17.04.2020 | 11:47

Николай Винокуров-Урсун: Олоҕум табыллыбыт – табыллыбатах түгэннэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Николай Егорович Винокуров-Урсун

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай, Казахстан “Алаш” литературнай бириэмийэлэрин лауреата, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Таатта уонна Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Таатта улууһун Аллан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Чурапчы уонна Горнай улуустарын сайдыыларыгар үтүөлэрин иһин”, “СӨ гражданскай килбиэн” анал бэлиэлэр хаһаайыннара, “Сэрии сылын оҕото” мэтээллээх.

– Николай Егорович, 75 сааскыт туолбуккунан эҕэрдэлиибин. Бу коронавирус кэмигэр хайдах бэлиэтиигин?

– Суох буоллаҕа. Уруккулуу иитиилээх киһи «саастаахтар олоруҥ” диэбиттэрин тос курдук толорорго эрэ тиийэбин.

– Эн Кыайыы сылыгар төрөөбүккүн. Онон оҕо сааһыҥ ыарахан кэмҥэ аастаҕа.

Дойдум, төрүттэрим, дьонум, аҕаларым

– Мин Чуппу диэн сиргэ эһэм Ньукулай оҕонньор бэйэтэ туттубут икки сирэйдээх оһохтоох обургу балаҕаныгар күн сирин көрбүппүн. Ол кэмҥэ учуутал аҕам Иван Яковлевич Винокуров сэриигэ сылдьар буолан, эһэм Николай Федотович Иванов-1, окко түһэрбин кытта, саҥабын истэн: “Уол оҕо, эр киһи кэллэ! Баҕар, мин ааппын ааттатар киһи буолуо!“ – диэн үөрбүт уонна бэйэтин аатын биэрбит. Кини хос аата Манастыыр Ньукулай диэн этэ. Эбэм Дария Сидоровна Иванова – Чинэкэлэр диэн Таатта Төрдүттэн биир көс илин холхуос саҕана Уйбаныапка диэн тоҕо эрэ нууччалыы ааттаммыт биир аймах дьон бөһүөлэк кэриэтэ чөмөхтөһөн олорбут сириттэн төрүттээҕэ. Эһэм (бэйэтин араспаанньата Иванов) Иванова араспаанньалаах дьахтары сүгүннэрэн, балаҕан туттан, ыал буолбут. Мин ийэм толору аата Александра Николаевна Иванова, оччолорго холкуостаах. Аҕам сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, учуутал тиийбэт буолан, түргэнник үөрэтэр учуутал курсун бүтэрэн, Хара Алдаҥҥа, хас да төгүл Таас Томпоҕо, Ытык Күөлгэ (оччолорго оройуон киинэ буола илигэ), Учурга (итинник туспа оройуон тэриллэ сылдьыбыта) учууталлаан баран сэриигэ ыҥырыллыбыта. Эбэм мин төрүөм иннинэ өлбүт. Онон эбэ диэни билбэппин. Эһэбин өйдүүбүн. Мин алта саастаахпар, Аллаҥҥа балыктыы киирбит киһини, хаайыыттан күрээбит дьон (биһиги дойдуга оннук дьону “устугастар” диэн ааттыыллара), бултаабыт хатыыһын булбакка, муҥар, өйүө лэппиэскэтэ суоҕа үһү, ас көрдөөн дибдийбиттэригэр, эһэм улахан уҥуохтаах уонна балачча бэйэтин кыанар киһи буолан утарсыбытыгар, эбэтигэр дьаакырдаан тимирдэн кэбиспиттэр.  Муҥар нууччалыы билбэтэ үһү. Онон кини көмүс уҥуоҕа көстүбэтэҕэ.

