НОМОХХО КИИРБИТ ТУСТУУК
Бу дьыл тохсунньу 16 күнүгэр бастакы көлүөнэ тустууктартан биир чаҕылхайдара – сахалартан бастакынан ССРС 1962 сыллааҕы чемпионатын төрдүс призера буолан, дойду олимпийскай хамаандатыгар кандидатынан киирбит спорт маастара Семен Алексеевич Дмитриев биһиги кэккэбититтэн туораабыта алта сылын туолла.
Семен Алексеевич Дмитриев аата саха тустуутун сэҥээрээччилэригэр, кини историятын билээччилэригэр кыһыл көмүс буукубанан суруллар биир дьоһун аат буолара саарбаҕа суох.
Бүгүн Сэмэн Дмитриев туһунан кини огдообото, Арассыыйа култууратын туйгуна, элбэх грамота, түөскэ анньыллар бэлиэ хаһаайката Валентина Семеновна Михайлова-Дмитриева ахтан-санаан ааһар.
— Валентина Семеновна, эн Семен Алексеевиһы кытта үйэ аҥаара кэм устата олорбутуҥ. Онон кини олоҕуттан ааҕааччыларга сырдата түһүөҥ дуо?
— Тапталлаах кэргэним, аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Дмитриев Семен Алексеевич ийэтэ Варвара Петровна Соловьева-Дмитриева Уус Алдан Баатаҕай нэһилиэгин Чараҥай олохтооҕо этэ, оҕо сааha онно ааспыта.
Аҕата Дмитриев Алексей Семенович Нам оройуонун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Эһэлэрэ Дмитриев Семен Николаевич эдэр сааһыттан булчут буолан, кэлин кадровай булчут буолбута, хара тыаны кэтэ сылдьан оҕо иитиитигэр улахан болҕомто ууруллубакка, Өлөксөй уол оскуола боруогун атыллаабатаҕа, үөрэммэккэ хаалбыта. Сэбиэскэй былаас сылларыгар ликбезкэ үөрэнэн иһэн быраҕан үлэлии барбыт. Ол курдук тутууга, холкуос бары үлэтигэр мунна эриллэн сылдьыбыт.
Сэрии сылларыгар эһэлэрэ иккилии сыллаах былаанын аһара толорон нарком Илья Егорович Винокуров илиититтэн бочуотунай грамотанан уонна саанан бириэмийэлэммит.
Аҕата Алексей Семенович атаҕа ыалдьар буолан сэриигэ барбатаҕа, ол оннугар холкуос ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт, ол курдук хаалбыт дьонтон чулуулара Ааллаах-Үүҥҥэ, Алдаҥҥа таһаҕас тиэйиитигэр сылдьаллара. Өлөксөй онно мэлдьи сылдьар этим диэн ахтара, хоту балык булдугар эмиэ сылдьыбыта.
— Сэмэн бииргэ төрөөбүт хаһыа этилэрий?
— Өлөксөйдөөх Балбаара сэдэх оҕолоох этилэр, ол курдук Сиэнньэ эдьиийэ Лиза 1932 с.т., Бороҕоҥҥо олорон икки оҕону хаалларан 1969 сыллаахха өлбүтэ, онон Сэмэн соҕотох хаалбыта. Сиэнньэ 1939 с. бэс ыйын 26 күнүгэр, ыһыах күн, Бакычча арыытыгар олорон күн сирин көрбүт. Көбөкөн таҥаратын дьиэтигэр сүрэхтэммит эбит. Оҕо сааһа Аппааны көнө хонуутугар саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, Туллук аартыгар сүүрэн киирэн сөтүөлээн ааспыта. Сүрдээх сытыы, аҕыйах саҥалаах этэ диэн ийэтэ кэпсиирэ. Кыра дьиэлэригэр толору дьукаах, онно оҕо бөҕө мустан оонньууллара, дьоно олох мөхпөт этилэр, ийэтэ ыанньыксыттыыр буолан кинини көрөр-истэр бириэмэтэ да суоҕа.
