18.11.2021 | 15:00

Норуот норуодунайы туруорсар

Ааптар: Милан АФАНАСЬЕВ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. СӨ суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. 2020 сыл сэтинньи 13 күнэ
Бөлөххө киир

Кини кэмэ кэллэ курдук. Бар дьон тыла – ох, санаата батас дииллэр. Итиэннэ, санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ, кыайтарбатах кыайтарарын билэр буолан, дьон-сэргэ тугу этэрин иһиттим.

Аныгы үйэ сибээһинэн: төлөпүөнүнэн, бассаабынан, СМС-нан, төлөпүөҥҥэ саҥаран хаалыынан (голосовое сообщение) туһанан син балачча элбэх киһини кытары кэпсэттим. Олортон аҕыйах холобур.

– А.К. Калининскай мин 1978 сыллаахха тэрийбит «Тойон Мүрү» мелодистар түмсүүлэригэр 1980 с. чилиэн этэ. Онно сылдьан бастакы ырыаларын айбыта. Онон мин түмсүүбүттэн сүрдээх үрдүк таһымнаах патриотическай, судаарыстыбаннай суолталаах, норуоту сомоҕолуур, улахан опернай артыыстар, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ боростуой толорооччулар да уостан түһэрбэккэ сөбүлээн ыллыыр айымньыларын суруйбут, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр мелодист-композитор тахсыбытыттан олуһун үөрэбин уонна киэн туттабын. Кини норуоту түмэр сыаллаах «Ырыа күнүн» олохтооһуну туруулаһан туруорсар бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл, саталлаах тэрийээччи. Уонунан ансаамбылы тэрийбит, саха норуотун вокальнай искусствота үрдүк таһымҥа тахсарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит энтузиаст, музыкальнай фанат. Ону таһынан улахан мэтэдиис. Мин саха оҕотун аан бастаан академическайдык ыллаппыт ньымабын өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар анал ааптарыскай куурус, сэминээр ыытан өйөөбүт, киэҥник тарҕаппыт, улаханнык ытыктыыр коллегам, үөлээннээҕим. Онон, А. К. Калининскай СӨ норуодунай артыыһын аатыгар бары өттүнэн сөп түбэһэр диэн дорҕоонноохтук этэбин, ― диэбит «Кэнчээри» оҕо образцовай норуодунай кэлэктиибин салайааччы, РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ В. С. Парников.

 – Алексей Кирилловичка норуодунай ааты өссө эрдэ биэриэххэ баар этэ. Саха ырыата сайдарыгар кылаата оннук сүҥкэн. Саха сиригэр олохтоох норуоттары барыларын сомоҕолоон эрэр Ырыа күнүн көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, сүрүн тэрийээччи да диэххэ сөп. «Якутская песня в ритме времени» кинигэтин саха ырыатын энциклопедиятынан билинэбит. Алексей Кириллович тэрийэр, салайар дьоҕура сөхтөрөр эрэ: балыыһаларга, кырдьаҕастар олорор интэринээт-дьиэлэригэр, ыччат ортотугар хас эмэ сүүһүнэн аһымал кэнсиэри тэрийбитэ биир киһи холугар элбэх. Ырыа айар композитор быһыытынан кинини билигин Саха сиригэр билбэт киһи аҕыйах буолуохтаах. Алексей Кириллович маны сэргэ Дьокуускай куорат уонна хас даҕаны муниципальнай тэриллии, тэрилтэ, уопсастыба Өрөгөй ырыаларын ааптара. Ырыаҕа пааматынньык туруорууну көҕүлээччи – эмиэ кини. Онтон да элбэҕи ааттыахха, саныахха сөп. Алексей Кириллович ити ыытар үгүс өрүттээх үлэтэ барыта норуот хараҕын далыгар буола турар. Ырыаларын тапталлаах норуота уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр. Онон «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа” диэн үрдүк аат иҥэриллэрэ саамай тоҕоостоох, ―диэбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускайдааҕы педколледж кылаабынай дирижера В. С.Жирков. Владимир Семенович бу этиитэ А. К. Калининскайы сахалар эрэ буолбакка, олохтоох атын да омуктар үчүгэйдик билэллэрин, үрдүктүк сыаналыылларын кэрэһилиир.

