15.04.2021 | 21:53

Норуот маастара Ольга ГУЛЯЕВА: «Өйбүн-санаабын, сатабылбын ууран туран үлэлиибин»

Норуот маастара Ольга ГУЛЯЕВА: «Өйбүн-санаабын, сатабылбын ууран туран үлэлиибин»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ытык-мааны ыалдьыппыт олоҕун суола кини дьэрэкээн панноларын, хартыыналарын курдук кэрэ, тикпит таҥаһын-сабын сиигин курдук көнө буолбатах. Кини кэпсээниттэн булгуруйбат модун санааҕынан, талан ылбыт идэҕинэн, таптыыр дьарыккынан, бар дьонуҥ өйөбүлүнэн эрэ олох ыарахаттарын кыайыаххын сөп диэн итэҕэйэҕин.

Норуот маастара, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, “Душа России” РФ Бырабыыталыстыбатын судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Ольга Ивановна ГУЛЯЕВАНЫ кытары атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэттибит. Олох аһыытын-ньулуунун билбит,  хаста да өлөр өлүү, ыарахан ыарыы ытарчатыттан мүччү көппүт, туохтан да толлубакка, айар аартыгынан айаннаабыт дьоруойум уруккуну-хойуккуну санаата. Үксүн хараҕа үөрэн тырымнаата, сорох түгэҥҥэ уйадыйан долгутта. “Симэх” национальнай култуура галереятын балаҕаныгар үс чаас биллибэккэ ааста.

ТУЛААЙАХ ДЬЫЛҔАТА

– Ольга Ивановна, 85  сааскын туолбут үбүлүөйгүнэн, айар быыстапкаҥ үөрүүлээх аһыллыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.  Сэһэргэһиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Дьиҥэр, биһиги Ленскэй улууһун Чамчатыгар күн сирин көрбүппүт. Мин түөрт саастаахпар ийэм суох буолбута. Аҕам арыый хойут бу олохтон туораабыта. Онон эдьиийбин уонна балтыбын кытта төгүрүк тулаайах хаалбыппыт.

1943 сыллаахха күһүн үһүөммүтүн Маача диэн дэриэбинэҕэ (оччолорго Бодойбо оройуона) ыыппыттара. Тыынан устан тиийбиппитин күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Ыбылы тоҥмут оҕону биэрэккэ туруоран кэбиспиттэрэ, онуоха атахпын уйуттубакка, тааска охтон түспүтүм. Дьиҥэр, ып-ыраас, былыта суох күн этэ. Сэбиэт дьиэтигэр сиэтэн илдьибиттэрэ. Ааҥҥа биллэрии ыйаабыттара. Нуучча дэриэбинэтэ буоллаҕа. Биһиги биир да тылы билбэппит. Дьоҥҥо куттанан чугаһаабаппыт.

Маруся тоҕустаах, Тина түөртээх, мин сэттэлээх этибит.  Үһүөммүтүн атын-атын ыалларга олохтообуттара. Миигин Федорова Варвара Михайловна диэн саха дьахтара илдьэ барбыта. Хаҥас илиибиттэн сиэтэн.

Мин биирдэ көрбүппүн үйэ-саас тухары умнубаппын. Эмээхсин икки хостоох дьиэлээх этэ. Улахан баҕайы оһохтоох, истиэнэтэ эмиэ испиэскэлээх. Муостата кырааската суох. Миэхэ анаан орон бэлэмнээбит. Сабыыта куруһубалаах. Ып-ыраас. Ол курдук саҥа сиргэ олохсуйбутум.

Балбаара оскуолаҕа эмиэ сиэтэн илдьибитэ. Түгэх паартаҕа олордон кэбиспитэ. Эдьиийим Марусялыын саҥата суох бэйэ-бэйэбитин көрсөн кэбиспиппит, тугу да өйдөөбөппүт. Учуутал сурунаалы ылан баран: “Кугданова Ольга Ивановна. Я – Ольга Ивановна. Ты – моя тёзка”, – диэбитэ. Ол аата кинилиин ааппыт биир эбит диэн өйдөөбүтүм. “Тёзка” диэн нууччалыы билбит бастакы тылым. Сыл аҥаарынан холкутук саҥарар буолбутум.

ТЫЫННААХ ХААЛАР ТУҺУГАР

Сэрии үгэнэ. Көрдөхпүнэ, дэриэбинэҕэ ат да, эр киһи да суох. Ханна эрэ буомбалаабыттарын, куораты имири эһэн кэбиһэллэрин үһү-бадах курдук истэрбит. Бу санаатахпына, оҕолорго сэрии туһунан улаханнык кэпсээбэт эбиттэр.    

