24.12.2023 | 12:00

Новатор учуутал

Ылдьаа Арамаанабыс Наһаарап Хара нэһилиэгин олохтооҕо, 1970-90 сылларга Хара аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкултуура учуутала, ЛТО салайааччыта буолан үлэлээбитэ.
Новатор учуутал
Ааптар: Суруйдум уонна хомуйдум Федот Харитонов
Бөлөххө киир

Петр Илларионов,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириигэ, физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна

 

Кини туһунан бүтүн кинигэни суруйуохха, испэктээк да туруоруохха сөп. Ол курдук киэҥ, научнай, айымньылаах үлэни 50 сыл физкултуура учууталынан үлэлээн, 40 сыл ЛТО лааҕырыгар кэргэнэ Люция Ивановналыын оҕолору үлэҕэ үөрэтэн, олоҕун Мэҥэ Хаҥалаһын, Харатын, Майатын  оскуолатын оҕолоро эт-сиин өртүнэн сайдыылаах буолалларын туһугар бараабыта.

Ити сылларга кини физкултуура уруогар киллэрбит ньымалара, физзалы тупсаран оҥоруута, ЛТО лааҕырыгар оҕолору үлэҕэ үөрэтэрэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хаһыатчыт дьон кэпсээнэ, суруксут дьон солуна буолбута.

Ол курдук, Ылдьаа хас үлэлээбит оскуолатыгар бэйэтэ көҕүлээн, илиитинэн тутан, оҕолорунан сайын лааҕыр тэринэн оҥостубута элбэх. Хараҕа, Майа начаалынай оскуолатыгар, бүтэһигин Майа Ларионов аатынан оскуола кэтэҕэр бэртээхэй спорт балаһааккатын туппута. Оннооҕор футболлуур хонууну оҥорбута. Судаарыстыбаттан биир солкуобайы ылбакка. Оттон сорохтор хайаан да мөлүйүөнүнэн суумалаах омук оборудованиетын кэтэһэллэр эбэтэр спорт балаһааккатын бүлүүһэҕэ ууран, оҥорон биэрэри туруорсаллар. Тоҕо диэтэххэ кини урутаан туттубут новаторскай ньымаларын, көрүүлэрин  өйдөөбөттөр, үлэлэригэр хайаан да туттары үрдүкү салалта ирдээбэт. Онтон олох, Ийэ дойдубут Ылдьаа үлэтин курдугу ирдиир эбит. Ону маннык холобурдарынан ытаһалыыбын.

СВО-ҕа эдэр саха дьоно бардылар. Бадарааннаах окуопаҕа, блиндажка хоно сылдьан, астарын астанан, ыарахан бронежилеты кэтэн, автоматтарын, пулеметтарын сүгэн сүүрэ сылдьан сэриилэһэллэр. Маны физкултуура уруогар ирдэбилэ суох сымнаҕастык сылдьыбыттар, тардынар турнига да суох физзаллаахтар, хайыһары кэтэн көрбөтөхтөр, саас-күһүн кросстаабатах  уолаттар тулуйаллара буолуо дии санаабаппын.

Оҕо аймах суотабай төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ хатанна. Детсад сааһыттан тыҥата, былчыҥа сайдыбатах, элбэх ыарыыга хаптарбыт, куруук тумуулуур, күөмэйэ ыалдьар оҕо ахсаана элбээтэ. Бу ыарыһах көлүөнэ дойдубут экономикатын сайыннарыа дииргэ боппуруостар үөскүүллэр.

Оҕо физическэй сайдыытын ирдиир биир кэлим балыытыка күүскэ барбат. Арай математиканы, нуучча тылын, БКЭ-ни туттарарга күүстээх ирдэбил баар.

Оскуоланы бүтэрээччи төһөтө тардыммыта, ГТО нуорматын туттарбыта, хайыһардаабыта, кросска кыттыбыта, доруобуйатын туруга хайдаҕа, туох ыарыылааҕа, төһөтө ыалдьыбыта, балыыһаҕа сыппыта биллибэт. Ыйааһына, үрдүгэ, былчыҥнарын туруга, тулуурун таһыма, агдаката салгыны ыларыгар-таһаарарыгар төһө араастаһара болҕомтоҕо ылыллыбат. Оттон Ылдьаалаах начаалынай оскуолаҕа үлэлии сылдьан 500-800 оҕоҕо хас биирдиилэригэр анал дневник оҥорон, физическэй, антропометрическэй дааннайдарын тупсарыыга үлэлээбиттэрэ эбээт!