 ― Алексей Калининский талааннаах музыкант уонна композитор. Маннык дьону: норуот муусукатын айааччы диэн ааттыыллар. Кини биир ураты өрүтэ – матыып. Айан таһаарбыт матыыптара бастакы дорҕоонтон истээччи сүрэҕэр ыллык суол тэбэллэр. Төрөөбүт сахатын эрэ норуотугар буолбакка, атын омуктарга кытта. Композитор Алексей Кирилловиһы кытта алтыһыыларбыттан биири бигэтик өйдөөбүтүм – кини музыканан олорор, ырыа – кини олоҕун суолтата. Дьоҥҥо, олоххо, төрөөбүт айылҕатыгар таптала, махтала барыта суруйар ырыаларыгар иһиллэр, тиһэр дорҕоонноругар саҕыллар. Ол иһин кинини саха ааттаах, ырыаны таптааччы барыта билэр буолуохтаах. Онон норуотугар былыр норуодунай буоллаҕа. Онон «СӨ Норуодунай артыыһа» үрдүк наҕараада норуотун туһугар үлэтин үрдүк сыанабыла буолуохтаах, ― диэн Эдисон Денисов аатынан Томскайдааҕы музыкальнай колледж камернай уонна симфоническай оркестрдарын преподаватель-дирижера, Арассыыйа искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа композитордарын уонна театральнай диэйэтэллэрин сойуустарын чилиэнэ Валерий Ермошкин саамай сөпкө бэлиэтиир. Кини этиитэ биһиги Алексей Кирилловичпытын өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр кытта билэллэрин, айымньыларын ылыналларын туоһулуур.

 – Мин Алексей Кирилловичтыын гастролга сылдьан билсибитим. Ол сылдьан кини бэйэтин ырыаларын иһитиннэрбитэ. Ырыалара сүрэҕим-быарым ортотунан киирбиттэрэ, сүрдээҕин сөбүлээбитим итиэннэ... ыллыахпын баҕарбытым. Итинник билсии кэнниттэн, хардарыта бииргэ үлэлээһиммит, дьиэ-дьиэбитигэр сылдьан кини ырыаларын үөрэтиибит саҕаламмыта. Сүрдээх уһун кэмҥэ кини эйгэтигэр киирэн биэрбэтэҕим. Бастаан ыллыырга ырыалара, аһара ыарахан диэҕи киһи тыла барбат, уустук этилэр. Атын да омук уонна биһиги дойду биллэр, аатырар композидордарын айымньыларын ыллыҥ да ыллаан барбатыҥ курдук. Элбэхтик эриһэн, үөрэтэн, ырыаларын ыллыыр буолбутум. Кини ырыалара дириҥ уус-уран оҥоһуулаахтар, киэҥ эйгэлээхтэр. Ырыа гынар хоһоонун хас биирдии тылын, сүһүөҕүн, интонациятын, мелодиятын (уһатыытын, кылгатыытын) барытын хаста эмэтэ чочуйар. Онон кини ырыалара миэхэ олус комфортнайдар. Саха ырыаларыгар Алексей Кириллович курдук үлэлээбит, үлэлиир мелодист ахсааннаах, атыттар курдук олоро түстэ да ырыатын суруйан, айан кэбиспэт. Алексей Кириллович нарын-намчы иэйиитин биэрбит, дууһатын уурбут айымньыларын дьон-сэргэ, дьэ, өйдөөн истэн, аһыллан ыллаан эрэр. Ыллаан эрэр эдэрдиин-эмэнниин, оҕолуун-оҕонньордуун, биллэр-көстөр ырыаһыттардыын. Дьон өйүн-санаатын, дууһатын барытын таарыйар, өйтөн-сүрэхтэн умнуллубат ырыалардаах Алексей Калининскайга сыһыан ураты буолуохтаах. Айымньылара классика быһыытынан сыаналаныахтаах. Бэйэтэ норуодунай ааты ылар кэмэ кэллэ,– диэбитэ кини ырыаларын үрдүк таһымнаахтык толорооччу, СӨ норуодунай артыыһа Юрий Баишев.

 Оттон Арассыыйа үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Нина Чигирева биир идэлээҕин санаатын маннык ситэрэр:

– Биһиги Алексейдыын музыкальнай училищеҕа биир кэмҥэ үөрэммиппит. Кини ырыаларын сөбүлээн ыллаабытым ыраатта. Дойдутугар Луҥхаҕа «Сибэкки биһикки» искибиэр тутуутун саҕалыыр акцияны оҥорсубутум. Ол кэнниттэн, искибиэр арыллыытыгар, 65 сааһыгар ыыппыт куонкуруһугар жюрилыы барса сылдьыбытым. Онон үчүгэйдик билэр киһим. Алексей сахалар дьоллоругар төрөөбүт киһи. Фанат. Оҥорбута, айбыта, тэрийбитэ, ыллаппыта төһөлөөх буолуой?! Элбэҕиттэн саллаҕын эрэ. Ама, кини норуодунай буолбатаҕына, ким буолуой дии саныыгын, – диэн.