Эмээхсин кэргэнэ сэрии иннинэ өлбүт. Үс уола фроҥҥа барбыт. Балбаара олус кытаанах эмээхсин этэ. Мин саастыыта иитиэх кыыстааҕа. Кинини кытта үлэлээн хачыгырайарбыт. Оргуһуоҕунан уу баһарбыт. Саас, сайын буочука барыта толору уулаах, оттон дьиэ, олбуор хайаан да ып-ыраас буолуохтааҕа. Муоста сууйуута – туспа история. Быһаҕынан кыһыйтарара. Бастаан сатаабакка, чанчыкпыттан тардыллыбытым. Кирилиэс эмиэ мэлдьи ып-ыраастык сууллуохтааҕа.

Кып-кыра кыргыттар түүннэри-күнүстэри үлэлиирбит. Хортуоппуй буолатын буорун көмөрбүт. Ардах түһүө эрэ кэрэх, санаабытыгар, утары улаатар курдуга. Саамай ыарахан үлэ мас мастааһына этэ. Ат да, оҕус да суох. Икки кыыс уонна эмээхсин ойууртан төһө бэйэлээх маһы таһыахпытый. Өлүөнэ эбэбит абырыыра. Ол маннык этэ. Тыыга олорорбут. Валям эрдэрэ. Мин тоһоҕолоохпун уонна быалаахпын. Өрүһү өксөйөрбүт. Хара уу кэлэ турдаҕына сүүрүгэ ынырык буолара. Биһиэхэ сөптөөх соҕус маһы ыларбыт уонна бэрт түргэнник төттөрү эрдэрбит. Эбэ туоруур сиригэр тохтуур курдук суоттанарбыт. Оннук маспытын биэрэккэ тиксэрэрбит. Сыыһа туттуоҥ, биир халты хамсаныы – туга да суох хаалаҕын. Онтон маспыт куурдаҕына, тэлиэгэҕэ тиэйэн илдьэрбит. Ону эрбээн, хайытан саһаанныырбыт. Дэриэбинэ дьоно бары оннук олорбуппут. Күн аайы тыыннаах хаалар туһугар мөхсөрбүт.

Күһүн хортуоппуй хомууругар умса түһэрбит. Боппуолдьаҕа түөрт гына арааран угарбыт. Бөдөҥү уонна орто кээмэйдээҕи туспа, сиэмэҕэ уонна ынах сииригэр – туспа. Илиибит тугу да билбэт буолуор диэри биэдэрэлээх хортуоппуйу таһарбыт.

Кыра эрдэхпиттэн отонньуппун. Икки илиибинэн ынаҕы ыыр курдук хомуйарым. Иһиппин олус түргэнник толорорум. Атын оҕолор соһуйааччылар аҕай. Оннооҕор: “Эйиэхэ ким көмөлөһөрүй?” – диэн ыйытааччылар.

Тыаҕа, эбэҕэ сүүрэн хаалар үгэстээҕим. Сытан эрэ уу иһэн чалыктыырым. Ыт курдук. Дьэрэкээн таастары кэрэхсии көрөрүм уонна хомуйан ылан оонньуур оҥосторум. “Камешки детства” диэн үлэлээхпин.

БУ КЫЫС ИИСТЭННЬЭҤ БУОЛСУ...

Биир күн дьиэбит аана тэлэччи аһылынна. Туманы бүрүммүтүнэн үс киһи киирэн кэллэ. Түүлээх таҥастаахтар. Онтулара барыта кырыа. Булчуттар эбит. Кинилэр сэтинньи ыйга түүлээх туттара киирэллэр эбит. Кирдээх, хааннаах, буорту буолбут түүлээхтэрин эмээхсиҥҥэ хааллараллара.

Биһиги тииҥ, куобах тириитин имитэрбит. Миэнэ сып-сымнаҕас буолара. Оттон Валям киэнэ хороччу турара. Эмээхсин кыыһырара. “Сүрэҕэлдьиигин!” – диэн мөҕөрө уонна Валя төбөтүн тириинэн сырбатара. “Ити кыыс (миигин хаһан да Оля диэбэтэ) киэнин көр, сып-сымнаҕас”, – диирэ.