Хастаабыт тиит харылаах, суллаабыт тиит сотолоох ыччаттар төһө баалларый?  Ол туһунан үөрэх, доруобуйа министиэристибэлэрэ толкуйданар кэмнэрэ кэлбитэ буолаарай? Ил Түмэн, Госдуума спорка, үөрэххэ, доруобуйаҕа бэлиитикэни ыытааччылара харахтарын хатыыр, мэйиилэрин үлэлэтэр болдьохторо хаһан туолара буолла?

Эбэтэр ыччаты оҕо эрдэҕиттэн араас вакцинанан, эминэн-томунан өйөөн, урааҥхайы ууһатыахпыт, саханы сандаардыахпыт дии саныыллар дуу? Спортсменнарга,  дойдубут чиэһин харыстыыр ыччаттарга таблетканы сиэтэн бастыахпыт диэн баҕа санаалаахтара дуу?

Ааҕааччым, бу кэпсиир үтүөкэннээх киһим үлэтин-хамнаһын хаһыаттартан, кинигэлэртэн булан, үөрэнээччилэрин ахтыыларын хомуйан, анааран, эн иннигэр уурдум. Дьэ ону бэйэҥ сыаналаа, сыта-тура толкуйдаа. Үгүс ахтыыттан бу «Киин куорат» хаһыакка анаан биир-икки холобуру киллэриим.

 

Бигэ акылаат

Варвара Попова, Мэҥэ Хаҥалас, «Эдэр коммунист” хаһыат, 1984 с. от ыйын 6 күнэ:

“.....Учуутал хас көрдөрөн истэҕин аайы физкультура уруога научнай таһымҥа ыытылларын үөрэнээччи боростуойтан уустук эрчиллиилэргэ тиийэрэ өтө көстөр. Саалаҕа техническэй тэриллэри туттуу оҕоҕо эстетическэй вкуһу , эт-хаан өттүнэн чиҥ сайдыыны  хааччыйар. Маныаха автоматическай пульт олус мындырдык оҥоһуллубута сөхтөрөр. Эстафетаны  ыытыыга, ханаакка ыттарга, уһуну ойорго  электрофиксатордар, оҕо реакциятын, сайдыытын быһаарар электросчетчик бааллара уруогу кэрэхсэбиллээх оҥороллор эбит. Оройуоҥҥа бастакынан стандартнайа суох снарядтары тутууну саҕалаабыт. Саалаттан учуутал хоһугар түннүк нөҥүө  сибээс олохтонор. Диапроектор, киинэаппарат, магнитофон туһунан этэ да барыллыбат. Учуутал хоһугар киирээти кытта хаҥас диэки телевизор турба акылааттаах олоххо турар. Ону көрүдүөргэ, саалаҕа бэрт дөбөҥнүк тахсар гына “албастаан” оҥорбут.....”

 

Олус тэрээһиннээх салайааччы этэ

Борис Прокопьевич Павлов,   “Сахафармация” АО салайааччыта:

«... Илья Романовичка сөбүлээн туран 3 сайын ,7-с ,8-с, 9-с кылааһы бүтэрэн баран, ЛТО лааҕырга күрүө тутуутугар сылдьыбытым. Лааҕырга сылдьарбын олус астынарым, баҕарарым. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ лааҕырбыт чахчы оҕолору түмэр, үлэлииргэ үөрэтэр, сынньатар, сөтүөлэтэр, күрэхтэһиннэрэр, дискотекалатар, кэмпиэтэ-бирээнньигэ, сакалаата куруук баар. Балыгын миинэ, ыһаарыламмыт балыга. Сибиэһэй этэ, сгущенката, оҕурсута-помидора уо.д.а. аһа элбэх буолара. Оччолорго дьиэҕэ да хам-түм кэмпиэт, бирээнньик сиир этибит. Сайын эт миинин, балык миинин  да куруук дьиэ кэргэн киэһээ буһарынара дэҥ кэриэтэ буолара. Онтон лааҕырга, баһаалыста, кэлэ турар буолааччы.

Лааҕыр аһылларыгар, күрүө тутуута саҕаланыан иннинэ, күрүөлэниэхтээх алаас таһыгар лааҕыр базатын туттуу барар. Ол аата 6-7 оҕолор хонор балааккаларын анал миэстэҕэ туруоруу, Остолобуойбут остуолун, олорор ыскамыайкатын оҥоруу, балаакка тардыы. Култууурнай мероприятие барар, от отуутун оҥоруу. Туалеттары бэлэмнээһин. Суунар умывальник турар миэстэтин оҥоруу, волейболлуур балаһаакканы, лааҕыр былааҕа тахсар сирин туруоруу. Култуурунай отууга, балааккаларга, аһыыр сиргэ уот тардыы. Ас буһарарга оллоон оҥоруу уо.д.а. көмө тутуулары оҥосторбут, онно2-3 күн барара.