Оттон бүгүн, Алексей Кириллович киэҥ далааһыннаах айар үлэтинэн Кэбээйи Саха сиригэр дорҕооннонон иһиллэр. Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн, Христофор Горохов-Элгэстэй, Наталья Михалева-Сайа курдук талааннаах хоһоонньуттар олохторун, айар үлэлэрин кытта дойдубут Кэбээйи аата-суола быстыспат ситимнэннэ. Аҥаардас улуустар, нэһилиэктэр, оскуолалар, оннооҕор Дьокуускай куораппыт, араас тэрилтэлэр гимнэрэ айыллан кый ыраах Өлөөнтөн, хайалаах Дьааҥыттан саҕалаан Бүлүүнэн, Илин эҥээринэн төһөлөөх элбэхтик «Луҥха Өлөксөй музыката» дэтэн, Кэбээйитин күннэтэ ааттата турарый?! Оттон бүгүн А. К. Калининскай аатын саха тыллаахтарга ааттатта, билиннэрдэ, аатын уйда диэн холкутук ылынан үөрэбит эрэ. Онон СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, идэлээх үөрэхтээһин туйгуна, улууспут бочуоттаах олохтооҕо А. К. Калининскай-Луҥха Өлөксөй киэҥ далааһыннаах саха норуотун духуобунай сайдыытыгар анаммыт үлэтэ-хамнаһа кини «норуот артыыһа» аатын ыларын толору кэрэһэлиир диэн санааҕа улуус үөрэхтээһинин үлэһиттэрин ааттарыттан кыттыһарбытын тиэрдэбин, - диир Роза Иванова, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээҕэ, РСФСР норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, Сангаар, Куокуй нэһилиэктэрин, Кэбээйи улууһун бочуоттааҕа, кыраайы үөрэтээччи, бэтэрээн учуутал.

Маннык уонна маныаха майгынныыр санаалары, мин ыйытыыларбар хоруйдаан, Луҥха Өлөксөй үлэлии сылдьар «Тускул» култуура Киинин дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Людмила Чепалова, СӨ бочуоттаах олохтооҕо, норуодунай суруйааччыта Андрей Кривошапкин, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт Христофор Горохов, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха араадьыйатын шеф-редактора Альбина Тарабукина, РФ үтүөлээх учуутала, «Айыы Кыһата» оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева эппиттэрэ.

 Өссө биир санаа бу түһүмэххэ түмүктүүр:

― А. К. Калининскай «СӨ Норуодунай артыыһа» анал ааты иҥэрии Балаһыанньатыгар бары өттүнэн сөп түбэһэр. Ону ааһан, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын ырыаларын искусствотыгар ыччаты ырыанан патриотическай тыыҥҥа иитии хайысхатыгар  биллэр-көстөр суолу-ииһи хааллара сылдьар тэрийээччи, саҕалааччы, көҕүлээччи. Кут-сүр, уйулҕа өттүнэн ордук болҕомтоҕо наадыйар араҥаны – оҕо аймаҕы, харахтарынан мөлтөхтөрү, доруобуйларыгар атын да өттүнэн хааччахтаахтары, саастаах дьону – кытта дьаныһан туран дьарыктанара холобур эрэ буолуон сөп. Онон мин Алексей Калининскайы «СӨ Норуодунай артыыһа» үрдүк аакка түһэрбит култуура, искусство дьонун санааларыгар кыттыһабын, ― диэбитэ социология дуоктара, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ У. А. Винокурова. Ульяна Алексеевна этиитэ бу санааларга туочука туруорар курдук.

Кырдьык, А. К. Калининскай дьону-сэргэни ыллатан, хамсатан, сомоҕолоон кэллэ. Ол баҕас чуолкай. Ол аата дьон-сэргэ туһугар үлэлиир, саамай кылаабынайа, кинилэр билиниилэрин уонна сыанабылларын ылбыт киһи «норуодунай» ааты сүгүөхтээх. Туох барыта күннээх-ыйдаах, кэмнээх-кэрдиилээх дииллэр. Мин көрдөхпүнэ, Алексей Кириллович Калининскай өрө көтөн тахсар, аатын өссө төгүл дорҕоонноохтук ааттатар күнэ, ыйа үүннэ курдук, доҕоттоор! Оттон эһиги санааҕытыгар?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...