21.12.2023 | 17:30

Николай Матвеев: «Бааһырбыт атахпын кутуйахтар сииллэрэ»

Николай Матвеев:  «Бааһырбыт атахпын кутуйахтар сииллэрэ»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн хантараак баттаһааччылар үгүстэрэ улахан кыһалҕаттан, тиийиммэт олохтон уонна, кистэл буолбатах, ускул-тэскил сылдьан, тэмтэрийэн, синим биир диэн баралларын истэбит.
Бүгүҥҥү мин дьоруойум икки оҕото инбэлииттэр, онон, кыһалҕаҕа ыктаран, кыһарыйтаран барбытым диэн билинэр. Кини бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар аатын-суолун да кистээбэккэ, анараа баран кэлбитин аһаҕастык кэпсиибин диэтэ.

Барарбын сылы быһа толкуйдаабытым

1978 сыллаахха атырдьах ыйын 2 күнүгэр Ньурба улууһугар күн сирин көрбүтүм, ыалбын, кыыстаах уол оҕолордоохпун. Кыыһым инбэлиит, “сибирская красная волчанка” диэн эмтэниллибэт ыарыылаах, 24 сааһын туолар, уолум 8-с кылаас, эмиэ инбэлиит, кэргэним саха оскуолатыгар логопед-преподаватель.

Анал байыаннай дьайыыга 2023 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр хантараак баттааммын барбытым. Харчы наада диэн, кыһалҕаттан. Манна, куоракка, миэбэл сакааһыгар үлэлээбитим, хамнаһа, биллэн турар, биирдэ баар, биирдэ суох.

Барарбын СВО саҕаланыаҕыттан сылы быһа толкуйдаабытым, бэйэм олохпор, дойдубар патриот курдук сананарым. 2006-2008 сылларга аармыйаҕа “Инженерные войска” чааска сулууспалаабытым, сапер этим.

Ол курдук, толкуйдаан баран, кимиэхэ да эппэккэ суруйтарбытым, онтон бастаан ийэбэр эппитим, ол кэннэ биирдэ -- кэргэммэр. Биллэн турар, барыларыттан мөҕүллүбүтүм, хайыыр да кыахтара суоҕа, илии баттаннаҕа дии. Анараа сылдьаммын ийэбэр арыый чэпчэки, сымнаҕас сиргэ сылдьабын, сэриигэ буолбатах, Мариупольга суол көрөөччүнэн, байыаннай полициянан үлэлиибин диэбитим.

Мантан Хабаровскайга көппүппүт, онтон тута Украинаҕа Ростов нөҥүө тиийбиппит. Украинаҕа биир эрэ күн үөрэппиттэрэ, аптамаатынан сатаан туттаҕыт диэн тута передокка анньан кэбиспиттэрэ. Ити алтынньы 19 күнүгэр этэ. Снайпер гына сатаабыттара, онтон штурмовик буолбутум.

 

32 уолтан сэттиэ хаалбыппыт

Биллэн турар, бастакы киириигэ өлүү тыына тута көхсүбэр киирэн барбыта, онно билбитим, оонньуу буолбатах диэммин. Биһиги Саха сириттэн 32 буолан тиийбиппит, олортон сэттиэ буолан хааллыбыт. Уоннааҕылар “200” буолбуттара. Бары контрактниктар.

Ол ытыалаһыыбытыгар сэттиэ буолан атаакаҕа киирбиппит, киһи иннин-кэннин билбэт алдьархайа этэ. Биһиги икки эрэ буолан хаалбыппыт, биир уолум куоппута, ханна тиийбитин билигин да билбэппин, онон соҕотох хаалбытым. Ол ытыалаһа сылдьан таптардым, онтон, сыылаары, хараҥа буоларын, түүнү кэтэстим.

Бу уоттаах сэриигэ тааҥка утары киирэн бааһырбытым. Күнүскү өттүгэр, сырдык эрдэҕинэ, хаһан ытыалаан бүтэллэрин кэтэһэн сытарым. Биир гранатаны билиэҥҥэ түбэстэхпинэ бэйэбин эстэриэм диэн уктубутум уонна бастакы күн, хараҥарыыта, чааһым баар сирин диэки үөмэн, сыыллардыы туруммутум.

