20.11.2020 | 08:03

НОЛУОГАБАЙ ВЫЧЕТ ХАҺАН БЭРИЛЛЭРИЙ?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаттан ханнык көмөнү туһаныахтааххын билэҕин дуо? Судаарыстыбаттан араас чэпчэтиилэри, босуобуйалары анатыахха, субсидиялары ылыахха, нолуогабай вычеттары төннөрүөххэ сөп. Босуобуйалары ылыы өйдөнүмтүө эбит буоллаҕына, нолуогабай вычет туһунан боппуруоска үгүс киһи быһаарсыбат.

Ороскуоккут 13 бырыһыана нолуогабай вычет быһыытынан төннүөхтээх:

  1. Дьиэни атыыластаххытына эбэтэр туттуннаххытына – 13 бырыһыан төннөр. Биир киһи үйэтигэр биирдэ төннөрөр муҥутуур улахан суумата 260 тыһ. солк.
  2. Тус инвестиционнай счеттарга (ИИС) усунуос иһин – 13 бырыһыан. Сылга 52 тыһ. солк. элбээбэт.
  3. Ипотека бырыһыанын иһин – 13 бырыһыан, үйэҕэ биирдэ 390 тыһ. солк. тахсыбат, биир эрэ эбийиэктэн.
  4. Бэйэҕит, бииргэ төрөөбүттэргит, оҕоҕут төлөбүрдээх үөрэхтэригэр – ороскуотурбут суумаҕытыттан 13 бырыһыана. Сылга 15600 солк. тахсыбат, оҕоҕо – 6500 солк.
  5. Төлөбүрдээх эмтэнии иһин – 13 бырыһыан, сылга 15600 солк. тахсыбат.
  6. Аһымалга ыыппыт харчыгытыттан – 13 бырыһыан төннөр. Сылга 15600 солк. элбэх буолбат.
  7. Олоххутун старховкалаан баран ол төлөбүргүтүттэн – 13 бырыһыан. Дуогабар болдьоҕо 5 сылтан элбэх буолуохтаах.
  8. Судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларыгар усунуостартан – 13 бырыһыан, сылга 15600 солк. тахсыбат.
  9. Биэнсийэ мунньуллар чааһыгар усунуостартан – 13 бырыһыан, сылга 15600 солк. тахсыбат.
  10. Оҕолорго – бастакы уонна иккис оҕоҕо ыйга 182-лии солк., 3-с уонна онтон кэлэр оҕоҕо – 390-нуу солк., 1560 солк. – инбэлиит оҕоҕо. Маныаха биири бэлиэтиир тоҕоостоох, 15600 солк. – үөрэххэ, медицинаҕа, аһымалга, о.д.а. туттуллубут сууматтан вычет уопсай суумата бачча буолуохтаах. Нолуогабай вычеты официальнай үлэлээх, НДФЛ нолуогун төлүүр эрэ дьон ылар бырааптаахтар. Маны тэҥэ араас дохуоттарыттан (холобур, дьиэ куортамыттан киллэрэр дохуоттарыттан) чиэһинэйдик 13 бырыһыаны төлүүр дьон ылаллар. Нолуогабай вычет сайабылыанньанан эрэ төлөнөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...