Балбаара куобах тириилэрин кырыйара. Биһиэхэ көрдөрөн тигэргэ үөрэппитэ. Мин начаас түһэрэн иһэрим. “Көр эрэ, бу кыыс сиигэ көнө уонна бытархай. Иистэнньэҥ буолсу”, – диирэ. Барытын таҥаска суулаан, Сэбиэт дьиэтигэр илдьэн туттарара. Фроҥҥа ыыталлара. Бэйэбитигэр таапачыка, олооччу тигэрбит. Онон иистэнэр дьарыкпын түүлээхтэн саҕалаабытым.

Таба тириитин эмиэ имитэрбит. Тайах киэнэ кытаанаҕа, куруубайа, онон кыайбат этибит. Эмээхсин таба тириитин дуоскаҕа ууран сүлэрэ. Онтон аһыйбыт үүтү сотон илитэрэ. Оҥкучахха хас эрэ хонук сытыарара. Дьэ, ол кэннэ талкыга имитэрбит. Оҕоҕо ыарахан үлэ буоллаҕа. Мин көлөһүнүм уу курдук чаккырыыра.

АЧЧЫКТААН ӨЛӨ СЫСПЫТЫМ

Аспыт диэн хортуоппуй, хаппыыста, быыкаа нуорма килиэп. Эт диэни булчуттар кэллэхтэринэ эрэ амсайарбыт. Уп-улахан иһиккэ кырбаһынан буһараллара. Миискэҕэ миин хоргунун куталлара уонна умньаан сииллэрэ. Силии хайдах курдук минньигэһин онно билбитим. Санаабар, амтана билиҥҥэ диэри кэлэр.

1947 сыллаахха аччыктаан өлө сыспытым. Киһи буолуо суоҕа диэбиттэрэ. Муннум хаана тохтоло суох кэлэрэ. Төһө өр оннук сыппыппын өйдөөбөппүн. Арай күн сардаҥалара иэдэспин сып-сылааһынан имэрийэ таарыйбыттарыгар уһуктан кэлбитим. Тура сатаабытым, мэйиим эргийэн суулла сыспытым.

Биһиги сыыр үрдүгэр олорорбут. Дьиэбит таһыгар ытырыык от (крапива) үүнэрэ. Ону Балбаара эмээхсин хомуйан киллэрэн, оргуйбут ууну кутара, барбах үүт эбэрэ. Миэхэ ыстакааҥҥа кутан иһэрдэрэ. Онтон арыый буолан барбытым.

ХАРАХ УУЛААХ КЫАЙЫЫ

Дэриэбинэ дьахталлара Ороһуоспаҕа сэрэбиэйдииллэрэ. Биир киэһэ эмээхсин үс дьүөгэтэ кэллэ. Түннүк ыстаабаннарын сап диэн соруйда. Тахсан саптым. Итиэннэ оһох үрдүгэр сыттым, үөһэттэн кыҥастаһа сатаатым. Көрдөхпүнэ, остуолга ыраас уулаах ыстакааны уонна сиэркилэлэри уурталаатылар. Саҥата суох олордулар. Интэриэһинэйэ суох эбит диэн утуйан хааллым.

Сарсыныгар эмээхсиммит ип-итирик кэлэн иһэрин дьиэҕэ киллэрэн оронугар сытыарбыппыт. “Арааһа, уолаттарым суорума суолламмыттар”, – дии-дии ытаабыта. Кырдьык, икки уола сэрииттэн төннүбэтэҕэ. Улахан уола эрэ тыыннаах ордубута. 1947 сыллаахха уордьан, мэтээл бөҕө иилинэн кэлбитэ.

Кыайыы миитинин бу баардыы өйдүүбүн. Ол күн Балбаара хара былааты бааммыта, үсүһүн (бүтэһигин) илиибиттэн ылбыта уонна кулуупка барбыппыт. Сылаас ардах түһэ турара. Дэриэбинэ дьоно трибуна диэки сүүрбүттэрэ. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Бочков Николай Иванович, сэрииттэн бааһыран төннүбүт киһи, мустубут дьону эҕэрдэлээбитэ. Барыларын ааттаталаабыта. “Балбаара, тулуй, күүт. Эн хорсун уолаттарыҥ эргиллиэхтэрэ”, – диэбитэ. Эмээхсин сирэйин көрбүтүм, хараҕын уутун туттумматаҕа. Сып-сырдык таммахтар тохтоло суох сүүрбүттэрэ (Бу кэмҥэ Ольга Ивановна уйадыйан, ытамньыйан ылла – Аапт.).

