Николай РЯЗАНСКАЙ: “Киһи айылҕа биэрбитин сайыннарыахтаах”
Кини үлэлэрин көрдөххө, сайылык дыргыл мүөттээх салгына кэлэр. Сылгы кистиир, ынах маҥырыыр. Сыарҕа тыаһыыр, бэл, “һай” диэн саҥа иһиллэргэ дылы. Онно көмүлүөк иннигэр – олоҥхо алыптаах киэһэтэ. Бу эбээ сиэнигэр күөрчэх ытыйа турар. Өрүскэ оҕолор сөтүөлээн чомполоноллор.
Николай Рязанскай айар үлэтэ саха киһитин кутугар-сүрүгэр сыттыын-сымардыын, тыастыын-уустуун чугас, күндү. Ол иһин да, кини хартыыналара дьон биһирэбилин ылан, бассаап устун “күүлэйдээн” эрдэхтэрэ.
– Николай Николаевич, биһиги ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ буолаарай?
– Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Манна улааппытым, оскуоланы бүтэрбитим. Үйэм тухары тутууга үлэлээбитим, билигин биэнсийэҕэ олоробун.
Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Аҕабыт эрдэ суох буолан, ийэбит соҕотоҕун атахпытыгар туруорбута, киһи-хара оҥортообута. Ыанньыксыттыыра. Онон сайылыкка улааппыт киһибин. Тураайы диэн сиргэ сайын аайы тахсар этибит.
– Оҕо инники олоҕун оонньуур дииллэр. Эн тугу сэргээн улааппыккыный?
– Мэник-тэник буолбатах этим. Оҕо-оҕо курдук, биирдэ эмит тэбэнэттэнэн ыларым. Быласталыынынан ону-маны оҥорорбун, уруһуйдуурбун ордорорум. Уһуйааҥҥа иитээччибит “Раскраска” диэни биэрэрэ, ону сөбүлээбэт этим, бэйэм ойуулуохпун баҕарарым.
Ол курдук кыра эрдэхпиттэн, киһини өйдүүр буолуохпуттан уруһуйдуубун. Үс оскуолаҕа үөрэммитим, ол тухары барытыгар худуоһунньугунан сылдьыбытым. Оннооҕор аармыйаҕа.
– Чахчы даҕаны, оҕо саас тиэмэтэ айар үлэҕэр үгүстүк көстөр. Арааһа, ахтылҕан иэйиитигэр куустараҕын, сүүрбүт-көппүт кэмнэргэр төннөн ылаҕын быһыылаах.
-Оннук. Бэйэм ойор күннээх оҕо сааспын саныыбын. Билигин Тураайыбын холустаҕа түһэрээри былаанныыбын. Ийэбин, онно олорбут дьону, үлэһит дьахталлары.
– Эйигин самодеятельнай худуоһунньук диэн истибитим. Ханна да үөрэммэтэҕиҥ дуо?
– Оччолорго уруһуй диэни улаханнык убаастаабат курдуктара. Кэлин Санкт-Петербурга үөрэнэ бара сылдьыбытым да, хойутаан хаалбыт этим. Бэйэм дьарыктанабын. Худуоһунньуктар айар сойуустарыгар киирбитим. Дьокуускайга алтата хаста персональнай быыстапкабын тэрийдим. Саха театрыгар иккитэ турбутум.
– Ханнык тиэмэҕэ ордук табыллан үлэлиигиний?
– Тыа сирин олоҕо. Дэриэбинэ дьоно. Ол философията. Ити бэрт интэриэһинэй. Айылҕаны анаан-минээн эккирэтиспэппин.
-Уобарастаргын хантан ылаҕыный? Олоххо баар дьону дуу, хайдах дуу? -
-Тыа дьонун уобараһын биэрэ сатыыбын. Анаан-минээн биир киһини ылбаппын. Үлэлээн истэххэ, кимиэхэ эрэ майгынныыр, ону күүһүрдэн биэрэбин. Оттон мэтириэт буоллаҕына, чопчу киһини уруһуйдуубун.
-Эн дьоруойдарыҥ майгылара-сигилилэрэ хайдаҕый?
-Олоххо баар дьону көрдөрө сатыыбын. Үксүлэрэ үтүө дьон. Дьону уруһуйдуур ордук ыарахан. Холобур, “Муҥха” диэн үлэбэр отучча киһи баар. Бары тус-туспа дьон.
-Саамай өр үлэлээбит хартыынаҥ?
“Оһуокай” диэн. Үс сыллааҕыта саҕалаабытым. Быйыл бүтэрдим. Хайдах эрэ санаам буолбакка, ууран кэбиһэр этим.
-Аһыыргын, утуйар уугун умнан, ис-искиттэн иэйэн туран үлэлиигин дуо?
