30.12.2024 | 10:00

Норуот таллааннааҕа өрүү да дьон туһун саныыр

Норуот таллааннааҕа өрүү да дьон туһун саныыр
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Ноһуомтан 12 сыл устата кытайдыы халандаарынан сыл бэлиэлэрин оҥортоон, үгүс дьону сөхтөрбүт, сэргэхсиппит, устунан, үөрэнэн хаалан, “Быйыл тугу оҥороро буолла?” диэн толкуйга түһэрбит Михаил Боппосову, кини айан-тутан таһаарар оҥоһуктарын суохтаабыт дьон үгүс буолуохтаах. Кинини Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаттан саҕалаан, тас дойдуларга тиийэ билэллэр. М.Т. Боппосов оҥоһуктарын көмөтүнэн тапталлаах Уолбата, Тааттата, Саха сирэ үгүстүк ааттаннаҕа. 
Соторутааҕыта Михаил Трофимовиһы кытта кэпсэтэ сырыттым.

— Аан бастаан туох санааттан ынах хойуутуттан оҥоһугу бэлэмнииргэ ылсыбыккын кэпсээбэккин ээ? Хас сыллаахха?

— 2010-11 сыллаахха этэ дуу. Тоҥмут балбаах өрөһөлөммүтүн “тааҥка” диибит. Арай биирдэ онтум мунньуллан турарын көрөн, ыаллыы олорор убайым оҕонньор И.И. Кириллин: “Тааҥкаҕын” состоро иликкин дуу?” –диир. Ону мин: ”Бу тааҥка үһү дуо? Мин эйиэхэ дьиҥнээх тааҥканы оҥоруом”, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. “Оҥор ээ”, – диир. Сарсыҥҥы күнүттэн ылсан бардым. Аармыйаҕа Даурияҕа сулууспалаабытым, Т-62 танкиһа этим. Онтубун оҥорбутум. Кээмэйэ дьиҥнээх тааҥкаттан кыра гынан баран, туга барыта баара. Иһирдьэ люгунан киирэҕин. Алларааҥҥы люк кытта баар. Иһирдьэ хамандыыр, наводчик, мэхээнньик олорор сидениелардааҕа. Ону көрөн баран, аармыйаҕа тиийэн танкистаабыттар абыраммыт буолуохтаахтар. Тааҥка хайдаҕын көрөн бардахтара (күлэр).

Үөһэнэн киирэн баран, аллараа люгунан холкутук сыыллан тахсарым. Оччолорго манна Анастасия Михайлова бирииһигэр өрөспүүбүлүкэ хайыһарга күрэҕэ буолааччы. Онно кэлбит оҕолор оонньоон бөҕө буолбуттара. Оҥороот да хаартыскаҕа түһэрбэтэхпит.  Саас, ынахтар аалынан, эмтэрийэн эрдэҕинэ түһэрбиппит баар. Арба, ол Куобах сыла эбит, уолбунуун муус куобах оҥорбуппут. Эһиилигэр Дракон сыла этэ. Бастаан сахалыы сыл бэлиэтэ баара буоллар, оннугу оҥорбут киһи диэн толкуйдаабытым. Оччолорго бассаап-той суох. Сахалыы туох сыл буолара да биллибэт. Оттон дракон ойуута – кырыы-кырыытынан. “Чэ, буоллун” диэн, дракоҥҥа ылыстым. Ол кэнниттэн Моҕой сыла кэллэ. Бастаан көннөрү саах күрдьэр күрдьэҕинэн оҥорорум. Үлэ быыһыгар. Тымныыга саппыкынан, сэлиэччигинэн сылдьаҕын. Дьэ, туттуу-хаптыы. Кэлин, дьон сэргиирин, күүтэрин билэн, тупсараары, мастерогунан туһанар, оҥоһукпун хамсатар эҥин буолбутум. Холобур, оҕус муннуттан тымныыга туман бурҕачыйан тахсара оһуобай этэ.

Талах кур уонна харысхаллаах хартыына

— Дии. Ону хайдах оҥорбуккунуй?

Бороһуоктаах огнетушители ылан, оҕус иһигэр укпуппут. “Кистэлээҥискэй” сиргэ быалаах этэ. Ону тартыҥ да, бороһуок бурҕас гынан, оҕус бэйэтэ тыынарын курдук буолар (Туруупкаҕа мэник күлүү иһиллэр).

