Нуучча драматическай театра 130-с сезонун түмүктүөҕэ
А.С.Пушкин аатынан судаарыстыбаннай нуучча драматическай театра бэс ыйын 19-20 күннэригэр «Сорванец» испэктээги көрдөрүөҕэ. Ол туһунан култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ити испэктээк улахан суолтата – киниттэн театр 130 сыллаах историята саҕаламмыт эбит. Ол курдук үс оонньуулаах «Сорванец» комедия аан бастаан Дьокуускай куорат сыанатыгар 1890 сыл сайыныгар, Иркутскай уобалас губернатора Александр Горемыкин кэлбитигэр, туруоруллубут. 1891 сыл ыам ыйын 10 күнүгэр муусуканы уонна литератураны таптааччылар куруһуоктарын устааба бигэргэтиллибит. Ити күн Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи регионугар бастакы идэтийбит театр төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар.
«Театр бастакы артыыстарыгар уонна режиссердарыгар ытыктабылбытын биллэрэн «Сорванец» испэктээги туруорарга быһаарынныбыт», - диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Испэктээги Барнаултан кэлбит режиссер Ирина Астафьева уонна плаастикаҕа режиссер, Новосибирскайтан кэлбит Александр Пучков туруордулар. Сүрүн оруолларга – Вера Келле-Пелле, Александр Сердюков, Владислав Мичурин, Алла Бузмакова, Дарья Рокачева, Евгений Кузьмин уонна Марина Слепнева.
Театр дириэктэрэ Александр Лобанов этэринэн, испэктээк көрдөөх, аныгылыы уонна мусукаалынай буолуоҕа. Испэктээги туруорарга артыыстар «джаз-бенд» тэрийбиттэр уонна саҥа үнүстүрүмүөннэри, ол иһигэр контрабааһы баһылаабыттар.