Дьонум бастакы оҕолоро Коля диэн эбит. Үс саастааҕар куордаан өлбүт. Онтон утуу-субуу эдьиийдэрим Шура уонна Даша төрөөбүттэр. Мин төрдүс оҕобун. Миэтирикэбэр ийэм аатын толору суруйан баран, аҕам аата «Егор” диэн баар. Араспаанньата, аҕатын аата суох. Онон мин Николай Егорович Иванов диэн (ийэм араспаанньата) буолбуппун. Дьиҥэр, кэлин билбитим, айбыт аҕам Михаил Петрович Винокуров (аҕабынаан биир араспаанньалаах, аймахтыы буолбатахтар) сэрииттэн эрдэ кэлэн, мин, түбэлтэҕэ, үөскээн хаалбыппын. Бэйэтэ уон үс оҕолоох (хас да кэргэнтэн) туспа ыал киһи, холкуостаах. Миигин ииппэтэх, улаатыахпар диэри билиммэтэх даҕаны. Ол туһунан мин кэлин “Айбыт аҕам” диэн кэпсээннээхпин.

Байанайдаах Алдан өрүс кытылыгар улаатан бултуурга уһуллубута 

Аҕам сэрииттэн 1946 сыллаахха кэлбитигэр, арай биир саастаах сырдыктыҥы оҕо күкээрийэн олорорум үһү. Дьон кэпсээнинэн, кини оччолорго даҕаны, кэлин даҕаны: “Бу хантан кэлбит оҕонуй?” –диэн атыҥыраабатах. Мин да кинини адьас төрөппүт аҕам курдук саныырым. Бэйэтэ олус сымнаҕас, холку киһи этэ. Миигин дьиҥнээхтик ииппит-аһаппыт кини. Таптыырым даҕаны. Кини баар буолан, орто оскуоланы, университеты, аспирантураны, кэнники үрдүкү партоскуоланы  бүтэрбитим. Өлбүтүгэр, уол оҕо буолбут иэспин толорон, көмүс уҥуоҕун көтөхпүтүм...

Төрөөбүт сирим Уус Тааттаттан үс көс Алланы өрө, Томпо быыһа. Үтүө айылҕалаах, оттоох-мастаах, үүнээйилээх Аллан орто сүүрүгүн кытыла. Биһиэхэ өрүс кытылынан тирэх мастар, ханньырыас, уохта, биэ эмиийэ үүнэллэр. Чараҥын иһэ – дьэдьэн. Аллаҥҥа – хатыыс, киэҥ күөлбүтүгэр – собо, саас анды, күһүн кус-хаас, хаптаҕас, моонньоҕон, сугун. Суорун Омоллоон ыалдьыттаан баран: “Үтүө дойду!” – диэн хайҕаабыттаах.

Мин алта саастаахпар эһэм өлбүтүн кэннэ, куоракка аҕабытыгар киирэн, биир сыл олорбуппут. Кини онно Сайсары кирпииччэтин собуотугар оробуочайдаабыта, кэлин маастар буолбута. Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин “Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” ааты ылбыта. Сэрии кыттыылааҕа. 1951 c. доруобуйата мөлтөөн, учууталтан уурайан, бэрт уһуннук эмтэнэн, үтүөрэн, наар куоракка олорбута. Онтон мин ийэбинээн (тыаҕа  ынахтаах, биир Марианна диэн ыалга хаалларбыт кыыстаах буолан), дойдубутугар төннүбүппүт. Сатахха Тамара диэн үс саастаах балтым олоппос атаҕар оһоллонон, онтон сүһүрэн, өлбүтэ, куоракка көмүллүбүтэ. Онон 1952 c. дойдубутугар тахсан, аймахтарынан, биир ынахпытын ыан аһаан, аҕыс сыл олорбуппут. Ол тухары уоллара мин эрэ этим. Аҕам кэмиттэн-кэмигэр харчы, баһыылка ыытара. Соччо тахса сылдьыбат этэ. Инньэ гынан мин икки аҕалаах эрээри, аҕата суох улаатан испитим. Арай таайым Сөдүөт Уйбаныап биһиэхэ көмөлөһөрө, сайын кинини батыһа сылдьарым.