Сыл бэлиэтин оҥоруу устунан эбээһинэһиҥ да курдук буолан бардаҕа?

Оннук. Эрийэллэрэ, тахсаллара элбээн барбыта. Быйыл, дьэ,  хайдах оҥорор эбит диэн таайа сатыыллара, атын буолан хаалар үһү. Тэлэбиидэнньэлэр уста кэлээри ыксатан, туһунан мучумаан буолара. Бастаан Уһук Илинтэн, владивостоктар, кэлэбит диэн ыксаппыттара. “Поедем, поедим!” диэнтэн эмиэ эрийбиттэрэ. Мин ол аайы симиттэн, ыраахтарга “суох” да “суох” диибин. Арассыыйа Бастакы канаалыгар аккаастаабыппар, улууһум баһылыгар үҥсүбүттэр этэ. “Улуускун ааттатыаҥ этэ, туоххунуй ол?! Аккаастана олороҕун!” диэн мөҕүллэн турабын. Ону этэр буоллаҕым: “Ол дьоммун ханна түһэрээри, хоннороору?”. “Ол эн кыһалҕаҥ үһү дуо?!” – диир (күлэр).

Ыраахтан ыалдьыттары көрсүү – эппиэтинэс, түбүк буоллаҕа.

Камералара тоҥор-хайыыр, киллэрэн ириэриэхтэрин, уһуннук сылдьыахтарын наада. Биирдэ ньиэмэстэр кэлэн, илии баттата-баттата, киинэҕэ устубуттара. Биир “табаарыстаахпын”, сөбүлээбэт киһим, Невзоров, билигин – иноагент, дьаабы киһи. “Кэл, Кыһыл болуоссакка оҥор”, – диэн эрийэр этэ. Оччолорго “ыраас сааҕынан” (из чистого говна)  оҥорор диэн ханаалыгар кэпсээн-ипсээн бөҕө буолара. Өймөкөөҥҥө кэлэн-баран иһэн, элбэх турист сылдьара. Биир барбах аҕай “Лэнд крузерыттан” ыадастан тахсан, хаартыскаҕа түһэн ааһар киһи баара. Тылбаасчыттаах, онто кэпсэтэр. Быыһыгар бэйэбит курдук боростуой дьон эмиэ киирэн тахсааччылар. Олоруҥ оптуобуһунан сылдьаллар. Европалар, поляктар эҥин. Туох да үөрүү-көтүү, куустуһуу бөҕө (күлэн лэһигирэтэр). Биирдэ кытай туристара кэлэн барбыттара. Сирэйдиин-харахтыын маннааҕылартан чыҥха атыттар эбит. Ырыынак кытайдарын сөбүлээбэппин. Оттон дьоппуоннар хотон иһигэр тиийэ симилин да симилин. Барытын устан иһэллэр.

Босхо диэн наһаалыыллар буо. Сорох блогердар курдук соруйан “хаартыскаҕа түһэрии – бачча евро, биидьийэтэ – бачча” диэн испитиҥ буоллар, кыаҕырыаҥ хаалбыт.

Һэ-һэ, мин оннугу сатаабаппын (күлсэбит). Австралияттан икки оҕолоох ыал кэлэ сылдьыбыта. Эрэ нууччалыы билэрэ. Ол күн манна -40 С тымныы этэ. Оттон кинилэргэ +40С куйаас үһү. Дьонугар спутниковайынан эрийэн ыйыталаһа-ыйыталаһа, кэпсээбитэ... Мин билэрбинэн, Африкаттан, Хотугу Эмиэрикэттэн эрэ кэлэн барбатылар быһыылаах.

 Тэтиҥтэн оҥоһуктар

Саамай уһуннук оҥорбут биитэр эрэйдэммит оҥоһугуҥ туох этэй?

— Бөтүүккэ буолуо. Атахпын эпэрээсийэлэтэн тахсан, баттыктаах сылдьыбытым. Бырааттарым илии-атах, көмө буолан, кэмигэр баар буолбута.

— Аны, үрдүгэ сыттаҕа! Атаҕа синньигэс, бэйэтин уйуон наада... 

— Чаас чааһынан оҥортоон, тоҥорон баран, эр-биир сыһыартаан иһэҕин. Ол сыл балыыһаҕа сыппытым. Сылым бүтэрэ субу чугаһаата. Оттон мин оҥоһугум ситэ илик. “Таһаарыҥ”, – диэн көрдөс да көрдөс. Хата, 10 күн хаалтын кэннэ таһаарбыта (күлэр).