Былырыын сэрии кэмин оҕото О.И. Гуляева ахтыыларынан “Детство, остуженное войной” кинигэ тахсыбыта.

ҮӨРЭХ БААР – БАРАММАТ БААЙ

– Оскуола кэнниттэн ханна үөрэнэ барбыккыный?

– Сэттэ кылааһы бүтэрбитим кэннэ Балбаараҕа: “Төбөлөөх” кыыһы тутума, үөрэххэ ыыт”, – диэбиттэрэ. Миэхэ 14 солкуобайы биэрэн ыыппыта. Маачаттан Дьокуускайга диэри биир билиэт сыаната. Саппыйаҕа килиэп, буспут сымыыт, хортуоппуй укпута. Ол курдук айаҥҥа туруммутум.

Педучилищеҕа киирбитим. Балаҕан ыйыгар хортуоппуй хомуйуутугар үлэлээбиппит. Онтон сэтинньи ыйга куор ыарыынан ыараханнык ыалдьыбытым. Эбиитин тыҥабар түспүтэ. Үс ыйы быһа сыппытым. Тыыннаах хаалбыппар махтал. Онон биир сылбын сүтэрбитим.

Үс сылынан үөрэхпин бүтэрбитим. Үчүгэй үөрэхтээх оҕолору соҕуруу ыыталлара. Мин Молотов куоракка (билигин Пермь) пединститукка туттарса барбытым. Тиийбиппит, ол сайын оскуола иннинээҕи факультекка сүүмэрдээһин буолбатах. Ону истэн дэлби хомойбуппут. Амматтан Муся диэн кыыстыын иккиэбит. Төннөр харчыбыт суох.

Кулакова Татьяна Федоровна диэн декан, хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ ыҥыран ылла. “Ректорга киирэ сылдьыҥ”, – диэтэ. Куттанныбыт аҕай. Биһиги билиибитин-көрүүбүтүн тургутан көрөөрү гыммыт эбит. Остуол кытыытыгар киирэн олордубут. Ону-маны ыйыталаста. Бастаан Мусялыын кэпсэтэ сатаата. Кыыһым “хорошо” диэнтэн атыны саҥарбата. Мин хайдах айаннаан кэлбиппитин, ханна түспүппүтүн сиһилии кэпсээтим. Ханна үөрэнэр санаалаахпытын туоһуласта. Ханнык суруйааччылары, поэттары билэрбитин, тугу аахпыппытын, Арассыыйа бөдөҥ куораттарын ыйыталаста. Мусям сатаан хоруйдаабата. Мин тугу билэрбин кэпсээтим.

Ол түүн утуйбатыбыт. Хайдах буолабыт диэн долгуйан. Мин ырыа, хоһоон, остуоруйа арааһын билэрим, нууччалыы холкутук саҥарарым. Дьиҥэр, хааллахпына даҕаны үлэ булуом эбитэ буолуо.

Арай сарсыарда бирикээс ыйанан турара. Миигин филологическай факультекка ылбыттар. Оттон кыыспын – географическай факультекка. Биһиги үөрүү-көтүү. Быһа түһэн эттэхпинэ, Мусям кыайан үөрэммэтэҕэ. Эрэйи көрө сатаан баран дьиэлээбитэ.

ҮЛЭ! ҮЛЭ! КҮҮСТЭЭХ ҮЛЭ!

Бэйэм курдук тулаайах, дьадаҥы оҕолор элбэхтэрэ.  Бастакы кууруһу бүтэрбит сайыммытыгар бурдук хомууругар ыыппыттара. Казахстаҥҥа тиийбиппит (комбайҥҥа турар хаартыскаларын көрдөрөр). Эр дьон эрэ кыайар ыарахан үлэтигэр сылдьыбыппыт. Кыратык харчыласпыппыт. Эһиилигэр эмиэ барбыппыт.

Биирдэ үлэлиэхтээх сирбитигэр айаннаан истибит. Арай көрдөхпүтүнэ, хонуу кып-кыһыл. Мак дии санаабыппыт. Ону баара, помидор бахчатыгар аҕалбыттар эбит. Бурдук ситэ илигэ, онон манна үлэлии түһэҕит диэбиттэрэ. Киһи сутуругун саҕа улахан помидордар! Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ хонуу. Бачча элбэҕи хаһан бүтэриэхпитий дии санаабыппыт. Эдэр дьон үлэни кыайарын онно көрбүтүм. Хаһан да бүтүө суох элбэх помидору хомуйбуппут. Корзиналарга, дьааһыктарга ыла-ыла сэрэнэн ууран иһэрбит. Ону сибиэһэйдии атыыга илдьэллэрэ.