 

Миинэлээх хонуунан сыыллыбыппын

Бастакы күммэр үөмэн истэхпинэ, хохоллар дроннара икки гранатаны аттыбар аҕалан бырахпыта, быраҕыы аайы дьоммун кытта быраһаайдаһан иһэбин. Иккис күммэр дрон өссө икки гранатаны аҕалан бырахпыта, хас быраҕыы аайы санаабар дьоммун, оҕолорбун кытта быраһаайдаһабын.

Оннук номнуо үһүс күнүм үүннэ, атахпар таптарбыт буолан,  үөмэрбэр икки илиибин эрэ туһанарым. Түүн ортотугар, утуйаары гыннахха, кутуйахтар сиэри сордууллар, онон утуйбакка сыыллан иһэрим. Уу суох, аһылык суох, сэниэм эмиэ бүтэн, хааным хас ыгыллыым аайы сүүрэн, өйбүн сүтэрэ-сүтэрэ, ол быыһыгар өйдөнөн кэлэ-кэлэ, син биир бэйэм дьонум диэки сыылларым.

Син ол курдук сору-муҥу көрсөн, хайдар аҥаарым эрэ чааһым турар сиригэр тиийдим, дьонум суохтар... Бастакы толкуй: «Ханна барабын?» Уонна хантан эрэ уу булбут киһи диэн. Биир окуопаҕа үөмэн киирбитим туох да суох, иккискэ бытыылка түгэҕэр уоспун эрэ сиигирдэр курдук аҕыйах таммах баара, үһүскэ, дьэ, икки тобус-толору уулаах бытыылканы булан, биир бытыылкатын утахпын ханнара ыймахтаан, испэр “бырааһынньык” оҥордум, барытын куртаҕым диэки куттан кэбистим. Иккиспин иһээри гынан баран, бэйэбин нэһиилэ тохтоттум. Оо, ол уу курдук минньигэс бу орто дойдуга суох курдук этэ! Ол киирбит окуопабар өлбүт уол сытара, үрүсээгин устан, иһин сүөкээн баран, уубун уонна биир кэнсиэрбэ булбуппун онно уктан, салгыы ханна үөмэрбин толкуйдуу олордохпуна арай биир киһи сүүрэн иһэр эбит. Тохтоттум, “Брат, помоги”, - диэн хаһыытаатым. “Ты 500-й?”, - диэн ыйытта, ол аата күрүөйэххин дуо диир. “Нет, я 300-й”, - диибин. Көрөөт, тута өйдөөбүтэ, бааһырбыппын, көмөлөһөргө барбыта, биир да мүнүүтэ хаалларбатаҕа. Арай уолум олох да саха эбит. Дьэ бу баар этэ, быыһаныы, долгуйуу, харах уута, тыыннаах хаалыы үөрүүтэ. Маннык түгэн хайдах эрэ киинэҕэ көстүөх эбэтэр кэпсээҥҥэ эрэ суруллуох курдук саныыбын.

Ол мин олохпун быыһаабыт, олоҕум тухары муҥура суох махтанар, тугунан да төлөөбөт иэстээх киһим Ядрихинскай Ньургун диэн Нам Хатырыгын уола этэ. Онтон ыла билсэбит, билигин, эмтэнэн, Саха сиригэр тиийбит буолуохтаах, эмиэ бааһырбыт этэ, Волгоградка сыппыта, бүгүн барабын диэн эттэ (биһиги ахсынньы 12 күнүгэр кэпсэппиппит - Ааптар).

Ньургун онно миэхэ эппитинэн, миинэлээх хонуунан үөмэ сылдьыбыт эбиппин. Кини “путеводитель” эбит, ол аата сирдьит, передокка сытар уолаттарга уу илдьэн иһэрэ, үрүсээгэ тобус-толору уу этэ. Миигин быыһаары, тиэрдиэхтээх уутун да умнан, дьонун да умнан туран, куттала суох зонаҕа илдьиэхтэригэр диэри бүөбэйдээбитэ, онтон, уутун тиэрдээри, төттөрү сүүрбүтэ. Ньургун 1982 сыллаах төрүөх, миигиттэн түөрт сыл балыс.