Оҕо эрдэхпиттэн суруйааччыларга үөрэммитим

– Учуутал оҕото эрээри, хойутаан, аҕыс аҥаар саастаахпар Уус Таатта (сэттэ кылаастааҕа) оскуолатыгар ньулубуой кылааска үөрэнэ киирбитим. 1 кылааска саас, муус устарга, тоҕус сааспын туолан пионерга киирбиппин субу баардык өйдүүбүн. Биһигини саха тылын Даланнааҕы кытта сымыйанан буруйданан хаайылла сылдьыбыт Үөһээ Бүлүү киһитэ Афанасий Игнатьевич Федоров (кэлин биллиилээх суруйааччы) үөрэппитэ. Кини (“Айан аартыга” уонна “Хагдарыйбат лабаалар”) кинигэлэрэ онно олордоҕуна тахсыбыттара. Оскуолаҕа, нэһилиэккэ кини улахан аптарытыаттааҕа, литературнай куруһуогу салайара. Уус тыл, суруйуу диэн баарын киниттэн билбиппит. Баара эрэ түөрт сыл олорбута, учууталлаабыта. Үс оҕото манна төрөөбүтэ. Кэргэнэ Мария Ивановна Бучугасова Таатта этэ, биһиэхэ нуучча тылын үөрэппитэ. Афанасий Игнатьевиһы учуутал уонна суруйааччы быһыытынан ытыктыырым, таптыырым. 1959 c. саас өлбүтүгэр Дьаҥкыдаайы диэн олорор күөлбэр, дьон көрбөтүгэр ытаабытым уонна тоҕо эрэ: “Сүөдэрэп курдук суруйааччы буолуом!” – диэн андаҕаммытым. Ийэбинээн иккиэйэх олорор кыстык угун саҕа балаҕаным эркинигэр нэдиэлэ аайы тэтэрээт икки илииһигэр хаһыат суруйан ыйыырым.

Ити дьыл биһиэхэ оскуола дириэктэринэн Прокопий Харлампьевич Андросов (Кыптыыйдаах) үлэлиирэ. Кини биһиэхэ, төрдүс-бэһис кылаастарга, литературнай куруһуогу салайбыта. Мин онно баҕаран туран сылдьыбытым. Афанасий Игнатьевич алтыс-сэттис кылаастарга уонна холхуостаах ыччаттарга куруһуок аспыта. Ол саҕана оскуола оҕотуттан, холкуостаах ыччаттан улахан дьоҥҥо тиийэ хоһоон, кэпсээн суруйуунан үгүс киһи дьарыктанара. Мин ийэм, биэс кылаас үөрэхтээх дьахтар эмиэ хоһоон суруйара. Дьолго, ол хоһоонноро миэхэ билиҥҥэ диэри бааллар. Тэтэрээтин илдьэ сылдьабын. Ол иһигэр А.И. Федоровка анаабыт хоһооно баар. Эдэр сааһыгар өлбүтүттэн хомойбутун, аһыйбытын хоһоон курдук суруйбут этэ.

Эдьиийим Даша, балтым Марианна ыалдьаннар, бэл ынахпыт өлөн, тыаҕа олорор кыаҕа суох буоламмыт, 1959 сыл күһүнүгэр куоракка аҕабытыгар көһөн киирбиппит. Эдиийим Шура биир сыл иннинэ киирбитэ. Инньэ гынан алтыс кылаастан куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэхпин салҕаабытым уонна 1966 сыллаахха 11 кылааһы бүтэрэн, орто үөрэхтэммитим. Куоракка үөрэх предметтэринэн эбит, үксэ нууччалыы. Мин нууччалыы мөлтөхпүн. Диктант суруйуутугар кырдьаҕас учуутал Николай Дмитриевич Соловьев “единица с минусом” туруорара.