-Мин оннук гыммаппын. Бэрээдэгинэн, күн аайы үлэлиибин. Син биир аһыыбын, утуйар кэммэр утуйабын (күлэр). Итинник гынар сыыһа быһыылаах. Чэ, ол эрээри, киһититтэн буолуо. Аһаабакка-сиэбэккэ үлэлээн баран, сылайыаҥ, тохтоон хаалыаҥ. Сылайымыахха наада дии саныыбын.
-Кырдьык даҕаны, киһи уостар, эстэр буоллаҕа... Оттон холустаҕар олох чугаһаабакка сылдьыбыт кэмнээххин дуо?
-Дьэ, быйылгыттан үчүгэйдик ылсан эрэбин. Ол иннинэ өрүү үлэ үөһүгэр, этэргэ дылы, илиим мастыйыар диэри тутууга сылдьарым. Кыһын эрэ кыратык сололонорум. Ону даҕаны таах олорбокко, миэбэл арааһын оҥоробун. Уһанарбын тохтоторум дуу, бу дьарыкпар букатын көһөрүм дуу дии саныыбын.
– Иккиэннэрин тэҥҥэ дьүөрэлиэххин сөп эбит.
– Уруһуйдаабат киһи уһанарыгар ыарахан. Үлэ төрдө, олоҕо онно сыттаҕа. Атынынан дьарыктанан, бириэмэ бөҕөнү ыыппыппын. Киһи айылҕа биэрбитин сайыннарыахтаах. Айан-тутан хаалбыт киһи...
– Саха сатаабатаҕа суох, талааннаах омук дииллэрин кытта сөбүлэһэҕин дуо?
– Аармыйаҕа сырыттахпына, суруксуттар, уруһуйдьуттар бары сахалар буолаллара. Орто Азия уолаттара улахан дьоҕурдара суох этэ. Арааһа, итэҕэллэрэ да оннук буолуо.
– Оччоҕуна эн эмиэ суруксуттаабытыҥ дуо?
– Аармыйаҕа “худуоһунньук” диэн штат суох ээ. Уруһуйдуурбун истэннэр, суруксутунан анааабыттара. Ону буочарым дьаабы, аны таба суруйууга мөлтөхпүн. Инньэ гынан тохтоппуттара (күлэр). Кулуупка “Музей боевой славы” диэни оҥорбутум. Казах уолун кытта үлэлээбиппит. Кулуупка аһаан, утуйан сылдьыбыппыт. Казармабытыгар тиийбэккэ, ол айдаана буолара. Оннооҕор аармыйаҕа көҥүлбүн быспатахтара.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиигин?
– Кэргэним Екатерина Филипповналыын түөрт оҕолоохпут. Бары үлэһит дьон. Улахан уолбут суоппар, Павловскайга олорор. Икки уол ювелир үөрэхтээхтэр. Биирдэстэрэ Москваҕа ювелирнай тэрилтэлээх. Кыыспыт архитектор-дизайнер идэлээх. Кэргэнин кытта дьоҕус тэрилтэлээхтэр, иккиэн уһаналлар. Кырабыт Николай Николаевич II диэн. Ювелир, Москваҕа үлэлиир. Бу ыарыы кэмигэр дойдутугар кэлбитэ. Эмиэ уруһуйдьут. Кэргэним – иистэнньэҥ.
– Бары удьуордаан туран, талбыт курдук, тарбаххытыгар талааннаах эбиккит дии.
– Айар куттаах ыалбыт. Кэргэним өйүүр буолан, баччааҥҥа диэри үлэлээн кэллэҕим. Үөрэҕэ суох киһи сапсыйан, бу дьарыкпын быраҕан да кэбиһиэхпин сөп этэ.
Аҕыс сиэннээхпит. Мэлдьи үлэҕэ сылдьан, оҕолоруҥ улааппыттарын өйдөөбөккө хаалар эбиккин. Сааһыран, түспэтийэн, сиэннэргэр ордук ыллараҕын дииллэрэ чахчы. Дьэ, ураты минньигэс дьон!
– Сайыҥҥытын хайдах атаараҕытый? Тыа сирин олохтоохторо, бука, күн солото суох буоллаххыт?
– Оттуубут, сир астыыбыт. Урут биригээдэнэн үлэлиир этибит. Сайын барыта ураты. Оҕо эрдэххэ, уһун курдук буолара. Ардах бөҕө түһэрэ. Быйыл кураан буолуо дииллэр. Эмиэ да сөрүүн туруо диэн сабаҕалыыллар. Кыра сырыттахпытына, күн уота кытта күүстээх курдуга, чаҕылыччы тыгара. Оппут да чээлэй күөх этэ.
– Ханнык дьыл кэмин ордороҕун?
– Кэтээн көрбүт буоллаххына, мин үлэм барыта күннээх. Ардаҕы сөбүлээбэппин. Борук-сорук, былыт диэн суох. Мэлдьи чаҕылхай, сырдык.
– Бэйэҥ мэтириэккин көрбүтүм. Ити туох ис хоһооннооҕуй?