Помидор биир түүн иһигэр кытарарыттан, ситэриттэн сөхпүтүм.  Ону сирбит үчүгэй дииллэрэ. Эчи, минньигэһин! Онтон бурдук хомууругар барбыппыт – хайа саҕа күүтэ сытара. Оо,  онно бурдук бөҕөтүн хомуйбуппут.

Кэргэммин кытта Москваҕа остолобуойга босхо килиэби сии олорон: «Вася, эн миэхэ махтаныахтааххын. Бу мин хомуйбут бурдугум”, – диэччибин.

Итинник сайын аайы үлэлээн, үөрэхпин бүтэрбитим.

УРАТЫ КӨРҮҮЛЭЭХ УЧУУТАЛ

– Онтон ханна ананан бардыҥ?

– Сунтаар улууһун Бүлүүчээн оскуолатыгар үлэлии тиийбитим. Хас биирдии уруокпун уратытык ыытарга дьулуһарым. Сорох учууталлар, кылааска киирээт, дуоска ырааһын-суоҕун ыйыталлар, миэл көрдүүллэр, бүгүн хаһыс чыыһылатын чуолкайдыыллар дии. Мин онно бириэмэбин бараабат буоларым. Хоһооммун аахпытынан, кэпсээбитинэн барарым. Уруок хас мүнүүтэтин туһана сатыырым.

Оҕолортон ирдиир, ол эрээри мөхпөт этим. Тэттик өйтөн суруйуулары суруйтарарым. Кылгастык, сүрүнүн эрэ. Ууну-хаары баспакка. Элбээбитэ 15 этиигэ санааҕытын түмүөхтээххит, бэриллибит тиэмэни арыйыахтааххыт диирим. Онтон үлэлэрин кылааска аахтарарым, кэпсэтии, ырытыы тэрийэрим. Тылдьыты таба туһаналларыгар, библиотекаҕа сылдьалларыгар сүбэлиирим.

Промышленнай диэн бөһүөлэккэ үлэлээбит кэммэр үөрэнээччилэрим сэрии уонна Улуу Кыайыы туһунан өйтөн суруйуу куонкуруһугар кыттыбыттара. Москваҕа тахсыбыт “На крыльях Победы” хомуурунньукка алта үөрэнээччим үлэтэ киирбитэ (көрдөрөр, ааҕан иһитиннэрэр).     

Күһүн, саас аайы үөрэнээччилэрбин айылҕаҕа таһаарарым. Сир-дойду, эбэ, от-мас барыта иччилээх диэн үөрэтэрим. Кылаас таһынааҕы ааҕыыны көҕүлүүрүм. Оҕолор бэйэлэрэ баҕаран туран ааҕар буолбуттара. Үөрэппит айымньыларбытынан панно оҥорор буолбуппут. Кыбытык тигиинэн. “Лоскутики” диэн куруһуокка элбэх оҕону уһуйбутум.   

Ольга Ивановна оскуолаҕа 46 сыл үлэлээбитэ. Уруок эрэ биэрэринэн муҥурдаммакка, оҕолору тус холобурунан Ийэ айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа, саха үтүө үгэстэригэр  үөрэппитэ, айар үлэ абылаҥар угуйбута.  РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ  Ольга Гуляева үөрэппит, уһуйбут үөрэнээччилэрэ ытык киһилэригэр махталлара муҥура суох.

12-лии чаас олоробун

Кини хас биирдии үлэтин нарын-намчы тарбахтарынан имэрийэн көрөр. Умсугутуулаах ураты дьарыгын туһунан кэпсииригэр сирэйэ-хараҕа сырдыыр. 

– Кырдьык, маны барытын илиинэн тигиэх диэтэххэ, айака ээ. Туох да диэбит иһин, кэрэни айар олус үчүгэй, умсугутуулаах. Иис үгүс сыраны эрэйэр. Өйгүн-санааҕын, сатабылгын ууран туран үлэлиигин. Ис сүрэххиттэн айбытыҥ-туппутуҥ эрэ киһи хараҕын тардар, толкуйдатар үлэҕэ кубулуйар. Тулуурдаах, таптыыр дьарыккар бэриниилээх буолуохтааххын.  