— Оскуолаҕа ханна үөрэммитий?
— 7 сааһын туолан Аппааныга 7 кылаастаах Маалыкай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Онтон 4-с кылаас кэнниттэн Нам орто оскуолатыгар 5 килэмиэтирдээх сиргэ сатыы сылдьан үөрэммиттэр. 7-с кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран холкуоска үлэлии барбыта. Сэмэн, сытыы, бэйэтин кыанар уол, тыраахтарга прицепщигинэн сайынын от охсуутугар, мунньууга сылдьар этэ. Оччолорго ыччат кыһынын мустар сирэ кулууп эрэ буоллаҕа, онно тустан хачымахтаһаллара, боксаҕа боруобаланан оонньууллара.
— Тустуунан дьарыктаныыта оччоҕо ол кулууптан саҕаланнаҕа.
— 1960 сыллаахха утумнаахтык дьарыктанан көҥүл тустууга спорт маастарын нуорматын толорбута, улахан тренерэ эҥин суох киһи бэйэтин баҕатынан, кыаҕынан сылдьыбыта, билиҥҥи тустууктар курдук сэттэ ньээҥкэтэ суоҕа, улахан көмө оҥоһуллубатаҕа. Дьэ ити кэмтэн ыла кини олоҕор тосту уларыйыы барбыта. Элбэхтик айанныыр, тустар этэ.
— Сэмэнниин билсиһииҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— 1960 с. Аппааны эдэр ыччата мустан спортсаала тутуутугар Искраҕа мас кэрдэ диэн маай бырааһынньыктарыгар сөп түбэһиннэрэн субуотунньукка тахсыбыппыт, мин оскуолаҕа үөрэнэр этим да барсыбытым, арай тыраахтар сыарҕатыгар олорон өйдөөн көрбүтүм, биир олох билбэт уолум баар эбит. Уолаттар бары кинини төгүрүччү туран үөрэ-көтө кэпсэтии бөҕөлөрө. Ол туран уолум ханна барбытын көрбөккө хааллым, оробуочай таҥас кэтэн атын тыраахтарга олорсон айаннаан эрэр эбит. Ол Сиэнньэ этэ. Онтон олох уруккуттан билсэр дьон курдук кэпсэтэн, биэс сыл устата ыкса билсэн, мин үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ, 1965 сыллаахха ыал буолбуппут.
— Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Ыал буолан баран Бороҕоҥҥо олохсуйбуппут. Мин идэбинэн кулуупка, кини киномеханиктар куурустарын бүтэрэн ол идэтинэн үлэлээбитэ.
Түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэттэрэн ыал оҥортоотубут, сиэн минньигэс сытын биллибит. Сэмэн аҕа, кэргэн быһыытынан сүрдээх сымнаҕас, аҕыйах саҥалаах, биирдэ эмит саҥардаҕына сыаналаах, лоп-бааччы сүбэлэри биэрэр түс-бас киһибит этэ. Оҕолорун олус диэн таптыыра, көрөрө-истэрэ, аһатара. Мин, кулууп үлэһитэ, дьиэбэр көстөрүм да аҕыйаҕа. Ону хаһан да түүн-күнүс сылдьаҕын диэн мөхпөтөҕө, көнө майгылаах буолан абыраабыта. Сэмэн урут туста сылдьан ылбыт эчэйиитэ дьайан эмискэ бүөрүнэн ыалдьар буолбута, ону эмтэтээри, куоракка чугаһаан Тулагы Сыырдааҕар дьиэ атыылаһан көһөн киирбиппит. Манна киирэн эмиэ киномеханигынан үлэлээн барбыта. Элбэхтик курортарынан сылдьан эмтэнэн бэттэх кэлбитэ. Саҥа дьиэ туттан, сүөһү ииттэн, оҕолор улаатан билигин ньир-бааччы олороллор.