Оскуолаттан университет куруһуогар кытта сылдьарым

Куорат олоҕор үөрэнэн быстыбакка, дойдубун ахтан, 1960 сылтан арыыйда таныктаах хоһооннору суруйан, оскуола истиэнэтин хаһыатыгар таһааттарар буолбутум. Бастакы “Күөрэгэй” хоһоонум 1961 с. “Бэлэм буол” хаһыакка бэчээттэммитэ. Саха тылыгар Надежда Гаврильевна Новикова (Күннүк Уурастыырап кэргэнэ) уонна үтүөлээх учуутал Прасковья Ивановна Оконешникова үөрэтэллэрэ. Ахсыс кылаастан кэлин биллиилээх историк буолбут Егор Егорович Алексеев биһиэхэ “Чуораан” диэн литературнай куруһуогу бэркэ салайан (кини оччолорго аспирантураҕа үөрэнэрэ), мин онно старосталаан, уус-уран тылга убаммытым. Егор Егорович бэйэтин библиотекатыттан сахалыы кинигэлэри уларсан ааҕар этим. Кини биһиэхэ биллэр суруйааччылары аҕалан көрсүһүннэрэрэ. Онно Николай Заболоцкайы, Петр Попову (Ачыкы Бүөтүр) аан бастаан көрбүтүм. Биир сыл куруһуокка биллэн эрэр бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй сылдьыбыта. Оскуола куруһуогун таһынан пионер дыбарыаһын (салайааччы Клара Варшавская), “Сэргэлээх уоттарын” (салайааччы Василий Никитич Протодьяконов), “Хомус” түмсүү  (салайааччы Анастасия Сыромятникова) тохсус, онус, уон биирис кылаастарга сылдьыбытым. Улахан буһууну-хатыыны ааспытым.

Ылгын устудьуон

– Университеты эрдэ булбуккун. Итиннэ суолу билэн эрэллээхтик киирдэҕиҥ дии.

– Оннук. Университекка үөрэнэрбэр “Сэргэлээх уоттарын” старостата, хаһыатын эрэдээктэрэ этим. Биирдэ муҥутаан 15 баатман кээмэйдээх улахан хаһыаты таһааран (барыта илиинэн суруллара, маҥнай сэкирэтээрим Вася Михайлов, кэлин Ваня Николаев этилэрэ), сэҥээриини ылан турабыт. Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн ылгын уола этим. Василий Протодьяконов, Эрчимэн мин айар үлэм олугун уурсубуттара, хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, кириитикэҕэ уһуйбуттара. Ол иһин оҕо сааспар, эдэрбэр Афанасий Федоров, Прокопий Андросов, Прасковья Оконешникова, Егор Алексеев, Егор Эрчимэн ордук сабыдыаллаабыттара диирим сөп. Историяҕа Егор Алексеев такайбыта, нэһилиэстибэ боппуруоһун, Башарин дьыалатын мин оскуола үрдүкү кылааска сылдьан ырыҥалыыр буолбутум.

Алампа, Сэмэн Данилов, Күннүк Уурастыырап, Эллэй, Ойуунускай, Иван Гоголев поэзияларын умсугуйан ааҕарым. Миэхэ Савва Тарасов, Михаил Тимофеев, Дмитрий Васильев эмиэ сабыдыаллаабыттара. Оскуолатааҕы хоһооннорбун көрөн сүбэлээбиттэрэ.

Учуонай буолаары үтүрүллүү

Университеты туйгуннук бүтэрэн баран, тыл институтун аспирантуратыгар киирбитим. Миигин онно тоҕо эрэ сөбүлээбэтэхтэрэ: “Университекка буортулаах санааҕа иитиллибит уол”, – диэн сүрэхтээбиттэрэ. Быһыыта, Башариҥҥа үөрэммит диэн күтүрүүллэрэ. Ойуунускайы үөрэппит бөдөҥ-садаҥ, үрүҥ баттахтаах киһи: “Ойуунускайы ылыма да... Миигиттэн ордук суруйуоҥ суоҕа”, – диэн суоһурҕаммыта. Ити курдук “Саха сэбиэскэй поэзиятыгар уус-уран усулуобунас туттуллуута” диэн диссертациям, суруллан баран, көмүскэммэккэ хаалбыта.