 

Харысхалым быыһаабыта диэн итэҕэйэбин

Икки эрэ илиибинэн, дрон быраҕаттыыр гранаталарын быыһынан, өссө миинэ иитиллибит хонуутунан сыыллан тыыннаах хаалыы диэни дьолтон атыннык ааттаабаппын. Дьылҕам, оҥоһуум, чааһым оннук буоллаҕа, айыыларым араҥаччылаатахтара. Ону таһынан сахалыы  харысхал баарын өйдөөбүтүм, табаарыһым биэрбитэ, мин санаабар, ол көмөлөстө быһыылааҕа.

Төгүрүччү ытыалыыллар этэ, иннибиттэн, кэннибиттэн, ойоҕоспуттан.

Мин өттүкпэр таптарбытым, тааһым алдьаммыта, ол сытаммын барыларыттан көрдөһөбүн, бэрэбээскилээҥ диэн, бэйэлэрэ ытыалана сытар буоланнар, көмөлөһөр кыахтара суоҕа. Онон хайыахпыный, туох баар күүспүн түмэн, бэйэм бааммытым, Промедол укуолламмытым, ону таһынан Непрофан бэриммитим. Өстөөхтөр чугуйар санаалара суох этэ, тохтоло суох ытыалыыллар, иккис күнүгэр олох даҕаны зажигательнайынан ыппыттара, ол аата уматар снаряд. Манна сыттахпына умайан хаалыыһыкпын диэн, күүскэ үөмэн барбытым. Тыала утары буолан, хата, уот миэхэ кэлбэтэҕэ. Инньэ эрэ гынан умайбатаҕым. Онтон хас уол ордубутун оччолорго билбэт этим. Билигин да билбэппин.

Уопсайынан, Ньургуну көрсүөхпэр диэри хаста даҕаны өйбүн сүтэрбитим.

Тыыннаах хаалар инниттэн кытаанах санааны ылынан, күүһүм эрэ өһүллүбэтин диэн айыылартан көрдөһө испитим. Ону таһынан кэргэммин, ийэбин, оҕолорбун,  табаарыстарбын харахпар көрөбүн, хайаан да тиийиэм диэн эрэннэрбиппин, тылбын биэрбиппин саныыбын, ол тылбын толороору үөмтэҕим дии.

Үс күнү быһа уута, аһылыга суох үөмүү диэн иэдээн этэ. Аны туран, кутуйах боруоста элбэх, утуйаары гыннаххына, ыттан киирэн бараллар, бааһырбыт сиргин ытыралларын билэҕин. Үргүтэҕин, онтон үөмэн киирэн бараҕын, сынньанаргар, чугаһаабатыннар диэн, мөхсө сытаҕын.

Ол харысхалым кыракый дэйбиир этэ, ону курбар иилинэ сылдьыбытым, табаарыһым Миша Тимофеев биэрбитэ уонна “кэллэххинэ, төттөрү биэрэҕин” диэбитэ, соруйан эбээһинэстээбит эбит. Үөмэн истэхпинэ, сыылларбар, ыстааным түһэн хаалбыта, онтон курум атахпыттан иҥнэн, дэйбиирбин кытта соһуллан испит. Икки атаҕым үлэлээбэт этэ, онон аҥаардас илиибинэн эрэ сыыллабын. Билигин кэпсээтэххэ дөбөҥ курдук, ол саҕана иэдээн этэ.

 

Дойдубар барарбын кэтэһэбин

Билигин Москваҕа госпитальга сытабын, иккис ыйым барда. Билиҥҥитэ турар кыах суох, наһаа үчүгэй быраастар кыһаллан-мүһэллэн эмтээн, хата, атахтарым бааллар, үчүгэйдэр, эпэрээссийэ оҥордулар, тимир уҥуох олортулар.

