17.05.2021 | 20:29

Норуот сүбэлэрэ

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Мин коронавирустан өр эмтэммитим. Иккис ПЦР “отрицательнай” диэни көрдөрбүтүн да кэннэ күөмэйим ыарыыта, сөтөлүм ааспатаҕа. Аатырбыт антибиотиктара абыраабатаҕа, ол оннугар айгыраппыта элбэх буолан биэрбитэ. Хата, бассаап сүбэлэрэ көмөлөспүтэ, чугас дьонум үтүө тыллара эмтээбитэ.

Хоту дойдуттан сүбэлэр

Дьааҥы Дима:

Собо элбэх кальцийдаах балыгынан биллэр. Ол иһин тугун да хаалларбакка эмтэниэхтээхпит.

Балыгы бэйэтин икки аҥыы хайа быһан баран, сүһүөххэ тутан эмтэниэххэ сөп. Кини куһаҕан убаҕаһы барытын оборон ылар уратылаах.

Быарыҥ туһаайыытынан ууран баран, таҥаһынан баанан утуйаҕын. Сарсыардааҥҥа диэри быаргын ыраастыыр.

Үөһэ эмиэ биир оннук. Ууга суурайан күөмэйгин сайҕанаҕын. Аны 1 собо үөһүн 1 ост.нь. ууга суурайан баран ыалдьар дьарҕаларгын сотоҕун. Эмиэ туһалаах.
Хабаҕын оргутан туттары билбэппин. Ыраастаат да, тэстэлээн хаптатаҕын уонна тута компресс курдук сүһүөхтэргин баанан кэбиһэҕин. Үрдүнэн салапаан, онтон чараас баата, салгыы – биинтэ. Баанан утуйаҕын.

Кыра быччыыкалары урукку илии мясорубкатынан уҥуохтуун, үөстэри баҕастары эрийтэрэн, кэтилиэт оҥорон сотору-сотору сиэтэххэ, уҥуох кытаатар эбит.

Ханнык баҕарар кыыл хараҕа харах ыарыыларын эмтиир. Бөрө сүрэҕэ сүрэх ыарыылаахтарга туһалаах.
Бүүчээн ыыта төрүүр-ууһуур уорганнара мөлтөх, оҕоломмот дьоҥҥо үчүгэй. Оннооҕор этинэн оҕоломмот дьону аһаталлар, үчүгэйдик  көмөлөһөр. Иккиэн тэҥҥэ икки ый сиэхтээхтэр. Ону таһынан быраастара анаабыт эмин иһэллэр.

Үөһүн быраҕымаҥ

Анастасия:

– Собо үөһүн сэрэнэн салапааҥҥа сыстыспат курдук ууран тоҥоруллар. Онтон кыра бааҥкаҕа кутан баран морозильникка уура сылдьан туттуллар. Ол иһин собо сиэтигит да, үөһүн тоҥорон мунньан иһиҥ. Күөмэй ыарыйдаҕына сайҕанан начаас аһардаҕын. Саҥа аһыйан эрдэҕинэ сайҕаннахха, сарсыныгар үчүгэй буолар. Хойутаатахха, икки-үс күнүнэн күөмэй кытарбыта, аһыйара ааһар. Биир ыстакаан сылаас ууга икки үөһү булкуйабыт уонна сотору-сотору күнү быһа сайҕанабыт. Амтана аһыы, хабархай буолар. Ыйыстыбаккыт, бэлэскитигэр тиийэр курдук, хантайан туран сайҕанаргыт ордук туһалаах буолуо. 

Элбэх үөһү мустаххытына. 1/1 порцияҕа үрдүгэр водка кутан хараҥа сиргэ уура сылдьан иҥиир хоҥуннаҕына, бүлгүрүйүүгэ, быһа түһүүгэ туттуҥ. Ватнай диискэнэн соттон, түүн утуйуоххут иннинэ бааннаххытына ыарыыгыт ааһыа. Собо үөһүн ватнай палочкаҕа биһэн ыалдьыбыт тиискэ туталлар.

 

Паштет

– Дьэ, бу үчүгэй ас. Бытархай собону мясорубкаҕа эрийэн баран биир чаас курдук буһарабын. Туус, биэрэс, лавровай лиис, луук эбэбин уонна убаһа хаһатын эбэтэр ис сыатын бытархай гына кырбаан кутабын. Минньигэс, доруобуйаҕа туһалаах ас бэлэм. Килиэпкэ сыбаан сииргэ оһуобай. Мин сиэннэрим балык сиэбэт дьон этэ да, билигин: «Эһээ хааһыта өссө баар дуо?» – дииллэр.