Кыыстыын-уоллуун 30-40 оҕо дьэ ол кэннэ тигинээн үлэлии кэлэрэ. Үлэлиир бэрээдэкпит маннык: Сарсыарда 7 чааска турабыт, 7.30 мүнүүтэҕэ бары сэрээккэҕэ турабыт, 8 чааска аһыыбыт, уонна 8.40 чааска бүгүҥҥү үлэ күнүн былааҕын таһаарабыт, эмиэ стройга туран. Күннээҕи үлэбит садаанньатын ылабыт. 9 чааска үлэлиир миэстэбитигэр хайаан да буолуохтаах этибит. Күнүс 12 чааска диэри үлэлиибит. Онтон күнүс 3 чааска диэри базабытыгар аһыы, сынньана тахсабыт. Күн оройо буолан, куйаас түспүтүнэн, Ылдьаа үлэлэппэт этэ. Ол оннугар отууга киирэн сөрүүкүүрбүт, ырыа ыллыырбыт, дуобат, радио истиитэ эҥин буолара. Сорохтор утуйан да ылаллара. Күн арҕаалаабытын, санньыйбытын кэннэ салгыы үлэбитигэр тахсарбыт. Күннээҕи былааннарын толорбуттар эрдэ бүтэллэрэ.  Киэһээ аһылык кэнниттэн оонньуу, көр саҕаланар. Ким волейболлуур, ким спортивнай күрэхтэһиигэ кыттар уо.д.а. мероприятиелар буолаллар.

Киэһээҥҥи построениеҕа ким хайдах үлэлээбитэ иһитиннэриллэр, кыайыылаахтар двойной норма бэчиэнньэ, кэмпиэт ылаллар. Былаахпытын түһэрэн баран, утуйа балааккаларбытыгар тарҕаһарбыт. Дьэ ити курдук сүрдээх тэрээһиннээхтик ЛТО лааҕырыгар үлэлиирбит да, сынньанарбыт да...»

 

Ылдьаа туһунан мин өйдөбүлүм

Мин оҕо сааһым эмиэ ити сылларга ааспытын быһыытынан, үөрэнээччи хараҕынан ахтан ааһыам...

Хараҕа 70-с сыллар бүтүүлэригэр саҥа оскуола үлэҕэ киирбитэ. Оскуола хоту эркинигэр, уулусса диэки, 1980 сыллаахха Москваҕа буолбут ХХII-с сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулары көрсө, Олимпиада талисмана буолбут эһэ үөрэ-көтө турара уонна олимпиада эмблемата уруһуйдаммыта харахпар бу баарга дылы... Илья Романович туһунан бэйэбэр бастакы санаалар ити кэмтэн үөскээбиттэр.

Онтон  дьиэ иһигэр киирдэххэ, биһиги, Майа оҕолоро, таас оскуола улахан саалатыгар үэрэммит дьон, кыратын мыына көрөрбүт. Ол гынан баран ол кыра саала иһэ истээх эбит этэ... Туттар сэп-сэбиргэл, инвентарь арааһа биир-биир киирэн-тахсан иһэрэ сөхтөрөрө. Бу санаатахха, барыта истиэнэҕэ кистэнэр гына оҥоһуллубут эбит. Нууччалыы эттэххэ, нестандартное спортивное оборудование диэни Саха сиригэр бастакынан баһылаабыт учуутал буолуохтаах. Көрүдүөргэ, таҥнар хосторго стендэлэргэ эмиэ, бу санаатахха, уруоктар, секциялар хаамыыларын, хаһан туох буоларын, ким тугу кыайбытын-хоппутун, спортсмен оҕолор тустарынан сырдатыллар эбит.

Оройуоҥҥа оҕо спортивнай оскуолата аан маҥнай төрүттэнэригэр Илья Романович айбыт-туппут саалата күүс-көмө буолбута. Оҕунан ытыыга, боксаҕа, хайыһарга дьарыктарбыт Хараҕа буолаллара. Хайыһарынан дьарыктана сылдьан кини сиэркилэтин иннигэр туран эрэ тренербит Владимир Егорович Сидоров салалтатынан элбэхтэ эрэһиинэ тардыбыппыт. 1984 сыл сайыныгар хайыһар тренерэ Антон Гаврильевич Борисов Хара оскуолатыгар оҕо спортивнай оскуолатын лааҕырын үлэлэппитэ. Саалаҕа олорор сирбит этэ. Илья Романович үлэтигэр туттар, били киирэр-тахсар өҥнөөх телевизорынан “Дружба-84” диэн социалистическай дойдулар олимпиада оннугар тэрийбит күрэхтэһиилэрин көрөрбүтүн өйдүүбүн.