Улахан кыыс Саргылана Семеновна Улан-Удэтааҕы култуура институтун бүтэрбитэ, онтон кэлин пединституту бүтэрэн билигин уһуйаан сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, кэргэнэ Александр Семенович Ушницкай строитель идэлээх, 3 оҕоттон, хомойуох иһин, кыра уоллара бу орто дойдуттан барбыта, биир сиэннээхтэр. Оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр.
Уолбут Семен Семенович ИДьМ үлэһитэ, майор званиялаах, кэргэнэ Варвара Николаевна медик идэлээх. Икки кыыстаахтар, улаханнара Света Москваҕа Сбербаан отделын салайааччыта, кыралара Алена Москватааҕы РУДЕН юридическай факультетыгар 4-с кууруска үөрэнэр.
Валентина Семеновна эргиэн үлэһитэ, биир уол оҕолоох, оскуола үөрэнээччитэ. Кыра уолбут Алексей Семенович Москватааҕы Байыаннай академияны бүтэрбитэ, ФСБ үлэһитэ, подполковник званиелаах. Кэргэнэ Евгения Анатольевна атыы-эргиэн үлэһитэ, бэйэтэ фирмалаах, 3 оҕолоохтор.
Ити курдук Сэмэн аатын ааттатар оҕолордоох, сиэннэрдээх, биир хос сиэннээх.
Сэмэн элбэхтик ааҕара, техническэй сурунааллары суруйтарара, саахымат садаачаларын суоттуура, кроссворду таайарын олус сөбүлүүр этэ. Мандалинаҕа кытта оонньуура.
2014 с. тапталлаах Намыгар тахсан спартакиаданы дуоһуйа көрбүтэ, Аппааныга тиийэ бара сылдьыбыппыт. Тустууну көрөн бэйэтин ыйааһыныгар, 57 киилэҕэ чемпион аатын ылбыт Чурапчы ыччатыгар Григорьевка оҕолоро ылбыт именной бэлэхтэрин туттарбыта. Волейбол көрөн астынан кэлбитэ. Иккис күнүгэр барабыт дуо диэбиппэр, “суох сылайдым” диэхтээбитэ, дьэ ити курдук Намыгар тиһэх сырыыта этэ.
КИНИ БЫЛЧЫҤНАРЫГАР КӨСТҮБЭТ КҮҮСТЭР БААЛЛАРА
(спортивнай суруналыыс Петр Павлов матырыйаалларыттан)
Бастакы көлүөнэ маастардартан биирдэстэрэ Максим Николаевич Сибиряков:
— Сэмэни аан бастаан 1958 сыллаахха, бэс ыйыгар Дьокуускай стадионугар көрбүтүм. Онно спартакиада тустуута буолбута. Сэмэн түмүккэ үһүс миэстэлэммитэ. Кимиэхэ да төрүт биллибэтэх киһи ааттаахтарбытын туоратан бастакы миэстэлэһиитэ этэ. Онтон 1960 сыллаахха курдук өйдүүбүн, Сэмэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитэ. Итинтэн ыла түөрт сыл бииргэ сылдьыбыппыт. Сүрдээх көнө, чиэһинэй уол этэ. Биһиги хамаандабытын эрчийбит Арташес Карапетян Сэмэҥҥэ сыһыана хайдах эрэ тоҥуй этэ. Инньэ гынан хом саныыбын, үчүгэйдик тахсыахтаах киһини таһаарбатахтарыттан.
1960 сыллаахха Хабаровскайга зона күрэхтэһиитигэр кыттыбыппыт. Онно Саха сирин хамаандатыттан кини уонна мин эрэ иккис миэстэ буолбуппут. Мин Дьокуускайга кэлбитим, оттон кинилэр хаһыа да буолан салгыы «Урожай» уопсастыба күрэхтэһиитигэр туста айаннаабыттара. Спорт маастарын нуорматын Сэмэн онно тиийэн толорбута.
Арассыыйа чемпиона, спорт маастара Петр Егорович Попов:
— 1962 сыллаахха Сойуус чемпионатыгар 57 киилэҕэ төрдүс миэстэни ылан турар. Ол сахха ССРС чемпионата — аан дойду чемпионатын кэнниттэн иккис улахан таһымнаах күрэхтэһии буолара. Онно Сэмэн тустуутун биһиги сөҕө-махтайа, киэн тутта истибиппит.