Оччотооҕу албын учуонай Горбатенко охсуутунан сүүрбэттэн тахса аспирант, учуонай сэбиэттэр сабыллан, көмүскүүр кыахпыт мэлийбитэ. Онтон бэрт аҕыйахпыт кэлин көмүскээбитэ. Онон мин научнай карьерам ыарахаттары көрсүбүтэ. Өр кэмҥэ сөптөөх үлэ булбакка сылдьыбытым.

Аспирантураттан – хочуолунайга, хочуолунайтан – эрэдээксийэҕэ

Оччолорго эдэр суруйааччы Николай Лугинов мин табыллыбакка хачыгаардыы сылдьарбын Семен Петрович Даниловка тиэрдибит этэ. Кини Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ. Доруобуйата мөлтөх буолан, кыһын Москва эргин кыстыыра, сайынын дойдутугар кэлэрэ. 1976 сыл күһүөрү Эллэй өлөн, “Хотугу сулус” сурунаалга миэстэ тахсыбыта. Петрович соҕуруу барарыгар оччотооҕу кылаабынай эрэдээктэргэ А.А. Егоровка миигин ыҥыран кэпсэтэллэригэр, үлэҕэ ылалларыгар эппит. 1977 сыл тохсунньу ортотугар Александр Александрович миигин сурунаалга ыҥыран ылан, докумуоммун көрдөөбүтэ, көрбүтэ. Уонна Эллэй оннугар сурунаал поэзияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн ылан кэбиспитэ. Этэргэ дылы, “Из грязи – в князи” буолан хааллым. Итиннэ түөрт ый кэриҥэ үлэлээбитим кэннэ саас Семен Петрович кэлэн, үлэтигэр тахсан, миигин ыҥыран эттэ: “Бырабылыанньа иһинэн үлэлиир уус-уран литератураны пропагандалыыр бюро диэн тэрилтэлээхпит. Онно эйигин, эдэр киһини, үлэлэтэргэ быһаардыбыт. Аны бырабылыанньа үлэһитэ буолаҕын”. Мин соһуйан эрэ хааллым. Сөбүлэстим. Онон элбэх үлэлээх хозрасчетнай тэрилтэни салайар буоллум.

Итиннэ мин биэс сыл эриллибитим, элбэхтик кэлбитим-барбытым, оройуоннарга олохтоох уонна кэлии суруйааччылары кытта көрсүһүү тэрийэрим. Итиннэ быһаччы салайааччым оччотооҕу бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Моисей Дмитриевич Ефимов этэ. Бюроҕа кини кэргэнэ Марфа Петровна диэн боломуочунайдааҕым, Светлана Макаровна диэн буҕаалтырдааҕым. Оройуоҥҥа барарга-кэлэргэ Софрон Николаев диэн суоппардаахпыт.

 Оччолорго Сойуус үрдүнэн 60-тан тахса тэрилтэттэн уон бастыҥ үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирэр буолбуппут. Оройуоҥҥа барарга биллиилээх суруйааччыны тэҥэ мелодистар, ырыаһыттар, баянистар кытталлара. Балтараа солкуобай сыаналаах билиэт атыылаан, сылга 27 тыһыынчаны киллэрэрбит. Ол атыыттан дьоммор гонорар төлөнөрө. Уус-уран литератураны пропагандалыыр бюро – балачча уһуннук үлэлээбит тэрилтэм, миигин суруйааччылар эйгэлэригэр киллэрбитэ.