— Аныгылыы моһуонунан эттэххэ: “Төлөбүргэ оҥорор киһиэхэ дылы, ситэ эмтэммэккэ, ыксыы-ыксыы, Бөтүүк оҥоро таҕыстыбыт эрэ” дии? Төһө кэминэн бүтэрээччигиний?

— Дьэ! Сүгүн турбат-олорбот, утуйбат да буолаҕын ээ. Бу баччаларга эмиэ тахсан (киэһэ хойут кэпсэппиппит) тоҥмут саахха эбии быраҕан киирэҕин. Хайаан да оскуола Саҥа дьылын иннинэ бүтэрэ сатыырым. Онтуҥ 26-28 икки ардыгар буолар. Онон ахсынньы 1 күнүттэн булгуччу саҕалыырым. Ол ыккардыгар кэрэспэдьиэннэр эрийии бөҕө. Арба, Москубаттан сакаастаан, “Ждун” диэннэрин оҥорбутум. Бастаан: “Ол туохпутуй?” – диибин буо. Хаартыска бөҕөнү ыытта ээ! Туох баар матырыйаалтан бары оҥорбуттар, ноһуомтан эрэ суох үһү. Эбиитин “төлөһөбүт” диир! “Ээс, ол хайдах?” – мин соһуйуу бөҕө, хаһан харчыга оҥорбутум, тугу атыылаабытым баарай?! Дьэ, оннук биирдэ төлөбүргэ оҥорон турабын. 15 тыһ. солк. ыыппыттара. Онтубуттан биидьийэҕэ устааччыбар уонна кыыспар биэстиини биэрбитим. Усулуобуйа быһыытынан, биидьийэ, хаартыска ыытыахтааҕым. Бэйэбэр 5 хаалбыта (үөрэр да үөрэр). Хаһан эрэ, ноһуомум тиийбэккэ, ыалбыттан бэриһиннэрбит кэмим эмиэ баара. Һэ-һэ. Саах тус-туһунан дьүһүннээх ээ. Үчүгэй оту сиэттэххэ, көҕөрүмтүйэр буолар. Ыксаабат, сылаас сиргэ оҥорор киһи, өҥүн-дьүһүнүн уратылаах гыныан сөп быһыылаах. Баабыр эриэнин оннук гыныахпын баҕарбытым да... тымныы таллара оонньообот. Кэлин арматуралыыр буолбутум. Бөх кутар сирбин “кистээн”, ону-маны оҥорооччубун. Биирдэ ыт уйатын оҥорбутум. Дьоппуоннар онтубун хаартыскаҕа түһэрээри, бөх кутуллар өттүгэр бара сатыыллар. Ол диэки ыытымаары, сиэҕиттэн тардабын (күлсэбит). Крыса сылыгар эмиэ бөх кутарбын “тупсаран”, бүөлээн оҥорбутум. Хаппахтанар, оччоҕо көстүбэт. Биирдэ “смайликтаабытым”. Онтум үрдүгэр полька кыргыттар тахса-тахса хаартыскаҕа түһүү, күлүү-үөрүү бөҕө.

Муус оҥоһуктар тастарыгар илдьээри гыналларын көҥүллээччим суох. Мууһа баһыйан, мөлтөһүөр көстүү буолуо диэн. Син удумаҕалатар эбиппин. Биир ландшафнай дизайнер: “Саах оҥоһугу хотон таһыгар туруорбута ордук. Миэстэтин сөпкө булбут”, – диэн хайгыыр үһү. Наарталаах ыттары оҥорон баран көрбүтүм, туга эрэ олох тиийбэт курдук. Ол иһин ураһа оҥорон баран, иһигэр Сындыыс “Саахтан сиргэнэр буолумаҥ” хоһоонун ыйаабытым. Дьиктиргээн, ааҕан тахсаллар этэ. Бастаан саҕалыырбар үөҕээччи элбэҕэ. Ону ол быраатым көмүскэһэн хоһоон суруйбут этэ.

Сыл оҕуһа

Дьон көрөн, туһаннын диэн

Талах куру, тэтиҥтэн массажёр оҥорор дииллэр ээ? “Талах курдаах таатталар” диэни тыл дэгэтигэр туттабыт да, онтубут хайдах оҥоһуллара буолла?