Сүрдээх хадаар диэххэ сөп, хайдах саҕалаабытын курдук оннук тэтимнээхтик хапсыһыытын түмүктүүрэ. Сылайары билбэккэ түс да түс буолара. Ол кэмҥэ биһиги туран эрэ тустууга утарсааччыларбытыгар хотторбот этибит. Ол оннугар партерга тустууга баһыйтарарбыт. Оттон Сэмэн, хантан үөрэммитин билбэппин, партерга сүрдээх үчүгэйдик үлэлиир үөрүйэхтээх этэ. Аллараттан сытан атаакалыыр, үөһэттэн хам баттыы сытан араастаан мускуйар...
Кини тустуутун сүрдээҕин астына көрөрүм, тустуутун билигин да умнубаппын. Ханнык эмэ улахан күрэхтэһиигэ куруук бу Сэмэн Дмитриев курдук тустар киһи баар дуо диэн бэйэм испэр саныы олорооччубун. Киһи быһыытынан сүрдээх үчүгэй, күлэн, мичээрдээн кэбиһэр буолара.
Саха сирин көҥүл тустууга бастакы чемпиона Семен Иванович Алексеев:
— 1962 сыллаахха Орджоникидзе куоракка буолбут Сойуус чемпионатыгар Айдын Ибрагимовтыын тустуутугар бастакы түһүмэххэ 0:6 ахсаанынан хотторбута. Маннык сабырыйтаран иһэр киһи тохтуон да сөбүн курдуга. Ол да буоллар, Сэмэн иккис түһүмэххэ харса суох тустан «тиис-тиискэ, муос-муоска» киирсэн, ахсааны 8:8-ка тиэрдибитэ. Оттон үһүс түһүмэххэ улахан таһымнаах тустуугу биир баалынан баһыйбыта.
Дьэ, итиннэ биһиги көрөбүт, саха характерын. Итинник кытаанах санааны кини бэйэтин төрүттэриттэн, айылҕатыттан, илдьэ сылдьар духуобунай күүһүн, этигэр-хааныгар иҥэриммит хамсаныыларын туһанан маннык кылбар кыайыылары ситиспитэ.
Сэмэн бэйэтэ туспа буочардаах, сүдү тустуук этэ. Көрдөххө, хатыҥыр курдук гынан баран, иҥиирдэригэр, былчыҥнарыгар көстүбэт күүстэр бааллара. Саха инники тустуутугар ыччаттарга холобур буолар кыахтаах киһи.
Тустуу норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйата Алексей Егорович Мостахов:
— Сэмэн хойуу хара хааһын көрөн бараммын, хайдах эрэ Кавказ дьонугар холообутум. Хап-хара хаастаах, кыраһыабай киһи этэ.1968 сыллаахха Чурапчыга Саха сирин чемпионата буолбутугар кини бүтэһик тустуутун онно көрөн хаалбытым. Саха тустуутугар номоххо киирбит киһи. Аан дойдуга аатырбыт Али Алиевы, Айдын Ибрагимовы, Элкан Тедееви кытта олох иэмэх мастыы тэҥҥэ эрийсэн тустубутуттан, кинини Сойуус хамаандатыгар ыла сылдьыбыттара.
Сэмэн партерга тустууга күүстээҕин истэ сылдьар буолан, ити 1968 сыллаахха кинини кэтээн көрбүтүм. Уолаттар кини кэннигэр тахсан бараннар, партерга салгыы үлэлээбэккэ, көхсүттэн анньан баран стойкаҕа туран кэлэллэрэ. Ити курдук билэллэр эбит, албаһыгар киирэн биэриэхтэрин баҕарбаттар. Онно саллыбытым, партерга үлэлээбит киһини хайдах баҕарар эрийэн-мускуйан үөһэ тахсан кыайыылаах буоларыттан.