Андаҕаммыт айар үлэбэр

Аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан, хойут көмүскэнэрбэр туһалаах буолуо (публицистика хайаан да ирдэнэр) диэн, мин маҥнай ыстатыйалары суруйарга идэтийбитим. Ол курдук, маҥнайгы “Хотугу сулуска” бэчээттэммит ыстатыйам “Кыһыл ойуун” саҥа туруоруллуута” (1973) диэн этэ. Онтон И. Федосеев “Айанньыт санаата” кинигэтигэр “Ситии-хотуу бэлиэтэ” (1974) рецензиям. Үөлээннээҕим Василий Иванов “Күн уотун туттум” (1975) кинигэтигэр рецензия. Муса Джалильга “Өлүүм миэнэ охсуһуу ырыата буолан дуораһыйыаҕа” (1976), Николай Рыкуновка “Кэбиһиилээх оттор кэчигирэстиннэр” (1977), Иван Мигалкиҥҥа “Уустук эрээри, соччо дириҥи” (1977). Итинник мин кириитикэҕэ үлэм саҕаламмыта.

Онтон поэзияҕа бастакы дьоһун подборкам 1979 с. тахсыбыта. Ити иһин мин Саха комсомолун обкомун “Сыл бастыҥ дебюта” куонкурсун лауреата буолбутум. «Аларга” диэн бастакы кинигэм 1980 с. бэчээттэммитэ.

Ити кинигэ рукопиһын маҥнай Моисей Ефимовка уонна Күннүк Уурастыырапка көрдөрбүтүм. Хоһоон аайы санааларын, итэҕэстэрин бэлиэтээбиттэр этэ. Кинилэр кэннилэриттэн, бэркэ кыбыста-кыбыста, Семен Петровичка биэрбитим. Арыйталаан көрөн баран, “Чэчир” кассета эрэдээктэригэр Михаил Тимофеевка суруктаан биэрдэ. Ол суругар: “Бу биһиги уолбут хоһооннорун болҕойон көрөргөр көрдөһөбүн”, – диэбит этэ. Нэдиэлэ курдугунан “Чэчир” кассетаҕа тахсар буолла”, – диэн үөрдүбүттэрэ.

Онтон бэттэх хоһооннорум кинигэлэрэ тахсыталаабыттара. Бэйиэт быһыытынан биллэн-көстөн барбытым. Мин тылларбар мелодистар ырыалары айбыттара. Доҕорум Аркадий Самойловтыын Новосибирскайга (мин партоскуолаҕа, кини консерваторияҕа үөрэнэ сылдьан) билсибиппит. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэригэр Аркадий мин тылбар “Биһик ырыата” диэн виолончель уонна пианино доҕуһуоллаах уустук композицияны айбыта. Бу үлэтин “туйгун” сыанаҕа көмүскээбитэ. Дьокуускайга кэлэн баран, мин тылларбар хас да ырыаны суруйбута. Өссө “Умуллубут кыымнар” поэмабар опера суруйан испитэ. Үлэтэ аҥаарын ааһан иһэн, доруобуйата мөлтөөн, онтон өлөн, ити дьоһуннаах саҕалааһын түмүктэммэккэ хаалбыта...

Саха былыргытын үөрэтии

Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар С.А. Токарев “Очерк истории якутского народа” диэн кинигэтин сүнньүнэн саха төрдө таайыллыбат таабырыннааҕын туһунан бэсиэдэ оҥорор буолбутум. Университекка, аспирантураҕа үөрэнэрим саҕана оччолорго бобуулаах Л.Н. Гумилев “Древние тюрки” диэн үлэтин булан ааҕан, улаханнык соһуйбутум да, үөрбүтүм да. Кини онно түүр норуоттар түҥ былыр үөскээбиттэрин, “Улуу түүрүскэй хаҕанаат” диэн киэҥ сиринэн тайыыр империялаахтарын суруйбут этэ. Онтон аспирантураны бүтэрэр сылбар казах поэта уонна чинчиһитэ Олжас Сулейманов аатырбыт “АЗиЯ” кинигэтэ, тахсаат (1975), бобуллубута. Мин ону булан ааҕаат, сөҕүү бөҕөнү сөхпүтүм – түүрдэр түҥ былыргыларын кини шумердар “туой кинигэлэриттэн” (“кирпичик”)  таһаарар эбит этэ. “Слово о полке Игореве” эпос төрдүн түүрдүү, нууччалыы билэр киһи айбыт диэн арыйбыта сөҕүмэрэ.