– Холустаны тоҕо көтөн тахсан иһэбин. Үөрэҕэ да суох киһи бэйэтин суолун-ииһин булар эбит диэн этэ сатаабытым. Бастаан айаҕа сабыылаах этэ. Онтон худуоһунньук саҥарара наадата суох дии санаабытым. Көрөр хараҕа, суруйар илиитэ баар буоллаҕына сөп.
– Билэр худуоһунньуктарым улахан саҥата-иҥэтэ суох дьон. Оннооҕор биир кэрэ аҥаар: “Кыбыстанньаҥ, симик оҕо этим, ол иһин худуоһунньук буолан олоробун. Санаабын холустаҕа түһэрэн, дьоҥҥо тиэрдэбин”, – диэбиттээх. Эн хайдаххыный? Үлэлэргиттэн көрдөххө, дьээбэлээх-хооболоох быһыылааххын?
– Мин эмиэ оннукпун. Бэйэм бэйэбэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Сороҕор дьээбэлэнэбин (күлэр).
– Биир эмит үлэҥ историятын кэпсиэххин сөп дуо? Баҕар, туох эрэ дьиктини көрбүтүҥ буолаарай?
– Бу диэн эттэххэ, үлэ барыта историялаах. Биирдэ аанньаллары көрбүтүм. Оччолорго куоракка киирэн баран, түүн төннөр этибит. Суол да соччото суоҕа, айан уһун, сылаалаах буолара. Арааһа, уонча сыллааҕыта, айаннаан истэхпинэ, эмискэ массыына икки өттүгэр сып-сырдык кынаттаах дьон кэлэн түспүттэрэ. Түүл дуу, илэ дуу? Билбэтим. Түһээтим дии санаабытым. Ол түгэн “Аанньаллар” диэн үлэбэр көстөр. Массыына оннугар аттаах киһи тахсыбыта.
– Дьон тугу ордук сакаастыырый?
– Үксүн мэтириэти. Араастаан таҥнан-саптан, оҥостон. Манна диэн эттэххэ, Амма улууһун салайбыт дьону, уопсайа 24 баһылык мэтириэтин уруһуйдаабытым. Билигин 29-с баһылык үлэлии олорор.
Айылҕаны эмиэ сөбүлүүллэр. Оҕолоох хартыыналары хамаҕатык ылаллар. Сылгы, булт тиэмэтин ордороллор.
Аны туран, бэйэм булчута суох киһибин. Кыылы-сүөлү өлөрөрү сөбүлээбэппин. Оннук сакаас кэллэҕинэ, хайыахпыный, оҥорор буоллаҕым.
– Санааҥ сыппат, этэргэ дылы, сүрэҕиҥ сөбүлээбэт тиэмэтэ баар дуо?
– Тиэхиньикэни уруһуйдаабаппын. Тыаһа-ууһа, кирэ-хоҕо бэрт. Быһахтаах, сэптээх-сэбиргэллээх, өлөрсүүлээх, кырыктаах тиэмэлэри сөбүлээбэппин. Кыайыы үбүлүөйдээх сылларыгар хас да куонкуруска кыттыбытым, лауреат буолбутум. Онно да хаан тохтуулаах сэриини таарыйбатаҕым. Миэнэ үксэ бэтэрээннэрдээх. Хомолтолоох, курус ис хоһоонноохтор эмиэ бааллар. Холобур, “Хара сурук” диэн үлэбэр дьахтар “похоронканы” тутан олорор.
Быйыл эмиэ кыттыбытым. Ол түмүгүнэн Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы Кыайыы быыстапкатыгар барыахтаах этибит. Хайдах буоларбыт биллибэт. Бу дьаҥтан тутулуктаах.
– Ыарыы, дьаҥ диэбиккэ дылы... Хааччахтааһыҥҥа хаайтараҕын дуо?
– Дьон этэринэн сылдьыбаппын. Көҥүл киһибин. Арай бу бэйэни хааччахтаныы эрэсиимигэр улаханнык кыһаллыбаппын. Сорохтор тэһийбэттэр быһыылаах. Син биир дьиэбэр олоробун. Олоҕум оннук. Олорон эрэ үлэлиир буоллаҕым.
– Худуоһунньуктар, искусствоттан ыраатан, коммерцияҕа баран эрэллэр диэн этиини туох дии саныыгыный?
– Айаххын ииттиниэххин наада буоллаҕа. Ол эрээри мэлдьи харчыны эрэ сырыстаххына, “буорту” буолар инигин. Хайа да түгэҥҥэ айар үлэ үрдүктүк сыаналаныахтаах.
– Эрдэтээҥҥи уонна кэлиҥҥи үлэлэргин тэҥнээтэххэ, уларыйыы барбыт дуо?
– Бытааннык да буоллар, сайдаҕын. Уопутуран иһэҕин. Хараҕыҥ мөлтүүр эрээри, ыырыҥ кэҥээн, биир кэлимник көрөр буолар эбиккин.
– Николай Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал!
Айыына САВВИНОВА