ураты эҕэрдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгэр үрүҥ илгэни үрүлүтэр үтүө күннэр үүммүттэринэн, окко киирии үөрүүлээх кэминэн олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэк дьокутааттара бар дьону уратытык эҕэрдэлээтилэр.

Тэрээһин Улуу Кыайыы 75 сыллаах, Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ 85 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин чэрчитинэн ыытылынна. Күөх быйаҥтан үгүөрүтүк сомсоҥҥут, уйгу-быйаҥ, уһун дьоллоох олохтонуҥ диэн туран олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэк дьокутааттара быырпаҕынан күндүлээтилэр, үтэhэлээх сылгы этин түөлбэлэринэн түҥэттилэр.

Оҥхой нэһилиэгин тумус туттар, сүбэ-соргу биэрэр, маанылаах далбар хотуна, иһирэх ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ Александра Кирилловна Дмитриева оччугуй оҕо сааһыттан үлэни өрө тутан кэлбитэ, уоттаах сэрии сут кураан сылларыгар хотуулаахтык үлэлээбитэ. Улуу Кыайыыны уһансыбыт үлэ, тыыл бэтэрээнэ, ытык мааны киһилэрин 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээтилэр. Нэhилиэк дьокутааттара биир санаанан Александра Кирилловнаҕа “Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты иҥэрдилэр, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев, дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин эҕэрдэ суруктарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

“Оҥхой нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Уот Дьулустаан» салгыыта уһуллуо дуо?
Сонуннар | 08.03.2025 | 12:00
«Уот Дьулустаан» салгыыта уһуллуо дуо?
Үгүс көрөөччүлэр киэһэ аайы кэтэспит, ыйы быһа көрбүт сериаллара аһаҕас сөллүүлээх түмүктэммитин астымматылар. Таптал эмтиир күүһүгэр эрэммит дьон: “Ырыачай Уйбаанчыга кэлбэтэ”, – диэн хомолтолоох хааллылар. Сорохтор: “Салгыытын устар буоллахтара дуу?” – диэн мунаардылар. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр ити бүтэһик ыйытыыга хоруйу буллубут.     Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр “Уот Дьулустаан” сериал тула кэпсэтии...
Тапталы көрсөр хаһан да хойут буолбатах...
Тускар туһан | 06.03.2025 | 18:00
Тапталы көрсөр хаһан да хойут буолбатах...
Билигин биэс уонун ааспыт дьахтары киһи кырдьыбыт, буорайбыт диэн көрбөт. Сорохтор этэллэринэн, бу – көмүс саас, олоҕуҥ дьэ саҕаланар, бэйэҥ тускар олороруҥ кэлэр. Оннук эрэ буоллун! Бүгүн  ааҕааччыларбытыгар, кэрэ аҥаардарга уйулҕа үөрэхтээхтэрэ 50 саас кэннэ тапталы көрсүөххэ сөбүн, онуоха наадалаах сүбэлэрин бэчээттиибит.   Таптал киһини соһуччу ханна эрэ буолбакка, соһуччу кэмҥэ...
Кулун тутар 5 күнэ - Саха таҥаһын күнэ
Сонуннар | 06.03.2025 | 10:35
Кулун тутар 5 күнэ - Саха таҥаһын күнэ
Бу кyн быйыл эмиэ үгэс курдук араас улуустартан үгүс дьон түмүстэ. Иистэнньэҥнэр бары сатабылларынан тигиллибит, араас дьэрэкээн киэргэллээх, истээх кыһыҥҥы соннорун кэтэн, Орджоникидзе болуоссатыттан Ленин болуоссатыгар диэри сэлэлии хаамыыга көхтөөхтүк кытыннылар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан биһиги "үрүҥ көмүс" волонтердарбыт эмиэ көхтөөх кыттыыны ылан, сүргэбит көтөҕүлүннэ. Бүгүҥҥү тэрээһин сүрдээх элбэх кэрэ түгэннэрдээх,...
РИА көһө сылдьар офиһын үлэтэ тохтоото
Сонуннар | 05.03.2025 | 10:14
РИА көһө сылдьар офиһын үлэтэ тохтоото
Кулун тутар 4 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота (РИА) көһө сылдьар офиһа 2, 4 уонна 17 кыбаарталлар хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн көһөрүүгэ бүтэһик консультациятын оҥорбута. Ол төрүөтүнэн офис үлэлиир Пионерскай уул., 38/1 дьиэтэ көтүрүллэринэн босхолонуохтааҕа буолбута. Көһө сылдьар офис көмөтүнэн сүүһүнэн консультация, биирдиилээн дьон кыһалҕатын быһаарыы, харчынан компенсацияны ыларга сүбэ оҥоһулунна. Маннык...