Хара оскуолатын көрүдүөрэ оройуон чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэрин киинэ этэ. 50 миэтэрэҕэ уонна онтон уһун дистанцияларга сүүрүүлээх оройуон куоталаһыылара ыытыллаллара. Атах оонньууларыгар анаан тэлгэммит дорожка онно эрэ сытара. Көрүдүөр икки өттүгэр сүүрүүк бытаарбакка эргийэн ааһарыгар анаан оҥоһуллубут эргиирдэр – виражтар бааллара. Кылгас сиргэ сүүрэргэ тэбинэн тахсарга анаан маһынан уонна тимир турбаларынан оҥоһуллубут колодкалар бааллара. Муостаны арыйдахха, ыстанар кумах кыһыннары Хара оскуолатын эрэ көрүдүөрүгэр баара. Бу санаатахха, Саха сирин үрдүнэн Дьокуускайга «Спартак» стадион чэпчэки атлетикаҕа манеһыгар уонна Хараҕа эрэ баар эбит. Оннооҕор куоракка, ардыгар өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэрэ сымнаҕас маакка түһэрэн ыстаннарар, ыытыллар этилэр. Бу кумах балай эмэ уһуннук туттуллубута.

Илья Романович араас сылларга Хараҕа үөрэппит-эрчийбит оҕолоруттан Варя Гаврильева, Галя Лукина, Володя Гаврильев, Сергей Егоров, Проня Кондаков сүүрэллэрин-көтөллөрүн, хайыһардыылларын, тусталларын, гиирэ анньалларын, кыайалларын-хотоллорун өйдүүбүн. Уруоктара, эрчиллиилэрэ барыта үрдүк таһымҥа ааһаллара диэн сылдьыбыт дьон ахталларын, оҕо барыта формаланан, бэлэмнэнэн-бэрээдэктэнэн кэлэрин истэбин.

Физкултуура учууталлара, тренердэр дьон-сэргэ ортотугар сылдьар дьон буолан буолуо, тутталлара-хапталлара, саҥалара-иҥэлэрэ куруук оҕо кэпсээнигэр баар буолааччы. Тус бэйэм Хара уола, физкултуура учуутала Илья Романович былчыҥнара хайдах хамсыырын, хайдах кыанарын кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын. Күн бүгүнүгэр диэри мин харахпар кини моонньугар свистогун уонна секундомерын иилинэн баран сылдьара бу баарга дылы. Уруогун ыыта сылдьар хаартыскалара, Бүтүн Сойуустааҕы «Артек” лааҕырга оҕолору илдьэ сылдьыбыт түгэннэрэ бэчээккэ элбэхтэ сырдатыллыбыттара. Илья Романович бэйэтэ эмиэ үрдүк кылаастаах спортсмен этэ. Улахан ситиһиитинэн 1974 сыллаахха ыытыллыбыт Саха АССР норуоттарын VII-с спартакиадатын атах оонньуутугар боруонса призера буолбута.

Билиҥҥи үйэҕэ кини курдук айан-тутан үлэлиир физкултуура учуутала улууспутугар суох дии саныыбын. Физкултуура уруоктарын, спорду оҕолор сөбүлүүллэрин курдук иитэрэ диэн чорботобун. Илья Романович олоҕун аргыһа Люция Ивановна завуһунан, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир кэмигэр Майа орто оскуолатын үлэтэ эмиэ Саха сирин үрдүнэн аатырара. Чуолаан кабинетнай система, ол кабинеттарга түннүк сабыытыттан саҕалаан, араас  аныгы технология үлэҕэ туттуллара. Онон иккиэн, нууччалыы эттэххэ, творческай дьон эбит.

Билигин аатырар Чурапчы оскуолатын физкултуураҕа учуутала, Саха сирин үтүөлээх учуутала Владислав Николаевич Кривошапкинтан саалаҕытын көрө тиийиэ этибит диэн көрдөспүппүтүгэр: “Илья Романовичтан элбэххэ үөрэммитим, тоҕо киниэхэ тиийбэккэҕит, миэхэ кэлэҕит”,–  диэн соһутан турардаах. Кырдьыга да, оннук буоллаҕа... Итинник аҕыйах да дьонноохпутун үлэлэрин-хамнастарын сырдаппаппыт, сайыннарбаппыт үлэбит биир сүрүн итэҕэһэ... Эдэр физкултуура учууталларыгар, тренердэргэ урут оннук үлэлииллэр этэ диэтэххэ, итэҕэйбэт туруктаахтар диэххэ сөп... Оннук көлүөнэ учууталлар, тренердэр үлэлии кэллилэр...

Улуус үөрэҕириигэ, физкултуураҕа уонна спорка салалтата Саха сирин үтүөлээх учуутала Илья Романович Назаров уопутун тарҕатыыга былааннаах үлэни-хамнаһы ыытыахтара диэн баҕалаахпын.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...