— Бэйэм да билбэппин. Маннык буолуон сөп диэн, талаҕы быһан, кэрчиктээн хоппуруон быаҕа тиһиэххэ сөп. Араастаан оҥороллор. Холобур, Кыйыга биир киһи браслет эҥин оҥорор. Миэнэ – боростуой. Атыылаары оҥорбоппун. Мас эрбиир “Штиль” собуоттуур стартер быатын туһанабын. Быатын саппаастаах гынан, кэлин уһатан биэриэххэ сөп. Киһи ырар, сонуур. Билээхэтин маҕаһыынтан ылабын, арай биирдэ талаҕынан оҥоро сылдьыбытым. Сөптөөх талаҕы була иликпин. Талаҕын дьыл кэмиттэн тутулуга суох ылыахха сөп. Сайыҥҥы дьүһүнүнэн наардыырга үчүгэй. Арааһа элбэх. Дьээбэҕэ, биэс харах харысхаллаах гына, үс талах мэтээли оҥорбутум. Дьүһүнүнэн араастаһар: кыһыл, үрүҥ көмүс уонна боруонса. Син маарынныыр этэ. Быыстапкаҕа туруора сылдьыбытым. Оҥорорго уустук эрээри, харысхал буоллаҕа.

Тэтиҥтэн тилэҕи массаастыыр тэрили, тимэх, уруучука, оҕуруо, өтүйэ, киэргэл оҥорбутум. Өтүйэни уһун уктуур үчүгэй, көхсүҥ хараҕар эҥин тиийэрэ быдан табыгастаах. Өссө сэлиэччик баар. Былыр эбээлэр оҕонньоттордооҕор уһуннук олороллоро дии? Дьахталлар сарсыарда аайы ытыгынан күөрчэхтиир буолан, ытыстарын туочукуларын илбийэн, туруктарын бөҕөргөтөр буолуохтарын сөп. Оннук санаан, оннук эргитэр маһы, уруучуканы оҥорбутум. Өтүйэ угар ол эмиэ баар. Дьон көрөн, бэйэтэ оҥостон туһаннын диэн, бөлөхтөргө ыытааччыбын. Биирдэ тэтиҥ туһатын туһунан туһалаах бөлөҕү булан, дьон туһаннын диэн оҥоһуктарбын ыытан, кэпсээн-ипсээн истэхпинэ... таһааран кэбиспиттэрэ. Билиҥҥибиттэн, хата, үүрэ иликтэр, арай тугу эмэ сүбэлээн ыыттым да, тоҕо эрэ сотон иһэллэр.

Уһун өтүйэ

— Күрэстэһээччи быһыытынан көрөн эрдэхтэрэ. Оҥорон харчылаһаллар дии.

— Буолуо ээ. Мин төрүт атыыһыта суох киһибин. Туһалаатын диэн, билэр дьоммор, “кэллиэгэлэрбэр” (бэйэм курдук ыарытыйар дьону ааттыыбын) бэлэхтиибин. Үөрэллэриттэн бэйэм үөрэбин. Тэтиҥ хатырыгын оргуйбут сылаас ууга туруоран баран, тохтоло суох испитим үһүс сыла буолла. Сиэгэйэ Удаҕаҥҥа, Алдан кыыһа, эмтэнэбин ээ. Кини сүбэлээбитэ. Дьоҥҥо көмөлөһөр үтүөкэн киһи. ДЦП-лаах оҕолору эҥин хаамтарбыт. Кини иннинэ хас да эмчит аккаастанан турар. Торбостоох ынахпытын быраатым аах көрөллөр. Ыраас хааннаах саха оҕуһун оҕото. Үүтэ эмтээх диэн, сайынын ыан иһэбит. Тыһаҕаһын идэһэ оҥостобут.

— Михаил Трофимович, барыта санааҥ хоту табыллан, этэҥҥэ буол! “Тиэмэ” буолан бүппүтүм” диэн батынан, ыксата да сырыттыҥ ээ. Кэпсээбиккэр махтанабын.

Ити курдук, талба Таатта Уолбатын бэлиэ олохтооҕо Михаил Боппосов өрүү да буоларын курдук, дьон туһун санаан, сүбэ-ама буола, оҥоһуктарын билиһиннэрэ сылдьара үгүстэргэ холобур буолар кыахтаах.

 

Хаартыскалар: М.Т. Боппосов архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...