Дьэ миэхэ, «поэт эрээри, арааһа, итиннэ ороостоххо, саха түҥ былыргытын сэгэтэн көрдөххө сатаныыһы” диэн санаа үөскээбитэ. Ол санаабын кынат оҥостон, уларыта тутууну кытта тэҥҥэ кэриэтэ ити дьыалаҕа ылсан барбытым. 1996 уонна 1997  сыллар эргин этэ. Тыллар төрдүлэриттэн саҕалаан кыра-кыралаан суруйан барбытым. Ол туһунан бастакы кинигэм “Быралыйбат былыргы” 2005 с. күн сирин көрбүтэ. Онтон уон сыл буолан баран иккис кинигэтэ “Умнуллубат урукку” 2015 с. бэчээттэммитэ. 

Мин бастакы кинигэм киирии тылын чугастык билсэр аҕа доҕорум, олус ытыктыыр киһим Г.В. Попов суруйбута.

Гаврил Васильевич барахсан кинигэм кэскилин бэркэ түстээн, 2008 сылга П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбытым.

Тылбаасчыт, хомуйан оҥорооччу, редактор

Бастакы тылбааһым Расул Гамзатовтан “Абуталиб эппитэ” диэн “Хотугу сулус” сурунаалга тахсыбыта. Онтон казах поэттарын Исраил Сапарбаевы, Марфута Айтходжинаны, прозаик Калаубек Турсункулов кэпсээнин уо.д.а. туспа кинигэнэн таһаарбытым. Тылбаасчытым Сергей Шевков хоһооннорун сахалыы саҥардыбытым. Нуучча улуу поэта Юрий Кузнецовтан саҕалаан, атын да биллэр хоһоонньуттары, омук поэттарын, Н.А. Лугинов тэрийэн таһаарар “Поэтические голоса России” хас да кинигэтигэр элбэхтик кыттан, сүүрбэттэн тахсаны тылбаастаатым.

Хомуйан оҥорбутум, таһаартарбытым элбэх. 1980 с. саха литературатын күннэрин көрсө Казахстаҥҥа, саха поэттарын хоһоонноруттан, кэпсээннэриттэн саҕалаан, “Саха норуодунай суруйааччылара (мэтириэттэрэ, хоһоонньуттара), “Саха поэзиятын антологията”, Н. Харлампьева талыллыбыт айымньылара, хоһоонноро, Далан аҕыс томнаах айымньылара... (итинник аахтахха, муҥура суох үлэни оҥорбута ырылыччы көстөр – аапт.).

Итини таһынан, төһөлөөх үгүс айымньыны эрэдээксийэлээбитэ буолуой!? Николай Егорович олоҕор араас ыарахан түгэни көрсүбүтэ. Бу күннэргэ коронавируһу аахсыбакка, илиискэ уруучуканан кып-кыра буукубалары дьырылаччы кэккэлэтэн,  айа-суруйа олорор.

"Дьиэбэр кэргэмминээн иккиэн хаайтара олоробут. Килиэп да ыла тахсарбар, аны, тутан ыстырааптыахтара диэн, тулабын көрүнэ сылдьабын. Төрөөбүт күммэр Ил Дархан Айсен Николаев илии баттааһыннаах Администрациятын уонна Бырабыыталыстыба аатыттан истиҥ тыллардаах телеграмма аҕалан соһуттулар. Урут итинник суоҕа. Улаханнык махтанным. Өссө ордук үлэлиэх санаа киирдэ".

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....