13.11.2020 | 17:47

НОЛУОККУН ТӨЛӨӨ - ХОЛКУТУК УТУЙ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 1 күнүгэр диэри хас биирдиибит бэйэ бас билиитигэр баар баай-дуол, ол курдук сир, тырааныспар, дьиэ-уот иһин  нолуогу төлүөхтээхпит туһунан бэркэ билэ, истэ сылдьар буолуохтаахпыт. Кэнники сылларга хамсаабат баай-дуол иһин нолуогу төлүүрү таһынан, бассаап ситимигэр ыкка, куоскаҕа, сир аһыгар, отоҥҥо, тэллэйгэ, о.д.а. нолуок киирбитин туһунан иһитиннэриилэри элбэхтик ааҕабыт. Социальнай ситимнэргэ үксүн оруна суох сонуннар тарҕаналлара хомолтолоох. 

“Биирдиилээн дьонтон ылыллар баай-дуол нолуога” диэн өйдөбүлгэ нолуок 3 көрүҥэ киирэр:

  • хамсаабат баай-дуол (имущество) иһин нолуок,
  • сир нолуога,
  • тырааныспар нолуога.

Бэйэлэрэ бас билэр кыбартыыралаах, чааһынай дьиэлээх, хостоох, гаражтаах, онтон да атын тутуулардаах дьон ити иһин нолуок төлүүр эбээһинэстээхтэр. Оттон бэйэлэрин ааттарыгар массыыналаах, тыраахтардаах, матасыыкыллаах – о.э. суол, уу уонна да атын көлөлөөх дьон, тырааныспар нолуогун булгуччу төлүөхтээхтэр. Оттон сир нолуогун бэйэ бас билиитигэр  сирдээх дьон бука бары төлүүллэр.

Былырыыҥҥыттан уведомление кэмбиэригэр урукку сылларга курдук төлөбүр квитанцията угуллубат. Ол оннугар нолуок төлөбүрүн реквизитэ уонна штрих-кода уведомлениеҕа бэйэтигэр суруллар буолбута. Бу маны туһанан ааҕыллыбыт нолуогу дьон суотабай төлөпүөнүнэн эбэтэр баан терминалын нөҥүө төлүүр кыахтаахтар. Бу иннинэ нолуогу төлөөччү баар нолуоктара барыта киллэриллэр этэ. Оттон билигин тустаах нолуок ааҕыллыбыт баайа-дуола эрэ суруллар буолла.

Билиҥҥи хааччахтарынан кэлии-барыы аҕыйаабыт кэмигэр уонна туох барыта онлайн буолбут сайдыылаах олоххо, нолуогу электроннай ньыманан төлүүр туох да уустуга суох. Ким баҕарар ФНС саайтыгар киирэн, нолуогун  тус кабинетын көмөтүнэн төлүөн сөп. www.nalog.ru  сайтка киирэн, “Личный кабинет налогоплательщика физического лица” өҥөтүнэн туһанан, ону таһынан мобильнай төлөпүөҥҥэ “Налоги ФЛ” сыһыарыыны киллэринэн төлөһүөххэ сөп. Онон төһө нолуок ааҕыллыбытын уонна нолуокка төһө иэс баарын-суоҕун билэр кыах толору баар. “Налоги ФЛ” сыһыарыыны туһаныан баҕалаах киһи “Госуслуги” порталыгар регистрацияламмыт эбэтэр нолуок уорганыттан сыһыарыыга киирэр коду ылыахтаах.

Урут нолуогу иккитэ аҥаардаан төлүүр  этибит. 2011 сылтан баай-дуол нолуогун ыйыллыбыт толору кээмэйэ сылга биирдэ уопсай төлөнөр буолбута.

Билигин Дьокуускай олохтоохторун бас билиигэ нолуокка иэһэ – 66,4 сөл. солк., сир нолуогар - 27,9 мөл. солк.

Олохтоохтор куорат бүддьүөтүгэр иэстэрэ 92,3 мөл. солк. буолла.

Былырыыҥҥы төлөнө илик иэс – 162 мөл. солк.

Бэлиэтээн эттэххэ, хас биирдиибит төлөөбүт нолуога куорат сайдыытыгар көмө буолар. Бас билиигэ уонна сир нолуога толору киин куораппыт бүддьүөтүгэр киирэллэр.

 НДФЛ нолуогуттан 40 бырыһыана эрэ куоракка киирэр. Тырааныспар нолуога толору өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр барар.

Быйыл коммунальнай өҥөлөр иһин төлөбүргэ Дьокуускай олохтоохторун иэһэ 595,5 мөл. солк. тиийдэ! ТСЖ-лар уонна салайар хампаанньалар иэстэрэ – 188 мөл. солк. буолла.

Нолуоккутун кэмигэр төлөөҥ – Саҥа дьылы иэһэ суох көрсүҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...