Сахам сириттэн эбэһээт кэһии кэлэр, “Сахаволонтердар” аҕалан биэрэллэр, олох тылынан эппэт махталбын тиэрдэбин, наһаа үчүгэй кыргыттар, нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэллэр. Балыыһа аһылыгын аһаабаппын даҕаны, волонтердарбын кэтэһэбин, дойдум кэһиитин сиибин. Саамай улахан махталбын Туяра Константиноваҕа тиэрдэбин.

Бааһырбытым кэннэ дьонум олох сүтэрэн, айманыы бөҕөтө буолбуттар этэ. Сибээһим да, докумуонум да суох, Ростов-на-Дону аҕалбыттара, онно волонтердар симка, төлөпүөн, таҥас-сап атыылаһан, ол күн тута эрийбитим. Дьоммун харыстаан, кыратык бааһырдым, сарсын Москваҕа көтөбүн диэбитим. Онтон ыла сибээспин ыһыктыбакка, кэпсэтэ сылдьабыт. Кэргэним кэлэрин кэтэһэ сытабын.

Бара сатыыр уолаттарга дьоҥҥутун харыстааҥ, быраҕымаҥ, хаалларымаҥ диэн этиэм этэ. Сахабыт сиригэр бэйэтэ да аҕыйах саха уола хаалла, үчүгэй уолаттар баран бүттүлэр. Соторутааҕыта, биир ый анараа өттүгэр, 120 саха уолуттан икки уол хаалбыт диэн сурах истибитим, икки “Камазка” тиэллэн испиттэрин ытыалаабыттар этэ.

Бааһырыыбар региональнай көмөбүн туппутум, волонтер кыргыттар сүүрэннэр, докумуоннарбын, пааспарбын оҥоттордум. Москваҕа байыаннай билиэппин оҥоруохтаахтар, кэргэним каарталарбын чөлүгэр түһэриэхтээх.

Малым, докумуоннарым барыта антах хаалбыттара. Билиэн туттахтарына, туһамматыннар диэн. Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ хамандыырдар жетоннары былдьыыллар диэн суругум тилийэ көппүтэ. Ыыппытым сүүрбэччэ мүнүүтэ эрэ буолбута, Ил Дархаҥҥа тиийэ охсубут этэ. Айсен Сергеевич мин суругум кэнниттэн тута миэрэ ылбыта, саха взводун ыытан И. диэн хамандыырдаах взвод биэс өлүгү таһаарбыттар этэ, онон өрөспүүбүлүкэм салалтатыгар махталым улахан. Билигин даҕаны биһиги дьоммутуттан элбэх табаарыһым онно сытар. Жетон былдьыыллара сыыһа. Мин санаабар, хохоллар ону хомуйан туһамматыннар диэн буолуо. Өлбүт уолаттартан докумуоннарын хостууллар уонна төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин пробивайдаан эрийэллэр, бу киһигит саҥатын истиэххитин баҕарар буоллаххытына, оччо, бачча харчыта ыыт диэн дьонноругар эрийэллэр үһү. Оччотугар докумуоннары штабка хааллараллара сөп курдук. Оттон жетоннары былдьыылларын өйүм хоппот.

 

Николайы кытта кэпсэтиэм иннинэ, кини үс күнү быһа кыргыһыы хонуутуттан сыыллан тыыннаах хаалбытын истээт, Аҕа дойду сэриитигэр Алексей Маресьев хорсун быһыытын санаан кэлбитим. СВОҕа сылдьыбыт, сылдьар, кэлбит да уолаттар аҥаардас онно бааллара, кыргыһыыга, инники кирбиигэ киирэллэрэ бэйэтэ дьоруойдуу, хорсун быһыы диэн сыаналыыбын. Били, хаһан эрэ суруйбутум, ырыаҕа ылланарын курдук, мэтээл туһугар буолбакка, көҥүл туһугар сылдьар уолаттарбытыгар сүгүрүйүөх, махтаныах, киэн туттуох эрэ кэриҥнээхпит. Бука барыбытыгар ыраас, эйэлээх халлааны...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...