Иэйэн-куойан иистэннэххинэ, айакалаабаккын. Туран көрбөккө, харыс да халбарыйбакка, 12-лии чаас олоруохпун сөп. Иистэнэр кэммэр мэһэйдииллэрин сөбүлээбэппин. Соҕотоҕун үлэлиирбин ордоробун. Оннооҕор төлөпүөммүн араарабын.

Хас биирдии үлэбит ис хоһоонноох. Бастаан тиэмэтэ, идиэйэтэ киирэр. Биир сииги туттум даҕаны, бара турабын. Тэҥниибин, уурабын, сииктэн сииккэ сиэттэрэбин. Бэйэтэ тахсан иһэр. Оттон аралдьыйдаххына, ыһыллан хаалар. Биири эмэ булкуйдуҥ да, көтүрэҕин. Онон барыта суот-учуот буолуохтаах. Ол иһин сарсыарда чэйдээн баран, олохтоохтук оҥостон олоробун. Кыһын күн уотун сырдыгын баттаһа сатыыбын. Ол оннугар атын үлэбин эбиэт кэннэ оҥоробун.     

– Саха сатаабата суох. Өссө туох дьарыктааххыный?

– Оҕо эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. “Далбар” норуодунай ансаамбылга ыллыыбын.

– Хараххын, илиигин эрчийэҕин дуо?

– Сарсыарда, киэһэ сэрээккэлиибин. Тарбаҕым сүһүөхтэрэ иһэн хаалар буолбуттар. Ыараханы көтөҕүмэ дииллэр.

– Билигин таҥас-сап, матырыйаал дэлэй. Эн иистэнэн саҕалыырыҥ саҕана кырыымчык буолуо?

– Урут хара, кыһыл, от күөҕэ, маҥан матырыйаал баара, ол оннугар атын өҥ суох буолара. Билигин саха саныыра барыта баар. Ол эрээри матырыйаал сыаната ыарахана бэрт. Сукуна миэтэрэтэ 600-700 солк. буолар. Биһиэхэ элбэх наада буоллаҕа. Оттон быыкаа тирии 8-9 тыһыынча солкуобай. 

Олох сайдан истэҕин аайы уруккуну умнан, саҥаҕа, сонуҥҥа талаһар курдукпут. Бу туһунан санааҥ.

– Биһиги төрүт ииспит, аспыт-үөлбүт, таҥаспыт-саппыт, туттар тэрилбит, киэргэлбит барыта бэйэбит киэнэ буолуохтаах. Өҥнүүн-дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын. Үтүктээйи суох буолуохтаах. Улахан түһүлгэлэргэ, куонкурустарга илии үлэтин, омук уратытын көрөллөр, үрдүктүк сыаналыыллар.

– Иис эн олоххор суолтата?

– Кэргэним Василий Николаевич Кэбээйи Куокуйуттан төрүттээх этэ.  Аттыбар суох буолбута 15 сыла буолла (хараҕар курус санаа күлүгэ көстөр). Кыра уолум командировкаттан төннүбэтэҕэ. Кыыһым сүрэҕинэн охтубута. Улахан уолум олохтон туораабыта сыл буолла. Иис абылаҥар ылларан, олох араас түһүүлэрин-тахсыыларын туораабытым диибин. Айар дьоҕурбун билиҥҥэ диэри ыһыктыбакка сылдьабын. Тоҕо диэтэххэ, өйгүн-санааҕын уктаххына эрэ ону-маны ситиһэҕин.

– Эдэрдии эрчимиҥ кистэлэҥэ туохханый?

– Киһи Дьылҕатын бэйэтэ оҥостор. Кини биирдэ төрүүр, онон дьоһун олоҕу олоруохтаах дии саныыбын. Өйдүүн-санаалыын кытаанах буолуохтаах. Олоххо араас ыарахаттары көрсөҕүн. Сөптөөх суолу тутуһан, онтон туораабакка, инниҥ диэки баран иһиэхтээххин.

– Ольга Ивановна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын. Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун. Хайа да түгэҥҥэ санааҥ самныбатын, олоххо дьулууруҥ, тулууруҥ уҕараабатын, өрүү бу курдук айар үлэ үөһүгэр сылдьаргар баҕарабын.

Кюар-куодунан киирэн, Иннокентий Левин тылларыгар, Алексей Калининскай музыкатыгар, О.И. Гуляева толоруутугар “Эдэр сааспын миэхэ хааллар” ырыа саҥа килиибин сэргээн көрүҥ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...