 

Илдьи буһаран сиэҥ

Тамара Иванова-Талбаана:

– Собону хатырыктаабакка уонна үөстээбэккэ эрэ илдьи буһаран сиэҥ, оччоҕо доруобуйаҕыт бөҕөргүө.
Чалахайыгар искэн килиэккэтэ элбиирин тохтотор веществолар бааллар, оттон өлүгэр 31 наадалаах микроэлемент баар, үөһэ тымныйыыга, ис-үөс ыарыытыгар үчүгэй.

 

Уҥуоҕу бөҕөргөтөр

Кыра уонна орто соболору ыраастыыгын, хайыытын сабар улахан уҥуоҕун икки өттүттэн ылаттыыгын. Төбөлөрүн быспаккын, тыла эҥин сиэнэр. Мультиваркаҕа лууктаан, туустаан, тумалаан баран, төһө собону буһараргыттан кыратык уу кутаҕын уонна 3 чааска холбоон баран, утуйан хаалаҕын. Чааһа бүттэҕинэ, бэйэтин сылааһыгар түүнү быһа турар. Түүн уот тариба кыра, онон аһара элбэҕи эрийбэт. Сарсыарда кэтилиэт курдук килиэпкэ ууран сиигин. Уҥуоҕа барыта ууллубут буолар, сииргэ олус үчүгэй. Маннык 2-3-тэ сиэтэххэ, киһи уҥуоҕа олус түргэнник тупсар эбит. Тыҥырах эҥин бөҕөргүүр. Минньигэстик аһааҥ, чөл доруобуйалаах  буолуҥ.

Үгүс ыарыыны умнуоххут

– Кыратык тымныйдаххытына, эмп үрдүгэр түһүмэҥ.
5-6 устуука лавровай лииһи чааскыга угуҥ.
Үрдүгэр оргуйбутунан итии ууну кутуҥ, хаппахтааҥ.
Сойбутун кэннэ күн устата үстүү омурдуунан иһэ сылдьыҥ.
Тымныйыыгыт тута ааһыа, аны  саахары эмиэ түһэрэр бэртээхэй ньыма. Ноору эмиэ эмтиир.
Тиэрмэскэ  биир лиитэрэ оргуйбут ууну кутаҕыт, онно 5 устуука лавровай лииһи быраҕаҕыт. Биир күн туруоруҥ уонна чэй курдук иһэҕит.
1. Искит үллүбэт буолуо.
2. Сирэйгит-хараххыт, илиигит-атаххыт испитэ, дарбайбыта ааһыа, хойуугут хаайтаран эрэйдэниэххит суоҕа.
3. Хааҥҥыт баттааһына этэҥҥэ буолуо.
4. Төбө ыарыытын умнуоххут.
5. Сүһүөх ыарыыта уҕарыа.
6. Сэниэ бөҕөтө киириэ.
7. Кытаанахтык утуйар буолуоххут.
8. Сарсыарда эрдэ, олус үчүгэйдик сынньанан уһуктуоххут.

Оҕобун эмтиир ньымаларым
Луук хаҕа сөтөлү таһаарар

Биир сыл кыыһым сөтөлө ааһан-араҕан биэрбэккэ эрэйдээбитэ. Бу ньыманан хаста да эмтээбитим.
Эриэппэ луугу ыраастаа, хаҕын ылан дьоҕус тимир иһиккэ ук, үрдүгэр уу кутан оргут. Тэбэ турдаҕына тыыныаххын сөп. Дьон кыратык саахардаан эбэтэр мүөт куталлар эбит. Мин оҕом мүөккэ аллергиялыыр, ол иһин онто суох иһэрдэбин. Ол оннугар кыратык саахар эбэбин. Сөтөлү түргэнник таһаарар бэртээхэй ньыма.

Хаппыыста сэбирдэҕэ+мүөт
Оҕом бырааһа маннык сүбэлээбитэ. Улахан соҕус хаппыыста сэбирдэҕин ыл, арыйан баран ортотугар мүөтү кут уонна сабан баран, салапааҥҥа суулаан микроволновкаҕа сылыта түс. Онтон оҕоҥ түөһүгэр уур. Мунньулла сылдьар силэ тахсыа, сөтөлө астыйыа.    

Тумуу тумуннун, ыарыы ыалласпатын! Чэгиэн сылдьыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...